Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ньааньыска уйата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ньааньыска уйата
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
08.05.2020 15:39
Сэрии сылларыгар Өндөрүүскэ уонна Көстөкүүн (Килээдэ) диэн дьон Дьааҥы сиригэр бултуу тахсыбыттар. Эргэ өтөххө, быраҕыллыбыт балаҕаны сөхсүйэн, үүтээннэммиттэр. Балаҕан сэнэх соҕус: биллэрик ороннордоох, оһохтоох эбит. Биһиги дьоммут олохторун булунан, оҥостон хас да күн бултаабыттар. Биир күн эмиэ бултаан баран балаҕаннарын хараҥаҕа булбуттар. Өндөрүүскэ көмүлүөк оһоххо куруҥах маһы толору симэн отто охсубут, сотору балаҕан иһэ сандаара түспүт. Көстөкүүн сээкэйин бэрийэн баран, таһыттан киирэн, оронун диэки баран иһэн саҥа аллайа түспүт: “Хайа, бу тугуй?!” Өндөрүүскэ хап-сабар ойон тиийэн көрбүтэ, Көстөкүүн түүрбэккэ хаалларбыт тэллэҕэр көтөр уйатыгар маарынныыр бэргэһэ саҕа уйа оҥоһуллубут. Өндөрүүскэ урут чөчүөккэ итинник уйа туттар үһү диэн, ханна эрэ истибитин өйдүү биэрэн: “Ээ, доҕоор, ньааньыска уйата буолбатах дуо?” – диэбит. Киһитэ үгүһү толкуйдуу барбакка, тоҕо эрэ кыыһырар санаата баһыйан, хаана оргуйа түспүт да: “Өссө, киһи таҥаһыгар уйа туттубут буола-буола!” – диэт, ыстанан тиийэн, уйаны сиргэ тоҕо хаһыйан кэбиспитэ ыһылла түспүт. Өндөрүүскэ онно көрдөҕүнэ, араас бөх-сах, сиэл, кыл, от уонна балайда өттө киһи хараҕар быраҕыллар гына таҥас кырадаһына үһү. Өндөрүүскэ тэйэ хааман баран, дьээбэлэнэн: “Ити, арааһа, сыыһа сиргэ хаһыйдаҕыҥ буолуо?! Баҕар, эйигин кытта хоонньоһоору, эн ороҥҥор уйа туттубута буолуо. Хайдах гынарын көрүө этибит буоллаҕа дии”, – диэн күлбүт. Моһуокка ылларбыт Көстөкүүн: “Киһини күлүү гынаргын эрэ билэҕин!” – диэн кыыһыран, буугунаан кэбиспит. Аһаан-сиэн баран, улаханы тугу гыныахтарай, утуйарга барбыттар. Балайда сээбэҥнээн сыппахтаан баран, сылаалара таайан, утуйан хаалбыттар. Ити итинэн ааспыт. Устунан умнуллубут. Булчуттар атын туох да иҥэ-дьаҥа суох этэҥҥэ кыстаан, былааннарын толоро бултуйан, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэр. Көстөкүүн кэргэннэнэн, дьиэлэнэн-уоттанан эмээхсининиин саастарын моҥоон өлбүттэрэ. Арай оҕолоро суох этилэр. Өндөрүүскэ ону Көстөкүүн ньааньыска уйатын алдьаппытын кытта сибээстиирэ. Уонна: “Ити иччитэх, туох да суох балаҕаныгар хантан итиччэ элбэх таҥас кырадаһынын ылара буолла?! Хайдах, ханна ууран илдьэ сылдьыбыта буолла?! Уруккуну илдьэ сылдьара буолуо дуо?! Биһиги, эр дьон, туох таҥаһы кырыйыахпытый, сиэллэммэт-туһахтаммат да этибит”, – диэн муодаргыыра. А.Львов, Суотту. Быһаҕынан аспыт Тайыла Карадчин уола Тайыла Ньукулайа диэн икки хараҕа суох оҕонньору билэбин. Кини уола Василий Карадчин диэн учуутал киһи баар этэ. Тайыла Ньукулайа оҕонньор кыра оҕо сылдьан абааһыны кытта оонньообутум диэн кэпсээбитэ. “Ийэлээх аҕам сайын оттуу барбыттарын кэннэ дьиэлэрин кытта биир хотоҥҥо оҕону кытта оонньуур этим, ол оҕоҕо аһылыкпын аһатарым. Кини оонньуура туйах уҥуоҕа буолара уонна тарбыйаҕы миинэн эккирэтэр этэ. “Миигин дьоҥҥор этимэ” диэччи, ол иһин эппэт этим”, – диирэ. Ол саҕана тарбыйахтара өл да өл буолар үлүгэрэ эбит. Оттон Ньукулай аһаабатаҕына да, аһа суох буолан иһэр үһү. Арай биир күн аҕата үлэлии барбыта буолан баран, саспыт. Дьоно барааттарын кытта уоллара хотонугар киирэн доҕорун ыҥырбыт: “Кэл, аһаа
уонна оонньуохха”. Онуоха табаарыһа күкүр иһиттэн тахсан кэлэн, аһаан барбыт. Аҕата ону көрөн баран уолугар саха быһаҕын сонун сиэҕин иһигэр уган биэрбит уонна: “Бу быһаҕынан аһыы олордоҕуна искэ анньаар”, – диэн эппит. Сарсыныгар эмиэ үлэлэригэр барбыттар. Ньукулай хотонугар киирбитэ, доҕоро кэтэһэн турар үһү. “Доҕоор, туохтааххын эрэ”, – диэбит, онуоха: “Тугум да суох, аһаа уонна оонньуох”, – диэбитигэр саараҥнаан баран, кэлэн, аһаан барбыт. Аһыы олордоҕуна Ньукулай доҕорун быһаҕынан искэ аспыт. Абааһыта куһаҕан баҕайытык сарылаабыт. Киэһэ дьоно кэлэн ыйыппыттар: “Быһаҕынан астым, быһахпын илдьэ барда, хара-хара хаан тоҕунна”, – диэбит. Ону тахсан көрбүттэрэ, куруолук хороонун курдук хайаҕаска киирбит. Быһаҕа онно хаалбыт үһү. Онтон ыла тарбыйахтара өлбөт буолбут. Екатерина Кашлакова, Үөһээ Бүлүү. Иччитэх өтөххө Биир киэһэ биһиги, өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа хирургия салаатын ыарыһахтара, балыыһа оронун иччилээччилэрэ, хайдах эрэ ис-испититтэн кэри-куру буоллубут. “Нохолоор, мээнэ сытыахтааҕар, урут аҕам бокуонньук барахсан кэпсээбит, тус бэйэтэ түбэһэ сылдьыбыт түбэлтэтиттэн сэһэргээтэхпинэ, истиэ этигит дуо?” – аттыбар кэккэлэһэ сытар балаатабыт саамай кырдьаҕаһа, 78-с хаарын санныгар түһэрбит Сүөдэр оҕонньорбут ыйытта. Хайа саха киһитэ сэһэни сэргээбэтэҕэ баарай? Биһиги “кэпсээ” дэһистибит. – Аҕам Уйбаан бөдөҥ-садаҥ, кыанар киһи этэ, – диэн, сэһэнин оргууй аҕай саҕалаан барда. – Кини биирдэ булдугар үлүһүйэн хараҥаҕа былдьаппыт. Инньэ гынан чугастааҕы өтөххө хонорго быһаарыммыт. Өтөҕөр тиийэн кэлбит. Им балай хараҥаҕа илиитин иминэн харбыалаһан, бигээн, аҕыйах маһы булан киллэрэн, көмүлүөк оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит. Өлөрбүт куһуттан үргээн, илдьэ сылдьар солууругар уу баһан, күөһүн оһоҕун чанчыгар оргута уурбут. Өр-өтөр буолбатах, күөһэ оргуйан будулуйан тахсыбыт. Аҕам тото-хана аһаан, кэтэ сылдьар сонун устан, кэтэҕэриин ороҥҥо тэллэх оҥостон тэлгээбит, сылайбыт-элэйбит киһи быһыытынан сытынан кэбиспит. Умайа турар көмүлүөк оһоҕо балаҕан иһин сыдьаайа сырдатара үһү. Аҕам бу сытан, нухарыйан киирэн барбыт. Ол сыттаҕына, сирэйин биллэр-биллибэттик салгын имэрийэн ылбыт уонна: – Тур, киэр буол! – диэн саҥа иһиллибит. Онуоха аҕам уһуктан кэлбитэ, ким да суох үһү. Балаҕан иһэ, иһийбит курдук, уу чуумпу. Көмүлүөк уота уостубут. Им балай хараҥа сабардаабыт. Аҕам туруон ыарыргыы сыппыт. Иһиллиириттэн туох да туһа тахсыбатах, сотору соҕус буолан баран, эмиэ минньигэс уутугар бигэнэн, утуйан барбыт. Арай: – Киэр буол! Куһаҕан буолуо! – диэн бардьыгыныыр саҥа иһиллибит. Тула өттүн эргим-ургум көрүтэлээбит да, туох да суохха дылы. Арай куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит. Аҕам өсөһүнэн аатырбыт киһи буолаахтаатаҕа, тахсыбаттыы санаммыт. “Хайабыт буолар” диэн, иһигэр ботугуруу сыппыт. Ол сыттаҕына, туох эрэ кэлэн аҕабын тэлгэммит сонун кытта суулуу туппут да, таһырдьа кыыратан кэбиспит. Онуоха аҕам (оччотооҕу кэмҥэ тоҥ маһы тосту тардар, оннук буору тобулу үктүүр күөгэйэр күнүгэр сылдьар эр бэрдэ эбитэ үһү): – Син биир хонон баран барыам! – диэн
баргыытаабыт да, киирэн, оронугар сытынан кэбиспит. Өр-өтөр буолбатах, иккиһин таһырдьа быраҕыллыбыт. Өсөһө-өсөһө киирэн, эмиэ сытынан кэбиспит. Били баҕайы таһаҕас оҥостубакка, хордуоҥканы кыыратар курдук, бэрт чэпчэкитик ылан таһырдьаны булларбыт. – Ити буоллаҕына, миэхэ даҕаны кыра баар оҕотобун! – диэт, аҕам хаана-сиинэ хойдон, хаһыытаан тоҕо барбыт. Тымырдара күүрбүт, иҥиирдэрэ чиҥээбит уонна эмиэ киирэн, хат сытынан кэтэспит. Били күтүр кэлэн, саҥардыы харбаан эрдэҕинэ, аҕам тутуһан киирэн барбыт. Куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит да, аҕам хотуолаан ыһылыннарбыт. Ол эрээри, төһө да сиргэннэр, сииктээх, ньалҕархай түүлээх баҕайыны харбаан ылбыт. Онон-манан туох түбэһиэҕинэн бырахсыбыттар, ол курдук охсуспутунан халлааны сырдаппыттар. Ол түбэлтэ кэнниттэн аҕам улаханнык ыалдьа сылдьыбыта үһү, – диэн Сүөдэр оҕонньор кэпсээнин түмүктээбитэ. Чойболсан Гоголев, Нам. Сибиэн Эбиэс хомууругар субуотунньукка тахса сылдьан, уонча буолан биир ампаарга отууланабыт. Кэлбиппит өр буолан баран, кэпсээммит аҕыйаан “эн кэпсээ, мин кэпсээ!” дэһэр буоллубут. Биир киэһэ үөлээннээҕим Уус Костя тылланар саҥата иһилиннэ: “Мин кэпсээн көрүүм. Бачча тухары кимиэхэ да кэпсии иликпин”. Киһибит хайдах эрэ долгуйбут курдук: “Оҕо эрдэхпинэ дьонум Кур диэн сиргэ отордуу тахсыбыттара. Букатын хойукку күһүн этэ. Биһигини кытта Өксүү диэн мэнэрик дьахтар, уоллаах кыыһыныын дьукаахтаһаллара. Өксүү субу-субу манна сибиэн, онно абааһы дии-дии, биһигини куттуура, оронун үрдүгэр барыта эмэгэт, быа-туһах бөҕө ыйанан турар буолара. Киэһэ аайы, дьоммут титииккэ бардахтарына, биэс оҕо бэйэбит эрэ хааларбыт. Онтон биири өйдөөн хаалбыппын. Ороҥҥо ыйдаҥа түспүт сиригэр оонньуу мустубуппут. Ол кэмҥэ ким эрэ дьулаан баҕайытык үөһүн тартарда. Көрө түспүппүт, дьиэбит аанын аһан, улахан баҕайы күп-күөх марбайбыт сирэйигэр ыһыллан түспүт баттахтаах, уһун көҥкөлөй ырбаахылаах эмээхсин киирэн, талах сиппиири ылаат, сиппийбитинэн барда. Улахаммыт Муся: “Бааска, кыптыыйы аҕал!” – диэтин кытта, уол остуолга сытар кыптыыйы хаба тардан ылла. Эдьиийбит кыптыыйынан бырахта да, ханна тиийэн түспүтүн билбэтибит. Эмээхсин хап-сабар сиппиири уураат, тахсан барда. Күн киэһэрдэ. Кэмниэ кэнэҕэс дьоммут кэллилэр. Бааска утары сүүрэн тиийэн: “Ийээ, ийээ, биһиги күөх эмээхсини...” – диэн эрдэҕинэ ийэтэ, ким эрэ истиэ диэбиттии, симиктик, ол гынан баран күүскэ баҕайы: “Чот! Айдаарыма, билэбит”, – диэн саба саҥарда. “Дьоҥҥо мээнэ кэпсээн оҥостумаҥ!” – диир этэ. Онно туох төрүөттээҕин улахан дьон билэллэр эбит. Өскө “күөх эмээхсин” дьиэни сиппийэн, оҕо сытар сиригэр тиийбитэ буоллар, оҕо өлүөхтээх эбит. Бу тугуй? Чугаһынан ыалы кэрийэр, ыалдьар да, көннөрү да эмээхсин суоҕа үһү. Көрбүт эмээхсиммит оҕону өлөрөн тугу туһаныа эбитэ буолла?” Ыйтан Кэлбит, Сылаҥ, Чурапчы. Оҕо хаһыыта Эбэм эдэр сылдьан кэпсээҥҥэ кэпсэммит, ырыаҕа ылламмыт Амма эбэ үрдүгэр турар, кэрэ айылҕалаах Уодай диэн сиргэ олорбут. Ыанньыксыттаабыт, оттон ийэм субан сүөһүнү көрбүт. Дьиэлэрэ суох буолан, аймахтарыгар дьукаахтаһан олорбуттар. Оччолорго эдьиийим (ийэм балта) икки саастааҕа эбитэ үһү.
Былыр сүөһүгэ эбии аһылык диэн суох буолан, сотору-сотору быаларын кэбийэн кэбиһэллэрэ үһү. Ол иһин ыанньыксыттар хас киэһэ аайы сүөһүлэрин хайаан да көрөн кэлэллэр эбит. Оннук биир киэһэ, эбэм ийэбиниин хотоннорун көрө бараары туран, эдьиийбитин олоппоһугар олордон кэбиспиттэр. Аара суолларыгар, тыа иһигэр, биир аарыма улахан, хаппыт тиит баар эбитэ үһү. Арай тыа иһинэн баран истэхтэринэ, били тиит туһаайыытынан кыра оҕо саҥата аймана түспүт. “Ийээ, күүт-күүт, куотума!” – диэн, часкыйа-часкыйа ытыыр үһү. Ону истээт, эбэм ийэбин дьиэтигэр төнүннэрбит. Ол кэнниттэн көхсүн хараҕынан аһый гына түспүт. Киһи дьиктиргиирэ баар, ол саҥаны ийэбит истибэтэх. Тиийбиттэрэ, кыыстара олорорун курдук олорор үһү, туох да буолбатах. Онтон ыла эбэм илиитэ, атаҕа дьарҕаран барбыт. Таатта уола. Арахсыбат абааһы 1929 сыллаахха, сэттэ саастаахпар, Хаалка диэн сиргэ кыстаабыппыт. Дьукаахтарбыт: эһэм Христофор Мартынович Стручков, кэргэнэ Огдооччуйа эмээхсин, сиэннэрэ Федор Федорович, хос аатынан Куннат оҕонньор (эмээхсин суоҕа, 70-ча саастааҕа) уонна ийэм Мария Афанасьевна Стручкова аймаҕа миигиттэн түөрт-биэс сылынан аҕа Мария Егоровна Стручкова. Мария Егоровна туспа утуйар таҥастааҕа, Куннат оҕонньору кытта мас ороҥҥо атахтаһан утуйаллара. Биир кыһыҥҥы киэһэ бу ааттаммыт дьон аһыы олордохпутуна, ийэм Куннат оҕонньорго туһаайан: “Кыыспыт Мария эбэтигэр Огдооччуйа эмээхсиҥҥэ “түүн утуйа сыттаҕына, мин утуйар таҥаһын ньылбы тардан ылар үһүбүн, оччоҕо Мария Егоровна Куннат оҕонньор улаҕа өттүгэр куотабын” диэн кэпсээбит. «Бу туох муодатай, оҕонньор, баҕар, эн тугу эмэ билэриҥ буолаарай?» – диэн ийэм ыйыппыта. Онно оҕонньор аһыы олорон: “Мин тоҕус саастаахпар абааһы кыыһа дьахтар миигин булбута уонна күн бүгүҥҥэ диэри сылдьар. Сарсыарда эрдэ, киэһэ хойут хараҥаҕа иннибэр-кэннибэр куруутун баар буолааччы. Син киһи курдук таҥастаах. Ол абааһы кыыһа дьахтарым ити Маарыйа кыыска күнүүлээн, утуйар таҥаһын (суорҕанын) сулбу тардара буоллаҕа”, – диэбитэ. Өссө эбии: “Бөлүүн сиспин быһа охсон кэбиспит, айаа-айа”, – диэбитин бэрт чуолкайдык өйдүүбүн. Петр Стручков, Покровскай. “Иччи. Сибиэн. Абааһы” кинигэттэн.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан