Кэпсээ
Войти
Регистрация
Айан суола
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Айан суола
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.03.2021 14:54
Олох тупсар Омук «тойота-прадо» массыыната хатыҥ чараҥ, бэс чагда быыстарынан биир кэм күөгэҥнээн олорор. Суол диэн ааттаах: биир үксүн ыппыт охтуу сыыйыллар. Манна киһи сөҕөрө диэн суох: олох-дьаһах тубустар тупсан истэҕэ эбээт! Ол эрээри ити олус дарбатан этилиннэ быһыылаах. Истэр былаһын тухары «эстии-быстыы саҕаланна, тойоттор эрэ күннүүр-күөнэхтиир кэмнэрэ үүннэ» диэн суҥхарыы баар. Итинник, сүнньүнэн, үлэ-хамнас суох сиригэр – тыаҕа – этээччилэр. Ол гынан баран маннык үчүгэй суолу судаарыстыба, чахчы, кыахтаах буолан оҥордоҕо дии. Урут, сайдыылаах сэссийэлиисим саҕана, алмаастаах Мииринэй бүтүн аан дойдуга сураҕырар да кэмигэр, бу суол быстар мөлтөх туруктааҕа. Дьэ, онно этэ дии бөһүөлэк киин уулуссатынан таһаҕас тиэйэр араас мааркалаах массыыналар субуһаллара. Ити үлүгэрдээх сырыы баарын үрдүнэн (Саха сиригэр оччолорго алмааһы, көмүһү, омуннаан эттэххэ, күрдьэҕинэн баһан ылар эрдэххэ) суолу оҥорботторуон?! Ол алта уонус сылларга таайа, оскуола суоппара Ньукулай, дьыл имийиитэ биирдэ эмэ улахан наадаҕа үс-түөрт суукканан айаннаан Дьокуускайы булбутун туһунан тэлэгирээмэ ыыттаҕына, «тиийбитэ тугун түргэнэй, дьэ, сырыылаах уола хаан эбит!» диэн кырдьаҕас өттө сөҕөртөн ордубат буолара. Ол саҕанааҕы пиэрмэ үлэһиттэрин уопсай дьиэлэриттэн ырааппатах, хобдох таҥастаах-саптаах Мииккэ уолчаан, сааһыран баран дьоппуон омук мааны массыынатынан тааҕы-таах күөгэлдьитэ сыыйылыннарыам диэн, түһээн да баттаппат этэ. Хантан? Оттон билигин кинини биир дойдулаахтара ол сэтэриир тойотторун кэккэтигэр холбообуттара быданнаабыта буолуо, ким билиэй. Ол дьон хараҕар Миитэрэй Микиитис Доргууйап Дьокуускайга ат сүүрдэр улахан дьиэлээх, үс оҕотун эмиэ биир оннук олохтообут, быһата, сытыйа байбыт олигарх курдук көстөрө чахчы. Дьиҥэр, ити чааһыгар баҕас кини суобаһа ыраас — итини барытын эт мэйиитинэн үлэлээн, сыратын-сылбатын бараан ситистэҕэ. Өссө эбэн эттэххэ, баайы-дуолу эккирэтиини Миитэрэй хаһан да сыал-сорук оҥостубатаҕа. Били, хаһан эрэ Күннүк Уурастыырап «үтүө киһи арыгыны сырсыбат, хата, арыгы бэйэтэ кинини батыһар» диэбитигэр дылы, дьиэтэ-уота, массыыната тойо утум-ситим бэйэлэринэн кэлбиттэрэ. Төһөтүн да иһин, син биллэр-көстөр учуонай буоллаҕа дии. Бөһүөлэгин ытык кырдьаҕастара, үөлээннээхтэрэ итини баҕас бэркэ билэллэр. Дьэ, бу үөрэммит оскуолатын үбүлүөйүгэр ыҥырбыттарыгар үөрэ-көтө айаннаан истэҕэ. Суох, «үөрэ-көтө» диир арыый сатамньыта суох, хата, «долгуйа» диэтэххэ, ордук барсар быһыылаах... Сайылык оҕото Ынах маҥырыыра, оҕус айаатыыра, түптэ торҕо буруота унаарыйара – барыта Миитэрэй Микиитис өйүгэр хаһан да умнуллубат гына иҥмит. Үчүгэй да этэ эбээт, туох да күн кыһалҕата суох сайылыкка тэлэмээттэнэр, үрүмэччини сырсар, моҕотойдуу сүүрэкэлиир! Күрэй учаастага бэйэтэ да наһаа кэрэ айылҕалааҕа: лиҥкинэс тииттэрэ хас үйэ турбуттара буолуой, үрдүк харыйалара хойуу лабааларынан саптынан төһөлөөх киһини иһийэн кэтээбиттэрин ким билиэ баарай?! Анаабыт курдук алаадьы төгүрүк күөллэригэр сайылык эмдэй-сэмдэй оҕолоро кыыстыын-уоллуун кус сыгынньах сөтүөлээн чалбааттаналлара. Биирдэ эмэ ааһан иһэр эмээхсин-оҕонньор ону сэмэлээн көбдьүөрдэхтэринэ, сорохторо ууга умсан чолум гыналлара, сорохторо – арыый улахан өттүлэрэ – таҥастарын дуомун
туппутунан, талах быыһыгар түһэллэрэ. Киһини өйдүүр буолуохтарыттан бииргэ үөскээбит алын кылаас оҕолоро бэйэ-бэйэлэриттэн кыбыстар эҥин диэни билбэт этилэр. Арай биирдэ оройуон кииниттэн Мииккэлээх саастыылара (кэлин билбитэ киниттэн икки сыл аҕа эбит) кыыс Күрэйгэ олорор аймахтарыгар сайылыы кэлбитэ. Маҥнай утаа дьиэс-куос туттан, туспа сылдьымахтаан баран, оҕолору кытта холбоспута. Буспут моонньоҕон курдук хара харахтааҕа, лэппээһиннээх баттахтааҕа уонна оҕо барыта ымсыыра көрөр кыһыл сандаалыйалааҕа. Дуунньа бодоруһан барытыгар тэҥҥэ сылдьыһара эрээри, саҥа табаарыстара, сөтүөлээри таҥастарын ньылбы тутуннахтарына, кыбыстыбыт курдук киэр хайыһара уонна талах быыһыгар киирэн балачча өр буолан баран, бэйэтигэр сөрү-сөп күөх туруусуктаах, түөһүн хаххалыыр куйах курдук таҥастаах тахсан тэйиччи сөтүөлүүрэ. Өрүс үрдүгэр үөскээбит буолан, харбыыра да ааттаах этэ. Бу кыыс кэлиэҕиттэн оҕолор сыһыаннара уларыйбыта: кыргыттар ийэлэригэр этэн Дуунньа таҥаһыгар маарынныыры тиктэрэн сөтүөлүүр буолбуттара. Мииккэ, хаһан да туруусук диэни кэппэтэх уол, ийэтэ соло-билэ буолан тигиэр диэри искиэрэтин кэппитинэн ууга киирэр идэлэммитэ уонна онто хаһан куурарын кэтэһэн ибис-инчэҕэй сылдьара. Дуунньа элбэҕи аахпытын уонна оройуон киинигэр көрбүт киинэлэрин саас-сааһынан кэпсээтэҕинэ, бары иһийэн олорон истэллэрэ. Биирдэ үгэстэринэн бурдук бааһынатын эргийэ моҕотойдуу бардылар. Сайыҥҥы коньукуул кэмигэр бурдугу, хортуоппуйу хоро сиир бирэдьиидэтэллэри: моҕотойу, күтэри – суох оҥоруохтааххыт диэн учууталлара сорудахтаабыттара. Онуоха Мииккэ 20 моҕотойу, 5 күтэри, өссө 5 киилэ уулаах отону туттарар эбээһинэстээҕэ. Күрүө сиэрдийэтин устун моҕотой кутуругун субуруҥнатан сүүрэр, ардыгар чыбыгыраабытынан, маска ыттан сылыбырайар. Дьэ, оччоҕо оҕолор күннүүллэр: сорох уол маһынан тамныыр, биир-икки оҕо ураҕас тутан охсордуу тоһуйар, оттон кыыс өттө тамныыр мас хомуйан аҕалар. Төрдүс моҕотойдорун сырса сылдьан эмискэ Дуунньа часкыйбытынан сууллан түстэ: силистэн иҥнэн охтубут уонна хаппыт мутукка тобугун үрдүнэн улаханнык дьуккуруппут. Кыыс бааһын хам туттан олорон ытаабытыгар оҕолор барыах-кэлиэх сирдэрин булбатылар, сорохторо кытта ытаста. Хантан истибитэ буолла, биир кыыстара «уол оҕо иигэ маннык бааһы түргэнник оһорор үһү» диэн өй укта. Онуоха Мииккэ ыстаанын сулбу баттаан, тобуктаан туран Дуунньа бааһыгар тыккыратта; ким эрэ бохсурҕан от улахан сэбирдэҕин хам тутта. Кыыс ытыыра тохтообута, бары да эмтээбит-томтообут курдук туттан сэргэхсийбиттэрэ. Интэринээт иитиллээччитэ Мииккэ, Күрэй начаалынай оскуолатыгар ньолобуой кылааска иккис сылын хаалбытын аахсыбатахха, түөрт көстөөх Түгүнүүр интэринээт-оскуолатыгар балачча ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Араас куруһуокка дьарыктанан бэртээхэй үҥкүүһүт, мандолинаһыт, балалаайкаһыт, маны таһынан үһүс эрэсэрээттээх саахыматчыт буолбута. Хаһан да кыыһырбытын биллэрбэт, кими да кытта иирсибэт, мэлдьи мичээрдии сылдьар дьүһүннээх уолу «Мичээр Мииккэ» диэн «сүрэхтээбиттэрэ». Ийэтэ Суоппуйа, үйэтин тухары пиэрмэ ыанньыксыта дьахтар, «оҕом 9-с кылааска төрөөбүт дойдутуттан балтараа эрэ көстөөх Үс Күөл орто оскуолатыгар үөрэҕин салҕаатын» диэн, Мииккэ интэринээт-оскуоланы бүтэрбитин кэннэ онно олохтообута. Аҥаардас дьахтар соҕотох оҕотун сонно интэринээккэ ылбыттара. Уол баччааҥҥа диэри аҕата ким буоларын билбэт. Кыра сылдьан биирдэ эмэ тэһэ астаран ыйыттаҕына,
ийэтэ кырдьык-хордьук «аҕаҥ сэриигэ өлбүтэ» диэн сөп гынара. Дьон хам-түм аҕата кимин сурастахтарына, туох да толкуйа суох эмиэ ийэтин курдук хоруйдуура. Арай улаатан баран мунаахсыйар буолбута: кини, сэрии быдан кэнниттэн төрөөбүт уол, аҕата хайдах эрдэ сэриигэ өлөн хаалбыт баҕайытай диэн. Ол эрээри оскуолаҕа Мииккэ ити хоруйун ким да иҥэн-тоҥон түөргэлэһэ барбат этэ. Үс Күөл орто оскуолатыгар билэр оҕото диэн биир да суоҕа. Арай онус кылааска хап-хара харахтаах, курбуу курдук таһаалаах сытыы кыыһы хайдах эрэ уруургуу көрбүтэ. Кыыс эмиэ бэйэтин курдук интэринээккэ олороро, ол аата маннааҕы, олохтоох буолбатах эбит диэн быһаарбыта. Үрдүкү кылааска үөрэнэр буолан эбитэ дуу, чахчы кырасыабайын билинэр буолан эбитэ дуу – Мииккэ курдук атын сиртэн кэлбит уолаттары адьас үрдүлэринэн көрөн кэбиһэрэ. Оскуолаҕа субуота аайы ньиргиэрдээх биэчэри тэрийэллэрэ. Дьэ, онно интэринээккэ эрдэттэн оҥостон, ытыар диэри киэргэнэн кэлэн, эдэр учууталлары вальска ыҥыран, көрүдүөрү биир гына эргийэн элээрдэрэ. Биирдэ Мииккэ сүр баттатан, бүтүннүү харах-кулгаах иччитэ буолан дөйүөрэн турдаҕына, кыыс эмискэччи күөрэс гынаат «ээй, Мэлдьи Мичээр, сатаан үҥкүүлүүгүн дуо?» диэн баран, арылыччы көрөн кэбиспитигэр биһиги киһибит хап-сабар кыыһы аҥаар илиитинэн – синньигэс биилиттэн, уҥатынан сып-сылаас ытыһын бобо тутаат, эргичийэн барбыта. Дьикти баҕайы, интэринээт-оскуолаҕа «Мичээр Мииккэ» бэйэтэ, ол хос аата манна арыый уларыйан «Мэлдьи Мичээр» буолбут. Долгуйан, маннык кэрэ кыыһы, өссө үрдүкү кылаас баар-суох кырасаабыссатын кытта дуоһуйа үҥкүүлээн, Мииккэ мичээрэ, кырдьык, хаһан да уостуо суох курдуга... Чүмэчи сырдыгар Кыһаллыгас Мииккэни араас үлэҕэ кытыннарбытынан барбыттара: эркин хаһыатыгар эрэдээктэр, кыраайы үөрэтэр куруһуокка кэрэспэдьиэн этэ. Кырдьаҕас учуутал Баһылай Кынаачайабыс ыйыытынан-кэрдиитинэн сэриигэ сылдьыбыт дьонтон ахтыы хомуйан хас эмэ биэрэстэлээх сиргэ сатыы тиийтэлиирэ. Үлэтэ мунньуллан-мунньуллан, сүүнэ халыҥ паапка буолбута. Хомсомуол оройуоннааҕы кэмпириэнсийэтигэр «Үс Күөл бастакы хомсомуоллара» диэн тиэмэҕэ дакылаат оҥорбутун Дьокуускайтан кэлэ сылдьар обкомол сэкирэтээрэ бэркэ хайҕаабыта, Мииккэни болокунуотугар суруммута. Үөрэҕин кэнниттэн ити курдук дьарыктанан, субуота буолла да астына үҥкүүлээн, Мииккэ күн солото суох сылдьыбыта. Биирдэ субуотаҕа өрүс уҥуор баар ыраах учаастакка үгэһинэн ахтыы хомуйа таҕыста. Манна ньиэмэс сэриитигэр Албан Аат, Аҕа Дойду сэриитэ уордьаннарынан наҕараадаламмыт Лэгиэн диэн уруккута старшина сыбаанньалаах сааһырбыт киһи баар үһү. Үрдүк сарайдаах дьиэҕэ киирбитэ, арай, били, көрүдүөрү биир гына тэлэкэчийэ үҥкүүлүүр кыыһа Дуся кинигэ ааҕа олорор эбит! Мииккэ маҥнай утаа симитиннэ эрээри, улахан дьону кэпсэтиннэрэн ахтыы суруйар идэлэммитэ таайан түргэнник өрүһүннэ. Таайа Лэгиэн үүтээнигэр хоно-өрүү барбыт, оттон Дуся үөрэҕиттэн эрдэ көҥүллэтэн кэлэн дьиэни-уоту өрө тардар, ас астыыр соруктаах эбит. Кыыс Мииккэҕэ таайын сэрии саҕанааҕы хаартыскаларын, саҥаһа бокуонньукка суруйбут суруктарын көрдөртөөбүтэ. Уол ону сыыс түһэрбэккэ тэтэрээтигэр сурунан испитэ. Чүмэчи имик-самык сырдыгар олорон сүөгэй үрүҥнээх чэй иһэ-иһэ өр кэпсэппиттэрэ. Били, хонон баран дорооболоспут диэбиккэ дылы,
уонча сыллааҕыта моҕотойдуу сылдьан тобугун дьукку түспүт Дуунньата бу кырасыабай Дуся буолан соһутта. Ол кэмнээҕини санаан иккиэн да долгуйдулар уонна ол иэйиигэ ылларан бииргэ сыппыттарын өйдөөбөккө да хааллылар. Оройуон киинигэр олорбут сытыы киһи уонна икки сыл аҕа буолан, Дуся «былааһы ылбыта», оттон Мииккэ сатыыра эрэ хаһан да уостубат мичээрэ этэ. Хаһан да куустуһар, уураһар, кыыһы кытта хоонньоһор диэни ончу билбэтэх уол, сүрэҕэ өрүкүйэн, уҥа-таала хам кууһа сыппыта... * * * Массыына тэтимин ыһыктыбакка биир кэм сыыйыллар. Үс Күөл бөһүөлэгэ субу кэллэ, үөрэммит оскуолата, иитиллибит интэринээтэ соһуйбут дуу, сөхпүт дуу курдук иһийэ көрүстүлэр. 45 сыл буолла эбээт бу оскуолаттан куорсун анньынан көппүтэ. Оттон, били, буспут моонньоҕон курдук харахтаах Дусята бу үбүлүөйгэ баара дуу? БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан