Кэпсээ
Войти
Регистрация
Былыргы кырыыс
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Былыргы кырыыс
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
24.10.2024 16:36
Саха өйдөбүлүнэн, бу орто дойдуга киһи оҥорбут аньыыта-харата ханна да сүтэн-оһон, суураллан хаалбакка, кини удьуордарыгар “нэһилиэстибэ быһыытынан” тиксэн эрэйдии сылдьыахтаах диэн буолар. Хаһан барыта “төлөнөн” бүтүөр диэри... Биирдэ билсэр дьонум ыҥырыыларынан, биир саха улууһугар кустуу бара сылдьыбыттааҕым. Табыллыбат быабар, миигин ыҥырбыт табаарыһым ойоҕо эмискэ ыалдьан, улуус киинигэр балыыһаҕа баран хаалбыт этэ. Ол саҕана сибээс мөлтөх буолан, киһим ону миэхэ сэрэппэтэх. Миигин көрсөллөрүн, илдьэ сылдьалларын курдук бэйэтин доҕотторугар эппит этэ да, ол дьону кытта бөһүөлэк таһыгар икки хонон баран сөп буолбутум. “Кустааһыммыт” тиһигин быспат арыгылааһыҥҥа, киэптэһиигэ кубулуйан хаалбыта. Тапсыбатаҕым. Хата, бөһүөлэк таһыгар дурдаланан олорор этибит. Онон, бу иннинэ маҕаһыыҥҥа ас атыылаһа сылдьан көрсөн кэпсэппит-билсибит кырдьаҕас киһибэр көһөн биэрбитим. Бачча ыраах аҥнан-бохтон кэлэн баран төттөрү куораттыахпын баҕарбатаҕым. Оҕонньорум бэйэтэ бөһүөлэктэн уонча килэмиэтирдээх сиргэ бүччүм үүтээннээх, эрдэ ырбыылаабыт, кус түһэригэр табыгастаах күөллээх, элбэх мас мончууктаах эҥин эбит. Тэрээһинэ барыта эҥкилэ суох. Ол эрээри, дьыала барыта оннук эҥкилэ суох буолбатаҕа бастакы күммүтүттэн ыла биллэн барбыта. Холобур, ол оҕонньору кытта кыттыспытым бастакы күнүгэр мин куораттан анаан-минээн илдьэ тиийбит ыһыгым (халбаһым, сыырым, ыыһаммыт этим) барыта аһыйан, түүнүгүрэн хаалбыт эбит этэ. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри сип-сибиэһэй сылдьыбыт ас. Сөҕүөм иһин, оҕонньорум ону барытын буолуохтааҕын курдук ылыммыта, соһуйбатаҕа. Аны туран, бастакы сонунум ааспытын кэннэ үүтээн тулата барыйан хараҥата, ис киирбэҕэ суоҕа, киһи күтүн-сүрүн баттыыра сүрэ бэрт этэ. Урут умайан хаалбыт куруҥ ойуур иһэ барыта киһи үктэммэт ыт кэтэҕэ, лааҥкы эбит. Иһэр уубут, тарыҥ уута буолан, кытта хараҥа өҥнөөҕө. Бастакы түүммүтүгэр куска олорон баран, сарсыарда тахсан утуйа сытан олус улаханнык баттаппытым. “Олохтоохтор” холдьоҕо сатыыллар этэ... Саҥа, сонун киһи кустаһа кэлбиппин бу дойду иччитэ буолан олорбут олохтоох суор эмиэ сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. Сарсыарда күн тахсарыгар күөл уҥуор баар уйатыттан көтөн тахсан, күөлбүтүн эргийэрэ. Ол кэннэ анаан-минээн мин олорор дурдам үрдүгэр кэлэн киһи кута ыстаныар диэри улаханнык, наһаа куһаҕаннык, хара-хара хаһыытаан тоҕо барара. Күөрэтэн түһэрбит биир куһум хонууга баран түспүтүн, көрдөрбүтүнэн туран, саба түһэн түүтүн үргээн бурҕаҥнатан барбыта. Тиийиэм икки ардыгар, чөккөөкүм илин өттүн барытын түүтүн сулуйа охсон баран, икки түөһүн олоччу тоҕута-хайыта тыытан сии охсубут этэ. Сиирэ түргэнин улаханнык сөхпүтүм. Аны, түүн куска олорор кэммитигэр үүтээн таһыгар мас отууга хараллан сыппыт тушенка кэнсиэрбэбин тумсунан дьөлүтэ охсуолаан кэбиспит этэ. Суор тимир бааҥканы алдьатарын ол иннинэ да, кэннинэ да истибэтэҕим. Истэрим да саарбах. Инньэ гынан, алдьаммыт бааҥкалаах кэнсиэрбэни “сэрэхтээх буолуо, киһи сүһүрүө” диэн быраҕарга күһэллибиппит. Бу иннинэ оҕонньорум “бу – олохтоох суор, кытта кырдьыспыт доҕорум” диэн бэркэ маанылаан билиһиннэрбэтэҕэ буоллар, мин кини “боппуруоһун быһаарбытым” ырааппыт буолуох этэ. Саанан үчүгэй аҕайдык ибили ытан кэбиһиэм эбитэ буолуо. Оҕонньору кытта үс хонук олорон, барыта 20-чэ кустаммыппыт. Ол кэм устата истээх саҥа ыстааммын, соммун уонна үрүсээкпин кутуйах (баҕар, моҕотой буолуо) дьөлүтэ сиэбитэ. Түүн аайы баттатан тахсарым. Бүтэһик түүммэр күтүр улахан таллан куоҕас иннибэр түһэн баран, бэрт иччилээхтик кылана-кылана төттөрү-таары уста сылдьыбыта. Хабыс-хараҥаҕа мас мончууктары кытта охтортообут этэ. Бэрт чугастаан аптаамааттаан куһуйан, үстэ-түөртэ ытан көрөн баран, өлбөтүттэн, көтөн барбатыттан уонна саҥата иччилээҕиттэн куттанан олорон хаалбытым... Өссө ол диэн кырата... Оҕонньордуун кустаабытым үһүс түүнүн сарсыардатыгар, 10 чаас саҕана, дурдаттан тахсан ас астаары үрүсээкпин арыйбытым, икки күлгэри киирэн олороллоро. Айахтарын аллаччы аппытынан, уун-утары көрөн эҕэрдэлии тоһуйбуттара. Эбиитин, тугу эрэ чыыбыгыраан саҥарарга дылылара, быһыыта... Эҥин араас күлгэрилэри оҕо эрдэхпиттэн өлөрдүү абааһы көрөбүн, этим тардар, сиргэнэбин. Хаһыыра түһэн баран, үрүсээкпин киэр бырахпытынан, уолуйан өрүтэ ыстаҥалыы турарбын эрэ өйдүүбүн. “Сахалыы” майгылаах туох эрэ куһаҕан буулаан, түүйэн эрэрин сүрэхпинэн сэрэйбитим уонна бу дойдуттан букатыннаахтык тэскилииргэ быһаарыммытым. Бу дойду хас биирдии маһа-ото, кыыла-сүөлэ барыта миигин “мантан бар!” диэн холдьоҕорго, үүрэ сатыырга дылы этэ. Оҕонньорум ону барытын билэ-көрө сылдьара... Барарым туһунан эппиппэр, туох да диэбэтэҕэ. Хомойоохтообута быһыылааҕа. Арай, “дьэ итинник олороохтуубут, биһиги...” диэн тугу эрэ бэрт дьиктитик таайтаран быктарбыта. Мин – куораттаабытым. Ол кэллэҕим утаатыгар, “инерциятынан” диэбиккэ дылы, биир ый курдук, тугум да табыллыбат буола сылдьыбыта. Массыынам алдьан да алдьан буолар, үлэбэр киһи үөйбэтэх-ахтыбатах кыһалҕата бөҕө үөскээбитэ, кыра уолум илиитин тоһуппута, даачам умайа сыспыта... Хата, барыта этэҥҥэ ааспыта. Кэлин ол кустаһа ыҥырбыт доҕорум кэргэнэ үтүөрэн дойдуларыгар төннүбүттэрин кэннэ төлөпүөнүнэн кэпсэппитим. Киһим “айабыын, тоҕо ол ким да эрдэ сэрэппэтэх баҕайытай? Ити оҕонньору кытта биир да киһи куттанан кыттыспат, чугаһаспат. Ити оҕонньор эһэтэ былыр баайдарын халаары ханна эрэ айаннаан иһэр аартык дьонун өлөртөөбүт. Онуоха ол дьонтон биирдэстэрэ өлүөн иннигэр, бука туох эрэ идэлээх, ичээнниҥи киһи буолуо, дэлби кыраабыт. Онтон ыла ол кырыыс өлөрбүт киһи удьуордарыгар барыларыгар күн бүгүнүгэр диэри дьайа сылдьар. Уруккута халыҥ аймах дьон бары эстибиттэр. Ити эн кыттыспыт оҕонньоруҥ, бука, ол аймах бүтэһик бэрэстэбиитэлэ буолуо. Кэргэнэ, оҕолоро өлбүттэрэ ырааппыт киһи. Кырыыс кинини кытта кыттыспыт дьоҥҥо эмиэ дьайар. Хата, эн бүтэй оҥоһуулаах киһи буолаҥҥын, тулалыыр кыыл-сүөл бары көмөлөөн эйигин онтон куоттарбыт буолуохтарын сөп. Оҕонньор баҕайыга бэйэтигэр этиэҕим, тоҕо итинник гынарый!” диэн маатыралаан субуруппута. Кини ыҥырыгынан, кини дойдутугар тиийэн баран мөлтөхтүк сылдьан кэлбиппэр бырастыы гынарбар көрдөспүтэ. Инньэ гынан, түмүгэр, “хата этэҥҥэ тыыннаах төннөн кэлбиппин” диэн үөрүүлээх мин хаалбытым. Аны онно кустуу барыллыбат! Е.Дьячковскай, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан