Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эһэм кэпсээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эһэм кэпсээнэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
17.01.2020 16:32
Киһи хараҥаттан, кини көстүбэт бүтэй дьайыытыттан тоҕо куттанара буолуой? Түҥ былыргы өбүгэлэрбит барахсаттар түүҥҥү суоһар хараҥаҕа өссө ынырыктыйан иһиллэр араас адьырҕа кыыллар ырдьыгынааһыннарыттан, часкыйыыларыттан куттара көтөрө ханна барыай. Ол куттала өйдөрүгэр-санааларыгар олус дириҥник, суураллыбаттык иҥэн хаалан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕэ. Ону таһынан түлүк түүн хараҥа күүс кэмэ буоларын туһунан бигэ өйдөбүл араас норуот итэҕэлигэр баар. Ханныгын да иһин, инчэҕэй эттээх киһи барыта хараҥаттан ис-иһиттэн бүтэйдии куттанара, дьаарханара буолуо дии саныыбын. Киһи дьиктиргиирэ диэн, оннооҕор тиискэр диэри сэбилэнэ да сылдьан куттанаҕын ээ. Ол курдук күүстээх буолар эбит көстүбэт суоһар куттал. Эһэм өтөрдөөҕүтэ күн сириттэн барбыта. Миигин мэлдьи “сиргэ сырыттаххына, сиэри-туому тутуһа сылдьар буол” диэн такайара. Ол төрүөтүнэн биир түбэлтэ буолбутун кэпсээбиттээх. Ону кэпсиим. Бу түбэлтэ 60-с сылларга буолбута. Күһүн үһүө буолан от кэмнии ыраах учаастакка барбыппыт. Атынан сылдьан кэбиһиилээх оттору рулетканан кэмнээн ыйааһынын быһаарабыт. Үлэбит быыһыгар үөрдэриттэн быстан хаалбыт кустары бултаһабыт. Ити курдук үс хонон баран, саамай ыраах баар, ааттыын да Сибиэннээх диэн учаастакка кэллибит. Отчуттар күнүһүн түһэр мас ураһаларыгар тохтоотубут. Мантан биэрэстэ кэриҥэ сиргэ былыргы өтөх онно турар. Кэпсииллэринэн, былыр онно сэниэ соҕус ыал олорбут. Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстара дьадаҥы уолу таптаабытын төрөппүттэрэ экчи батан кэбиспиттэр. Ол иһин кыыстара тыаҕа тахсан моҥнон өлбүт үһү. Маныаха маарынныыр үһүйээн сир ахсын кэриэтэ баар, уус-уран айымньыларга эмиэ суруллар. Онон кырдьыгын дуу, сымыйатын дуу ким чопчу этиэ баарай. Ол эрээри, аата этэрин курдук, ким даҕаны сибиэни көрбүтэ иһиллэ илигэ. Ол да буоллар, биһиги тоҕо эрэ киһи кута-сүрэ соччо тохтообот сиригэр уһаабат санаалаах, куска, балыкка аралдьыйбакка үлэбитинэн эрэ олорбуппут. Киэһэлик кутаа тула олорон ону-маны кэпсэтэ сатаан баран утуйардыы тэриммиппит. Биир саҥардыы улааппыт ыттаахпыт туохха да аллааҕымсыйбат бэйэтэ, били, өтөх туһаайыытын диэки көрө-көрө үр да үр буолар. Бары да дьаархана санаатыбыт да, киммит да таһыгар таһаарбата. Арай бары сүбэлэспит курдук, сааларбытын төбөбүт туһаайыытынан ууруммуппут. Биһиги киирбиппит кэннэ ыппыт суостаахтык үрэрэ көннөрү ньаҥсыйыыга кубулуйбута, онтон аны ыксаабыттыы ыйылаамахтаан ылбыта. Аны, ураһабыт аанын тарбаан иһирдьэттэн мөҕүллэн баргыытанна. Ытыс таһынар ыас хараҥа саба бүрүүкээтэ. Сыппахтыы түспүппүт кэннэ Эҥэнтэй диэн эдэрчи киһибит «хайа, ыппыт тоҕо дьиктитик ньим барда?» диэн, кимиэхэ туһаайан эппитэ биллибэккэ салгыҥҥа ыйанан хаалла. Мин эмиэ итини дьиктиргии, дьаархана сытан, устунан нухарыйан хаалбыт этим. Эмискэ уһуктан кэлбитим, таһырдьа тэйиччи соҕус дьон саҥата, ол быыһыгар дьахтар энэлгэнэ иһиллэргэ дылы. Тута этим сааһа «дьар» гына түстэ. Чочумча иһийэн сытан иһиллии сатаатым даҕаны туох да сибикини билбэтим. Уоскуйа быһыытыйан, эмиэ түлэй-балай баран иһэн аны дьахтар кыланарын олус чуолкайдык иһиттим. Ону кытары ураһа уҥуор ыппыт ыйылаабыта иһиллэн ааста. Биирдэ өйдөөбүтүм, уу билик
буола тириппит эбиппин. Дьоммун ыҥыраары гыммытым, испиттэн саҥам адьас тахсыбат; хамсанаары холоммутум, туох эрэ ыга баттаабытын курдук ыарахан. Оттон тэйиччи дьахтар энэлгэнэ, ол быыһыгар эр киһи бүтэҥитик тугу эрэ бөтүгүрүүрэ иһиллэр. Хайдах эрэ дьахтары уоскута сатыырын курдук. Бу өйдөөбүтүм, саҥалара, били былыргы өтөх туһаайыытын диэкиттэн иһиллэр эбит. Аны, аргыстарым иккиэн тэҥинэн ыҥыранан бардылар. Мин итинтэн хайдах эрэ чэпчээбит курдук буоллум. Ол быыһыгар дьонум утуйа сыталларыттан абаланабын. Соһуччу, ураһа эркинин лүҥсүйэн уһугуннартыыр санаа көтөн түстэ даҕаны илии-атах хамсыыр аата диэн суох. Оттон таһырдьа дьон саҥата улам чугаһаатар-чугаһаан истэ. Саҥа-иҥэ хойдубутуттан сылыктаатахха, элбээбиттэр быһыылаах. Ол быыһыгар «манна сыталлар» диэн суостаах саҥаны олус чуолкайдык иһиттим. Аны от-мас тостор тыаһа иһиллэр курдук буолан барда. Утуйа сытар аргыстарым ыҥыраналлара, мөхсөллөрө күүһүрдэ. Оттон мин кыаһыламмыт курдук сытарым абалаах. Таһырдьааҥҥы дьон ньамалаһар саҥалара күүһүрэн иһэр курдук. Эмискэ ураһабыт аана эрчимнээхтик тиэрэ барда даҕаны биир маҥан таҥастаах дьахтар өҥүргэһинэн көрбүтүнэн, кыламмытынан ыстанан киирдэ. Ону кытары туох баар күүспүн түмэн хаһыытаабытынан наарам баһыгар уурбут саабын харбаары ойон туран эрэрим... Өйдөммүтүм, таһырдьа суор хооҕурҕуу-хооҕурҕуу көтөн күпсүтэн ааһан эрэр эбит. Ураһа ураатынан халлаан сырдаан эрэрэ көстөр. Улаханнык хаһыытаан уһуктубут быһыылаахпын: дьонум соһуйан «һуу» дэспитинэн олоро биэрдилэр. Тоҕо дьиктитэй, барытын илэ-чахчы буола турарын курдук истэ сыппытым ээ. Итиччэ уйгууран баран, үһүөн туран кэллибит. Төһө даҕаны тыҥ хатыыта уһугуннарбыт, бары олус чэпчээбит курдук буолбуппут. Уот оттон чэй оргута сылдьан түүлбүн дьоммор кэпсээтим. Онтум баара, кинилэр эмиэ итиниэхэ хабааннаах түүлү көрө сыппыттар эбит. Эмиэ кыайан хамсыыр кыаҕа суохтарыттан, хайа-хайабыт уһуктан биэрбэтиттэн кыыһыра сыппыттар. Чахчы да, түүлүн дуу, илэтин дуу кыайан быһаарбатахпыт. Түүл диэҕи барыбыт киэммит майгыннаһар өрүтэ элбэҕэ мунаардыбыта уонна дьиксиннэрбитэ. Ыппыт даҕаны бэрт дьиктитик быһыыламмыта. Биһигини ураһа кэнниттэн көрө-көрө ырдьыгыныыра, туран чугаһаары гыннахха, кутуругун купчутан баран, ыйылыы-ыйылыы куотара. Хайдах сатыырбытынан эр-биир уоппутун аһатан баран, өртөммүт аттарбытын ыҥыырдаан ибири-сибири айанната турбуппут. Өссө даҕаны уонча кэбиһиини кэмниэхтээх этибит даҕаны бу сиргэ уһуур санаа хайабытыгар да суоҕа. Онон быһа холоон суруйуохпут диэн быһаарбыппыт. Ыппыт балачча тэйбиппит кэннэ туох да буолбатаҕын курдук сырбаҥалаан ситэн кэлбитэ. Ити курдук бэрт дьиибэ түбэлтэҕэ түбэһэн турабыт. Ити ыппыт кыһын тыраахтар анныгар киирэн биэрэн өлбүтэ. Икки аргыһым эрдэ араас оһолго түбэһэн өлбүттэрэ. Мин мантан олус дьаархаммытым. Үсүһүнэн мин уочаратым кэлэрэ буолуо диэн, кутум көтө сылдьыбыта, санаарҕаан адьас быста сыспытым. Ону биир ытык кырдьаҕас көрөн-истэн, алҕаан, арчылаан өрүттүбүтүм. Ити курдук өйдөммөт уопсай түүлү көрөн турардаахпыт. Сергей Захаров. Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан