Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иэс харчы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иэс харчы
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
14.05.2020 23:27
Бу кэпсиирим “абааһылаах” дэнэрин билбэтим да буоллар... Кэпсээн көрүүм. Түөрт-биэс сыллааҕыта, турпутевканан Турцияҕа баран кэлээри, биир табаарыспыттан харчы иэһээбиттээҕим. “Табаарыһым” да диэн, урут хаһан эрэ бииргэ быстах суоппар кууруһугар үөрэнэ сылдьыбыт, улаханнык бодоруспатах, киһи эрэ барыта “чудик” диэн ааттыыр киһитэ этэ. Хаһан да ылсыбатах-бэрсибэтэх киһим этэ да, “омук сиригэр туристыы бара сатыыбын да харчым тиийбэт” диэн биирдэ уулуссаҕа түбэһэ түһэн кэпсээбиппэр, “ыл да ыл” диэн бэрт дьиктитик үөһэ тэстэн, сыҥалаан кэриэтэ, 10 тыһ. биэрбиттээҕэ. Кыһалҕалаах киһи ыллаҕым дии. “Барахсан, үтүө да киһи эбит” диэн бастаан утаа наһаа махтана санаабыппын өйдүүбүн. Турцияттан кэлбитим балай эмэ буолан баран, “харчытын санаттар эрэ биэриэм” дии сылдьан, ол киһим дойдутугар тиийэн ууга түһэн өлбүт сураҕын иһиттим. Эппитим курдук, улаханнык алтыспатах киһим буолан, ол иэс ылбыт харчыбын биэрээри дьонун эҥин көрдүү барбатым. “Хаалбыт да хааллаҕа, улахан харчы буолбатах” дии санаатаҕым буолуо. Ол күһүнүгэр, уһун-киэҥ ардахтаах саппарах түүн даачабар утуйа сытан баттатыы киэнэ ынырыктааҕын баттаттым. Саатар, соҕотох этим. Били киһим харчытын ирдэһэн тиийэн кэлбит. Ол түүлбүн сибилигин буолбут курдук өйдүүбүн. Барыта уу ньамаҕын, бадараанын-кутатын бүрүммүт, сирэйин-хараҕын үөн ыспыт киһи даачам аанын тоҕо тэбэн кэриэтэ батыччахтаан киирэн кэллэ. Хараҕын онно эрэ хараара оҥойон көстөр. Киирдэ да уута чарылаабытынан субу лиһиргэйдээн кэллэ, синньигэс биилин диэкиттэн ибис-инчэҕэй, ибили тыытыллыбыт илим тоһоҕоһо соһулла сылдьар (чахчы, ууга балыктыы сылдьан илимҥэ сөрөнөн быстараахтаабыт этэ). Хаампыт сиригэр уу салахайа, чоху, уу кыыһа бөҕө таммалаабыт. Субу ууттан тахсыбыт курдук инчэҕэй, тымныы, кытаҕас курдук салыҥнаах илиитинэн хабарҕабыттан харбаан ылан: “Үөрдүҥ дуо, өллө диэн... Ылбыт харчыгын бу нэдиэлэ бүтүөр диэри төнүннэриэҥ суоҕа да — сэрэнээр! Бииргэ барыахпыт, анараа эйиэхэ анаан мин түспүппүнээҕэр өссө дириҥ, киһи хаһан да күөрэйбэт чүөмпэтин бэлэмнээн сытабын... Дьонум бэрт кылгастык-кыамматтык олороллор...” – дии-дии сор бөҕөбүн сордоото. Хаһыыра-хаһыыра чиччигинии, тууллайан өрө мөхсө, тура, уһукта сатыыбын да, турар аата диэн суох. Быһата, миэхэ бэлэмнэммит ынырык баттатыыны барытын тиһэҕэр диэри сиһилии көрөр “чиэскэ” тигистим. Били ыалдьытым иин иһиттэн күлэр курдук иччилээхтик, дуорааннаахтык саҥа таһааран күлэ-күлэ тахсан барбытын, ааны саппытын эрэ кэннэ уһуктубутум. Дьиктитэ диэн, даачам эргэ сарайа тэстэн уу таммалаабыта эбитэ дуу, муостам ибис-инчэҕэй этэ. Эбиитин, бинсээгим ис сиэбигэр укта сылдьыбыт кумааһынньыгым иһиттэн харчыта хостонон, остуолга бодуруобуна тэлгэтиллэн баран сытара. Дьиҥинэн, уһун ардахтан даачам үрдэ мэлдьи тэстэр этэ да, ол кумааһынньыгым, аҕыйах кумааҕы харчыларым эмиэ ибис-инчэҕэйдэрин улаханнык уолуйа көрбүппүн өйдүүбүн. Уопсайынан, кэнники кэмҥэ хаһан да ити курдук улаханнык куттаммыппын өйдөөбөппүн. Уһуктан баран ол уолу билэр доҕотторо “мантыҥ ойуун-ичээн аҥаардаах, ынырык түүллээх-биттээх...” диэн дьээбэлииллэрин өйдөөн кэлбитим. Быстыам дуу, ойдуом дуу, ууга түһэн өлөрбүн күүппэккэ, ирдэһии бөҕөтүн ирдэһэн,
хас сүүс киһини токкоолоһон, ол нэдиэлэҕэ харчы иэс ылан били түүлбэр киирбит киһим дьонун булбутум. Эрэйдээхтэр, кырдьык, куорат кытыытыгар эргэ баҕайы дьиэҕэ, бэрт кылгастык-кыамматтык олороохтууллар эбит этэ. Аҕалара бокуонньук, били миэхэ харчы сыҥалаан биэрбитин курдук, илиитигэр харчы көһүннэ да онно-манна туһата суохха ыһан-тоҕон кэбиһэр идэлээҕин, бэрт хаһаайыстыбаннайа суоҕун онно тиийэн эрэ баран өйдөөбүтүм. Аҕаларын иэһин биэрбиппэр дьиэлээх хаһаайка, икки кыра оҕолоох эдэрси дьахтар, наһаа үөрээхтээбитэ. Онтон иэйэн, көмөлөстөҕө аатыран, кэлин массыынабынан иккитэ-үстэ куорат маҕаһыыннарынан “уоптабайдата” сылдьыбыттааҕым. Кырдьыгынан эттэххэ, онно ис дууһабыттан көмөлөстүм эрэ, “аҕалара ситиһэн ууга түһэрэн өлөрбөтүн” диэн албыннаспытым эрэ – билбэппин. Ол эрээри, өйбүттэн-санаабыттан ханна эрэ ыраах миэхэ анаммыт, киһи күөрэйбэт чөҥөрө чүөмпэтэ бэлэмнэнэн сытара тоҕо эрэ тахсан быстыбат. Сиэллээх Сэмэн, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан