Кэпсээ
Войти Регистрация

Аҕам балыктара

Главная / Кэпсээн арааһа / Аҕам балыктара

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.03.2021 11:59
Үлэ, эйэ бырааһынньыга Ыам ыйын 1 күнэ — үгүстэргэ үлэ, эйэ бырааһынньыга. Бу күн туһунан өйдөбүл — демонстрация, кыһыл былаах, саарык, транспарант арааһа, дьон халыҥ халҕаһата буолуохтаах. Оттон миэхэ арыый атын түгэн баһыйар. Өрүү да саныы сылдьыбатарбын, өйгө-сүрэххэ иҥмит дириҥ өйдөбүлү киһи хайдах да умнубат эбит... Төрдүс кылааска үөрэнэр сылбар этэ. Оруобуна Пиэрибэй маай бырааһынньыгын күнүгэр тапталлаах аҕаккабын тиһэх суолугар атаарбыппыт. Онон миэхэ көстөр — бадарааннаах, түҥкүр-таҥкыр түһүүлээх тыа уһун суолун, устун дьон уһун субурҕата, киһи кулгааҕар олорон хаалар массыына «бибииптиир» тыаһа, кэлии-барыы, сүпсүлгэн... Мин аҕам, бу санаатахха, төһө да элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баһылыга буолбутун иһин, наар үлэ, үлэ уонна өссө төгүл үлэ диэн санаанан салайтара сылдьыбыт эбит. Билиҥҥи курдук, сылгыһыттар дьиэ эргин сылдьыбаттара. Онон аҕабын, этэргэ дылы, киһини өйдүөхпүттэн, сыл баһыгар-атаҕар эрэ көрөрүм. Аат-суол, биллии-көстүү туһун өйүгэр да оҕустарбакка, сүрэҕэ тугу этэринэн, бассабыык баартыйа ыйыытынан диэбиккэ дылы, сыспай сиэллээҕи үксэтиигэ олоҕун анаабыта. Кини олорон, үлэлээн ааспытын туоһута — биһиги оҕолор уонна аҕыйах кумааҕы Кыраамата, Махтал сурук, үлэ удаарынньыгын бэлиэтэ хаалбыт. Бүттэ. Этэргэ дылы, киһилии сынньаммакка, оҕо иитиитигэр кыратык да кыттыспакка, бу Орто туруу дойдуга олорон аастаҕа. Бэл, хара өлүөр диэри ол таптыыр идэтиттэн тэйбэтэҕэ... Иккилии сүүсчэкэ сылгыны көрөр быһыылааҕа. Кыракый болокунуотугар суруна сылдьарынан, оччо этэ. Харандааһынан наһаа бөдөҥө суох гына, тэбис-тэҥ кылыгыраспыт буукубаларынан бэрт кыһамньылаахтык «оҕуруолуу тиспит» буолара. Сылгылар ааттарын сэҥээрэн, арыйаталаан көрөр буоларым. Атыырдарын аатын ааҕа билэрин ааһан, мин көрдөхпүнэ, бары үүт-үкчү сылгыттан хайа сылгы ханна сылдьарын араарарынан, сөхтөрөрө. Төрүөхтээх сылгыны эндэппэккэ билэрэ. Кини: «Бээ, сылгыҥ саҥата эрэ суох. Бары да тус-туһунан майгылаахтар, хаамардыын-сиимэрдиин уратылаһаллар ээ. Хайдах үүт-үкчү буолуохтарай? Өҥө да араастаһар: көҕөччөр, улаан, элэмэс, чаккырыас харахтаах...» — диэн ааҕан субурутара. Онтон өйдөөн хаалбытым итиччэ эрэ. Аҕам барахсан үлэлиэхтээх аналын толорон, дьэ, биэнсийэҕэ тахсан сынньаныа эбитэ буолуо да, Дьылҕа Хаан оннук дьолу тосхойботоҕо. Ыарыытынан, сааһа да кэлэн, анаммыт бастакы биэнсийэтэ толоруллан баран, өлбүтүнэн, төннүбүт диэбиттэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ тиийбитэ буоллар, сылгытын син биир сиэтэ сылдьыа эбитэ буолуо. Оннук таптыыр этэ, айылҕа маанылаах кыылын — сылгыны! Ол иһин буоллаҕа дуу, биир бэйэм дьиэ кыылларыттан ала-чуо сылгыны чорбото тутабын. Боруода буоллун, саха ата буоллун — бары туһунан кэрэлээхтэр, харах хайгыыр бэйэлэригэр барсар мааны талыы таһаалаахтар. Аҕам сэрии сылларыгар, син эмиэ биир саастыылаахтарын курдук, 12-13-тээх уол улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэспит буолан, аас-туор олоҕу да амсайбахтаабыта эрэбил. Кыһынын хаар уутунан күөс, чэй өрүнэллэр эбит. Буортутун билээхтээбэттэрэ бэрт буолаахтыа. Оруобуна оччолорго 70-80-с сылларга экологиябыт биллэ киртийэ сылдьыбыта. Бэл, сыа Бүлүү барахсан, дьэбинниҥи болоорхой өҥнөөҕө. Мин санаабар, ол да иһин буолуо, кини сылгыһыт
