Кэпсээ
Войти Регистрация

Сайылыкка

Главная / Кэпсээн арааһа / Сайылыкка

K
14.05.2020 23:26
Дьонум сопхуос үлэһиттэрэ буолан, оҕо сааһым үтүө күннэрэ бөһүөлэктэн икки аҥаар көстөөх сайылыкка ааспыттара. Суол-иис мөлтөх буолан, сайылыктарга барыларыгар даҕаны тыраахтарынан эрэ сылдьыллар этэ. Нэдиэлэҕэ биирдэ эмэ эрэ бөһүөлэккэ баран кэлэҕин. Арай, биир үтүө күн биһиги сайылыкпытыттан аҕыйах килэмиэтирдээх ЛТО-ттан (оҕо үлэ-сынньалаҥ лааҕыра) биир уолу “муҥура ыалдьыбыт быһыылаах” диэн бөһүөлэккэ ыытаары аҕаллылар. Оччолорго мин уонча саастаахпын. Сайылык “былаастара” тута тыраахтар көрдөөн сүүрэн-көтөн баран, Көппө Бүөтүр диэн үүт таһааччы тырахтарыыһы буллулар. Атын тыраахтардар бары “алдьанан тураллар” диэн буолла. Ким ол түүннэри утуйбакка сүүрүөн баҕарыай... Өлүү түбэлтэлээх, ол Көппөбүт (тоҕо инньэ диэн ааттаммытым билбэппин, дьиҥинэн, сүрэҕэ суох киһи буолбатах этэ) итирик сылдьар эбит. Ону сирэр-талар, талымастыыр кыах суох. Ол саҕана, уопсайынан, дьону соруйан арыгыһыт оҥоро сатыыр курдук элбэх арыгы атыыланара. Испэт киһи диэн суоҕун да тэҥэ этэ. Көппө түүннэри бөһүөлэккэ барар буолбутун сөбүлээбэккэ үөхсэ-үөхсэ, тыраахтарын эһэн түбүгүрдэ, пускааһын эһэн барылатта-бааҕынатта. Ол кэмҥэ мин туохха эрэ дэриэбинэҕэ барар наадалаах этим, ийэм суол көстүбүтүн туһанан малым-салым сыыһын хомуйа охсон биэрдэ. “Муҥура ыалдьыбыт буолуон сөп” 8-с кылаас уола Гуосаны кытта “ДТ-75” тыраахтар кэннигэр оҥоһуллубут адарай даллаҕа олорон айаннаан бардыбыт. Уолум улаханнык ыалдьыбат быһыылаах эрээри, ыалдьыбыт киһи киэбин ылынан, кууркатын хам эринэн баран быар куустан миигин сөбүлээбэтэхтии сургуччу көрөн олорор. Тугу да кэпсэппэккэ утарыта көрсөбүт. Итирик кэриэтэ туруктаах киһи ыытан иһэр тыраахтара хайа аанньа буолуой... Бадарааннаах суол аппатыгар-дьаппатыгар киирэ-киирэ тахсыыларга, кутаны тумнан тыа быыһынан барылатыыга биһиги көтө-көтө түһэбит, кыл да түгэнэ тохтоон тыын ылар кыах суох. Тыраахтар кэннинээҕи тимиригэр хам баайан оҥоһуллубут “даар”, ол эбэтэр далла сыарҕа, биир кэм өрүтэ баһыалаан, туора садьыалаан олорор. Икки чаастан тахса айаннаабыппыт, халлаан боруҥуйбутун кэннэ, аара сир ортотугар баар Хомустаах диэн былыргы өтөххө тиийэн кэллибит. Суолбут өтөх кытыытынан ааһар. Үрдүлэрэ сиҥнэн хаалбыт эргэ хотоннор-балаҕаннар быыстарыгар биир ампаардыы тутуулаах, түннүгэ-үөлэһэ бараммыт эргэ дьиэ таһыгар чугаһаан истибит. Өтөҕү бэрт болҕомтолоохтук кыҥаан иһэр киһи көрдөхпүнэ, эргэ ампаар хараара чөҥөрүйбүт түннүгүн иһигэр киһи далбаатыы турарга дылы. “Хайдах-хайдаҕый, хараҕым иирэр дуу?” дии санаан, харахпын сотто-сотто көрөбүн. Чахчы, ампаар түннүгүнэн иһирдьэттэн биир куп-кубаҕай сирэйдээх киһи өҥөйөн турар, тугу эрэ хаһыытаан айаҕа оҥоҥнуур, хараҕа килэбэчийэр, илиитинэн салгыны киэр сотуолуур. “Кэлимэҥ манна, киэр буолуҥ!” эҥин диир буолуон сөпкө дылы. Онуоха эбии, тыраахтарбыт суолуттан туораан өтөх үрдүк кырдалыгар, ампаар диэки өрө сүүрэн лаһыгырайан таҕыста. Сахсылла иһэн хараҕым кырыытынан били ампаартан өҥөҥнүүр сирэйи көрөөт, эмискэ этим сааһа аһыллан “дьар” гына түстэ (адьас, “кэлиэҥ да — өлүөҥ!” диир курдуга), утары олорор Гуосабар “куоттубу-уот!” диэн хаһыытаат адарайтан аллара ыстанан кэбистим. Сирэйим-хараҕым ынырыга, итэҕэтиитэ бэрдэ буолуо, сиргэ түһэн иһэн Гуосам кэннибиттэн ыстанан эрэрин
көрөн хааллым... Сиргэ түһээт били ампаартан эрэ ыраата түһэр баҕалаах суол диэки сүүрэн кыырайдым. Сотору Гуосам ситэ баттаан ылла. “Тоҕо куоттуҥ? Туох буолла?” – эҥин диэн ыйытыан да иннинэ, тыраахтар өрө бааҕыныырын кытта тыас-уус бөҕө өрө барчалана түстэ. Били Көппөбүт итирэн баран утуйан хаалбыт, салалтатын сүтэрбит тыраахтар өтөх ортотугар турбут былыргы телеграф остоолботун тирээбилин тоҕо анньыбыт, ону кытта төрдө эмэҕирэн турбут баараҕай остоолбо тыраахтарбытын үөһэттэн баалкылаан ньиргиппит. Тыраахтар хабыынатын барытын үөһэттэн хормуоска курдук ньахчаччы түһэн кэбиспит этэ. Уолбун кытта чочумча саҥата суох тыраахтарбытын көрөн турдубут. Туох да саҥа-иҥэ суох. Тыраахтар, биллэн турар, умуллубут. Ол тухары иһиттэн Көппөбүт тахсыбата. Биһиги тугу да кэпсэппэтибит эрээри, хайабыт да испитигэр “өллөҕө” дии санаатахпыт буолуо. Аа-дьуо сыҕарыйан, бөһүөлэкпит диэки хаама турдубут... Тыраахтарбытын чугаһаан көрө да барбатыбыт. Адьас түүн үөһэ дэриэбинэҕэ тиийэн, эдьиийим аах дьиэлэригэр кэлэн утуйан хаалбытым. Аара тыраахтарбыт баҕанаҕа баттаппытын, Көппө өлбүтүн эҥин туһунан, тоҕо эрэ, кимиэхэ да кэпсээбэт дууһа буолан биэрбитим... Гуоса хайаабытын билбэппин. Ол остуоруйа барыта этэҥҥэ түмүктэммитэ. Көппө өлбөтөх эбит этэ, түүн үөһэ уһуктан тыраахтара маска хам сохсолотон сытарын билэн баран, туох да буолбатаҕын курдук, били мин куттаммыт ампаарым иһигэр киирэн салгыы утуйан хаалбыт. Сарсыныгар эрдэ туран, бөһүөлэккэ киирэн “тыраахтарым ырычааҕа төлө баран, салайарбын истибэккэ баҕананы кэтэн ыт гына сыста. Киһитэ мин буолан, көҥдөйдөтөн, арыычча тыыннаах хааллым. Хата, оҕолору эрдэ сэрэтэммин, ыстанан кэбиспиттэрэ. Суолларын ыйан биэрбитим” диэн кэпсээбит сураҕа иһиллибитэ. Гуоса муҥура ыалдьыбатаҕа быһаарыллан, сотору төттөрү лааҕырыгар тиийбит этэ. Оттон ол ампаар билиҥҥэ диэри турар буолуохтаах. Уонча сыллааҕыта ааһан иһэн этим тарда-тарда көрдөхпүнэ, били аҥайан турар түннүктэрин ким эрэ олус кыһамньылаахтык хаптаһынынан хам саайбыт. Оттон хараарбыт эркинин былаһын тухары кимнээх эрэ: “Посторонним вход воспрещен! Абааһылаах!!!” — диэн миэлинэн суруйан дьардьыгынаппыттар. Кырдьык, хараҥаҕа ааһан иһэр дьон хаста да түннүгүнэн киһи быгыахтыырын көрбүттэр эбит этэ. Хоммут дьону моһуоктуур эҥин үһү. Ол эрээри, тус бэйэм ити ампаар “хаһаайынын” чахчы абааһы диир кыаҕым суох. Гуоса биһиккигэ кини — үрүҥ тыыммытын өрүһүйбүт аанньал кэриэтэ.
kyym.ru сайтан