Кэпсээ
Войти Регистрация

Тиис суола

Главная / Кэпсээн арааһа / Тиис суола

K
01.05.2020 22:54
Күһүҥҥү борук-сорук этэ. Дьиэ иһэ улам хараҥаран барбыта. Соруйан уоту аспакка, остуол тула чэйдии олорбуппут. Тыаттан куоракка кууруска үөрэнэ кэлбит отуччалаах дьахтар баар. – 1990 сыл этэ, – диэт, кини арылхай хараҕа өссө ордук кэҥээбиккэ дылы буолбута. Үөһэ тыынан ылбыта уонна кэпсээнин салҕаабыта. – Кэргэмминиин холбоһоот, сотору билигин олорор бөһүөлэкпэр (улуус киинигэр) иччитэх турар эргэ дьиэҕэ көспүппүт. Үгүс ыал курдук киэһэ сытарбытыгар ааммытын хатанар этибит. Ол үрдүнэн түүн хоско сытан иһиттэхпинэ, куукунабытыгар ким эрэ хаамар курдук, өссө иһити-хомуоһу хомуйар тыас иһиллэр. Сибиэннээх эбит диэн сэрэйбитим. Аны харахпар көстөн, хоспор киирэн кэлиэ диэн олус салларым. Сотору оҕоломмуппут. Оҕобор аралдьыйан, тыаска соччо кыһаммат буолан барбытым. Онтон... биирдэ... түүн үөһэ, туох эрэ имнэммитин курдук, уһуктан кэлбитим. Арай көрө биэрбитим, доҕоор, оҕом аттыгар кумааҕы курдук маҥан сирэйдээх, кып-кыһыл харахтаах дьахтар миигин көрө сытар. Хайдах турбуппун билбэппин. Биирдэ өйдөөбүтүм: “Ба-ар! Киэр буол! Бу мин оҕом!” – диэн сарылаабытынан, хайдах да буолуохпун билбэккэ, били дьахтар баттаҕар түһүөх курдук сарайбытынан ыстанан эрдэхпинэ, кэргэним кууһан ылла: – Хайдах буоллуҥ? Хайдах? – күүскэ ыга тарта. – Абааһы! Абааһы! Бу сытар! – орон диэки төлө көтө сатыыбын. Ол быыһыгар дьахтары үүрэн хаһыытыыбын. – Киэр буо-ол! Киэр! – Тугу этэҕин? Суох ээ, туох да суох. – Бу! Көрбөккүн дуо? Дьахтар сытар дии! Абааһы! Кып-кыһыл харахтаах! Кумааҕы маҥан”. Наһаа ынырык. Мин ол курдук өр баҕайы сарылаабытым. Кэргэним “суох ээ, суох” дии-дии сылдьыбыта. Баҕар, уоскуйдун диэн, көрбөтөҕө буолбута да буолуо. Ол былаһын тухары били дьахтар кып-кыһылынан көрөн баран сытта ээ. Онтон эмискэ сүтэн хаалбыта. Мин онтон олус соһуйбутум, дууһам уйуһуйбута. Кэргэммин ханна да ыытыахпын баҕарбат буолбутум. Дьиэҕэ кинитэ суох хаалыахпын, оҕобун хоско соҕотох сытыарыахпын олус куттанарым, санаабар, туох эрэ кэлиэх курдуга. Билиҥҥэ диэри ол түүнү умна сатыыбын, түлэкэдийдим, түһээтим ини диэн, аралдьытынан көрөбүн да, туһа суох, кумааҕы маҥан сирэйдээх дьахтар кып-кыһылынан көрө сытара харахпар мэлдьи баар. Ол түүн кэнниттэн кэргэним балтараа ыйынан оһолго түбэһэн өлбүтэ. Мин дөйүөрэн хаалбытым. Дьон саҥатын, тыаһы-ууһу куу-хаа курдук истэрим. Дойдубуттан аймахтарым кэлэн аралдьыта сатаабыттара эрээри, син биир этим. Кинилэр барбыттарын кэннэ да, сол курдк түҥ-таҥ сылдьыбытым. Арай биирдэ, хоспор олордохпуна, кэннибэр атах тыаһа хааман кэннибэр кэлбитэ, кэтэхпэр киһи тыына биллибитэ. Эргиллэн көрүөхпүн – этим тарпыта. Куттанан иһиллээн, хамсаабакка олорбутум. – Хайа, билбэтиҥ дуу? – кэргэним саҥата иһиллибитэ уонна икки илиитинэн санныбар тайаммыта. Соһуйан, ах баран хаалбытым. – Оҕобун көрө кэллим ээ. Кырдьыктаммаккын дуо? Оччоҕо бэлиэ хаалларыам, – диэтэ. “Хайаары гыннаҕай?” диэн санаа элэс гынан ааста. Ол икки ардыгар хаҥас илиим быччыҥын ытырда. Мин көрүмээри, куттанан уҥа диэки хайыстым.
Наһаа ыарыйда, нэһиилэ тулуйдум. Хаһыытыы сыстым. Атах тыаһа миигиттэн тэйэн, аны куукунаҕа тиийдэ. – Хайа, наһаа үчүгэй ас баар эбит дии, – эмиэ кэргэним саҥата иһилиннэ. Мин баахыла астаан остуолга хаалларбыт этим. Ону ыстыыр курдук хачырҕатта. Ол кэмҥэ мин дьэ эргиллэн, хос аанын быыһынан көрбүтүм – кэргэним ойоҕоһунан турар. Көмүллүбүт көстүүмүнэн сылдьар. Устар курдук хааман таһырдьа таҕыста, аан диэки баран иһэн, олох да сүтэн хаалла. “Түүл дуу? Илэ дуу?” диэн, кымаахтанан көрдүм. Ээ, арба, ытырда этэ дии. Өйдөөн, быччыҥмын көрбүтүм – тиис суола! Кэргэним биир илин тииһэ суох этэ. Оруобуна онон тиис суола суох... Биирдэ бөһүөлэккэ экстрасенс дьахтар кэлбитэ. “Дьиэ сибиэнин үүрэр үһү” диэн истибитим. Ол дьахтары булан дьиэбэр аҕалбытым. – Маннык дьиэҕэ хайдах олороҕун? Наһаа элбэх абааһылаах. Биир улахан үөр киһи уҥуоҕун диэкиттэн иһэр. Итини истэн, этим дьар гыммыта. Өйдөнөн ыйыппытым: – Хайдах үөрүй? Ону таҥаһын-сабын, сирэйин-хараҕын, туттарын-хаптарын эппитэ – үүт-үкчү кэргэним. Түргэнник көһөрбөр сүбэлээбитэ. Мин тута “бу дьиэттэн куттанабын, сатаан олорбоппун, уопсайга хосто биэриҥ” диэн, көрдөһөн-ааттаһан нэһиилэ тылбын ылыннарбытым, көһөр хоспун экстрасенска көрдөрбүтүм. – Бу дьиэ иччитэ аһыныгас дьахтар эбит. Уотуҥ иччитин аһатар буол, оччоҕо араҥаччылыа, – диэбитэ. Билиҥҥитэ куттуу илик. Быдан холкутуйбутум. Эргэ дьиэбэр кэлин олох утуйбат буолбутум. Нуктаатарбын эрэ баттат да баттат буоларым. Дьүөгэлэрим эмиэ: “Ол дьиэҕэ кыайан утуйбат, олус куттанар, баттатар этибит. Бу дьиэҕэр үчүгэйдик утуйабыт”, – дииллэр. Хомнуо хойут биир киһи эттэ: – Сөпкө көспүккүн. Ити дьиэҕэ олорбут ыал бастаан аҕалара охтооччу, онтон утуу-субуу бары быстан иһэн куотааччылар. Наһаа абааһылаах дииллэр этэ. Күһүҥҥү киэһэ өссө хараҥарбыта. Ити кэпсээни истэ олорон, остуол тула олорооччулар көхсүбүтүгэр ким эрэ турара буолаарай диэбиттии кэдэҥнэспиттэрэ, сэрэммиттии кэннилэрин эргиллэн көрбөхтөөбүттэрэ. Уол тоҕо үөр буолла? Көмүү, тоҕус хонук, түөрт уон хонук сиэригэр-туомугар туох эрэ сыыһа оҥоһуллубута буолаарай? Эбэтэр бу дьиэттэн барыҥ, сүгүн олордуо суоҕа диэн куттаата дуо? Атах тыаһа, иһит-хомуос тыаһа, кып-кыһыл харахтаах кумааҕы маҥан дьахтар, тиис суола... Бу барыта абааһы дуо? Уйбаан Удун.
kyym.ru сайтан