Кэпсээ
Войти
Регистрация
Абааһы соһуспута
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Абааһы соһуспута
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
14.02.2020 15:23
Муус устар 30 күнэ 2009 с. 16 № (21908) Абааһы соһуспута 80-с сыллар саҕаланыыларын эргин этэ. Оччолорго эдэркээн устудьуон уол балаҕан ыйыгар дойдубар сынньана сылдьарым. Ый бүтүүтэ тымныйан, кус-хаас соҕуруу барар кэмэ этэ. Аҕабын кытта тайахтыы барсаары сырыттахпына, табаарыһым кустуу барарга кучуйбута. Онон, былааным уларыйан, кустуу барар буоллум. Мин «ИЖ-Планета» кэлээскэтэ суох сулумах матасыыкыллаахпын. Ол көлөбүт үрдүгэр түһэн күнү быһа балайда элбэх күөлү, ууну кэрийэн, этэргэ дылы сииккэ сиэлэн, хаарга хааман, «ырдьаччы быстан, ымайа күлэн» киэһэлик эргэ сопхуос пиэрмэтин сайылыгар кэлэн хонорго тэриннибит. Эт кэнсиэрбэнэн миин өрүнэн, күө-дьаа аһаан баран, дьиэҕэ киирэн утуйардыы оҥоһуннубут. Биир тимир орон баарыгар киһим утуйар буолла, оттон мин таһырдьа тахсан эргэ хоспох хаптаһын халҕанын тоҕо тэбэн киллэрэн, икки чуукка үрдүгэр ууран наара орон курдук оҥоһуннум. Син балайда ону-маны баллыгыраһан, кэпсэтиибит кустан аны абааһыга тиийдэ. Мин тоҕо эрэ этим сааһа аһыллан, куттаныах курдук буолуталаатым. Ол иһин, биэстэ эстэр автомат саабын ылан оронум анныгар муостаҕа ууруннум, өссө фонарбын чугаһаттым. Оһохпут уота сөҕүрүйэн, дьиэ хараҥаран барыыта, мин уоскуйан, сылайбытым да таайан буолуо, утуйан хааллым. Ол да буоллар хайдах эрэ тугу эрэ кэтэһэр курдук, сэргэх сытабын быһыылаах... Арай, ол сыттахпына, дьиэбит аана аһылла түстэ даҕаны (олуурдаах этэ), ким эрэ ыарахан баҕайы атахтаах чопчу миэхэ лиһирдээн кэллэ. Түүрүллэн-түүрүллэн баран бүрүнэ сыппыт соммун атахпыттан ылан төбөм диэки саба бырахта. Онтон кытаҕас курдук кытаанах тарбахтардаах илиитинэн уҥа атаҕым сототуттан ылан үөс-батааска биэрбэккэ муостаҕа соһон түһэрдэ. Ол үлүгэргэ хайдах эрэ өй ылан, саабын харбыаластым. Онтум, хата, чугас буолан биэрдэ. Саабын кытта тэҥҥэ фонарбын эмиэ таба харбаатым. Сотубуорбун халыр гыннаран уоһугар ботуруон киллэрдим уонна фонарикпын уматан «ыттым» диэн хаһыытаабытынан саабын атах өттүм диэки туһаайдым. Арай өйдөөн көрбүтүм туох даҕаны көстүбэт, дьиэ иһэ барыта туох эрэ араҕастыҥы өҥнөөх ыыс-быдан буруо курдугунан туолбут, ону фонарик уотун сардаҥата кыайан курдарбат эбит... Эмискэ хаҥас өттүбэр уот күлүм гынна уонна ким эрэ улахан баҕайытык «тохтоо эрэ бу, туох буоллуҥ?» диэн тоҕо барда. «Һук» диэн өйдөнөн кэлбитим арай уолум уолуйан хаалбыт сирэйдээх салҕалас илиитинэн чүмэчи умата сатыыр. Оттон мин ороммуттан тэйиччи соҕус саабын аан диэки туһаайбытынан муостаҕа лаҕыччы олорор эбиппин, фонаригым эмиэ аттыбар умайа сытар эбит. «Һуу, бу туох буолла?» диэн саҥа аллайбытынан ойон турбутум, эмискэ уҥа атаҕым бөтөҕөтө аһыс гынна, чуут охто сыстым. Ороммор содьороҥноон кэлэн олордум, арай саам сомуога тура сылдьар эбит. «Алдьархайы оҥоро сыстым» диэн эбии ыксаатым, ыгылыйдым. Чочумча уоскуйа түһэн баран, туох буолбуппун уолбар кэпсээн биэрдим. Киһим мин муостаҕа сууллар тыаспыттан уонна соһуллар курдук тыас тарылаабытын истэн уһуктубут, онтон сотубуору халыгыраппыппыттан уонна хаһыытаабыппыттан уолуйан испиискэни умата
охсубут. Ол түүнү быһа сарсыарда халлаан суһуктуйуор диэри 3-4 чүмэчини тэҥҥэ уматан баран, олорон хоммуппут. Сарсыарда сып-сап чэйдээн баран атахха биллэрбиппит. Константин Макаров. Илэ көрбүтүм Оччолорго мин 1-2 кылааска үөрэнэрим. Ол кэмҥэ Мэҥэ Хаҥалас Маандайыгар уонча ыал олороро. Маандайтан Бүөр Ылар диэки барыыга, 300-400 миэтэрэлээх сиргэ, кыра куоһаах көлүччэ баара. Билигин ол уута уолан куоһаах эрэ буолан турар. Ол көлүччэҕэ биһиги, уонча бытырыыс оҕо, күнү-күннүктээн сөтүөлээн чомполонобут. Көлүйэбит толору ууланнаҕына ортотугар чүөмпэлэнэр этэ. Оҕолор көлүйэни төттөрү-таары харбаан айманаллар. Мин сатаан харбаабат буолан кытыыга сылдьабын. Онтон «мин да харбаан туоруур инибин» дии санаан ыттыы харбаан нөҥүө бардым. Ортотугар тиийэн тимирэн бардым. Күөрэс гынан көрдөхпүнэ, оҕолор сырсыакалаһаллар, онтон эмиэ күнүм кытаран тимирэн барабын. Ол курдук күөрэйэ-күөрэйэ тимирэн эрдэхпинэ, эмискэ ким эрэ илиибиттэн ылан сиэтэн дэллэритэн барда. Уу түгэҕиттэн хаамар-соһуллар икки ардынан кытылга баар буола түстүм, салгыы бэйэм сыыллан тахсан хотуолаатым. Ол онон хаалбыта. Биирдэ ийэм «ынахтаргын ирдээн аҕал эрэ, Буор Ылар диэки бааллара буолуо» диэтэ. Атырдьах ыйын ортото этэ, быһыыта. Сөтүө бүппүт кэмэ этэ. Ынахтарбын булан төттөрү үүрэн иһэбин. Күн бөҕө, сып-сылаас. Били көлүйэм таһынан ааһан истэхпинэ, доҕоор, ууттан үөдэн баҕайы тахсан кэлбэтэ дуо! Дьиктитэ диэн, мин соһуйбатым да, куттамматым да... Бүлүүһэ саҕа киэҥ харахтаах улуу дьаалы кытылтан тайанан мин диэки көрөн турар. Ынахтарым бөтөрөҥ сиэлиинэн дьиэлэрин диэки түһэ турдулар. Мин ол «кыыл» диэки көрө-көрө аа-дьуо барыахтаах сирбэр хааман истим. Ол харамайым ынах саҕа этэ диэтэхпинэ улахан омун суох буолуо. Хап-хара, ууттан тахсыбыт буолан дуу, хайдах дуу, килэбэчийэн көстөр. Намсыгыр кулгаахтаах, муннун өйдөөбөппүн. Хараҕа, эппитим курдук, бүлүүһэ саҕа. Санаарҕаабыттыы унаарыччы көрөрө. Тайанан турар илиитэ окко мэһэйдэтэн соччо көстүбэт. Курданарыгар диэри көстөр, алын өттө ууга дуу, куоһаахха дуу сылдьар. Мин эргиллэн көрө-көрө бара турдум. Хойукка диэри харааран туран хаалбыта. Мин куттаммакка олус сиһилии көрбүппүн өйдүүбүн. Ону мин кимиэхэ да кэпсээбэтэҕим. Улаатан баран дьоҥҥо кэпсээтэхпинэ — итэҕэйээччилэрэ суох. Дьиҥинэн, итиччэ чугастан хайдах да хараҕым иириэн табыллыбат. Дьиҥ көрбүппүн суруйдум. Михаил Захаров, Дьокуускай Өтөхтөр, ытык мастар Төһө да омоонноро эрэ хааллар былыргы өтөхтөргө хаһан эрэ дьон бөҕө тоҕуоруһан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-ыччат төрөтөн, сылгы-ынах ииттэн, күрүө-хаһаа туттан, алгыс арааһын этинэн, сиэри-туому тутуһан, күөх унаар буруону таһааран ньир бааччы олорон аастахтара. Үлүскэн үөрүү икки аһыы-аба икки тэҥинэн буолан, үтүөнү, мөкүнү барытын биллэхтэрэ. Ол олохтон күн бүгүн өтөхтөрүн омооно эрэ хааллаҕа, ийэ куттара салгыҥҥа көттөҕө, сииккэ симэлийдэҕэ. Былыргы олоххо ааттара ааттаммат улуу кырдьаҕастар үөр абааһыттан араҥаччылаан, киртэн-хохтон арчылаан, ыарыы дьаҥыттан быыһаан аймах-билэ дьоннорун уһун утум үйэлээбиттэрэ сэһэҥҥэ-номоххо ахтыллар. Ойууну удьуордуур дииллэрэ. Сорох аймахха тоҕустуу оҕолоро бары ойуун буолаллара
үһү. Ол эрээри сиэмэх ойууннаах аймах эстэрэ-быстара үһү диэн эмиэ баар. Ойуун кыырбыт сиригэр-уотугар кэрэх тиит элбэх буолара, маннык маһы ырааҕынан тумналлара, хаһан да тыыппат-кэрдибэт этилэр. Кэрэҕи кэрдии туһунан биир түбэлтэ буолбутун туһунан ахтан ылыым. 1925 сыл диэки буолуо, саастарын ситэ илик икки кыргыттар тыаҕа мас мастыы тахсыбыттар. Биир тиит мутугун ылан, силиһин үрдүгэр туора ууран баран кэрдэн иһэн көрө түспүттэрэ, арай халлаантан туорай маһы мииммит киһи умайа-умайа түһэн иһэр үһү. Кыргыттар куттанан, сарылаһа түһээт, дьиэлэрин диэки сырсыбыттар, онтон улаханнык төбөлөрүнэн ыалдьан баран тиллибэтэхтэр. Дьэ, онон дьон олорбут сиригэр маһы мэнээк кэрдэр сэрэхтээх. Кэрэх тииттэр үксүн күөл, үрэх кытыытыгар, тоҕойугар, алаастарга, томтордорго баар буолаллар. Мин оҕо эрдэхпинэ 1947 сылтан 1949 сылга диэри Атыыр Мэйиитэ диэн тоҕойго олорбуппут. Онно дьиэбититтэн чугас улахан күөл баара. Ол тулатыгар аарыма бөдөҥ тииттэргэ хас даҕаны кугас элэмэс дьүһүннээх, төбөлөрү, тыстары, кутуруктары бииргэ сүлүллүбүт сүөһү тириилэрэ сорохторо тииккэ туорай маһынан өйөнөн, атыттара икки салаалаах маска ыйанан турар буолаллара. Олорор сирбититтэн чугас Кэрэхтээх Тоҕойо диэн алааска эмиэ хас да кэрэх баара. Дьон кэпсэтэллэрин истэрим: өтөх оннуларынан көрдөххө, киһи-сүөһү соччо олохсуйбатах сирэ буолуон сөп, ол гынан баран аһара элбэх кэрэхтээх диэн муодаргыыллара. Ол тииттэргэ сүөһү төбөтө, туйаҕа мас аллараа өттүгэр ыйанан тураллара. Онон сылыктааннар кырдьаҕастар бу тоҕойго ойуун бөҕөтө кыырбыт, толук бөҕөтө бэриллибит сирэ быһыылаах диэччилэр. Ойуун маһын кэрдибит киһи сэттээх-сэмэлээх аньыыга киирэрэ үһү. Кэрэх мас суулуннаҕына, онно баайыллыбыт үөрдэр-абааһылар босхо бараннар, буруйдаах киһи төрдүн-ууһун имири эһэллэрэ үһү. Аны урукку дьон дьиэлэрин таһыгар улахан тииккэ дьахтар, ынах сүөһү Айыыһытын атаарыыга оҕо суутун – «доҕорун» ыйыыллара. Маннык тииттэри иччилээх буолаллар диэн эмиэ ытык мас ахсааныгар холбууллара. М.Д. Ефимова «Сылыктар, билгэлэр» кинигэтиттэн. Тутука моhуога Биһиги нэһилиэкпит сиригэр Харыйалаах салаата Тутука диэн бэрт өлгөм бултаах-астаах үрэх баар. Онно ааспыт үйэ 60-с сылларыгар диэри былыр ыал олорбут, онтон кэлин булчуттар хонон-өрөөн бултуур дьиэлэрэ буолбут дьиэ турбут. Ол гынан баран, кэлин тоҕо эрэ онно ким да хоммот, бары ырааҕынан тумнан ааһар буолбуттар. Тоҕо диэтэххэ, бу дьиэ абааһыламмыт, кими да сүгүн-дьүгээр хоннорбот буолбут эбит. Ол курдук, хоммут дьон киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан, сытан саҥа нухарыйыах курдук буолан эрдэхтэринэ, таһырдьа салааска ылахтарын тыаһа сырылаан кэлэр, таһырдьа ким эрэ тэбэнэр тыаһа иһиллэр уонна дьиэ аана аһыллан ким эрэ киирэн кэлэр үһү. Көрдөхтөрүнэ, ол киһилэрин үөһэ өттө көстүбэт, тыс этэрбэстээх атахтара эрэ көстөр буолаллар үһү. Онно туран оһохторун күөдьүтэн эбэтэр чүмэчи уматан көрдөхтөрүнэ, дьиэ иһигэр ким да суох буолар. Онтон «түһээбиппин эбэтэр баттаппыппын, онон иккиһин утуйабын» диэн дьэ үлүгэргэ түбэһэллэр. Саҥардыы утуйуох курдук буоллахтарына, ким эрэ суорҕаннарын сулбурута
тыытар, атахтарыттан тыбыс-тымныы илиилэринэн харбаталыыр, чүмэчилээх утуйдахтарына чүмэчилэрин умуллартыыр уо.д.а баракаастары оҥортолуур эбит. Ону тулуйбакка сорох дьон куотан тахсан, аллараа үрэх кытыытыгар бытарҕан тымныыга, улахан тууспан кутаа-кулуһун оттон, онно сыраллан хоноохтууллар үһү. Ол да буоллар биир онтон толлубат эр бэрдэ түбэспит. Бу биһиги нэһилиэк олохтооҕо, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, уордьаннаах сэрииһит киһи эбит. Кини күһүн түүлээхтии сылдьан, булка үлүһүйэн хойутаан хаалан бу дьиэҕэ хонорго быһаарыммыт. Дьэ ол хоно сыттаҕына, үөһэ кэпсэммит барыта хатыламмыт. Ону бу модьу сүрэхтээх, ууну-уоту ортотунан ааспыт эр бэрдэ куттаммакка суорҕанын былдьаһа, этиһэ-охсуһа хоммут. Сарсыарда хомунан-тэринэн хоҥноору туран, дьиэ аанын модьу дүлүҥүнэн баттатан баран: «Көр эрэ, өссө бу миигин сүгүн хоннорботох буола-буола», — диэн баран уот анньан кэбиспит уонна кэннин да хайыһан көрбөккө баран хаалбыт. Онтон ыла бу абааһылаах дьиэ суох буолбут. Кэлин 60-с сыллар бүтэһиктэригэр бу өтөхтөн 6 км аллараа Харыйалаахха түһэр сирин чугаһыгар саҥа анньыллыбыт суол кытыытыгар сопхуос салалтата саҥа дьоҕус дьиэни туттарбыта. Билиҥҥэ диэри ол дьиэ абааһылааҕын туһунан туох да сурах иһиллибэт. К.Иванов, Сунтаар Ийэм түүллэрэ Мин ийэм түүл-бит кистэлэҥэр олус итэҕэйэр этэ. Кырдьык, кини түһээбитэ мэлдьи да буолбатар, абына-табына туолар үгэстээҕэ. Биирдэ ийэм миэхэ : «Тоойуом, чуолаан бу күннэргэ халыҥнык таҥна сырыт, таһырдьа олус тымныйбыт» диэтэ. Ону мин, хороччу улаатан эрэр кыыс киэргэнэн чараастык таҥнар киэппинэн, биир кулгаахпынан таһааран кэбистим. Биир да нэдиэлэ ааспата, улаханнык тымныйан балыыһаҕа киирдим уонна онно ый кэриҥэ сытан, ыран-быстан аҥаарым эрэ хаала ырбыт киһи тахсыбытым. Ийэм барахсан миигин олус аһынан, ытамньыйа-ытамньыйа: «Арай түһээтэхпинэ эн Эбэҕэ киирэн, сөтүөлээн чалымныы сылдьар эбиккин. Мин кытылга туран эйигин ыҥыра сатыыбын да, туох да иһин тахсыбаккын. Сирэйиҥ-хараҕын олус үөрбүт, сэргэхсийбит этэ. Киһи түүлүгэр сөтүөлүүр, суунар буоллаҕына ыалдьар дииллэр. Бэйэм түһээн сөтүөлээтэхпинэ, сууннахпына ол туолар буолан итэҕэйэбин. Ол иһин, эн тускар олус куттанан сэрэтэ сатаабытым», — диэбитэ. Биир сарсыарда уһуктубутум, ийэм куукунаҕа биир сири тобулу көрөн олорор эбит. Мин ыҥырарбын да истибэт, кыһаллыбат. Онтон дьэ өйдөнөн, саҥата-иҥэтэ суох эбиэт аһын тардыбыта. Мин муодарҕаабытым эрээри, тугу да токкоолоһо барбатаҕым. Ол күһүнүгэр эһэм эмискэ ыалдьан, күн сириттэн күрэммитэ. Кэлин ийэм ону илэ түһээбитин кэпсээбитэ. Варвара Алексеева
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан