Кэпсээ
Войти Регистрация

“Сирдьит”

Главная / Кэпсээн арааһа / “Сирдьит”

K
26.12.2019 16:16
Бөрө Бүөтүр диэн сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт, хаста да хаайыыламмыт, үс-түөрт сылы быһа тыынын күрэтэн дьэллигирбит, үтүөнү-мөкүнү барытын көрбүт кырдьаҕас оҕонньор эдэр сылдьан көрбүт-билбит быһылааннарын элбэҕи кэпсиирэ. Бүөтүр уонча саастааҕар муна сылдьыбытын туһунан бу курдук диэн кэпсээбиттээх: — Сэрии сылларыгар биһиги түөрт-биэс ыал буолан Холоруктаах алааһыгар сайылаан олорорбут. Күнү быһа холкуос түгэҕэ көстүбэт үлэтэ, оттон киэһэ өттүгэр быыс булан, оччотооҕу дьахталлар эрэйдээхтэр отонноон сордоноллоро. Ол отоннорун хайыыллара буолла, бука, холкуоска туттараллара эбитэ буолуо. Кыһын бэлэм хомуллубут отону сиирбин тоҕо эрэ өйдөөбөппүн. Биирдэ киэһэ, оччотооҕу тыйыс биригэдьиирдэр хонтуруолларынан бурдуктаах бааһынаҕа үлэлээн кэлэн баран, ийэм аах тыаҕа отоннуу таҕыстылар. Биэс-алта эмээхсин, дьахтар уонна аҕыйах оҕо баарбыт. Уолаттар үһүөбүт. Биһиги, оҕолор, Мээччэ диэн 12-13 саастаах уол салайааччылаахпыт. Мээччэ төһө да сытыытын-чобуотун иһин, отонньут быһыытынан быстар мөлтөҕө. Уһун күнү быһа хара тыаны кэтэ сылдьан моҕотойдуур, кутуйахтыыр, ол суох буоллаҕына отон угар умса түһэ сытан туос тордуйатыгар хомуйан дуомнаабыт аҕыйах устуука отонун сиир. Ол курдук, туох да иччитэ суоҕунан көрө-көрө чааһы-чааһынан сытан тахсар. Ийэлээх эбэтэ мөҕөн, хаһыытаан, таһыйаары да сырсан туһамматтар этэ. Дьэ, ол сылдьан, арай, тииҥи сырыстыбыт. Кып-кыһыл тииҥ мастан маска ыстанан кыыралдьытар, биһиги үс уол маһынан тамныы-тамныы сырсабыт. Мээччэбит, биллэн турар, салайааччы. Кини «күөйүҥ», «тоһуйуҥ» диэн хаһыыта-хамаандата куула тыата куугунуор диэри доргуйан олорор. Барахсан, дьэргэлдьийэн сытыы уол этэ. Эмээхситтэр, ийэлэрбит ыраах хаһыытаһа хааллылар. Биһиги тыа үөһүн диэки түһэн бара турдубут. Билигин санаатахха, чаас аҥаара холобурдаах тохтоон көрбөккө барбыт буолуохтаахпыт. Ол истэхпитинэ, хоп-хойуу иһирик иһигэр киирэн тииҥмит сүтэн хаалла. Тэпсэҥнээн, үөхсэн баран төннөргө быһаарынныбыт. Мээччэ бастаата. Мин көрдөхпүнэ, тибис-тиэрэ туһаайыыны тутан түһэ турда. «Сыыһа баран иһэбит» диэн саҥаран көрбүппүн, ким да болҕойбото. «Эн баҕас, тугу билэҥҥин, саҥата суох ис» дэстилэр. Кырдьык, сааспынан мин барыларыттан балыспын. Сирэр-талар кыах суох, кэннилэриттэн бэдьэйэн истим. Дьоммутугар кэлиэхчэ кэлбэтибит. Уолаттар сыыйа ыксаан сүүрэн бардылар. Оччотооҕу оҕо эрэйдээххэ туох атах таҥаһа кэлиэй, атах сыгынньахпыт. Дьоммуттан хааллар хаалан бардым. Ол иһэн өйдөөн көрбүтүм, иннибитигэр биир атын киһи баар буолан хаалбыт эбит. Мин көрдөхпүнэ, эргэ тирии сонноох, уһун, көтөх киһи уолаттары угуйан илиитэ биир кэм өрө даллаҥнаан-күөрэҥнээн олорор, ол гына-гына инники түһэн сүүрэн адаҥхастанар. Омунугар, тоҕоноҕо өрө күөрэҥнээн, атах сыгынньах тилэҕэ хараарыҥнаан олорор. Уолаттар ол киһини көрөллөрүн-көрбөттөрүн билбэтим эрээри, өс киирбэх кини ыҥырар туһаайыытынан барсан иһэллэр. Өр да өр сүүрэн баран уолаттар тохтоон олоро түстүлэр, сүбэлэстибит. Мин дэлби сылайан, аччыктаан ытыы-ытыы атын сир диэки баран иһэрбитин этэбин, «бу киһи эһигини соруйан муннара сатыыр» дии-диибин ол киһини ыйабын, мутугунан тамныыбын. Олоро түһэр кэммитигэр «сирдьиппит» ыҥыран сабдыҥныы-сабдыҥныы тула көтө сылдьар, миигин олус өһүөннээхтик батарыта көрүтэлиир,
саанан тарбаҕын чочоҥнотор, сутуругун күөрэҥнэтэр. Тыла суоҕа эбитэ дуу, хайдаҕа дуу, саҥарбат этэ. Оччотооҕуга кырам бэрт буолан билигин чуолкайын өйдөөбөппүн эрээри, тоҕо эрэ, ол киһини бары көрөбүт дии саныыбын. Дьиҥинэн, кэлин сэрэйдэххэ, уолаттар кинини көрбөт буолуохтарын сөп эбит. Аһаҕас эттээх буолан мин эрэ сордонноҕум. Ити курдук, түптэ-түрүлүөн быыһыгар, иннибитигэр-кэннибитигэр «киһи» сарбаҥнаан ыҥыра турдаҕына бэрт кыратык олоро түһээт, уолаттар ол киһи угуйуутун хоту түһэ турдулар. Түүн дуу, күнүс дуу, төһө өр барбыппытын өйдөөбөппүн, мин дьоммуттан быстан хаалан хаалбытым. Үс хонон баран, сайылыкпытыттан 3 көстөөх сиртэн, киэҥ алыыга тумуһахтыы үтэн киирбит тииттэртэн саамай улаханнарын үрдүгэр ыттан ытыы олорорбун булан ылбыттар этэ. Бука, туохтан эрэ күрэнэн тахсыбыт буолуохпун сөп эбит. Эппитим курдук, уолаттар эрэйдээхтэри били күтүр илэ батыһыннаран илдьэ бара турбута. Ол күһүнү быһа нэһилиэк дьоно бука бары эҥин араастаан көрдүү, тыаны «тараахтыы» сатаан баран тохтообуттара. Оччотооҕу холкуостар салалталара сидьиҥ сигилилэриттэн киһи кэлэйэр, сүппүт уолаттар төрөппүттэрэ эрэйдээхтэри «эһиги кыайан ииппэккэ оҕолоргутун собус-соруйан кыыл ыыппыккытын көрдүүргэ үс холкуос үлэтэ тоҕунна, ол ороскуотун барытын олоччу төлүөххүт» диэн дьаҕырыйаллар, кирдиэлэтэллэр этэ. Оттон уолаттар уҥуохтарын эһиилигэр биирдэ булбуттара. Ким да, туох да булбатын-сиппэтин курдук, ыппыт охтуу көнөтүк баран олус ырааппыттар этэ. Арба, куһаҕантан киһи да күлэр диэбиккэ дылы, булуллан баран «киһи батыһыннаран илпитэ» диэн кэпсээбиппэр, оройуон кииниттэн баргыйан саҥарар, чиккэҥэлэспит милииссийэлэр кэлэн доппуруостаан турардаахтар. Ол «киһи» туох таҥастааҕын-саптааҕын, дьүһүнүн, «ураты бэлиэлэрин» ыйыталаһа сатыыллара. Төһө да кинилэр бэртэрин иһин, баччааҥҥа диэри абааһыны тутан хаайбыт милииссийэни киһи истибэт. Таарыйа санаттахпына, кырдьаҕас оҕонньоттор киһи сирдээн барбытын этээппин кытта, «абааһы батыһыннарбыт, ол аата бүттэхтэрэ» диэн тута түмүк оҥорбуттара. Иччилээх күөлгэ Өбүгэлэрбит итэҕэллэрин быһыытынан, хас биирдии от-мас, сир-дойду, үрэх-күөл барыта иччилээх диэн аатырар. Бука, билэн этэр буолуохтаахтар, ону мөккүһүллүбэт. Мөккүһэн да диэн, ол биһиги мөккүспүппүтүттэн баар иччи суох буолан кэлиэ биллибэт. Хаһан эрэ, өрдөөҕүтэ, ыаллаһа сытар улуус биир түгэх нэһилиэгэр олохтоох уолаттары кытта кустаһа сылдьыбыттааҕым. Кустуур сирбит чугаһыгар Хараҥаччылаах диэн күөл баара. Сытар сирэ түҥкэтэҕинэн, уута тымныытынан уонна хараҥатынан, үрдүгэр күнү-ыйы күлүктээн лүҥкүрэн турар мастара баараҕайдарынан киһи кутун-сүрүн баттыыр ураты күөл этэ. Маныаха эбии, олус дириҥ үһү. Былыр уон биэс миэтэрэлээх быаны түһэрэн көрөн баран, түгэҕин булбатахтар. Кырдьык, Хараҥаччылаах күөлэ атын саха алаастарыгар-сыһыыларыгар баар күн уота үҥкүүлүүр күлүмүрдүүр уулаах көлүкэчээн күөллэригэр майгыннаабат этэ. Арааһа, сир сиигэ хайдыбытыгар дуу, сиҥнибитигэр дуу үөскээбит буолуон сөп курдуга. Күөл үрдүнэн ааһан иһэн (суолбут онон ааһар), хап-хара уу түгэҕиттэн уһун уу отторо куоҕаҥнаһан-долгуҥнаһан көстөллөрүн көрө-көрө киһи иэнэ кэдэҥниирэ, мэйиитэ эргийэрэ. Бииргэ кустуур эдэр уолаттарым хабарҕаларын да муҥунан айдаара, кэпсэтэ иһэн, ол күөл таһыгар кэллилэр да сибигинэһэр аакка
баралларын, дьаарханалларын, дьалты тутта сатыылларын бэлиэтии көрбүтүм. «Илимнээн көрбүт киһи» диэбиппин саҥардыбатахтара. Туохтан куттаналларын ыйыталаспыппар, манныгы кэпсээбиттэрэ... 60-с сыллар ортолоругар нэһилиэктэригэр биир эдэр киһи аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, «биһиги, мотуруостар...», «Биһиэхэ, Тиихэй акыйааҥҥа...» диэн улаханнык «өҥнөнө», кэрэхсэнэ сылдьыбыт. Нэһилиэгин күөллэрин-үрэхтэрин барытын, «бу диэхтээн уу аатырыа дуо, оннооҕор буолуох акыйааннары-муоралары көрүллүбүтэ» дии-дии, саамай кэҥиир сирдэринэн харбаан туораталаабыт. Ууһутунан дьон бөҕөнү сөхтөрбүт. Биирдэ, ууһут уоллаах (аатын ким эрэ диэбиттэрэ да, умнубуппун) ханна эрэ ыраах баһаар турбутун умуруора баран иһэн Хараҥаччылаах күөлүн таба хаампыттар. Мотуруостара, куолутунан, «бу күөлү хайдах баччааҥҥа диэри билбэтэхпиний, дьэ, хайаан да харбаан туораатахпына сатанар, нэһилиэгим күөллэриттэн бу эрэ хаалла» диэн тиэриллэҥнээбит. Буойан туһа суоҕун билэр буолан, ким да тохтото барбатах. Арай, уута олус тымныытын сэрэппиттэр. Күөл, дьиҥинэн, олус улахана суох этэ. Мотуруос, үөрүйэх киһи сиэринэн, биир кытылтан туох да тыаһа-ууһа суох чомполоон көрүөх бэтэрээ өттүгэр күөл ортотугар тиийэ охсубут. Ол иһэн, эмискэ, тимирэ-тимирэ күөрэйтэлээбит. Ойоҕоһуттан көрдөхтөрүнэ, уолларын ким эрэ аллараттан тута сылдьан уу анныгар тардан киллэрэ-киллэрэ таһаарарын, оонньуурун курдук үһү. Биир сиргэ хаста да эргийбэхтээбит, уу анныгар киирэн өр баҕайы буола-буола төлө көтөн тахсыталаабыт. Ол сылдьан: «Быыһааҥ, абырааҥ, атахпыттан үс тарбахтаах илии тута сылдьар!» — диэн хаһыытыыра үһү. Кытылга хаалбыт уолаттар куттанан, дьөрү, хамсаан да көрбөтөхтөр. Кинини быыһаабыта буолан илэ-бодо абааһыга киирэн былдьатар баҕалаах киһи көстүбэтэх. Сотору уоллара сүтэн хаалбыт. Сарсыныгар, уолу хостообуттар. Онно «бэрбээкэйигэр киһи илиитинэн туппутун курдук көҕөрбүт суол баарын булбуттар» диэн сүрдээх-кэптээх сурахтар тарҕаммыттар. Ону көрөн турбут суох, бука, кэпсээн дэгэтэ, үлүннэрии буолуо. Кэлин Хараҥаччылаах эбэ иччитэ хара ыт буолан ааһан иһэр дьоҥҥо көстүбүтүн, тыаллаах-ардахтаах күн тахсан бөрөлүү улуйарын, ылааҥы күн аҥыр буолан мөҥүрүүрүн, тыы саҕа уһуннаах өлүү бил балыга буолан уу ньууругар дагдайан өрөҕөтө туртайан күҥҥэ сыламныырын, кимнээх эрэ ыттарын сарылаппытынан тутан сиэбитин эҥин туһунан бииртэн биир ынырык кэпсээннэр баар буолбуттар. Кэлин сылдьыбыт суох, ол эрээри Хараҥаччылаах күөлэ билигин да иэнэ тымныытык килэйэн, тугу барытын таһы-быһа мэлдьэһэн, туох да аньыыта-харата суох курдук лүҥкүрэн-ыаһыран сытара буолуо дии саныыбын.
kyym.ru сайтан