Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэриэлэтии

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэриэлэтии

K
05.03.2020 17:52
Бииргэ төрөөбүт быраатым Сэмэн 6 саастаах этэ. Ыам ыйын бүтүүтэ иһим быһыта тутар диэтэ, онтон ыарыыта улам улаатан, бэйэтэ мөлтөөн, сыта мээрик буолла. Балаҕан дьиэ ыһыы буоругар мас сыыстарынан быыкаа дьиэ, хотон тутан оонньуур, кэлин сытан эрэн мастан ынах, сылгы оҥорон оонньообута буолар. Уһаабатаҕа, ыһыах саҕана күн сириттэн күрэммитэ, «муҥурдааҕа сытыйдаҕа эбэтэр хаттаҕа» диэн таайа сатыыллара. Муус доруобай оҕо этэ, биирдэ да оннооҕор тумуу киирбэтэҕэ, хаһан даҕаны ыалдьар диэни билбэтэҕэ. Дьэ, ол өлөр сааһыгар эмискэ тура-тура сиргэ барсаары сайыһар идэлэммит. Таһыйан, көрдөһөн-ааттаһан да иннин ылбатахтар. Онтон ийэтиттэн көҥүллэтэн, кулун тутар ыйга бэйэтэ сыарҕаҕа үөрэппит оҕус тыһаҕаһын миинэн сонуокка балбаах тиэйбит. Ийэм «оччо доруобай бэйэлээх оҕо ыалдьыа да, суорума суолланыа да диэн төрүт өйгө суоҕа» диирэ. Кэриэлэтэн, кыра оҕоҕо холооно суох күүс киирэн, оҕус тыһаҕаһы сыһыппыт, оонньообут эбит диирэ. Оҕото туппут оонньуур дьиэтин көрө-көрө ийэм хараҕын уутунан суунара, кэриэлэтэн оҥотторбут эбит диирэ. «Оҕом баҕа санаатын толорон батыһыннарбытым, муҥ саатар таһыйбатаҕым буоллар», — диэн суланара. Ордук таһыйбытыттан кэмсинэн хомойор, ытыыр этэ. Аҕабыт: «Оҕону таһыйар аньыылаах», — диирэ кырдьык эбит. Ол аньыыбын-харабын үйэм тухары ыар сүгэһэр оҥоһуннум. Саатар таһыйбатаҕым буоллар бэйэбин буруйданыа суох этим, хомолтом арыый уоскуйуо этэ, бэйэтин симиэрдигэр быстар ыйаахтаах, оҥоһуулаах дьылҕалаах буолан бардаҕа дии саныам этэ», — диирэ. Сэмэн эрэйдээх өлөр ыарыытыгар охтон баран 13 хоммута. Ыалдьыбытыгар тургутаарай диэн бастаан 3 хонук, онтон 7, 9 хонугар күүттүбүт да мэлигир. Тургутуу диэн ыалдьыбыт киһи ытыртаҕына, таҥара аҕынна диэччилэр, оччоҕо «дыраастый» диэн буолар, онон ытырдар буоллаҕына тиллиэхтээх үһү. Аны ытыы сатаан кэбиһэр, хараҕын уута кыратык да тахсыбат. Тиллибэт киһи, ытаатаҕына, хараҕын уута тахсыбат дииллэрэ кырдьык эбит. Өлүөн иннинээҕи киэһэ нэһиилэ өйөтөн олордо. Сайын аан аһаҕас турара. Саҥа ынахтарбын, оонньуурбун аҕалыҥ диэн остуолга олорон быыкаайыктык оонньообута буолла, онтон эмискэ таһырдьа күөх ырбаахылаах оҕо сылдьар диэтэ. Биһиги көрдөхпүтүнэ, ким да суох, ону «ол сылдьар» диир. Ийэм кэнники: «Оҕом кэриэлэтэн оонньуурдарынан оонньообут уонна батыһыннарар оҕо абааһытын көрөөхтөөбүт. Оҕо аһыыта киһи тыыннааҕын тухары ааспат, мүлүрүйбэт, ол кэриэтин бэйэм айанныырым буоллар, онон таҥара дьаһайарын күүтэбин», — диэхтиирэ. Кырдьарыгар ийэм 3 оҕотун көмпүтэ. Ол да аһыыта сүгэһэр буолан көхсүн быһа сиэбитэ быһыылааҕа, хараҕын уутунан суунан көрөрө мөлтөөбүтэ. Ол оҕобут таҥаһын биир да тимэҕэ суох, биирдэ саба тутар баайыы быалаах гына тиктибит. Ырайга барарыгар таҥаһа түргэнник уһуллуохтаах үһү. «Түргэнник да түргэнник» диэн ыксаталлар үһү. Билигин даҕаны өлбүккэ таҥаһын таҥыннаралларыгар тимэхтээбэттэр, көннөрү саба туталлар. Тикпит сиикпит саба ханан да түмүгэ суох, түмтэххэ аттанар суола түмүллэр диэн буолар. Суола харгыстанар диэн харах уутун таҥаһыгар таммалаппаттар. Бокуонньук сытар кэмигэр тугу да охсубаттар,
улахан тыастан этэ көҕөрөн тахсар үһү. Улахан бэлиэлээх киһини ырайга ыыппаттар үһү. Аны оҕобутун буоругар кистииригэр аҕам ыала киһилиин уһун маска сүгэн илдьибиттэр. Үксүн кыра оҕону көтөҕөн таһаараллара үһү, ону алталаах оҕо улахан буолан оннук дьаһаммыттара буолуоҕа. Ийэм оҕотун сүтэрбит аһыытыгар өйө-төйө суох сылдьан орооспотох, онон кэлин биир хомолтото оҕотун били көлүйэн сыарҕаҕа үөрэппит борооскутунан илтэрбэтэҕэр буолбута. «Көлүнэр оҕуспут суох буолан, оҕом барахсан илтэрэр көлөтүн бэлэмнээбит эбит» диирэ. Анараа дойдуга айана сынньалаҥ, түргэн буоллун диэн халдьаайытыгар көлөнөн таһаараллара үһү. Сүгэһэринэн илтэххэ, сатыы эрэйдээх суол ол дойдуга эмиэ салҕанара үһү. Ол оҕобут куһаҕан буолбут кыһыныгар мин ыалдьан үөрэммэтэҕим. Ахсынньы ортотугар ийэм оҕоломмута, онон ньирэй оҕолоох буоллубут. Аҕабыт Дьааҥыга барбыта, онон бэйэбит эрэ. Аны 3 саастаах быраатым Тиэмпэ диэн уол улаханнык ыарыйда. Ийэбит сүрэх баастаах киһи ытыы-ытыы, ыалдьыбыт оҕотун көтөҕөн күннэри-түүннэри өрө хаама сылдьар, быыһыгар кыһыл оҕотун эмнэрэр. Биир ыйдаах оҕону мин оҕолоон дьаабылаатым. Уолбут 3, 7 хонугар эмиэ тургутаабата. Онтон 9-с түүнүгэр кыратык утуйда, ытаатаҕына хараҕын уута кэлэр, аны ытырдарын маныыбыт. Ийэм «Сэмэнчигим өлөөрү сыттаҕына көстүбүт күөх ырбаахылаах оҕо – оҕо абааһыта сыстаары гынна, иккис оҕобун ылаары былдьаһар диэн олуһун куттаммытым» диирэ. Оҕобут арыый буолуута аҕабыт кэллэ. Оччолорго Суордаах диэн тоҕойго олорорбут. Дьонум, аны бу тоҕойтон сыҕарыйдахха сатаныыһы диэн, олунньу ортотугар 3 көстөөх Атыыр-Мэйиитэ диэн тоҕойго субан сүөһү көрөөччүнэн көстүлэр. Мария Ефимова, «Сылыктар, билгэлэр» кинигэтиттэн. Абааһы мунньаҕа Гражданскай сэрии бүттэҕин утаата, 1922-23 сылларга эбитэ буолуо. Кыллыгынай Сэмэн диэн туох да үөрэҕэ суох эрээри, төрүт эдэриттэн абааһыны да, таҥараны да баардылаабат 60-чалаах киһи баара үһү. Сир үллэһигин кэмигэр киниэхэ ыаллар олохторуттан тэйиччи, урут ким да моой ылан анаппатах, бас билэн оттооботох дулҕалаах, бэрт ыраас уулаах көлүччэлээх кэҥэс соҕус Дьэҥкир диэн сири биэрбиттэр. Сэмэн ону мөккүһэ, атын сири былдьаһа барбатах, саҥата суох сөбүлэспит. Дьэ, сайын кэлэн, үрүҥ тунах ыһыахтар кэмнэрэ ааһан, сыыйа-баайа от үлэтин кэмэ тиийэн кэлбит. Көҥүл олох кэллэ, баай-тойот суох буолла диэбиттии от өлгөмнүк үүнэн-ситэн, дьон-сэргэ көхтөөхтүк окко киирэргэ бэлэмнэнэн барбыт. Кыллыгынай эмиэ хомунан оттуур сиригэр Дьэҥкиргэ айаннаабыт. Сир ортотугар хонон, сарсыныгар, от ыйын 13 күнүгэр, эрдэ соҕус Дьэҥкиригэр чугаһыыр. Бүгүн эрдэ тиийэн, сынньанан баран, сарсын сарсыарда отуос тэлэр, хотуур суолун таһаарар буоллаҕым диэн астына саныыр. Быһаас кэлэн өртөөн, лаҥхатын, сэтиэнэҕин сиэппит буолан эрэх-турах эбит. Ол иһэн көрбүтэ, суол кытыытыгар хаһан эрэ кэрдиллибит мастардаах ырааһыйаҕа суор-тураах бөҕө мустан чөмөхтөһөн олороллор. Ортолоругар чөҥөчөккө барыларыттан ураты улахан суор лөглөйөн көстөр. Сэмэн «бай, бу туохпутуй? Күһүҥҥү курдук тураахтар үөрдээбиттэр дуу? Ээ, арба, бүгүн абааһылар мунньахтара дииллэрэ. Ол баҕайыларбыт күрүлүүр күнүс суор-тураах буолан мунньахтаан эрдэхтэрэ.
Эчи сүрүн. Ол эрээри, миэхэ туох буолуой. Хорум эрэ, моһуоктаһан көрдүннэр эрэ, көрдөөбүттэрин бэриллиэ», — диэн санаатын бөҕөргөтүнэ-бөҕөргөтүнэ, сүгэн иһэр бөстүөнүнэн эстэр эргэ туукка саатын маһын имэрийэ-имэрийэ аттыларынан ааспыт. Ким да киниэхэ кыһамматах, ол эрээри биир суор кинини тонолуппакка одуулаһан хаалбыт. Сэмэн Дьэҥкиргэ киирэн, сирин көрбүтэ: ото балайда үүммүт. Онтон санаата көнньүөрэн, эргэ отуу оннун самаан сэргэхситэр. Чэй өрүнэн, күөс оҕото буһарынан, аһаан-сиэн, отуу тулатын охсон кэбиһэр. Онтон көлүкэҕэ дылы суол таһааран, отуос тэлэр. Ол кэннэ отуутугар киирэн утуйан хаалар. Түүн ортото Сэмэн туохтан эрэ тэһииркээн уһуктан кэлэр. Иһиттэҕинэ ким эрэ хоҥсуо куолаһынан саҥарар: «Көр эрэ, маҥай аллааҕы! Миигин кытта күрэстэһээри аат-ааттаан кэлэ сыттаҕа. Чэ, оннук буоллаҕына, мин да баарбын». Онтон утаакы буолбатах, ким эрэ бэрт сэниэлээхтик сып-сытыы хотуурунан от охсон сырдырҕатар тыаһа чуумпуну аймаабыт. Сэмэн, киһи эрэ буоллар: «Били мааҕын хайыппыт отуоспунан абааһы күрэхтэһэн от охсон эрдэҕэ, оо, бу сору. Ити аата кырдьыгы кэпсииллэр эбит. Кинини кытта күрэхтэһэн син биир кыайбаппын, киһи буолбаппын. Туох абааһыта дьөлө имнэнэн абааһы мунньаҕын күнүгэр оту бааһырдыбытым буолла», — диэн кэмсинии бөҕөтүн кэмсиммит. Чочумча сыппахтаан баран, хорсун, эр сүрэхтээх киһи сиэринэн, «саатар аҥаар харахпынан көрүөххэ» диэн отуутуттан быган көрбүт. Онто, биир хара бэкир киһи саха хотуурунан хаптайа-хаптайа, хоһооно суох хаҥынайа-хаҥынайа от охсон тэлэкэлии сылдьар эбит. Ото буоллаҕына, иннигэр-кэннигэр биир кэм өрө ыһыллан олорор. Онтон абааһыта суодас гынан эргиллэ биэрээт, чолбон уоттаах хараҕынан супту көрбүтүгэр, Сэмэн эрэйдээх өйүн сүтэрэн сууллан хаалбыт. Истэр тухары, абааһы хараҕын уотун уйбут киһи баара биллибэт. Сарсыныгар киниэхэ оттоһо кэлбит икки уола буланнар, сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт киһини дьиэтигэр тиэрдибиттэр. Ол эрээри, оҕонньор уһаабатах. Дьэ, ити курдук 60 саастаах чиргэл киһи сиэри-туому тутуспакка, айыыны-абааһыны аахайбакка ити курдук быстахха былдьаммыта үһү.
kyym.ru сайтан