Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ырыаhыт дьахтар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ырыаhыт дьахтар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
04.04.2020 16:24
Саха тыйаатырыгар үйэтин-сааһын тухары үлэлээбит артыыс дьахтар баара. Улахан хомуһуннаах ырыаһыт этэ. Хаарыан киһи быстах быһылааҥҥа бараахтаабыта. Биир саас Мэҥэ Хаҥаласка гастрольга тахсан испиттэр. Кини кэбиинэҕэ олорсон испит. Утуйан хаалаахтаабыт. Көлө аана төлөркөй баҕайы буолан, нэксиэҕэ массыынаттан түһэн, сонно тыла суох бараахтаабыт. Тыйаатырга аҕалбыттар. Син төһө эмэ баай дьахтар буоллаҕа дии, таҥаһын-сабын симээн, илин-кэлин кэбиһэрдээх, араас оҕуруолаах бастыҥатын, ытарҕатын, биһилэҕин – барытын кэтэрдэн, мааны таҥаһын-сабын таҥыннаран баран көмөллөр. Дьэ, ол көмнөхтөрүн түүн, куоракка туохха эрэ киирэ сылдьан, дьоммутугар олорон бокуонньугу кэпсииллэрин араадьыйаттан истибиппит. Кинини ахтан-санаан ааспыттара быһыылааҕа. Дьоммут өссө ырыатын быластыыҥканы холбоон иһитиннэрбиттэрэ. Ол олорон кэпсэтии саҕаламмыта. Таайым кэпсээнэ Кистээбиттэрин кэннэ кимнээх эрэ кэлэн ол дьахтар симэҕин хоруобун таһааран, олоччу уоран ылбыттар! Дьэ, айдаан кытаанаҕа диэтэҕиҥ! Дьон бөҕөнү уорбалаан сордообуттар... Биһигинньик киһи эбитэ буоллар, билиҥҥэ диэри биллибэккэ хаалыа эбитэ буолуо... Көмүһүн булуу туһунан икки араас кэпсэл хаалбыт. Маҥнайгыта. Георгий Михайлович Туралыыһап – аатырбыт декоратор. Оччолорго эдэр. Сыанаҕа уруһуйдуу турбут. Арай ырыа курдугу истибит. Иһиллээн тура түспүтүгэр ырыата тохтоон хаалбыт. «Ким эрэ кэлэн быластыыҥка холбоотоҕо дуу», — дии санаабыт. Салгыы иэйиитэ киирэн уруһуйдуу сылдьыбыт. Ойуу ыраахтан көстүүтүн быһаараары, кэннинэн баран иһэн аллараа оркестр олорор миэстэтигэр баран түһэр. “Дьэ, онно түһэн иһэммин кэннибинэн сальто биэрдим!”– диэбит. * * * Кини бэртээхэй гимнаст этэ. 1949 сыллаахха эдьиийбин кытта Дьокуускайга үөрэнэ киирбиппит. Ол сылдьан пааркаҕа Георгий Михайлович эрчиллэ сылдьарын көрбүттээҕим. Оо, биһиги көрдөхпүтүнэ, таһыччы киһи этэ. “Олус да кыанар эбит!” диэн өйдөбүл хаалбыта. Кэлин истибитим, соҕуруу үөрэммит этэ. Гимнаст кэтэр мап-маҥан көстүүмэ киниэхэ оруобуна сөбө. Козёлга сүүрэн кэлэ-кэлэ ойон кылбаарытара. “Ол костюмернайга сууллан түһүүбэр самахпынан тугу эрэ таарыйан, хата, хоолдьукпун тоһуппатахпын” диэбиттээх. Кыараҕас баҕайы сиргэ өрүһүнэ охтон быыһаннаҕа. Самаҕын ыарыытыттан нэһииччэ да сыттар, өлбүт дьахтар ырыатын илэ истэр. Киниттэн мэһэйдэтэн тохтоон турбут курдук ыллаабыт! “Этим аһылынна! Илэ бааччы иһиттим! Көрбөтүм эрэ!” – диэн кэпсээбиттээх. Тура эккирээт, тахсар ааны былдьаспыт... Тахсан иһэн остуорас эмээхсиҥҥэ кэтиллэ түспүт. Онуоха биирдэрэ: “Биһиги ити ырыаны күн аайы истэбит ээ”, – диэн арыый уоскутар. Тыйаатырдарын быраҕан ханна бараахтыахтара баарай. Үлэлэрэ буоллаҕа... * * * Аны ол көмүһүн уоран ылбыт дьону ыллаан дуораһытан булларбыта диэн кэпсииллэрэ. Ол дьахтар дьиэтин аттынан ааһан иһэр дьоҥҥо дьикти баҕайы ырыа иһиллэн ааһара үһү. Ону интэриэһиргээн милииссийэҕэ тыллаабыттарыгар кэлэн, дьэҥдьийэн кистэнэ сытар симэҕи булан ылбыттара диэн кэпсээбиттэрэ. Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ... Уоруйахтар оччо-бачча сылга хаайылыннылар диэн иһиллибэтэҕэ. Арааһа, сэрэйдэххэ, билэр дьоно эбиттэрэ буолуо. Симэҕин төнүннэрээттэрин кытта дьахтар ырыата иһиллибэт буолбут. Aбааhыны кытта тустубут Дьоруонтайдаах Түмэппий балыкка киирбиттэр. Ол тахсан баран, Түмэппий хоту дьахтарын сүгүннэрэн таһаарар. Дьэ, ылааҥы
саҕана табанан дойдуларыгар төннөн испиттэр. Хотуттан соҕуруу айаннааһын саҕаламмыт. Салгын түһэн эрэр кэмэ эбит. Ол кэлэн иһэн Киһилээх Хайаны таарыйан ааспыттар. Дьоруонтай кэнники испит. Арай ыраах көрдөҕүнэ, сарыы таҥастаах улахан баҕайы киһи сүгүллэҥнээн иһэр. Ол икки ардыгар дибдиргэ, халысха бөҕөтө буолбут. Дьоруонтай наартаттан эһиллэн хаалбыт. Дьоно эниэ сири таҥнары көтүтэ турбуттар. Били киһитэ ситэн кэлээт, Дьоруонтай үрдүгэр түһэр! Оччолорго киһибит эдэр бөҕө. Ириэнэх маһы ибилитэ, тоҥ маһы тостурута тутар киһи буоллаҕа эбээт. Куотаары гыммыта, киһитэ атаҕар өссө бэрт буолан биэрэр. Иннин күөйэн кэбиһэр. Тустардыы тутуспутунан бараллар! Дьоно ыраата охсон хаалаллар. Тутуһа сылдьан “сиир буолла” дии санаталаан ылар. Ол икки ардыгар “албастаан хайа эниэтиттэн быраҕыахха” диэн санаа кылам гынан ааһар. Куһаҕан баҕайы сыт-сымар быыһыгар сылдьан кэннинэн эниэҕэ үтүрүйтэрбитэ буолан кэлэр да синньигэс биилиттэн өрө баһан ылан били баҕайыны атаҕын өрө тэбэн кэбиһэр! Онуоха биирдэрэ “абаккаа!” диэбитинэн эниэҕэ төбөтүн оройунан түһэн хаалар. Урут туста сылдьыбыта абыраабыт. Ойон турар да дьонун диэки сүүрэн тибигирэтэр. Били сатаната эккирэппэтэх. Мүлчү-халчы түһэн истэҕинэ дьоно утары тахсан кэлэллэр. Дьонуттан дьаарханнаҕа дуу. Суотчут абааhы Аҕабын кытта айаннаһан сылдьыбыттааҕым. Сэбиэккэ үлэлиир буолан, нэһилиэктэри кэрийэрэ. Биирдэ сэбиэт кэнсэлээрийэтигэр, остуорас олорор дьиэтигэр, олохтообуттара. Аҕам биирдэ: “Олорор сирбит кыра баҕайы, таһыгар тахсан сытыахха, ол эрээри отой хамсаайаҕын”, – диэбитэ. Аҕам хоонньугар утуйардыы сытабын. Түүн үөһэ быһыылаах: бастаан остуол таһыгар турбут олоппос хаачыгыр гыммыта. Сайыҥҥы түүн этэ. Аҕам сэрэппитин курдук хамсаабакка сытабын. Аны ол олоппос араастаан хаачыгырыыр-кыычыгырыыр, аны остуолга сытар суот лаһырҕаабат дуо! Оччотооҕу суот тыаһа бэлиэ баҕайы буолар. Биир кэм таһырҕаан олорор! Мин тулуйбатым, суорҕаммын өндөтөн суот диэки көрөөппүн кытта тыас мэлийэн хаалбыта. Аҕам миигин куттаан тыаһатар диэҕи ол сытар сирбититтэн суотчут остуола түннүк таһыгар турара, быа, туһах бааллыбыта биллибэт этэ. Сэбиэт тиийиниитэ Эмиэ ол дьыл аттынааҕы холкуоска сэбиэккэ үлэлиир уолу улуус киинигэр ыҥыран ылаллар. Ыҥыыр аттанан барбыт. Киһилэрэ кэлиэхтээх кэмэ буолар. Икки улуус суотчута кэтэһэн олорбуттар. Сайыҥҥы түүн. Таһырдьа сырдык. Уруккуттан билэр киһилэрэ эбит. Арай ол олордохторуна, киһилэрэ тыаһа-ууһа суох хоһугар ааһа турбут. Хайдах эрэ саҥалара тахсан “сэбиэт суох” диэбэккэ хаалбыттар. Иккиэн саҥаларыттан матан, алааран олорбуттар. Таска сылдьар киһи көрдөҕүнэ, ол сэбиэттэрин киһитэ хара эриэн ынах быатын соспутунан киирбит. Ону көрөн, өлөрдүү куттанан дьиэтин диэки сүүрбүт. Чочумча соҕус буолан баран киһилэрин хоһун аанын сэрэнэн аһан киирэллэр. Хос иһэ кураанаҕын көрөн, сарылаһа түһээт, куотан тахсаллар. Сарсыныгар, били, сэбиэттэрин киһитэ улуус киинигэр киирэн иһэн өтөххө быаланан кэбиспитин булан аҕалаллар. Куһаҕаннык барбыт киһи ити курдук дьон хараҕар көстөр буолар эбит... Маяк Абрамов, Мэҥэ Хаҥалас.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан