Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түүҥҥү ыалдьыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түүҥҥү ыалдьыт
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
07.02.2020 17:15
Хас да сыллааҕыта Халыма биир улууһугар үлэм командировкатыгар сылдьыбыттааҕым. Кыһын саамай өрөгөйдөөн турар кэмигэр, олунньуга. Олоҕурбут сиэр быһыытынан, дьаһалтаҕа тиийэн мунньахтаан баран киэһэ өттүгэр олохтоохтор остуол хотойор астаах бырааһынньыгы тэрийдилэр. Киэһэ хойукка диэри олорон, кэпсэтэн-ипсэтэн баран тарҕаһыы буолла. Мин олохтоох дьаһалта биир эппиэттээх үлэһитин дьиэтигэр хонор буоллум. Аһаан кэлбит дьон быһыытынан, туох да мучумаана суох утуйар аакка бардыбыт. Миигин, ыраах сиртэн кэлбит мааны ыалдьыты, саалаҕа хоннорорго быһаардылар. Уһун айантан, күнүскү үлэттэн-хамнастан, онуоха эбии мааны остуоллаах бырааһынньыктан улаханнык сылаарҕаан сыттым да «утуйбуттаахха» баран хааллым. Түүн утуйа сытан баттаттым. Таһырдьаттан таба тириитэ сонноох, туох эрэ куһаҕан хаанньайбыт бэргэһэлээх, муус-кырыа бөҕө буолбут киһи айаҕын аппытынан, өҥүргэс курдук көрбүтүнэн аа-дьуо устан кэлэн муус тымныы тарбахтарынан хабарҕалыы сатыыр. «Кимҥиний! Тоҕо манна кэллиҥ!» диэн тоҥон хаалбыт уостарынан халымалыы тартаран саҥарар. Куолаһа дэлби тоҥмут киһи сиэринэн бөлүөстүгэс уонна хап-хардьыгынас. Аны туран, төһө да бэйэм киэһэ кыратык испитим иһин, киһибиттэн олус ыар арыгы сыта аҥылыйарын бэлиэтии санаабытым. Туох баар күүһүм баарынан өлөрдүү мөхсөн утарылаһа, ыгылла-ыгылла кылана сатыыбын да туһа суох. Киһим дөйө тоҥон хаалбыт курдук кыбыс-кытаанах уонна күүһэ-уоҕа сүрдээх. Саҥам да иһиллибэт, илиим-атаҕым бакаайыланан хаалан хамсаабат да быһыылаах. Куһаҕан баттатыыга мэлдьи да буоларын курдук, утуйа сытарбын, уһугуннахпына биирдэ бу дьаабыттан босхолонорбун өйдүүбүн. Өр да өр сордоннум. Кыайан уһуктубаппын. Ол сытан оронтон сиргэ үлтү түһэн баран уһуктан кэллим. Арааһа, «киһим» дэлби мөҕүһүннэрэн охтордо быһыылааҕа. Ону кытта, хата, дьиэлээх хаһаайыным сүүрэн киирэн уоту уматта. Хаһыытыыр саҥабын уонна үлтү түһэр тыаспын истэн уһуктубут. Кыбыстан кэпсээбэккэ кэтэмэҕэйдэнэ түһэн баран, олус улаханнык баттаппыппын, таба таҥастаах киһини көрбүппүн сиһилии кэпсээн биэрдим. Хардьыгынаан саҥарарын, арыгы сыттааҕын да умнубатым. Мин кэпсээммиттэн дьиэлээх хаһаайын, төттөрүтүн, бэйэтэ кыбыһынна. Ыраах сиртэн кэлбит ыалдьыт кини дьиэтигэр хоно сытан баттаппытын барытын тус бэйэтин буруйун курдук ылыммыта быһыылааҕа. Балай эмэ уоскуйарбын күүтэн олорбохтоон, «для храбрости» диэн ааттаан улахан үрүүмкэҕэ буокка аҕалан кутан иһэрдэн, табахтаһан баран дьиэлээх киһим утуйа барда. Миигин манаан түүнү быһа олоруо дуо. Мин утуйуохча утуйбакка түүл-бит курдук сыттахпына, били күтүрүм эмиэ көстөн кэллэ. Барбакка сылдьар эбит. Ол гынан баран, бу сырыыга хабарҕалыы барбата. Туртаччы тоҥон хаалбыт үөс курдук хараҕынан өтөрү көрөн турбахтаан баран сүһүөҕэ токуруйбат буолбут атахтарын соһон аан диэки баран эрэрэ баара... Мин утуйан хаалбыппын. Сарсыныгар «бэрэбиэркэлии» диэн ааттаан дьаһалта массыынатынан бөһүөлэктэри кэрийэ барыахтаахпыт. Сарсыарда 8 чаас саҕана дьаһалтаҕа тиийбиппит, кэлии-барыы, сүпсүлгэн бөҕө буолбут. Аймана, тохтообокко саҥара сылдьар дьахталлар бөҕө бааллар. Кэпсэтэллэриттэн өйдөөбүтүм: бөһүөлэккэ бэҕэһээ киэһэ биир киһи арыгылаан, дьонун кытта кыыһырсан баран «бурааныгар» олорон кый бырах баран хаалбыт. Ол киһи аймахтара кэлэ сылдьаллар эбит. Көрдүү барарга биригээдэ
тэриллэр эҥин буолла. Мин хоммут кэллиэгэм чугас уруута үһү. Онон кини хаалан көрдөөһүнү тэрийэр-дьаһайар буолла. Дьиҥинэн, барсыахтаах этэ. Икки бөһүөлэккэ сылдьан баран сарсыныгар улуус киинигэр төннөн кэлэн баран билбитим: били сүппүт киһилэрин бөһүөлэктэн аҕыйах биэрэстэлээх сиртэн булбуттар. Аара «бураана» төкүнүйэн баран хаарга утуйан хаалбыт, устунан үлүйэн өлбүт. Дьэ, онно улаханнык саллыбытым. Ол кэнниттэн «анараа дойду» диэн кэпсииллэрэ туох эрэ олохтоох быһыылаах дии саныыбын. Үлүйэн өлбүт киһи таҥаһын-сабын, дьүһүнүн ойуулаабыттарыгар куттанан этим саласпыта. Туох да саарбаҕа суох, түүн миэхэ кини «ыалдьыттыы» кэлэ сылдьыбыт этэ. Таарыйа аҕыннахпына, били баттатан хонноҕум сарсыардатыгар, моонньум тулата олус улаханнык кытаран хаалбытын бэлиэтии көрбүтүм. Саҥа атыылаһыллыбыт, олус хоччорхой түүлээх саарпыгым аалбыта дуу, били күтүр илиитин суола эбитэ дуу, билбэтим. Роман Дорофеев.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан