Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыталык кырыыһа тиийдэҕэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыталык кырыыһа тиийдэҕэ

K
13.03.2020 16:51
1947 с. күһүнүгэр Бүлүү Сымалыырыгар (оччолорго Дьөккөн нэһилиэгэр киирэр учаастак этэ) сэрии сылларыгар сабыллан турбут оскуоланы аһар буолбуттара. Мин ол сыл Бүлүүтээҕи учуутал кылааһын бүтэрээт, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Иван Федорович Протопоповы кытта онно үлэлии таҕыстыбыт. Сымалыырга оччолорго «Саҥа олох» диэн кыракый холкуос баара. Дэриэбинэбитигэр оскуолаттан ураты 6-7 дьиэ, ол иһигэр икки саха балаҕана баара. Оскуолабыт түөрт кылааһыгар 40-ча оҕо үөрэнэ кэлбит этэ. Сымалыырга күһүн-саас кус элбэҕэ, кыһынын муҥха балыга дэлэйэ. Сэрии кэннинээҕи аас-туор кэмҥэ аатырбыт муҥхаһыт Гаврил Михайлов-Хамычы оҕонньор муус тоҥно да муҥхалаан төһөлөөх оҕону-дьахтары хоргуйан өлүүттэн быыһаабытын ким билиэй. Кини үтүөтүн-өҥөтүн билигин биэнсийэҕэ олорор кырдьаҕастар үчүгэйдик билэллэрэ буолуо. 1948 сыл күһүнүгэр балаҕан ыйыгар Марк Гаврильевич Михайлов (оҕо эрдэҕинээҕи таптал аата Кэриэй) диэн 15-16 саастаах чороччу улаатан эрэр уолу кытта Элбэх диэн балачча улахан күөлү эргийэ мас көтөрдүү баран истибит. Кус улаханнык бара илик кэмэ этэ да буоллар, күөлгэ киирбэтэхпит. Уот кураан туран, үгүс күөл уута уолан, кытыыта былыык бүүрүктэммит этэ. Ол истэхпитинэ күөлгэ саа тыаһаата. Тугу ыппыттарын көрөөрү сырсан кэлэн бүтэйгэ тахсан күөлү одууластыбыт. Арай, биһигиттэн чугас соҕус күөл кытыытыгар бадарааҥҥа туох эрэ үрүҥ даллаахтыыр, ол тыа өттүнэн биир саалаах киһи сылдьар. Ол икки ардыгар күөл уҥуоруттан улахан баҕайы 2 кылбаҕар көтөр ол даллаахтыыр муҥнаах диэки көтөн иһэллэр. Биһиги «кубаны хойобуллаабыт» диэтибит да, туох да бокуойа суох онно сүүрдүбүт. Киһибитигэр тиийбиппит – холкуоспут биригэдьиирэ Бүөтүр Бөтүрүөп эбит. Онно Бүөтүрбүт «бу бугуллары бүрүнэн олоруохха, ити мин кыталык оҕотун өлөрдүм. Дьоно эрдэ миигиттэн үргэн, уҥуор баран түспүттэрэ уонна ити кэлэн бардылар, сотору эмиэ эргийиэхтэрэ» диэтэ. Биһиги обургулар оччону истэн баран туруохпут баара дуо, кыталыктаан сиэри, бугулу сүргэйэн олордубут. Били ийэлээх аҕа кыталыктар барахсаттар хаста да кэлэн эргийээхтээн барбыттара. «Кыып-кыып» диэн олбу-солбу саҥараахтыыллара. Биирдэрин саҥата синньигэс, иккиһин киэнэ балачча модьу этэ. Хас кэллэхтэрин аайы балачча үрдээн иһэр буоланнар ыппатыбыт. Киһибит мас-от быраҕан, ону далаһаланан, кыталыгын оҕотун кытылга таһаарда. Хонууга тахсан үчүгэйдик көрдүбүт-иһиттибит. Атахтарыттан үктээн туран тумсуттан үөһэ ууннары тартахпына, миигин быдан куотар. Мин оччолорго призывник учуотугар турарым саҕанааҕы уҥуоҕум 173 см этэ. Икки кынатын даллатан баран быластаабытым, кынаттара биирдии харыс курдук чорбойоллор. Өҥө-дьүһүнэ саһархайдыҥы этэ. Бүөтүрбүт быһаҕын ылан хоҥхочоҕунан быспыта ылгын чыҥыйаны арыый да кыайбат халыҥ сыалааҕа. Ити сыл кыһыныгар тохсунньу бүтүүтүн эргин холкуос уопсай мунньаҕар бырабылыанньа отчуота буолбута. Бүөтүр дьоно киэһээҥҥи аһылыктарын собо сиэбиттэр, аҕаларыгар өлүүтүн ууран баран утуйан хаалбыттар. Бүөтүр түүн мунньахтан киирэн баран, собо сии олорон балык уҥуоҕар харбыт (Бүөтүр бэйэтэ этэринэн, «хатыы хатаммыт»). Ол курдук хас да күн ааһар. Оччолорго Сымалыырга медпуун эҥин кэлиэ дуо, нэһилиэк киинигэр
8 көстөөх Дьөккөҥҥө эрэ баара. Бүөтүр дьон ыйыттаҕына «билигин да хатана сылдьар, дьаабал ааһар ини» диэн иһэрэ. Онтон, арааһа, бобо ылларан убаҕас да кыайан барбат буолбутун кэннэ «хатыынан сылтанан искэн таҕыста быһыылаах, ол тэһиннэҕинэ холкутатар ини» диир буолбута. Ити харыаҕыттан ыла биһиги учууталлар да, бииргэ үлэлиир дьоно-сэргэтэ да «куоракка эмтээх-томтоох сиргэ хойутаппакка киир, түргэнник үтүөрдүөхтэрэ» диирбитин кыкыраччы аккаастаан «ааһар ини, тэһиннэҕинэ холкутатар ини» диэн куотунан иһэрэ. Бэйэтэ да дьэбир, кыраҕа кыһаммат киһи этэ. Онтон ахсыс дуу, тохсус дуу хонугар холкуоһун салайааччылара күүстэринэн кэриэтэ куоракка табанан киллэрбиттэрэ. Сонно тиийээтин кытта оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хирург Сергей Осипович Мигалкин эпэрээссийэлээбит, ону тулуйбакка Бүөтүр муҥнаах тыына быстыбыт. Мигалкин сонно эпэрээссийэлиир хоһуттан тахсан Бүөтүрү аҕалбыт дьону дэлби мөхпүт «киһини итиччэ буолуор диэри тоҕо киллэрбэккэ олордугут!» диэн. Аҕалбыт дьон киһилэрин туругун билээри олорон биэрдэхтэрэ. Инньэ гынан Бүөтүр эрэйдээх дойдутугар таҥнары тиэллэн кэлбитэ. Бүөтүрү куоракка киллэрээттэрин кытта түүллээх тугу түһээбитэ, биттээх тугу биттэммитэ 7 дьиэлээх «дэриэбинэбит» иһигэр тобус-толору сэһэн буола түстэ. Түүллээхтэр түһээтэхтэринэ, Бүөтүрү куоракка киллэрэллэригэр 2 кыталык батыһан барбыт, онон ол көтөрдөр кырааннар итинник суорума суолланна диэн тойоннообуттар. Биттээхтэр «итинник улуу сэттээх көтөрү өлөрөн баран сиэри-туому тутуспакка дьиэтигэр киллэрбит, ол иһин киһибит иэдэйдэ» дэспиттэр. Былыр кыталыгы өлөрдөхтөрүнэ, былааты бобуонньуктуу баайан баран, түннүгүнэн киллэрэн аал уоттарын аһаталлар эбит, оччоҕо эрэ аньыыта-харата суох буолуохтаах үһү. Ону «ама, оннук үһүө?» дии санаабыттааҕым. Мин оччотооҕуга орто анал үөрэҕи саҥа бүтэрэн эрэр чолоҕор таҥара, абааһы, айыы диэни итэҕэйбэт этим. Оттон билигин Айыы үөрэҕэр «сиэр-туом тутуһуллуохтаах, туох барыта иччилээх, сыыһа-халты туттар сэттээх-сэлээннээх» диир буолбуттарын кэннэ ол түүллээхтэри, биттээхтэри кытта сөпсөһүөх санаам кэлэр. Киргиэлэй Торотуойап.
kyym.ru сайтан