Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэстээх ойуун
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэстээх ойуун
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
13.03.2020 16:57
Бу кэпсээн кырдьыгын-сымыйатын билбэппин, 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына аҕам кэпсээбитэ. Аҕам олус кэпсээннээх киһи этэ, ону өйдөөн кэмигэр суруйан испэтэхпиттэн хомойобун. Бу номоҕу кини хас да киэһэни быһа «сороҕун сарсын кэпсиэм» дии-дии сэһэргээбитэ. Онон тугу өйдөөн хаалбыппын тиэрдэбин. Бүлүү өрүс сүнньүгэр баар ханнык эрэ нэһилиэккэ (аатын умнубуппун) биир ыал олорбуттар. Оҕонньордоох эмээхсин сүүрбэччэ сыл олорон эрэ баран биир уол оҕоломмуттар. Күүтүүлээх оҕону дьоно олус атаахтатан, маанылаан улаатыннарбыттар. Ол гынан баран, уоллара эриэккэстээх оҕо буолан биэрбит. Түүн утуйа сытан уутугар аҥаарыйан бэйдиэ баран эрэйдэрин эрэйдиир идэлэммит. Итии-тымныы, кураан-ардах диэн кыһаллыбакка, сарсыныгар киһи үөйбэтэх-ахтыбатах сиригэр тиийэн таһырдьа утуйа сытарын булан ылар буолбуттар. «Аны ууга киирэн өлүө» диэн төрөппүттэрэ кэтэнэн-мананан утуйар уулара кіппүт. Маны тэҥэ, оҕо бэйэтин сааһыгар холооно суох дириҥ ис хоһоонноох, иччилээх тыллары саҥартаан дьонун уолуталыыр идэлэммит. Чугастааҕы дьон «бу оҕо улааттаҕына туох эрэ киһи буолара буолуо» диэн бүтэйдии чаҕыйар буолан барбыттар. Уоллара түүн быралгы барарыттан куттанан, чугастааҕы ойууну аҕалан дьалбыттарбыттар да, ойууннара саҥа саҕалаан иһэн төттөрү түспүт. «Миигиттэн хас да мутук үөһэ уйалаах, өтөр-наар төрөөбөтөх улуу ойуун буолаары сылдьар оҕо эбит» диэн баран, бастаан даххаһыйан кэлбитигэр ханан да дьүөрэтэ суох түргэнник таһырдьа хопчорус гынан куотан хаалбыт. Оҕолоро ойуун буолара оччотооҕу дьоҥҥо улахан сааттаах, куһаҕан быһыы буолара үһү. Ийэтэ уолун кэнэҕэски ыар дылҕатын аһынан ытаан эрэйдэнэр идэлэммит. Биир күһүн ыаллар уолларын балаҕаҥҥа соҕотохтуу хаалларан, аанын түбэһиэх киһи кыайбат сул дүлүҥүнэн баттатан баран, дьиэлэриттэн 5-6 биэрэстэлээх ыалларыгар тураҕас аттарыгар мэҥэстэн ыалдьыттыы барбыттар. 5 саастаах уоллара балаҕанын иһигэр талах ынахтары харсыһыннартаан оонньуу хаалбыт. Оҕонньордоох эмээхсин ыалга тиийэн ортолуу олорон эрдэхтэринэ, бэрт дохсун тыаллаах ардах тоҕо түспүт. Ону кытта үөһэ халлаан диэкиттэн дүҥүр лүҥкүнүүрэ, ойуун кутурара иһиллибит. Дьиэҕэ олорбут дьон бука бары таһырдьа тоҕо сууллан тахсан истибиттэрэ, халлаан диэкиттэн «биэс төгүрүк сылы быһа көрдөөн-көрдөөн, аата, булуом баар эбит ээ. Дьэ мантан ыла сынньаныам буоллаҕа. Сааһа ситтэҕинэ, соргута туоллаҕына миигин солбуйан бу орто туруу бараан дойдуну араҥаччылыыр, добун халлаан тоҕус сиигин барытын сиксигинэн тилийэ көтөр солбук улуу ойуун төрөөбүт. Орто дойду дьоно-сэргэтэ, оҕоҕутун көрөн-истэн араҥаччылааҥ» диэн саҥа иһиллэр эбит. Бэрт иччилээх саҥа кутура-кутура, дүҥүрүн тыаһа дирбийэ-дирбийэ оҕонньордоох алаастарын диэки ардах-силлиэ аргыстанан түҥкүнүү турбут. Оҕонньордоох уолларын саныы биэрэн, улаханнык куттаммыттар. Аттарын мэҥэстэ охсон дьиэлэрин диэки туһаайа тутан баран кымньыылаан кэбиспиттэр. Алаастарыгар тиийэн көрбүттэрэ, балаҕаннарын оһоҕун ураатыгар лөглөйөн олорор бар дьаҕыл тойон кыыл кинилэр иһэллэрин көрөн баран өрө көтөн күпсүйэн тахсыбыт. Дьиэлээхтэр куттаныы бөҕө буолан дьиэлэригэр сырсан киирэн көрбүттэрэ, оҕолоро туох да буолбатаҕын курдук оронугар утуйа сытар эбит. Ити кэмтэн ыла уол өссө уларыйбыт. Ол да гыннар,
аҕата уолун букатын итэҕэйбэт эбит. Кини уолун улахан ойуун курдук санаан үҥэ-сүктэ, көрдөһө кэһиилээх кэлэр дьону «бу да дьон кэнэнэ тугун сүрэй! Тэллэҕэр ииктиир, борбуйун уйа илик биэстээх оҕону ойууннаппыт да диэн...» дэтэлиирэ, үгэргиирэ үһү. Биирдэ уоллара сарсыарда чэйдии олорон «Дьокуускай диэкиттэн мин ааппын ааттаан үс сыарҕа аттаах дьон иһэллэр. Ол диэки олохтоох улахан баай кыыһа ыалдьыбыт. Ийээ, күөскүн буһар. Аҕаа, тэлгэһэҥ хаарын күрт. Ыраах сиртэн ыалдьыттар кэлэллэригэр тиэргэммит бүтэ оһон турара сүрэ бэрт буолуо» диэбит. Ол күн, өс киирбэх, үс сыарҕа аттаах дьон тиийэн кэлбиттэр. Кырдьык, бэрт ыраахтан айаннаан кэлбит сибикилээхтэр, муус-кырыа бөҕөнөн бүрүллүбүттэр. Бастакы сыарҕаттан бөрө саҥыйахтаах, кыһыл саһыл тыһа бэргэһэлээх бэрт мааны киһи орҕостон тахсан, тиэргэн хаарын күрдьэ сылдьар оҕонньорго кэлбит сыалын-соругун кэпсээбит. Кини кэпсээнинэн, Дьоллоох Дьокуускай куорат биир сүдү баайын кыыһа ыалдьан сыппыта үс төгүрүк сыл буолбут. Ону эмтэтэ сатаан соҕурууҥҥу үөрэхтээх араас лиэкэрдэри, хотуттан-соҕурууттан араас ойууннары ыҥыран көрдөрө сатаабыт да туһамматах. Арай кэлин ыҥырыллыбыт биир улахан ойуун ыраах Бүлүү сүнньүгэр кыыһы эмтиир кыахтаах биир оҕо-ойуун баарын кэпсээбит. Ол ир суолун ирдэһэн манна кэлбиттэр эбит. Кэлбит киһи этиитин лаппыйан «кыыһы атаҕар туруорбут киһиэхэ Дьокуускай баайа баайын аҥаарын биэрэр» диэн кэбиспит. Дьиэҕэ киирэн олорбут ыалдьыттар аһыы олорон остуол аннынан сыҥаһалыы, талах ынахтарынан оонньуу сылдьар оҕону көрөн улаханнык мыына санаабыттар. Тургутан көрөөрү ыйыталаспыттарыгар, остуол анныгар уҥуоҕу тиниктии олорор уол «бытааннык да кэлээхтээтигит. Тойоҥҥут түүнү быһа айаннааҥ диэн үс эттээх аты биэрбитин үрдүнэн, аара иккитэ хонон кэллигит. Дьиҥинэн, бэҕэһээ кэлиэхтээх этигит. Тойоҥҥут баайын аҥаарын биэрэр буоллаҕына барсыам. Миигин кыайар биир эмэ аттаах дьон эбиккит дуу..» диэн соһуталаан баран, салгыы оонньуу тилигирээн хаалбыт. Сарсыныгар Дьокуускай дьоно уолу таҥыннаран баран сыарҕаларыгар олордубуттара, аттара кыайбатах. Инньэ гынан, уол туспа, айанньыттар туспа айанныыр буолбуттар. Баран истэхтэринэ уоллара бар дьаҕыл тойон буолан иннилэригэр-кэннилэригэр көтөн күпсүйэ, баарын биллэрэ испит. Дөрүн-дөрүн улахан тоҕойдор тастарыгар уол тугу эрэ гынан букунаһа сылдьарын көрөллөр эбит. Ону айанньыттар биир саастаах киһилэрэ «атын хараҥа күлүктээхтэр сырсыахтара диэн уолбут суолугар тоһуур айа иитэр эбит» диэн билгэлээбит. Ити курдук айаннаан үлэхтээх сирдэригэр тиийэн кэлбиттэр. Ыаллар дьиэлэригэр 5 саастаах улуу ойууну көрөөрү киһи бөҕө мустубут. Ол иһигэр, хас да улахан ойуун. Ойууннар «биһигиттэн ордорон, бу дьүһүннээх киһини булан аҕабыттар» диэн сиилииллэрин-күнүүлүүллэрин кистии да барбатахтар. Кинини ыҥыртарбыт улахан ойуун эрэ тугу да саҥарбат үһү. Кыырыы саҕаланыан иннинэ, 5-тээх ойуун бэйэтин усулуобуйатын туруорбут: кыырарыгар таҥас көрдөөбүт, баай 50 бырыһыанын биэрии туһунан чуолкайдаспыт, кинини киэбирэ көрсүбүт ойууннар кыырыы кэмигэр баар буолалларын эппит. Уолга кинини ыҥыртарбыт кырдьаҕас ойуун эрэ таҥаһа сөп буолбут. Тоҕус түүннээх күнү быһа салҕанан барбыт
кыырыы кэнниттэн, сиилии-хоһулуу олорбут ойууннар, били кырдьаҕас ойуунтан уратылара, бары олорбут сирдэригэр быһа кымньыылатан охтубуттар, хотоҥҥо турбут ынах, сыһыыга хаһа сылдьыбыт сылгы хайа быспыт аҥаара көнньүнэн өлбүт. Ити курдук, төһө эмэ улахан ойуун, сүүһүнэн сылгы-ынах тыынын толук ууран, 5-тээх ойуун уол сүдү баай кыыһын тыынын босхолоон тута атаҕар туруорар. Соччо Ку-ту-каай, Ньурба, Маалыкай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан