Кэпсээ
Войти Регистрация

Эбэм быыһаабыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Эбэм быыһаабыта

K
03.04.2020 11:56
2009 сылы көрсөр Саҥа дьыл бырааһынньыгар куораттан Бэрдьигэстээххэ эбэм аахха тахсыбытым. Оччолорго өссө да устудьуоннуу сылдьарым. Онон уһун өрөбүллэрбин сынньана-дуоһуйа дьоммор атааран, кыратык атаахтаан-ачаалаан киирэр былааннааҕым. Бырааһынньыктар сүрдээх үчүгэйдик, бэһиэлэйдик биллибэккэ ааспыттара. Мин мас-муус киллэрэри, сүөһүгэ от быраҕары аахсыбатахха, күнү-күннүктээн аһыы-аһыы сытан, тэлэбиисэр көрөн тахсыбытым. Уопсайынан, дууһалыын сынньанан киирбитим. Арай, барыам иннинэ түүн хойукка диэри киинэ көрөн баран, утуйа сытан түүл түһээтим. Түһээтэхпинэ, эбэм дьиэтин иһигэр таба курдук аарыма муостаах кыыл буолан сылдьабын. Туох да сүрдээх элбэх хап-хара таҥастаах киһи мустубут. Саҥа-иҥэ суох. Хайдах эрэ бары барыта кэри-куру, киһи тыынын-быарын ыгар-хаайар курдук. Онно тулуйумуна-тэһийиминэ уонна сүр баттатан, тахсан бараары аан көрдүүбүн. “Манан баар буолуохтаах этэ ээ” дии-диибин, биир сири хаһан көрөбүн да, булбатым. Онтон, син балай да буолан баран, дьэ, көрдөөбүт ааммын булан аһан тахсан истэхпинэ, эбэм тиийэн кэлэн: “Тукаам, барыма, хаал”, — диэтэ. Мин өс киирбэх сөбүлэһэ оҕустум. Онтон уһуктан кэллим. Турбутум, аҕыс чаас буолан эрэр. Тоҕуска массыынам кэлиэхтээх. Эбэм номнуо туран чэйдии олорор эбит. Таҥнан, илдьэ барыахтаах суумкабын кыбынан куукунаҕа таҕыстым. Ону көрөн эбэм сүр эйэҕэстик: “Тукаам, өссө биир күн хаала түспэккин ээ. Дьоҥҥор эрийэн оҕом сарсын барар диэн этиэҕим. Эн өссө биир күн сытан сынньана түс. Аны саас кэлиэххэр диэри көрсүбэт буоллахпыт”, — диэн көрдөстө. Мин даҕаны куоракка киирэ охсумаары тута сөбүлэстим. Дьикти. Ол киэһэ истибиппит, оруобуна мин барыахтаах күүммэр сарсыарда тоҕус чаастаах такси куораттаан иһэн суолтан көппүт этэ. Хата, ким даҕаны өлбөтөх эрээри, хас да киһи эчэйбит сурахтааҕа. Ону билигин олорон саныыбын ээ, баҕар, ол мин айанныахтаах массыынам эбитэ буолуо диэн.
kyym.ru сайтан