Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Дьалхааннаах 90-с сылларга. Москубаҕа»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Дьалхааннаах 90-с сылларга. Москубаҕа»
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
18.03.2021 14:12
Ырыынак ыар тыына дойду үрдүнэн хара былыт буолан саба халыйан турара. Маҕаһыыҥҥа киирдэххэ кураанах долбуурдар ытыһы тоһуйан көрсөллөр. Киһи санаата хараастар, тууйуллар, урукку үтүө кэмнэри үтүө түүл курдук ахта саныыр... 1994 сыл. Кэргэним аймаҕа Мария Николаевна этэн-тыынан, тылыгар киллэрэн, бэркэ саараҥнаан, саарбахтаан баран да буоллар, кыһыҥҥы өрөбүллэрбэр Москубалаһар буоллум... ...ТУ-154 сөмөлүөт эконом-кылааһыгар олоробут. Дьокутаат значоктаах, сааһырбыт, тараҕайданан эрэ саха киһитин кытта сэргэстэһэ түбэстибит. Киһибит биир тылы кэпсэппэт, иэдэс биэрэн олорор. Көппүппүт 2 чаас буолбутун кэннэ, ас аҕалан түҥэттилэр. Стюардесса кыыс: “Ханнык арыгыны иһэҕитий?”— дии-дии уһун кыламаннарынан сапсыммытыгар, биирдии үрүүмпэ сухуой ылан сып гыннардыбыт. Значок хаһаайына быдан уохтааҕы хаста да сакаастаан, балачча хоттордо. Уҥуор-маҥаар дьону кытта кэпсэтэр, биһигини букатын аахайбат, көрбөт. Түһэрбит саҕана аргыс дьоно “значогу” хороччу анньан, өрө тутан илдьэ бардылар. Аараттан мин кыбыһынным... ... Метронан айаннаан “Алтай” көстүүнэй 9-с куорпуһугар түстүбүт. Миэстэ дэлэй. Иккис этээскэ кыһыл сибэкки обуойдаах нүөмэргэ тохтуубут диэн “өҥнөннүбүт”... ...“Петровско-Разумовское” диэн ырыынакка киһи-сүөһү, табаар эгэлгэтэ лыык курдук. Кус-хаас тойуга куугунаан олорор. Хара омук халыҥ халҕаһата барыйан туран тирии кууркалары үҥүлүтэр, табаарын хайҕаан айманар, ордоотуур. Бу сырыттахпына суумкам быата эйэҥэлээн ылла. Көрбүтүм: сытыы бириитибэнэн хайа сотон, кумааһынньыкпын оннун оҥоппуттар. Сүрэҕим “парк” гынна. Хата, хайаан элбэҕи ылбатаҕым буолла. Хомойдум, кыһыйдым, куттанным. Аргыһым Маша ол аайы кыһаллыбат: “Ааспыкка кууркабын төгүрүччү хайа соппуттара, син тыыннаах сылдьабын”, — диир. Иннибит диэки хааман истибит. Арай, чалбахха биир толуу нуучча дьахтара сири таһыйа олорор, ытыыр, кыланар, үөхсэр. Тохтоон истибиппит: 17 тыһыынчатын уордарбыт. Киһи уйулҕата хамсыыр ынырык көстүүтэ... ... Балааккалар быыстарынан баран иһэбит. Биир сиргэ дьахталлар ампаалыктаһалларын көрөн турдахпына, биир хара омук дьахтара сиэхпиттэн харбаан ылла уонна: “Эйиэхэ манньатын биир мөһөөҕү биэриэм, миэхэ ити былаачыйаны ылан биэр эрэ, биир киһиэхэ элбэҕи биэрбэттэр”, — диэтэ. “Ол хайдах биэрбэт буолуохтарай?” – дии саныы-саныы атыыһыттан былаачыйатын ылан, харчытын төлөөн баран кэннибин хайыспытым – дьахтарым суола сойбут. Албыҥҥа түбэспиппин билэн сиргэ силлээтим... ... Оо, таптыыр, ахтар-саныыр Москубам барахсан уларыйбыта түргэниэн! Кир-хох, бөх-сыыс элбэҕиэн! Илиилэрин тоһуйан олорор умнаһыт дьон аттыларынан аастахпына, ити тарбахтарынан дууһабын быһыта кымаахтыырга дылылар... ...Киэһэ көстүүнэйбитигэр утуйаары олордохпутуна, ааммытын тоҥсуйан, икки саха дьахтара бөтөрөҥнөөн киирдилэр. Сахалар баалларын, арааһа, ыйыталаһан билбиттэр. “Сарсын сарсыарда көтөбүт, тобох харчыбытын былдьаттыбыт, кыратык иэһээҥ, тиксэриэхпит”, — диэтилэр. Харчылаах олорон кыһалҕаҕа түбэспит дьоҥҥо батар аньыыта бэрт буолуо... Хаҥаластан сылдьар эдэр дьахтарга мин үс мөһөөҕү, Машам арыый саастаах Кэбээйи дьахтарыгар биэс мөһөөҕү биэрдибит. Аадырыстарбытын бэристибит, пааспардарын көрдүбүт. Оччолорго ол син обургу суума этэ. Кэлин Дьокуускайга кэлэн баран, ол харчыбын мин ирдэһэн ылбытым. Машам дьахтара ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Оннук, киһи да араастаах... .. Түүн
баттатан, хаһыытаан-ыһыытаан нэһиилэ уһугуннум. Сүрэҕим тэппитэ сүр. Түүн икки чаас эбит. Туран уоту астым, саха сиэринэн муннукка ас уурталаатым, арыгыбыт тобоҕуттан кутан биэрдим. Былыргы үйэтинээҕи көстүүнэйгэ кэлэн баран, өйдөөн аһата илик эбиппит... ...Эрдэ туран “Лужники” ырыынагар ыстанныбыт. Хаар түспүт. Аара биир киһи ырыынагы ыйаталаспыта буола-буола сэргэстэһэ хааман истэ. Ол иһэн суолга биир пачка дуоллар сытарын булан ылан: “Үс гына үллэстиэх”, — диэн эрдэҕинэ, Машам: “Суох!” – диэт миигин илиибиттэн ылан дэллэритэ турда. Балачча ыраатан баран аҕылаан-мэҕилээн тохтоотубут. Киһим ити оонньуу биир көрүҥэ буоларын, харчыны үс гына үллэстибиппит кэннэ биир киһи сүүрэн кэлэн “мин харчым” диэхтээҕин, онтон ааҕан көрөн баран “итэппиккит” диэн баайсыахтааҕын үөрэтэ-такайа турда... Ити курдук “Лужа” диэн ааттыыр ырыынактарыгар киирдибит. Уҥуора-маҥаара, улаҕата биллибэт улуу дойду. Кэрийэ сылдьан кимнээх эрэ: “Оо, Бүлүү дьахталлара кэллилэр! Хаһан кэллигит?” – диэн эрдэхтэринэ мин буукка биллэрдим. Сотору аны үөһэттэн: “Ньурбалар, төһө бэркэ олороҕут? Киһини билбэт буолбуккут дуу?” – диэн саҥа иһилиннэ. Ити курдук саха дьоно сымыйанан билсэр дьон курдук туттан, билэр дьоннорун ыйыппыта буола туран, төгүрүйэн баран харчыгын халыахтаах эбиттэр. Дьэ, киһи аймах куһаҕаҥҥа өйө тобуллубута сүрдээх! ...Ырыынак иннигэр икки эр киһи уонна биир дьахтар харандаас оонньотон, дьону сүгүн аһарбаттар. Биһиэхэ ымсыыраллара сүрдээх, тутан ылан оонньото сатыыллар... Улуу Москубаҕа түөрт хоннубут. Такси сакаастаан “Домодедовоҕа” баран истэхпитинэ, хара, үрүҥ өҥнөөх иномаркалар суолу бүөлүү хорос гыннылар. Уһун, хара көстүүмнээх уолаттар ыстаҥалаһан тахсан, “кинилэр суолларынан” айанныырбыт иһин харчы ылан хааллылар. Киһи кэлэйэр, ол кинилэр туппут дуу, бас билэр дуу суоллара буоллаҕай... ...Регистрацияҕа малбын туттарарбар, арай, харчым тиийбэтэ. Куттал буолла. Тута кэннибэр сахалыы саҥа: “Төһө тиийбэтий?” – диэтэ. Эргиллэ биэрбитим, кыра уҥуохтаах, хатыҥыр, сиэрэй харахтаах дьахтар турар. Соһуччу үөрүү буолла. Кинини кытта сөмөлүөккэ суолу быһа кэпсэтэ кэллибит. Амматтан куоракка көһөн киирбит эбит. Москубаҕа икки буолан табаар ыла кэлбиттэр. Иккис күнүгэр “Лужники “ ырыынакка сүүтүк оонньуутун олус интэриэһиргээбит. Көрдөҕүнэ, боростуой баҕайы курдук... Киниэхэ сэлэллэн биэрэн ыҥырбыттар. Бастаан олус быһымахтык кыайан-хотон, харса суоҕар киирбит. Онтон кыайтаран барбыт. 10 тыһыынчатын бүтэрэн баран биирдэ тахсыбыт. Сап-салыбырас буолбут дьахтары аргыһа көстүүнэйгэ нэһиилэ өйөөн аҕалбыт... Анна Козлова, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан