Кэпсээ
Войти
Регистрация
Маннык баара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Маннык баара
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
27.02.2020 11:35
Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар этэ. Учууталбыт сорудаҕынан, Ураһалаах сыһыытыгар баар ойуун маһын «чинчийэ», оскуолабыт мусуойугар экспонат хомуйа барар буолбуппут. Билигин санаатахха, устуоруйа учуутала Сэмэн Дьөгүөрэбис маннык боччумнаах уонна кутталлаах дьыалаҕа оҕолору ыыталаан баран, туох эрэ санааттан, бэйэтэ барсыбатах эбит. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар сэттис кылаас оҕолоро (оскуолабыт 7 кылаастааҕа), биэс бэдик, сыһыы атаҕар баар лиҥкинэс тыа иһигэр турар ойуун маһыгар тиийэн кэллибит. Лыҥкыначчы хаппыт тиит мас төрдүгэр былыргы сэргэлэр, туох эрэ мас оҥоһуктар, ол быыһыгар ураҕаска кэтэрдиллибит мас көтөрдөр өйөннөрүллүбүттэр. Тиит анныгар эмиэ оннук эмэҕирбит биир, икки төбөлөөх көтөрдөр быраҕыллан сыталлар. Ньолбуһах быһыылаах туох эрэ чараас мас ии баара. Уолаттар ону «ойуун дүҥүрүн сэмнэҕэ» диэн быһаарбыттара. Ким сэрэппитэ эбитэ буолла, ол гынан баран «ойуун маһын күн диэки өттүнэн быһа хаамыллыбат үһү» диэн «инструкциялаахпыт». Сибигинэһэн кэпсэтэ-кэпсэтэ дук-дах тутта сылдьан, сэмээр, хас да эмэҕирбит көтөрү, киһи быарыгар эрэ тиийэр сэргэ курдук моонньоммут маһы, дүҥүр иитин ыллыбыт уонна төннөөрү оҥоһуннубут. Бу туран Дьяконов Өстүөпэ диэн уолбут, тоҕо эрэ, өрө ыстана түһэн баран маһы тэбэн саайда. Соһуйан ходьох гына түһүөхпүтүгэр диэри. Ону кытта маспыт төбөтө олус улаханнык ньирилээн-курулаан, хаппыт лабаа бөҕөтүн солоон сууллан түстэ. Кыл-мүччү туора ыстаҥалаһан биэрдибит. Куотан бараары туран, ол Өстүөпэбит мас төрдүттэн тимир эмэгэти булан ылла (ойуун кумутугар тигиллэр тимир киґи быһыылааҕа). Сэрэйдэххэ, үөһэ маска ыйанан туран түспүт буолуон сөп. Ытыс саҕа улаханнаах, кытыыта сарымтыйбыт, киһи курдук моһуоннаах дьэбиннирбит чараас тимир. Булумньубутун барытын сүгэн аҕалан оскуолабытыгар баар «мусуой» диэн аатырар кыракый хоско киллэрэн кутан кэбиспиппит. Түбэһиитэ оннуга эбитэ дуу, хас да хонон баран оскуолабыт умайан хаалбыта. Оскуола умайар түүнүгэр Маайа диэн остуорас эмээхсин оскуола иһиттэн сүһүөҕэ токуруйбат көбүс-көнө быһыылаах, илиитин сараччы туттубут тимир курдук хара, хаптаҕай киһи хааман баатыйалаан тахсан барбытын көрбүт этэ. Төһө да балаҕан ыйын ортотунааҕы хараҥа түүн буоллар, умайа турар дьиэ сырдыгар ырылыччы көстүбүт үһү. «Оскуолабытын ол киһи умаппыт буолуохтаах. Хайалара эбитэ буолла?» диэн силиэстийэ бөҕө ыытыллыбыта да, бөһүөлэктэн оннук киһини булбатахтара. Кэлин улаатан баран, ол «чинчийиигэ» кыттыбыт биир уол «ойуун маһыгар сырыттым. Били оскуолаҕа аҕалбыт тимир киһибит мас үрдүгэр лабааҕа ыйанан турар. Төттөрү төннөн кэлбит» диэн кэпсээбитэ. Итэҕэйбэккэ хаһыа да буолан тиийэн көрбүппүт, кырдьык, ыйанан турар этэ. Баҕар, хас да оннук эмэгэт баара буолуо, баҕар, этиллибитин курдук, тимир киһи сокуоннай миэстэтиттэн илдьэ сылдьыбыттарын ситиһэн оскуоланы уматан баран оннугар төннөн кэлбитэ буолуо. Оттон ол «чинчийиигэ» сылдьыбыт дьон туох да буолбатахпыт. Арай, учууталбыт Сэмэн Дьөгүөрэбис кырдьан биэнсийэҕэ тахсан баран төбөтүнэн ыалдьыбыта. Ол гынан баран, ити бука ойуун маһын кытта туох да ситимэ суоҕа эбитэ буолуо. Сэмэн Баабылап, Бүлүү к.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан