Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ким да, туох да умнуллубат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ким да, туох да умнуллубат
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
12.03.2018 17:23
Улуу сэрии сылларыгар анаммыт биллэр этиини саха итэҕэлигэр сыһыаран эмиэ туттуохха сөп быһыылаах. Ол эбэтэр, урут ким эрэ оҥорбут аньыыта-харата сылдьан эрэ бэйэтэ умнуллан-тэмниллэн туох да иэстэбилэ суох оһон, сүтэн хаалбат быһыылаах. Атыннык эттэххэ, урут кими эрэ атаҕастаабытыҥ, суулларбытыҥ-сууһарбытыҥ, сиэбитиҥ-аһаабытыҥ, уорбутуҥ-халаабытыҥ (өлөрүү туһунан этэ да барыллыбат) ханна эрэ суола-ииһэ суох дьабыҥҥа көтөн дуу, хайаан дуу хаалан хаалбакка, анаан күүтэ сылдьан бэйэҥ чугас дьоҥҥор, удьуордаргар охсон баран биирдэ бу орто дойдуттан сүтэр диэн өйдүүбүн. Үгэс курдук, куһаҕаны бүтэй оҥоһуулаах, ымыттыбат куттаах-сүрдээх дьон оҥороллор. Онон, аньыы иэстэбилэ кинилэри бэйэлэрин кыайбакка, халтарыйан, кинилэр кэннилэригэр баар «арыый сымнаҕас, кэбирэх» аймахтарыгар, оҕолоругар-урууларыгар охсор. Быһата, аньыыны оҥорбут киһи өттүттэн туох эмэ кэбирэх сир тахсарын күүтэн сылдьар. Кырдьык, кэтээн көрдөххө, элбэх аньыылаах-харалаах киһи ыччата быстан, эстэн, кэхтэн хаалбыт буолар. Мин урут эдэр сылдьан хоту улууска үлэлии сылдьыбыттааҕым. Онно сылдьан бодоруспут биир М. диэн табаарыспын дойдутун дьоно «эһэтэ оҥорбут аньыытын сүгэ сылдьар» киһинэн ааҕаллара. Ол эдэр киһи «ханнык эрэ хара аньыыны сүгэ сылдьарыттан» эрэйдэммит быһыыта биллибэт, онно бөрүкү наадыйбат эр бэрдэ этэ эрээри, атын дьонтон туох эрэ уратылааҕын бэйэтэ да бэркэ билэрэ. Биирдэ күһүн төрдүө буолан уонча ыттаах бултуу сырыттыбыт. Уонча ыттаахпыт. Биир сарсыарда эрдэ туран чэйдээн баран тыаҕа бараары хомуна сырыттахпытына, балаакка иннигэр эккэлии, өрүтэ мөҕө сылдьыбыт Баһырҕас диэн ааттаах М. ытын үрдүгэр куруппааскы бэбээрбитинэн кэлэн түстэ. Курупааскы өрө мөхсө сылдьар ыт төбөтүгэр олоро сатаата дуу, сирэйин тоҥсуйа сатаата дуу... Ыт наһаа соһуйан, ньааҕынаабытынан, сиирэ-халты хабыалыы сатаабытыгар курупааскыбыт көтөн баран хаалла. Ону кытта, эмискэ сүбэлэспит курдук, баар ыттарбыт бары Баһырҕас үрдүгэр түстүлэр. Сарылаппытынан-часкыппытынан илдьи тыытан эрдэхтэринэ бары саба сырсан кэлэн маһынан быһыта сынньан, атахпытынан тэбиэлээн араара сатаатыбыт да, быыһаабатахпыт... Ыппыт эрэйдээх өлөн хаалбыта. Ыттарбыт биир нэдиэлэ устата бииргэ сылдьыбыт, сорохторо ол иннинэ хас да сыл устата бииргэ бултаабыт доҕордорун ол курдук өлөрөн кэбиспиттэриттэн олус соһуйбуппут. Кистээбэккэ эттэххэ, «тугу эрэ түүйдүлэр» диэн куттаммыппыт. Арай, М. бэйэтэ улаханнык соһуйбатаҕа быһыылааҕа. «Итинник буолааччы... «Миэнэ» буоллаҕа... Ити дьиҥнээх курупааскы кэлэн барбыта буолуо дии саныыгыт дуо? Абааһы сырытта ини...» эҥин диэн өйдүүр эрэ киһи өйдүүрүн курдук бордурҕаан, киҥинэйэн кэбиспитэ. Кырдьык, ол иннинэ саҥа төрөөбүт ньирэйин хараҕын суор тоҥсуйан кэбиспит, убаһатын ыттар тутан сиэбит эҥин сурахтарын истэр этибит. М. – биригэдьиир, мин зоотехник буоламмыт, онно-манна элбэхтик бииргэ сылдьыбыппыт, бултуур-алтыыр да этибит. Ол сылдьан кинини баҕа-чоху, күлгэри курдук сир быртах үөннэрэ арахпакка буулуулларын элбэхтик көрөн турабын. Балааккаҕа утуйа сыттаҕына түүн ала-чуо кини хоонньугар күлгэри киирэриттэн, сарсыарда саппыкытыгар эбэтэр таҥаһыгар баҕа, тыймыыт киирэн хорҕойоруттан кэлин соһуйбат да буолбутум. Атын дьон ону сөбүлээбэккэлэр, кинини кытта соччо
куодарыспаттар этэ. Бөһүөлэк эр дьоно М-ы «таһаҕастаах» диэн ааттыыллара. Ол курдук, онно-манна ыраата барарыгар сопхуостар көлө табатын биэримээри, бииртэн биир ыстаадаҕа «футболлаан» эрэй бөҕөтүн көрдөрөллөрө. Тоҕо диэтэххэ, хайдахтаах да бэйэлээх талыы буурдар М. көлүннэ да биир-икки суукка иһинэн тылларын былас таһааран, букатын быстан, эстэн, сытан хаалаллара. Сылгы кытта «уйбат» этэ. Кини мииммит ата биир-икки көстөөх сиргэ букатын ийэ-хара көлөһүнэ барыта тахсан, хардырҕаччы аҕылаан тиийэрэ. Онно эбии мииннэримээри мөҕөрүн, сиргэнэрин эбэн кэбис! Дьиҥинэн, М. орто уҥуохтаах, уҥуох сула, иҥиир киһи этэ. Ыйааһына, муҥутаан, 70-ҥҥа тиийэрэ эбитэ буолуо. Ол бэйэтэ көлөҕө ыарахан таһаҕас буолар эбит этэ. Хаһан эрэ көр-күлүү кэриэтэ, хаһыа да буолан олорон, таба уонна сылгы сылайарынан суоттаан, «М. туркуга эбэтэр ыҥыырга ыйааһына, саамай кыччаабыта, 150-180 киилэ буолар эбит. Ол аата, киниэхэ бэйэтинээҕэр ыарахан, 100-чэкэ киилэ ыар аньыы сүктэрэ сылдьар» диэн быһаарбыттаахпыт. Чэ, онтон атыныгар М. атын дьонтон туох да уратыта, иҥэ-дьаҥа суох, киһи курдук киһи этэ (билигин да баар, дөрүн-дөрүн билсэбит). Элбэх оҕолооҕо-уруулааҕа. М-ҥа ким аньыыта-харата «нэһилиэстибэ» буолан сүктэриллэ сылдьарын араастаан кэпсииллэрэ. Ол курдук, биир эһэтэ гражданскай сэрии саҕана үрүҥ этэрээтигэр саллааттыы сылдьан ханнык эрэ тоһуурдарга кыттыһан кыһыллары өлөрүүгэ кыттыгастаах буолуон сөп үһү. Оттон биир эһэтэ эдэр сылдьан, бэрт өрдөөҕүтэ Чурапчыттан дуу, Мэҥэттэн дуу көһөн кэлэн олохсуйбут. Сүрүннээн, ол киһини «уорбалыыллара». Үрүҥ буолан Каландаришвили этэрээтин кыдыйсыбыта буолуо, баҕар, кыһыл дружинник буолан Боссоойко дьонун эһиигэ сылдьыспыта, оҕону-дьахтары өлөрсүбүтэ буолуо диэн. Е.Афанасьев, т/х-тын бэтэрээнэ, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан