Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос кэпсээннэрэ

K
09.04.2020 17:28
Өлөр дьону ыла кэлэллэр Мин таҥара, абааһы, үөр эҥин диэни соччо итэҕэйбэт киһибин. Биир бэйэм биир да абааһыны илэ көрө иликпин, дьөрү хараҥаттан, иччитэх өтөхтөртөн, киһи уҥуохтарыттан да куттанан салыбыраабыппын өйдөөбөппүн. Ол гынан баран киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түгэннэрин туһунан чугас дьоммуттан истибиппин, кинилэр миэхэ хайдах да сымыйалаан кэпсээбэтэх буолуохтарын сөп диэн итэҕэйэбин, — диир Таанньа. — Биир түбэлтэттэн саҕалыахха. Маны аҕам кэпсээбитэ. Биһиги нэһилиэкпититтэн ыраах соҕус Туойдаах диэн күөл баар. Онно аҕам эдэр сылдьан табаарыстарын кытта балыктыы барбыттар. Атастыылар тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэн, мунньустубучча, үөрэн-көтөн, күө-дьаа буолан, аҕалбыт ыһыктарын хостоон, миин буһарынан, чэй өрүнэн аһаабыттар. Сирдэрин-уоттарын алҕаан, аһатан баран, кыратык, били, булка өрүү илдьэ сылдьар астарын хостоон иһэ түспүттэр. Күн биллэ киэһэрбит. Туойдаах күөл олус киэҥ. Оччотооҕуга нэһилиэк дьоно биир эргэ мас тыынан балыктыыллара үһү. Күөл кытыытыгар оргууй аҕай биэтэҥнии турар тыыга илимнэрин уган, аҕам соҕотоҕун илимин үтэ киирбит. Уолаттара даамбаҕа күө-дьаа буола хаалбыттар. Аҕам ортолуу устан иһэн (били, буокката оҥорорун оҥордоҕо буолуо), нуктаан киирэн барбыт. Кыайан уутуттан тахсыбакка чыпчылыҥныы олорон устунан түһээбит. Арай көрдөҕүнэ, күөл ортотугар сырдык да сырдык дьиэ баар буолбут. Ол дьиэ ааныгар, кирилиэс курдукка, бииргэ төрөөбүт балта турар үһү. Балта олус эрдэ, уон аҕыстааҕар, ууга түһэн өлбүтэ. Аҕам онтон соччо куттамматах. Олус аһыйар буолан, хата, кэпсэтиэн баҕарбыт. Тыытын эрдэн үөс диэки устубут. Тугу кэпсэппиттэрин соччо-бачча өйдөөбөт. Арай "тугу гына сылдьаҕын?" диэн ыйытыытыгар балта: — Ээ, бу биһиги дэриэбинэбититтэн икки эмээхсин миигинниин барсар буолбуттар. Олору кэтэһэ турабын, — диэбит. Аҕам онно тыыга олоруо үһү дуо, били, сырдык дьиэҕэ киирсэн, балтын кытта үчүгэйдик кэпсэтиэн баҕарбыт. Онуоха балта: — Кэбиһиий, эн манна киириэҥ өссө эрдэ...— диэбит. Инньэ диэтин кытары аҕам уһуктан кэлбит. Били, сырдык дьиэтэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр суох буолан хаалбыт. Арай тыыта, эмэхсийбит сиринэн икки гына хайдан, уу бөҕөтө киирэн эрэр эбит. Ону көрөн турбут уолаттара ыраах баҕайыттан хаһыы-ыһыы, аҕабын уһугуннара сатаан иһиирии бөҕө буола тураллар үһү. Тыы хайдах да кытыыга устан тиийэр кыаҕа суох буолбутун көрөн, аҕам тас таҥаһын устан, ууга ыстанан нэһиилэ биэрэги булар. Ол күн ТамалакааІІа икки эмээхсин өлөн хаалбыттар үһү. «Онон өлөр буолбут дьону хантан эрэ ыла кэлэллэр. Ол аата, анараа дойду баар быһыылаах», — диэн түмүктээбитэ аҕам. Ойуун уҥуоҕа Биһиги Дулҕалаах диэн сайылыктаахпыт. Урут онно эбэлээх-эһэм олорбуттара. Кэлин, сайылыгы уу ылар буолбутун кэннэ, дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэрэ. Сайын уута түстэр эрэ, бука бары субуотунньуктаан, бөҕүн ыраастаан баран, онно олорорбут. Онус кылааһы бүтэрбит сылбар, оруобуна бэс ыйын 10 күнүгэр этэ. Балтыбын кытта Дулҕалааҕы ыраастыы бардыбыт. Ол күн тохсус кылааһы бүтэрээччилэр баҥкыаттаабыттара уонна үрэх уҥуор Дулҕалаахпытыттан балачча тэйиччи
сытар Тыымпы диэн алааска тахсыбыттара. Былыттаах, тыаллаах баҕайы күн этэ. Дьиэбит муостата сииктээх баҕайы, ол иһин хонууга балаакка туруордубут. Ардах түһэн хотуппатын диэн, балааккабытын ыскаатарынан бүрүйдүбүт, хаптаһыннарынан баттаттыбыт. Дьиэбит чугаһынан былыргы айан суола ааһарын уруккуттан, эбэбит кэпсээниттэн билэр буолан, балааккабытын ол суолтан арыый туора туруорбуппут. Аны туран, үрэх үрдүгэр ханнык эрэ улахан ойуун көмүллэ сытарын туһунан эбэбит кэпсээччи, улаханнык хаһыытаабат, айдаарбат буолуҥ диэн наар буойааччы. Ол сылдьан иһиттэхпитинэ, били оҕолор саҥалара, ыһыылара-хаһыылара бу иһиллэн турар. Бу санаатахха, тыал кинилэр диэкиттэн үрэриттэн быһыылаах. Биһиги эмиэ кинилэргэ үөгүлээн, ааттарынан ыҥыртаан, «акаарылаар, хаһыытаамаҥ эрэ, аньыы» эҥин диэн көрдүбүт. Дьоммут истибэтилэр. Ол курдук оҥостон сыттыбыт. Күнүс убайбыт собоҕо илимнии барбыта: «Баҕар, түүн кэлэн хонуом, аста буһараарыҥ эрэ»,— эҥин диэбитэ. Биһиги кинини кэтэһэ сатаан баран, кэлбэтэ быһыылаах диэн, балааккабытыгар киирэн сыттыбыт. Ардах бөҕөтө түстэ, тыал үрэн, балаакка кытыытын сууралыыра иһиллэр. Мин уум кэлбэккэ өр баҕайы сытан саҥа нухарыйыах курдук буолан истэхпинэ, саппыкылаах киһи атаҕын тыаґа чаллыр-иллир үктээн дьиэҕэ кэллэ. Убайбыт кэллэ быһыылаах диэн иһиллээтибит. Ол иннинэ балаакка иһигэр уоран табахтаабыппыт, аны мөҕүллэрбит буолуо диэн куттанныбыт. Саҥарбакка сыттыбыт. Киирэн, аһаан баран утуйар ини дии санаатыбыт. Ол эрээри киһибит дьиэҕэ киирэр тыаһа иһиллибэтэ. Өр күүтэн баран тахсан көрбүппүт, ким да суох эбит. Ол ким дуу, туох дуу кэлэн ааспытын билигин билбэппит. Төттөрү киирэн балааккабытыгар сыппыппыт кэннэ туох эрэ бүтэҥи тыас иһиллэргэ дылы гынар. Балтыбар эмиэ иһиллэр үһү, иккиэн иһиллээтибит. Ол дүҥүр лүҥсүйэр тыаһа этэ. Ол түүн утуйбатахпыт. Убайбыт да кэлбэтэҕэ, устунан дэриэбинэҕэ киирбит этэ. Сарсыныгар балтым эбэтигэр тиийэн кэпсии охсубут. Ол күнү уталыппакка, эбэм аах сайылыкка кэлэн көрдөспүттэр-ааттаспыттар, уот оттон аһаппыттар этэ. Маҕаһыын иччитэ Эдьиийим Үөһээ Бүлүү биир улахан маҕаһыыныгар үлэлии сылдьыбыта. Маҕаһыыннара маһынан оттуллар, оһох биир өттүгэр үлэһиттэр олороллор, биир өттүгэр атыылыыллар. Бэрэдэбиэстэр иккиэлэр. Иккиэн маҕаһыыннарыгар үрдүттэн олороллор. Ол иннинэ олоро-үлэлии сылдьыбыт кыргыттар уонна атын да дьон кэпсээнинэн, бу дьиэ уруккуттан туох эрэ тыаһыыр-ууһуур абааһылааҕа үһү. Чэ, онно улаханнык кыһаллыбатахтар. “Абааһылаах буоллаҕына абааһылаах буоллаҕа, хайыаҕай, дьону абааһы сиэн өлөрбүтэ диэн кэпсээн суох” дии санаабыттар. Оннук син балачча олорбуттар. Арай анарааҥҥы дьукаах, кэллиэгэтэ кыыс кэпсиир буолбут. — Түүн аайы оҕонньор кэлэр. Кып-кыракый уҥуохтаах, уһун маҥан сэксэйбит бытыктаах. Көрөн баран турар эбэтэр олорор буолар. Эдьиийим итэҕэйбэтэх. Ол онон ааспыт. Биир түүн эдьиийим хабаҕыран, уһуктан кэлбит. Өр баҕайы тулуйа сатыы сытан, түһүү-түһүү туалекка тиийэ сатаабыт, онтон уһуктан кэлбит, түҥ-таҥ түһэн, тиийэн түннүк сабыытын аспыт уонна эргиллэ биэрбитэ, доҕоор, ыйдаҥа сырдыгар, мас буочука үрдүгэр кып-кыра уҥуохтаах, сэксэйбит бытыктаах оҕонньор бөкчөйөн баран кинини одуулуу олорор. Эдьиийим туох да олус куттаммыт. Хаһыытыы
түһэн баран, кыыһын суорҕанын үрдүгэр түһэн уһугуннарбыт. Ол икки ардыгар оҕонньордоро сүтэн хаалбыт. Ол оҕонньор түүн аайы хам-түм көстөр буолбут, туох да куһаҕаны оҥорбот, тыыппат үһү. — Онон, кэнники куттаммат да буолбуппут. Арыт күн оҕонньор буочукатын үрдүгэр күлэн мытырыйа олорор буолааччы, арыт күн дьэбин уоһуйан биир сири тонолуппакка одуулааччы. Туох да диэбит иһин, иччи эмиэ үөрэр-санааргыыр түгэннэрдээх быһыылаах. Арай ол сахтан тоҕо эрэ кэннибин-иннибин кэтэнэ-манана сылдьар, аттыбар туох эрэ баар, батыһа сылдьарын курдук саныыр буолбуппун, — диир эдьиийим. Биллибэт аргыстар Күрэнэн эрэр көмүс күһүн биир үтүө күнүгэр убайдарым иккиэ буолан Дулҕалаах чугаһыгар бултуу барбыттар. Ол сылдьан туохтан эрэ этиспиттэр, сайылыктарыгар төннөллөрүгэр тус-туһунан, суол нөҥүө-маҥаа өттүнэн, биирдэстэрэ — арыый илин, биирдэстэрэ — арыый кэлин түһэн айаннаабыттар. Улахан убайым кыыһырбыт киһи киэбинэн хааман лиһиччэхтээн истэҕинэ, кэнниттэн биир киһи ситэн кэлбит. “Куобахтыы сылдьабын” диэн кэпсээбит. Аргыстаспыттар. Дулҕалаах чугаһаабытыгар аргыс киһи: «Чэ, мин манан бардым», — диэт ааһа көппүт. Улахан убайым бакаалаһан, илии тутуһан баран кэннин хайыһан көрбүтэ, быраата эмиэ аргыстаах иһэр эбит. Убайым кыыһырбыта ааһан дьонун кэтэспит. Быраатын аргыһа эмиэ куобахчыт эбит. Үһүөн сайылык дьиэтигэр кэлбиттэр. Сайылыкпытыгар уоппут суох. Хараҥардар эрэ утуйаллар, наада буоллаҕына чүмэчи уматталлар. Убайдарым киһилэригэр: «Дьиэҕэ аас, онно дьыбаан баар, киирэн олор»,— диэбиттэр. Күүлэҕэ чүмэчи көрдөөн, уматан баран дьиэлэригэр киирбиттэрэ, били киһилэрэ мэлигир. Убайдарым көрдүү да, ыҥыра да сатаабыттар. Киһилэрин булбатахтар. Итэҕэйбэккэ, орон аннын кытары көрбүттэр. Киһилэрэ ол тухары суох үһү. Онон, ити эмиэ дьикти түбэлтэ. Кылаабынайа, ол дьон нэһилиэк дьоно буолбатахтар, олох хаһан да көрбөтөх дьоно үһүлэр. Ордук күлүк Маны Чурапчы уола кэпсээн ааспыттаах. Кинилэр оҕо сылдьан биир кэмҥэ тураах оҕолорун өлөртүүр адьынаттана сылдьыбыттар. Чугас ыаллыы олорор кыра уолаттары батыһыннартыы сылдьан, тураах уйатын ытыалыыллар. Бары арагаайкалаахтар. Биир үтүө күн уолаттар алта буолан, хамаанда тэринэн, чугас эргиннээҕи арыы тыа турааҕын уйатын барытын үрэйэн, үрэх уҥуор сытар өтөххө тахсаллар. Күн киэһэрэр. Алаас кытыытынааҕы тыаны кэрийэллэр. Онтон ампаардарын үрдүгэр турар тииттэргэ баар тураах уйаларын “атаакалыыллар”. Ол сылдьан кыра Миитээски диэн уоллара убайыгар этэр: — Убаай, көр эрэ күлүкпүтүн, элбэх баҕайыбыт, — диэбит. Уолаттар күлүктэрин ааҕан көрбүттэрэ – сэттэ күлүк. Иккистээн-үһүстээн, мөккүһэ-мөккүһэ бары ааҕан көрөллөр. Күлүктэрэ син биир сэттэ буола турар. Дьэ, өй ылан куоталлар. Сүүрэн сарыкынаһыы. Үрэҕи туораан, дьиэлэригэр чугаһаан баран, тохтоон тыын ылан, ааҕан көрбүттэрэ, күлүктэрэ, дьэ, алта буолар. Өтөх иччитэ дьээбэлээбитэ быһыылааҕа, — диэбитэ Чурапчы уола. Дьон кэпсээниттэн хомуйан оҥордо Светлана ТИМОФЕЕВА.
kyym.ru сайтан