үөлээннээхтэрэ бары да искэннэнэн, холобур, куртахтарынан ас барбат буолан, сыр-мыр суох буолуталаабыттара. Хомойбута оччо буоллаҕа Аҕам Ылдьаа үлүбүөй дьону кытта боруоктаһа, иирсэ сылдьары сөбүлээбэт этэ. Арай холуочуйдаҕына, биирдэ эмэ бэрт кыратык кимиэхэ эрэ мөҥүттэ түһээт, уоскуйан хаалара. Сонно тута оҕото-сэгэрэ буола түһэрэ. Ол бэйэтэ бу Дьокуускайга онкология балыыһатыгар сытар кэмигэр бэбидиэнньэтинэн эдьиийбин «сирэйин тэтэрдэн» ылбыт түгэннээх эбит. Оччолорго да миэстэ көстөрө эрэй үһү. Улахан көрдөһүүнэн миэстэ булан киллэрбит киһиэхэ, эдьиийбэр, таах да, бастаан утаа кыһыылаах эбитэ буолуо. Арай биир үтүө күн бырааһа үҥсэ тоһуйбут: “Бу оҕонньор (аны санаатахха, наһаа да оҕонньор буолбатар, хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри тыа салгыныгар үлэлиир киһи, эбиитин улаханнык ыалдьан, сааһыран көһүннэҕэ) ас түҥэтээччи дьахтарга куурусса уҥуоҕун ... сирэйигэр бырахпыт!!» Эдьиийим олус диэн соһуйан, аҕатын диэки көрөн эрдэҕинэ, түннүк диэки сытар биир нуучча киһитэ: «Это неправда! Не на лицо же! Он просто при ней же выкинул тарелку на пол. Знаете, почему? Это тетка каждый раз в его тарелку кладет, как говорится одни кости да жилки. Даже я это замечал. Дед не говорит по-русски, этим и пользуется. Зная, что у больного рак желудка, и ему очень трудно проглотить, давать одни кости — это, разве, не издевательство?!» Аҕам да ону бигэргэппит. Көрдөҕүнэ, дьоҥҥо син үчүгэй, сымнаҕас миэстэлэри кутар үһү. Онон биирдэ ыарыыта бэргии сытарыгар сөп түбэһиннэрэ, тэриэлкэтин туора садьыйан кэбиспит. Дьахтар ону хомуйарыгар тиийдэҕэ дии. Хата, ол түгэн кэнниттэн ол дьахтар сыһыана тута уларыйбыта үһү. Аҕам нууччалыы өйдүүрүн баҕас өйдүүрэ, төһөтүн да иһин, 4 кылаас үөрэхтээҕэ. Тулаайах хаалбатаҕа буоллар, кимнээҕэр үөрэхтэниэн сөбүн үөлээннээхтэрэ ахталлара. Киһиҥ кэлии, тыаҕа суол солуур дуу, ЛЭП нууччаларын кытта дуу, кимнээҕэр тапсан балкыһара. Тулуупка тиийэ мэнэйдэһэр быһыылаахтара. Иккитэ хаста дьиэтигэр нуучча доҕотторун ыҥыран, аһатан ыыппытын өйдүүбүн. Ол бэйэтэ «тоҕо уҥуохтааҕы биэрэҕин?» диэн сатаан эппэтэҕэ дуу, эбэтэр этэ сатаабытын анараата истибэтэҕэ буолбута дуу. Ким билиэй. Дойду мүөттээх салгына Тиһэх ыстаадьыйа буолан, аҕабын сотору балыыһаттан таһаарбыттара. Хойутуу иликкинэ, тыын былдьаһан дьиэҕэр бар дииргэ хабааннаах сүбэ ылан, дьиэлэригэр тиэтэйбиттэр этэ. Аҕам да айылҕаҕа сылдьа үөрэммит, бэл, бөһүөлэккэ тэһииркиир киһи, куорат таас, өлөр ыарыылаахтар толору дьиэлэрин ыар салгыныттан быыһанарын олус күүтэ сылдьар киһи, үөрүүнэн сөбүлэспит. Сунтаарга эдьиийим көрдөһүүтүнэн Суһал көмө массыыната көрсөн, тырамбаай тохтобулугар түһэртээбит. Көрбүттэрэ, аллара биир кылбаа маҥан тырамбаай бу барардыы куллугуруу-биллигирии аҕай турар эбит. Дойдутун-дьонун ахтыбыта оччо буолаахтаатаҕа, аҕам барахсан муҥ күүһүн түмүнэн, үрдүк биэрэги билиммэккэ түспүт. Тиийэн ыйыталаспыттара, пахай, букатын да төттөрү, Бүлүүчээн диэки барааччы буолан хомоппут. Аҕам барахсан ону истээт, тута накыс гынан хаалбыт. Букатын сууллан түһүөҕүн, хата, кыл мүччү тутан ылбыттар. Ол
кэннэ саҥа да таһаарар кыаҕа суох буола улуктуйбут киһини бэрт эрэйинэн массыынаҕа олордубуттар. Ол түгэни харахпар оҥорон көрдөхпүнэ, билигин да куолайбар туох эрэ кытаанах бүөлүү анньар: туох баар тобох күүһүнэн түһүннэҕэ, онто баара... Бэл, чэгиэн да сылдьан, улаханнык эт туппатах киһи, куораттан кэлэригэр букатын уҥуох-тирии, харах иччитэ эрэ буолан кэлбитин, бэл, мин оҕо бэйэм олус атыҥырыы көрбүтүм. Ийэм барахсан күннэтэ дагдалаан, көбүөр, хааһы оҥорон астаан, төрөөбүт дойду мүөттээх салгыныгар уйдаран, букатын өлөрө эрэ хаалбыт киһи диэбиттэрэ, хата, бэттэх кэлэн үөрдүбүтэ. Эбиитин бөһүөлэк чугаһыгар баар өтөхпүт отун олоччу оттоон, эбиитин эһиилги сааһыгар диэри тиийэн, үгүс киһини соһутан турар. Аҕам балыктара Наһаа ырааҕа суох олорор ыалбыт, Мэхээччэ эбитэ дуу, ким эбитэ дуу — бу диэн билигин өйдөөбөт эбиппин, аттынааҕы күөлгэ туулуура. Ааһан иһэн аҕабар аараан, ону-маны сэлиэнньэ сонунун кэпсээн ааһар буолара. Арай биир үтүө күн оонньоон кэлбитим, аҕам уонча быччыкыны солуурга кутан олорор эбит. Онтулара биир-биир айахтарын аппаҥнаталлар, тыын былдьаһар курдуктар. Эмискэ саҥа таһаарааччы буоллум: «Көрүүй, тээтээ, бу балыктар эрэйдээхтэри-ии! Салгыннара тиийбэт быһыылаах. Чээн, ииппит киһи-и». Аҕам ону эрэ күүтэн олорбуттуу: «Чэ, тоом, туох эрэ иһиттэ булуохха... туох барыта олоххо тардыһар буолаахтаатаҕа... Кыралара да бэрт, чэ...» Ол кэннэ күөлтэн ньамах, от аҕалан, киэҥ таас булан, балыктарбытын олохтоотубут. Сарсыныгар ойон тураат, балыктарбар сүүрбүтүм, биир өлөөхтөөбүт. Иккис күнүгэр — иккис балык. Үсүһүгэр — үһүс. Онтон букатын да бары тас иэннэринэн барбыттар этэ. Хомойбуппуон! Кэлин, өйбүн тутан баран: «Акаары да эбиппин, атаах да эбиппин. Аҕам барахсан аһыыр аһа ахсааннаах киһи, миин гынан испитэ уон бүк ордук буолуо этэ. Тоҕо да, өлөллөрүн билэр аата, мин атаахтаатаҕым аайы, хаарыан астан аккаастаммыта буолла?!» — диирим. Убаҕас аһынан эрэ сылдьаахтыыра эбээт. Оттон сааскы киһиэхэ балык миинэ төһөлөөх туһалыа, сэниэ-күүс эбиэ этэй?! Собо балык итинник иитиллибэтин кини билбэтэ кэлиэ дуо. Оҕом кэнэҕэһин өйдүү-саныы сырыттын диэн, билэ-билэ дьаһанаахтаатаҕа... Билигин да онуоха, «аҕам балыктарын» курдук быччыкылары көрдөхпүнэ, иккиэн нөрүйэн олорон биэдэрэлээх балыктары одуулаһарбытын, аҕам ыас хара, будьурхай баттаҕа тыалга өрүкүнэйэрин субу бэҕэһээ буолбуттуу саныыбын. Аҕам туһунан сылаас өйдөбүл бүтүн бэйэбин бүрүйэр. Оччотугар, баҕар, аҕам сыыһа, сөпкө дьаһаммыт эбит буоллаҕа дуу? Кэлин кэмсиммит этэ Аҕабыныын итинник эн-мин дэһэн бииргэлэспиппит ахсааннааҕа, суоҕа да диэтэххэ, албын буолуо суоҕа. Уопсайынан да, оҕо иитиитигэр, сүөһү, дьиэ көрүүтүгэр букатын сыстыбата. Ол оннугар оттон от-мас булуутугар, үбү булууга сылдьаахтаатаҕа. Барытын ийэм барахсан дьаһайара-бэрийэрэ... Биирдэ, хаһаайыстыбаннай кинигэни толоро сылдьан дьон күлэн барбыттарын өйдүүбүн. Аҕам тыаттан киирбит күнүгэр сөп түбэһэ киирбиттэрэ. Оҕолор, сүөһүлэр төрөөбүт саастарын ыйыталаһыыттан саҕалаабыттар бадахтаах. Киһилэрэ хоруйдаһыах буолан иһэн, хотоҥҥо ынах ыы сылдьар кэргэнигэр бэрт түргэник «сус» гынан
хаалбыт. Арай: «Ээ, бээ, төһө хаһыс кылаас буолбуттара эбитэ буолла... Чэ, эмээхсинтэн ыйыталаһаарыҥ», — диэбитин эрэ истэн хаалбыттар... Ити итэҕэһин өйдөөбүт быһыылаах, аҕам тиһэх мүнүүтэлэригэр этээхтээбит этэ: «Киһи олоҕо кылгас да буолар эбит. Барытын «кэлин, кэлин» диир этим. Дьиэбэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук олорбут эбиппин. Биирдэ өйдөөбүтүм, оҕолорум улаатан хаалбыттар...Мин «баран» эрэбин... Саҥаскытын (ити кини ийэбитин этэр) көрө, өйүү сылдьаарыҥ дуу... Олоҕун тухары наар бэйэтэ сүүрэн-көтөн...» Чэ, ол эрээри мурун бүөтэ кыыһыгар, миэхэ, ураты истиҥ сыһыаннааҕын эт бэйэбинэн сэрэйэрим. «Хотун» тугу тыынарбын, этэрбин барытын ылынан, саатар кыра сэмэ да сыыһын миэхэ анаабакка бараахтаабыта. Эгэ, ийэм дуо? Оҥорон көрүү, эбэтэр... Оҕо сылдьан күөх окко тиэрэ түһэ сытан, бары да, арааһа, халлааны, устар былыт эгэлгэтин одуулаһар түгэннээхпит буолуо. Ол быыһыгар туохха эрэ маарынната көрөн, өрүкүнэйэрбит эмиэ баара. Арай биирдэ, аҕам өлбүт сааһын сайыныгар, эмиэ үгэспитинэн, ыаллыы олорор оҕолорбутун кытта таһырдьа сырыттыбыт. Илиибитин араастаан саратан баран, үөһэ хайыһа сылдьан эргичийэн, мэйиибитин эргитэн, мэниктээн-мэниктээн баран, киһи эрэ буоллар, сылайа быһыытыйдыбыт. Сынньана таарыйа диэбиттии, сиргэ сытан эрэ халлааҥҥа устар итир-битир, лөһөҥө-кыра, чэ, араас барыта баара, былыттары одуулаһабыт. Туох да сыала-соруга суох. Мин көрдөхпүнэ, арай биир былыт үүт-үкчү мин аҕам төбөтүгэр (профиль) дьүөрэлиир. Арай тиэрэ сытарын курдук көстөр. Будьурхай баттаҕа баттаҕынан, муннун быһыыта, иэдэһэ — оруобуна. Ол «төбөттөн» тэйиччи биир атаҕа кыаһыыламмыт маҥан сылгы оттоон сии сылдьар диэн көрөбүн. Буутун дуу, атаҕын дуу диэки быһыылааҕа, хара бээтинэлээх курдук. Киэһэ ону ийэбэр: «Маамаа, мин тээтэбин халлааҥҥа көрдүһү-үм. Кини өссө аттаах. Онто маҥан уонна...», — диэн көрбүт сылгыбын ойуулаан биэрдим. Ийэм төбөм оройуттан аргыый имэрийэн ылбыта: «Бу да оҕо, фантазияҥ бөҕө...Таах да, аҕаҥ саамай сөбүлүүр миинньэр миҥэтэ... (аатын эппитин, билигин өйдөөбөппүн) маҥан этэ, ити этэриҥ курдук харалааҕа, көстөр-көстүбэт. Чэ, тоом, ол аата, аҕабыт тиийиэхтээх сиригэр тиийэн, биһириир миҥэтин булан сылдьар эбит. Өлбүт дьону мээнэ санаан, кинилэри аймыыр куһаҕан». Ол сүбэни ылыммытым, ылынабын. Ол да буоллар дөрүн-дөрүн, холобур, пиэрибэй маай бырааһынньыгар — аҕам, оттон ийэм туһунан — тоҕоостоох түгэн көһүннэр эрэ санаабакка, курутуйбакка эрэ буолбаппын. Ону баҕас баалаамаҥ дуу, күндү дьонум... Лоһуура.
kyym.ru сайтан