Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ууһут алҕаһа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ууһут алҕаһа
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
05.03.2020 17:53
Оччолорго Өлүөскэ холун этэ хойдубут сүүрбэччэлээх уола хаан этэ. Орто уҥуохтаах эрээри, спордунан утумнаахтык дьарыктаммыт буолан бэрт киппэ көрүҥнээҕэ, ис киирбэх дьүһүннээҕэ. Хайыһарга улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэстэригэр мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьара, училищеҕа үөрэҕэр да куһаҕана суоҕа. Дьиэтигэр икки кыыс быыһыгар төрөөбүт соҕотох уол буолан, төрөппүттэрэ хайдах да хадаҕалыахтарын билбэттэрэ. Ол да иһин буолуо, бэйэтин билинэр, киһиргэстиҥи майгылаах буола улааппыта. Сайын биир куйаас күн биригээдэнэн оттуу сылдьан Өлүөскэлээх күөлгэ сөтүөлүү киирбиттэр. Уолаттар бары даҕаны өрүстээх, үрэхтээх сиргэ улааппыт дьон буолан, оҕо эрдэхтэриттэн харбыы үөрүйэхтэр. Ол саҕана улахан угут дьыллар тураннар, оттуур сирдэрин таһыгар баар карьер оннугар үөскээбит күөл хаатын таһымныыра үһү (былыр онно киһи уҥуохтаах өтөх турбутун, суолу тутааччы нууччалар күртэрэн баран улахан котлован оҥорбуттара). Үөрүйэх уолаттар кытылга ыстаҥалаһан кэлээт ууга умсубуттар... Балай эмэ сылдьымахтаан баран Өлүөскэ «ким уҥуор бастаан харбаан тахсар эбитий?» диэн мөккүөрү тэрийбит. Күөллэрин биир уһуга 150-ча миэтэрэ холобурдааҕа. Уопсайынан, төп-төгүрүк күөл этэ. Тыл дэгэтигэр Өлүөскэлэрэ «бачча кылгас дистанцияны киһи умсан да туоруон сөп. Ортотугар биирдэ тыын ылан баран холкутук туоруом этэ. Хайа, ким куоталаһарый? эҥин дэтэлээбит. Тыа дьоно – аньыымсахтар. Уолаттара «күөл үрдүгэр туран акаарыны тыллаһыма, итинтиҥ ортотугар олус дириҥ чүөмпэлээх» эҥин дии сатаабыттар. Бу сылдьан уоллара туох да үгүс айдаана суох күөлү ортотунан умса-умса харбаан имитэ турбут. Дьиҥинэн, оччото-баччата сөтүөлээбит, уһаты-туора харбаан туораабыт күөллэрэ буоллаҕа, ким да улаханнык кыһаллыбатах. Сөтүөлүү сылдьыбыттар. Бу сырыттахтарына уоллара күөл ортотун диэки тиийэн тимирэ-тимирэ күөрэйбит, «быыһааҥ!» диэн хаһыы бөҕө буолбут. Соһуйан көрө түспүттэрэ, салахайы бүрүммүт курдук от күөҕэ өҥнөөх, киһиэхэ дылы быһыылаах туох эрэ харамай уолларын ууга хам баттыы сатыы сылдьар үһү. Чомполонуу, тардыалаһыы бөҕө буолан уу биир кэм өрө ыһыллан олорор эбит. Дьиҥинэн, киһи холкутук харбаан тиийэр сирэ эбит да, ол алдьархайы көрөн туран ким ууга киирэн биэрэн былдьатыай? Ол курдук, уолларын илэ кэриэтэ ууга былдьаппыттар. Ууга киирэ да сорумматахтар. Уолларын киэһэ хостообуттар этэ... Куһаҕан сурах-садьык тарҕанан, ол кэмтэн ыла ити күөлгэ ким да сөтүөлээбэт. Кэлин даҕаны ол күөлгэ «ону көрбүттэр, маны көрбүттэр» диэн сурах бөҕө баар буолара. Санаттахха, ол күөлгэ буобура, андаатар эҥин курдук обургу харамайдар хаһан да суохтара, мин билэрбинэн, собо да суох буолуохтаах. Уолаттар тугу көрбүттэрин ким да билбэт. Арай, сүтүктээх сүүс аньыылаах дииллэр. Өлүөскэ ийэтэ эрэйдээх «бэйэлэрэ соруйан ууга тимирдэ-тимирдэ эбэтэр быыһаабакка гына-гына сымыйанан кэпсииллэр» диэн муҥатыйар сурахтааҕа. Николай Гурьев.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан