Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чөчүөккэни көрбүттэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чөчүөккэни көрбүттэр
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
09.01.2020 12:20
Тохсунньу 29 күнэ 2009 с. "Кыым" № 3 (21895) Чөчүөккэни көрбүттэр Чөчүөккэ туһунан дьон кэпсээнин истэн, ааҕан баран, «бу дьоһуннаан үөрэтиини, чинчийиини ирдиир олоххо баар чахчы эбит» диэн түмүккэ кэлэҕин. Мин түөртээх-биэстээх оҕо сылдьан, тэҥҥэ кэриэтэ биир бөһүөлэккэ улааппыт уолбунуун дьон олорботоҕо ырааппыт, сарайа суох балаҕаҥҥа баран оонньуурбут. Алдьаммыт туруору оһоххо уот оттубута буолабыт, мас наара орон адарайыгар инчэҕэй буорунан ону-маны оҥорон куоталаһабыт. Бу сылдьан биирдэ өйдөөн көрбүтүм, табаарыһым биир куп-кугас баттахтаах сыгынньах кыысчааны кытта дьиэ үрдүгэр баар буолбуттар. «Манна таҕыс» диэн миигин ыҥыраллар. Мин «бу туох оҕото хантан кэлэн хаалла?» эҥин диэн толкуй, куттаныы-дьулайыы суох киһитэ буолан биэрдим. Тоҕо эрэ оннук буолуохтааҕын курдук саныыбын. Ханан дьиэ үрдүгэр ыттыбыттарын көрө сатыыбын. Табаарыһым түһэригэр дьиэ муннугунан хатаастан түһэр, оттон кыысчаан турбут сиригэр сүтэн хаалар. Онтон дьиэҕэ иккиэн баар буолаллар уонна салгыы оонньоон бараллар. Тугу кэпсэтэллэрин өйдөөбөппүн, бэйэм тоҕо эрэ кинилэргэ ыкса чугаһаабаппын. Уолум миигиттэн аҕыйах сыл аҕа, онон дьарыйардыы «чэ, дьиэбитигэр барыах, сарсын эмиэ кэлиэхпит» диирин кытта били кыысчаан оһох холумтаныгар биирдэ баар буола түстэ уонна оһох кэннигэр киирэн сүтэн хаалла. Дьиэбэр кэлэн ханна, хайдах, кимниин оонньообуппутун кэпсээбиппэр дьонум «аны өтөххө барымаҥ» диэн кытаанахтык бобон кэбистилэр. Оттон уолум ол да кэнниттэн өтөххө баран били кыыһыныын оонньуурун, кыыһа оһох кэнниттэн тахсарын уонна онно киирэн сүтэрин туһунан кэпсиирэ. Кэлин улаатан, үөрэнэн үлэһит буолуохпар диэри чөчүөккэ туһунан истибэт этим. Арай, Сойуус ыһыллыбытын, баартыйа эстибитин кэннэ араас абааһы, иччи, чөчүөккэ туһунан суруллар, кэпсэнэр буолан барбыта. *** Үгүс кэпсээн ортотугар биир саамай итэҕэтиилээхтэринэн Орто Халыма аатырбыт булчута, «ССРС 50 сыла» сопхуос тэриллиэҕиттэн бочуот дуоскатыттан түспэтэх, элбэх мэтээл-уордьан кавалера Николай Федотович Бубякин кэпсээнин ааҕыахха сөп. Николай Федотовиһы улуус саамай уһук учаастагар, Аллараа Халыма быыһыгар, чугаһынан дьиэ-уот суох сиригэр 15 көлө ытын кытта бөртөлүөтүнэн бырахпыттар. Түспүт сиригэр былыргыта булчут олоро сылдьыбыт эргэ өтөҕө, эмэҕирбит киһи уҥуохтара бааллар эбит. Николай кэлбит сиригэр мас кэрдинэн саҥа балаҕан туттубут. Бу үлэлии сырыттаҕына киһи хараҕар көстүбэт дьон уордайбыт саҥалара «бу туох буолбут киһитэ кэлэн тыаһаан-ууһаан чуумпу уубутун аймаата, уйулҕабытын көтүттэ» диэн мөҥүттэр саҥалара илэ-бодо иһиллибит. Киэҥ көҕүстээх, хоһуун сүрэхтээх, куттанары билбэт булчут оттуллубут оһоҕун иннигэр сөһүргэстээн олорон тыыннаах дьону кытта кэпсэтэрдии «сирим-дойдум иччилэрэ истэн итэҕэйиҥ. Эһиги чуумпу олоххутун аймаары, уйулҕаҕытын көтүтээри балаҕан охсумматым. Сүктэриллибит былааны, сопхуос сорудаҕын толороору, дьиэ кэргэммин бултаан-балыктаан аһатаары кэлэн олоробун. Өтөххүт хайдах хаалларбыккытынан турар, онно хаһаайыннаамаары мин туспа дьиэлэнним. Айманымаҥ, сынньалаҥнык утуйуҥ» дии-дии оһоҕор ас кээспит, сылгы сиэлин кэриэтээбит. Ол кэнниттэн тастыҥ саҥалар иһиллибэт буолбуттар. Былыргы дьон, ол иһигэр икки оҕо, уҥуохтара барыаран турбуттарын курдук турбуттар. Ньукулай бултаабыт
түүлээҕин туттаран баран дэриэбинэттэн тыатыгар төннөрүгэр кыракый кыргыттарыттан «оҕобор кэһии гыныахпын кэмпиэттэ, бэчиэнньэтэ өйүөлээҥ» диирин дьиктиргииллэр эбит. Онуоха кини кэпсээбит. Балаҕаныгар күөстэнэн аһаары гынна да оһох кэнниттэн куп-кугас баттахтаах, кып-кыра сыгынньах кыыс оҕо тахсан быыкайкаан илиитин тоһуйбутунан кэлэн ас көрдөөн кылахачыйар. Ытыһын нөҥүө илиитинэн өйөөн болточчу тутан турарыгар туох эрэ минньигэһи ууран биэрдэҕинэ оҕо оһох кэннигэр киирэн сүтэн хаалар. Ардыгар, хаста да төхтүрүйэн тахсан көрдөөтөҕүнэ, булчут «бүт, барытын ыллаххына аныгыскыгар туох да хаалыа суоҕа» диэн мөҕөр, оччоҕуна кыысчаана өс киирбэх ылынан, кыбыстыбыттыы туттан оһоҕун кэннигэр баран хаалар. *** Чөчүөккэни илэ хараҕынан көрбүт, илиитинэн эрэ туппатах киһи кэпсээнин истэн эмиэ улаханнык соһуйан турардаахпын. Аныгылыы үөрэхтээх, кэргэннээх, икки оҕолоох, Мииринэйинэн-Дьокуускайынан олорон үлэлээбит, олус үтүө майгылаах, сытыы-хотуу, хоһуун үлэһит, хаһан да албынныыры билбэт Бүлүүттэн төрүттээх дьахтары Маша диэн ааттаан суруйабын. Маша улаатан, ситэн-хотон баран аймахтарын кытта оттуу сылдьан наара ороннордоох, көмүлүөк оһохтоох балаҕаҥҥа хоно сыппыттар. Биирдэ дьоно утуйан, муннулара тыаһаан эрдэҕинэ, Машаны утары турар оһох кэнниттэн куп-кугас баттахтаах сыгынньах кыысчаан тахсан кэлбит уонна остуолу, ороннору тула сүүрэкэлээбит. Маша улаханнык соһуйбут, бастаан утаа дьиктиргээбиттии көрө сытан баран, куттанан суорҕанын анныгар киирбит. Бу сытан илиитин суорҕантан быктаран кыысчаан диэки ууммутугар анарааҥҥыта «тугу эрэ биэрдэ» диэбиттии икки илиитин тоһуйбутунан киниэхэ сүүрэн кэлбит. Маша онтон олус куттанан суорҕанын ыбылы бүрүммүт уонна халлаан сырдыар, дьон уһуктан туруор диэри уу чаккырас буола буһа-буһа суорҕан анныгар сыппыт. Сарсыарда дьонугар тугу көрбүтүн кэпсээбит да, ким да итэҕэйбэтэх. Бу быһылаан кэнниттэн Маша ол өтөҕү ырааҕынан тумнар, чөчүөккэ туһунан кэпсээннэри итэҕэйэр буолбут. «Кыым» муус устар 26 күнүнээҕи «Күлүк» балаһаҕа «Чөчүөккэлиин оонньообутум» диэн кэпсээн бу түбэлтэҕэ олус маарынныыр. Арай, атына диэн, онно «чөчүөккэ улахан дьонтон сүрдээҕин куттанар» диэн суруллубут. Оттон мин сааһырбыт, аныгы үйэ биир тутаах үлэһитэ булчут Н.Ф. Бубякин чөчүөккэни кытта доҕордоспутун, кинини оҕотун курдук илиититтэн, биир остуолтан аһатан күндүлүү сылдьыбытын ахтан аһардым. Онтон сылыктаатахха, чөчүөккэ улахан да дьонтон куттаммат эбит. Уопсайынан, чөчүөккэ диэн кимий, тугуй? Тоҕо кини үгүс дьон хараҕар көстөрүй? Айылҕа бу дьиктитэ хаһан арыллыай? Ю.И. Игнатьев, Дьокуускай. Эргэ остуол Сахалар хаарты курдук куһаҕан дьайга былыр-былыргыттан убаммыт дьоммут. Сэбиэскэй былаас үгэннээн да турдаҕына, 80-с сыллар саҥаларыгар, дөрүн-дөрүн төрөөбүт бөһүөлэкпин дьэллик хаартыһыттар кэлэн таарыйан ааһаллара. «Буугунай Тууһа уонна Хаартыһыт Сахаар диэн улуу хаартыһыттар кэлбиттэр. Дипломат муҥунан кумааҕы харчылаахтар. Бу нэдиэлэни быһа олохтоох оонньооччулары кытта хаартылыыллар үһү” диэн курдук сурахтар субу-субу бөһүөлэги тилийэ сүүрээччилэр. Миигин кытта бииргэ үөрэнэр Толлой Туола төрөппүттэрэ хаартыһыттарга «торуойдаан” аска-үөлгэ тииһинэллэр эбит этэ, кэлин өйдөөтөхпүнэ. Ол эбэтэр, хаартыһыттар оонньуулларыгар дьиэлэрин-уоттарын туран биэрэн, аһатан-сиэтэн, утутан сүүйүүттэн бырыһыан ылаллар. Ахсыс кылааска
үөрэнэ сылдьан күһүн фаралыы бараары Толлойдуун тугу эрэ тэриммитэ буоллубут. Фараны төбөҕө иилинэ сылдьар гына оҥостоору эргэ боробулуоха, боруобат бөҕөтүн саамылаатыбыт, дьиэ иһинэн-таһынан сылдьан уһанан үлэ-хамнас бөҕө буоллубут. Ити кэмҥэ дьиэ саалатыгар, табах буруотун быыһыгар кыра таһымнаах олохтоох хаартыһыттар оонньоон ньамалаһаллар. Ким эрэ сүүйэн, ким эрэ сүүйтэрэн хаһыы-ыһыы, үөхсүү-өрөгөй улаатан эрдэҕинэ, тулуйбакка, киирэн көрдүм. Баһааннаах Баһылай диэн киһи сүүйтэрэн кыһыы-аба бөҕө буолан оргуйа олорор эбит. Субу-субу остуолу сутурҕалыыр. Маҕыйа түһэ-түһэ, остуолга турар куруускалар өрүтэ ыстаҥалыахтарыгар диэри биэртэлиир. Истэ сатаан баран дьиэлээх хаһаайын, Толлой аҕата, Баһааннааҕы буойуста. «Кыра аайы наһаалыыгын, оҕо-дьахтар оонньуур бытархай харчытын сүүйтэрэ-сүүйтэрэ остуолу охсуолуугун. Түксүлээ. Бу былыргы эһэм-эбэм саҕаттан кэлбит былыргы остуол сирэйин үлтү сынньыма, быртахтаама. Сэттээх-сэлээннээх буолуо...” эҥин диэмэхтээтэ да, Баһааннаах истибэтэ. «Бары барыта! Сэттээх-сэлээннээх буола-буола! Кыһытар буоллаххытына...” диэн баран хаатыҥкатын оһуттан быһаҕы хостоон таһааран остуол сирэйин батарыта саайталаан барда. Дьиэлээх хаһаайын маатыралаабытынан туран эрэрэ... Салгыы тугу быһаарсыбыттарын билбэппин, тахсан баран хаалбытым. Биир-икки ый буолан баран, ыаллыы бөһүөлэктэри кытта холбуу «доҕордоһуу муҥхата” диэн тэриллибитэ. Онно тиийэ сылдьан Баһааннаах Баһылай арыгылаан баран содуомнаабыт, ону олохтоох уолаттар сирэйин-хараҕын киһи көрбөт гына үлтү сынньыбыттар, охторо сытан тэбиэлээбиттэр, ол быыһыгар, быһаҕы былдьаһыы кэмигэр аҥаар хараҕын тэспиттэр этэ. Ол кэнниттэн элбэх сыл ааста. Ол эрээри мин ону мэлдьи саныыбын уонна «остуол сирэйин хаһан да күүскэ таарыйбатаҕым, охсубатаҕым, быһаҕынан да бааһырдыбатаҕым” диэн андаҕайыам да этэ. Илиим барбат. Куттанабын. Остуоллаах Охонооһой. Киһи саҥата Биһиги хас да сыллааҕыта табаарыспын Туоланы кытта иккиэ буолан Бүлүү трагар даача туппуппут. Сарсыарда оптуобуһунан барабыт, киэһэ эмиэ соннук төннөн кэлэбит. Күһүн наар ардыыр, онон үлэлиирбитигэр эрэй-муҥ бөҕөнү көрөбүт. Дьиҥинэн, дуогабарбыт быһыытынан эрдэ туттарыахтаах этибит эрээри, үлэбитин-хамнаспытын барытын ардах атахтыыр. Инньэ гынан, киэһэ адьас хойукка диэри үлэлиибит. Биирдэ, куолубутунан, лаппа хойут, бүтэһик оптуобуһунан эмиэ төннөн истибит. Ардах тохтообокко түһэр. Хабыс-хараҥа. Куорат кытыытыгар тохтобулга иккиэн түһэн баран ууну-хаары, бадарааны бэллэйдээн киһим дьиэтин диэки хааман истибит. Кус оһоҕоһун курдук синньигэс, олбуордар быыстарынан барар токур-бокур уулуссанан ыкка ытыттара сыһа-сыһа хааман аара суолга баар иччитэх дьиэлэргэ кэллибит. Табаарыһым дьиэтэ мантан икки сүүсчэкэ эрэ хаамыы. Чугаһаатыбыт. Иҥнэри түһэн хаалбыт, ууга турар биир улахан мас дьиэ таһынан ааһан иһэн табаарыһым ходьох гынан баран эмискэ тохтуу түстэ. «Миигин ыҥыраллар дии, хайдах-хайдаҕый, «Толик, кэл манна” дииллэр” дии-дии аһаҕас түннүктэрэ аҥаһан турар иччитэх эргэ дьиэ диэки көрүтэлиир. Мин тугу да истибэппин. Киһим «ким эрэ ыҥырар” дии-дии саба барыйан турар дьиэ диэки барыах курдук дьүһүлэннэ. Эппитим курдук, мин тугу да истибэтим эрээри, тоҕо эрэ ис испиттэн ыгылыйан, куттанан кэллим, куйахам үмүрүтэ тыытта. «Ким да суох, мааҕын испит пиибэҥ ааһа илик быһыылаах”
диэн баран соһон кэриэтэ салгыы бара турдубут. Киһибэр тиийэн баран, били «стреһи уста” диэбиккэ дылы, кыратык арыгы истибит. Ол былаһын тухары киһим «сымыйанан истибэтэҕим, олус улаханнык, чуолкайдык, ааппын ааттаан ыҥырбыттара” диэн мөккүһэр. Ол кыһыныгар, бастакы дьыбардар түһүүлэрин саҕана, табаарыспын Туоланы олорор дьиэтин таһыгар (били иччитэх дьиэ чугаһыгар) охсуһуу кэмигэр ханнык эрэ күлүгээннэр быһаҕынан анньан өлөрбүттэр этэ. Быһата, иччитэх дьиэ ону түүйбүт эбит. Николай Семенов, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан