Кэпсээ
Войти
Регистрация
Удаҕан маһын кэрдэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Удаҕан маһын кэрдэн
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
27.02.2020 11:34
Биһиги Марха сопхуос Таркаайытааҕы отделениетын отчуттара 1965 с. дьиэбититтэн биэс көстөөх Саабыла Кулуһуннааҕар 12 буолан көлө-илии звенотугар оттуу тахсыбыппыт. Звенобутугар түөрт оскуола оҕото уонна ити дойдуга үөскээбит Николай Васильевич Васильев-Халымыр Хоноһо диэн кырдьаҕас киһи баара. Уоннааҕылар бары күөгэйэр күммүтүгэр сылдьар эдэр дьоммут. Бу Саабыла Кулуһуннааҕа көбүс-көнө хонуулаах, олус үүнүүлээх киэҥ-куоҥ оттонор ходуһалаах алаастыҥы сир. Табыллыбыт дьылыгар 200-тэн тахса туонна оту биэрэр сир. Ол таһыгар — Мэйик түбэтэ. Быһата, сир бөҕө, оттонор ходуһа буолунай дойдута. Бу Саабыла Кулуһуннааҕар былыр ыал бөҕө олорбут. Ол гынан баран, сэрии саҕанааҕы уонна иннинээҕи сут-кураан дьылларга өлөн-сүтэн имири эстибиттэр. Төгүрүччү өтөх. Дьиэлэрин-уоттарын өрт уота сиэн, арай, биир-икки эрэ дьиэ ордубута сууллан сыталлар. Чэ, быһата, иччитин бараабыт сир буолан киһи мээнэ айдаарбат дойдута буолан турар. Урут манна бу эбэ төрүт олохтооҕо, аата ааттаммат улуу хомуһуннаах Кырса удаҕан олорбут. Эбэ тулатыгар хас тумул, өтөх аайы ол удаҕан «оонньуур», «сынньанар», былыр тыыннааҕар ол-бу иччини «баайбыт», «иҥэрбит», кэрэх ыйаабыт, ытык дабаппыт тииттэрэ күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ хоҥкуначчы хатан тураллар. Олор күүстээх соҕус тыал буоллаҕына былыргы иччилэрин суохтаабыттыы иһиирэн-ыһыыран, ытаан-соҥоон, араас дорҕоону таһааран киһи кутун-сүрүн, уйулҕатын хамсаталлар. Кэриигэ киһи уҥуоҕа былыр бэрт элбэҕэ үһү. Ону сэрии саҕанааҕы уот курааҥҥа өрт уота имири сиэбит. Арай, ол Кырса удаҕан хоппо эргиэһинэ ордон хаалбыт, ол билигин да турар. Улуу кырдьаҕас, эгэ, ол оонньуур-хайыыр тииттэрин уокка былдьата сылдьыа дуо – тураллар. Биһиги биир оннук тиит ордон хаалбыт былыргы кыраадатын таһыгар отчутттар дьиэлэнэр балаҕаннарыгар түһүүлэннибит. Мас дьиэттэн 60-ча миэтэрэ тэйиччи турар. Ол удаҕан үчүгэй аата Аана диэнэ эбитэ үһү. Маҕанын, кыраһыабайын иһин Кырса диэн хос ааттаабыттар. Дьиҥинэн, кини олус өрдөөҕү киһи буолбатах. Ол биһиги Хоноһобут оҕо сылдьан көрөрө үһү. Хоноһобут кэпсээнинэн, Кырса удаҕан кырдьан баран дьулаан дьүһүннэммит. Ойууну кытта хатыһан сирэйин, аҥаар хараҕын «кумаҕынан типтэрбит» буолан, аҥаар эрэ хараҕа ордон хаалбыт. Ол хараҕынан «кылатара» баар үһү — дьэ, суостаах, дьулаан көрүү диэн! Отчуттар ортобутугар Андрей Петрович Данилов диэн тырахтарыыс идэлээх, күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр киһи баара. Оту олус үчүгэйдик оҥороро. Кини туруорбут ото хайдахтаах да ардахтаах дьылга сытыйааччыта суох. Дьэ, ол гынан баран, бу киһи олус хоргус, куттамсах киһи этэ. Хоргус буолуохпут айыыта, оһуобай, улуу хоргус! Киэһэ хараҥаҕа дьиэттэн тахсыбат, утуйарыгар наараҕа дьон ортотугар эрэ утуйар. Сүөһүгэ эмиэ үлэлии сылдьыбыттаахпыт. Онно төһө да сүөһүлээх хотоҥҥо соҕотоҕун сылдьыбат куттас этэ. Оттуу сылдьан уочаратынан дьуһуурунайдыыбыт. Дьуһуурунай үлэтиттэн өрөөбөккө сылдьан, сарсыарда эрдэ туран чэйин өрөр, уу баһар, оттук мас булар, иһити сууйар, дьиэни хомуйар, киэһээҥҥи аһылыгы күөстүүр. Арай биирдэ Өндүрэйбит дьуһуурунайдыыр күнэ буолла. Киэһээҥҥи омурҕантан Петр Павлов-Саймака лэппиэскэ астыы таҕыста.
Ол астыы сырыттаҕына Өндүрэй ходуһаттан аһын бэлэмнии киирбит уонна: «Хантан мас булар баҕайыбыный?» — диэн Саймакаттан ыйытардыы саҥарбыт. Онуоха Саймаката: «Өндүрэй, оттон, ол турар дии, баһаам мас», — диэн баран били удаҕан тиитин ыйбыт. Дьэ диэҥ, били куттас киһибит өс киирбэх сүгэнэн чээллээн модьу тиити охторон түһэрбит уонна мутугун мастаан уот гынарга бэлэмнээбит. Киэһэ ходуһа-бытыттан тахсан от оҕустарбыт аттарбытын баайа туран көрбүтүм, арай, «били» тииппит кэрдиллэн чөҥөчөгүн эрэ төрдө кытаран турар. — Хайа-а, бу тиит хайдах буолла, ким охтордо? – диэн ыйыттым. — Оттон, ити, Өндүрэй охтордо, — Саймака туохха да уурбатахтыы хоруйдуур. — Туох аатай, ол иирэн охторор дуо? – ити кэмҥэ Өндүрэй дьиэттэн тахсыбытын көрөн, — хайдах буолан ити тиити охтордуҥ, куттамсах бэйэҥ дьэ буолар да эбиккин. — Оттон ити Бүөтүр охтор диэбитэ. — Ол тоҕо инньэ диирий, бу туох аатай!? — Мин охтор диэбэтэҕим, көннөрү, ол тиит баар диэбитим, — диир Саймака Бүөтүр. Ол икки ардыгар дьон ходуһаттан тахсан бардылар. Тиити көрөн баран олус сөхтүлэр. Ити киэһэ урукку курдук оонньуур-күлэр, хаадьылаһар киһи суох буолла, бары арбы-сарбы буолан сибигинэһэн эрэ кэпсэтэ сырыттыбыт. Бэл, Хоноһобут кытта салынна, уйатыгар уу киирдэ. Бэйэтэ былыр эдэригэр хас да ойууҥҥа кутуруксуттаан эҥин сылдьыбыт ойууннуҥу «маньыаралаах», тартарыылаах киһи буоллаҕа. Алгыс да, кырыыс да тылын билбэхтэһэрэ сэрэйиллэрэ. Кини «иэдээни оҥорбут» диэтэ. Ону истэн Өндүрэйбит олох да «өлөн түстэ». «Буолар буолбутун кэннэ хайдах буолуохпутуй?» диэбитинэн Хоноһо Өндүрэйгэ «ити түптэ солууругар кыһыл чохто ылаҥҥын арыыта биэрэ-биэрэ тиитиҥ төрдүгэр баран ааттас, көрдөс». Өндүрэй аат эрэ харата салбыҥнаан тиийэн туох эрэ диэн ботугуруу-ботугуруу арыытыттан уокка биэрдэ. Ону көрөн туран: «Суох, ити киһи көрдөһүүтэ, тыла-өһө да диэн... Тугу булан эппит үһүө-ө! Хоноһо, ол Аана эмээхсини билэр эҥин киһи быһыытынан, бэйэҥ бараҥҥын көрдөһөн көр, баҕар, эн тылыҥ-өһүҥ тиийиэ», — дэстибит. Ону ылынан, Хоноһобут сылгыттан сиэл быһан кэлэн арыыга булкуйа-булкуйа уокка кээстэ. Өссө табаҕыттан кытта бэристэ уонна... тиит төрдүгэр туран көрдөһөн-ааттаһан амалыйда. Биһиги кэҥии быһыытыйдыбыт. Ол эрээри барыбытыгар туох эрэ дьаарханар санаа хонон хаалла. Ол сайын олус үчүгэйдик оттоон, былааммытын аһара толорон киирбиппит. Дойдутугар киирэн баран Өндүрэй ДТ-54 тыраахтар өрөмүөнүгэр ананна. Ити сылдьан, алҕаска, тыраахтар мас фанера хабыынатыгар төбөтүн саайбыт. Онто хайдах эрэ уратытык ыалдьыбыт. Ити кэнниттэн төбөтө үтүөрээри гына-гына үтүөрбэккэ ыраах баҕайыттан аалан ыалдьа сылдьыбыт. Ыксаан балыыһаҕа көрдөрбүтүн «төбөҕөр искэн үөскээбит, суһаллык эпэрээссийэҕэ бара оҕус» диэн Ленинградка ыыппыттара. Ол эпэрээссийэ кэмигэр хаарыан эдэр киһи өлөн хаалаахтаабыта. Биһиги, бииргэ окко сылдьыбыт дьон, «били удаҕан тиитин аньыыта-харата, сэтэ-сэлээнэ ситтэҕэ буолуо» дии санаабыппыт. Христофор Илистянов, Ньурба.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан