Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьахтар ырыата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьахтар ырыата
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
20.12.2019 16:56
Биэс уонус сыллар саҥаларын эргин эбитэ буолуо, күһүн алтынньы-сэтинньи ыйдар ыпсыыларыгар Дьааныска хайаларын нөҥүө, Абый үрэҕин үрдүгэр турар үүтээҥҥэ тохсуо буолан тииҥнии кэллибит. Туох да тас сибикини, сибиэни билбэккэ эрэ үүтээммитигэр хас да хоннубут. Ол сайын атырдьах ыйын саҥата Кейментинов Василий Иннокентьевич – Нонноо диэн хос ааттаах, кэргэнэ, оҕото суох сулумах оҕонньор бултуу сылдьан сүтэн хаалла. Ханна тиийбитин, туох буолбутун ким да билбэт. Оҕонньорбутун ким да түбэһэн көрбөтөх, суолун-ииһин да сибикилээбэтэх. Анаан-минээн көрдөөһүн да суох. Олус судургутук «оҕонньор, арааһа, ханна эрэ, туохха эрэ түбэһэн өллөҕө» диэн буолта. Устунан кини сүппүтүн туһунан сурах умнуллан барда. Буолумуна, кини туох да үгүс-элбэх уруута-аймаҕа суох, тулаайах киһи этэ. Төрүт да Киччэҥ олохтооҕо буолбатаҕа. Биһиги күнүс бултаан баран киэһэ үүтээҥҥэ мустан хонобут. Биир киэһэ булпутун таҥастаан, киэһээҥҥи аһылыкпытын аһаан утуйаары сыттахпытына, үүтээммит аана оргууй аҕай кыыкынаан аһылынна. Биир бүтүннүү хаар-кырыа буолбут киһи киирэн кэллэ. Хаарын-сиигин тэбэнэн, таҥаһын устубутугар көрбүппүт, били, быһайын сүппүт Нонноо оҕонньорбут эбит. Оҕонньору өлбүтүнэн ааҕа сылдьар уонна үүтээммит абааһылааҕын билэр буоламмыт, Нонноо киирбитин хайдах эрэ итэҕэйбэт курдук тутуннубут. Оҕонньорбут таҥаһа-саба эргэтэ, дьүһүнэ-бодото дьүдьэйбитэ сүрдээх, киһи эрэ дьик гыныах. Ким да айах атан тыл быктарбата. Быһата, оҕонньор бэйэтэ буолбакка, кини үөрэ, абааһыта киирбитин курдук тутуннубут быһыылааҕа. Үүтээн иһэ уу чуумпу буолла. Ол эрээри, оҕонньорбут бэйэтэ саҥа таһааран дорооболосто, кэпсэттэ. Ыйыталаһан билбиппит: оҕонньорбут булду эккирэтэн наһаа ыраах түһэн баран, олох чиэски сиргэ тиксэн хаалбыт. Онно биир былыргы булчут үүтээнин сэмнэҕин булан, икки кыыл табаны бултаан, онтукатын сии-сии сыта сатаан баран, тоҥон, бырда быстан, сылайан-элэйэн дьонноох сири булаары, бу Абый үрэҕин үүтээнигэр сыккырыыр тыына эрэ кэлбит. Оттон «эрдэ, хаар түһэ илигинэ, улахан тоҥоруулар иннилэринэ, кыһын кэлэрин күүппэккэ эрэ кэлиэххин, тоҕо онно сэлээннэнэн сыттыҥ» диэн ыйыппыппытыгар, «сыппычча сытан хааллым» эрэ диэн быһаарбыта. Оннук хас да хоннубут. Биһиги отгулбут бүтэн уонна Өктөөп бырааһынньыгын дьиэбитигэр ылаары, сэтинньи ый 6 күнүгэр сарсыарда эрдэттэн бөһүөлэкпитигэр Киччэҥҥэ киирээри оҥоһуннубут. Оҕонньорбут: «Мин үүтээҥҥэ хаалабын» диэн хаалла. — Үүтээҥҥэ ас элбэх. Үрдүттэн төһө кыайаргынан аһыы олор, — диэтибит уонна саа сэбэ тэрийэн хааллардыбыт. Бөһүөлэкпитигэр эрдэ тиийэн, бэрт үчүгэйдик сынньанан, суунан-тараанан, аһаан-сиэн киэһэ миитиҥҥэ, кэнсиэргэ сылдьан, үҥкүүлээн, оонньоон-көрүлээн баран, түүн 3-4 чаас саҕана тарҕастыбыт. Ол баран иһэн, Нонноо оҕонньор икки табаны сиэтэн, хонор, тохтуур ыалыгар кэлбитин көрсө түстүбүт. «Оҕонньор үүтээҥҥэ уһуурдуу оҥостон хаалбыта уонна бачча түүннэри тоҕо кэллэҕэй?» диэн муодарҕаатыбыт. Ол быыһыгар, аны үүтээни уокка былдьаттаҕа дуу диэн дьаархана санаатыбыт. Оҕонньорго тиийэн тоҕо кэлбитин туоһуластыбыт. Көрдөхпүтүнэ, оҕонньорбут сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ уларыйан, туран хаалбыт. — Оҕолоор, ол дойду сатаан хоннорбото, ыксаан, бу атахпынан куотан кэллим,
— диэтэ. Биһиги бары оҕонньору кытары дьиэҕэ кутуллан киирэн, сыгынньахтаннарар да бокуойу биэрбэккэ, туох буолбутун туоһуластыбыт. Дьиэлээхтэр туран оҕонньорго чэй кутан биэрдилэр. Оҕонньор утаппыта сүр быһыылаах, чэйин биир тылынан ыймахтаан кэбистэ уонна дьэ манныгы кэпсээтэ. Оҕонньор үүтээҥҥэ соҕотоҕун хаалан баран киэһээҥҥи аһылыгын аһаары олордоҕуна, үүтээнин ааныттан туох эрэ хара былаах курдук хамсаан кэлбит. Сааһын тухары араас үрэх бастарынан, хайа быыстарынан, өрүс-үрэх эҥээринэн элбэхтик кэрийбит, иччитэх үүтээн бөҕөҕө хоммут, күһээбит-кыстаабыт, бу үүтээҥҥэ эмиэ биһигини кытта хаста да хонсубут оҕонньор урут манныкка түбэһэн көрбөтөх эбит. Оҕонньорбут, төһөтүн да иһин, улаханнык куттамматах. Били хара былааҕа мэлийэн хаалбыт. Онон Нонноо оронун оҥостон, тимир оһоҕун эбии оттон баран, үүтээнин аанын таба быатынан баайан, маһынан олуйан баран оронугар сыппыт. Ол сыттаҕына кинини, аны, үүтээн аанын аттыгар ыйанан турар куруусканан бырахпыттар. Нонноо улаханнык куттамматах. Аны хайдах гынар эбит диэн кэтээн сыппыт. Саатын ииттэн баран түргэнник эһэ охсон ылар гына бэлэмнээн тэллэҕин анныгар укпут. Өр буолбатах, ол сыттаҕына аны үүтээнин аанын таһыттан улахан баҕайытык тардыалаабыттар. Торҕоннообут эһэ кэллэҕэ дуу диэн оҕонньор иһиллээн көрбүтэ таһырдьа онтон атын туох да тыас-уус суох үһү. Дьөрү, тыал да үрбэт эбит. Оҕонньор дьиксинэ саныы-саныы оронугар кэлэн эмиэ сыппыт. Сытарын кытта аанын өссө күүскэ тардыалаабыттар. Оҕонньор саатын хаба тардан ылыан икки ардыгар олуллубут маһы тосту тардан, быатын сутука курдук быһа түһэн, аана иэччэх өттүнэн тоҕо тардыллан нэлэс гына түспүт. Ол гынан баран аһаҕас аанынан тымныыттан атын туох да киирбэтэх. Нонноо дьэ ыксаабыт. Саатынан аан үрдүнэн уонна аан халҕанын хаста да ытыалаабыт. Төһө да «бу үүтээн хоннорбот буолла» дии санаатар, бачча тымныыга түүн оройугар ханна барыай, сырдыар диэри кэтэһиэххэ диэн үүтээнин аанын саба уурунан, оһоҕун эбии оттунан, көрдөһөн-ааттаһан уотун аһаппыт. Онтон, саатын туппутунан оронугар сөһүргэстээн сыппыт. Арай иһиттэҕинэ үүтээнин хоту муннугунан үөһэттэн дьахтар ыллыыр саҥата иһиллибит: — Аан ийэ дойдум аймаһыйар буолаайаҕын, туруу баран дойдум туоххаһыйар буолаайаҕын... Онтон атын биир да тылы сатаан истибэтэх. Нонноо дьэ улаханнык куттаммыт. Таҥаһын таҥнан, саатын туппутунан таһырдьа тахсыбыт. Доҕор гыныахха диэн үүтээн таһыгар аһыы сылдьар табалартан икки табаны туппут. Ол сылдьан санаатаҕына, ыллыыр дьахтар үүтээн иһигэр кини киирэрин күүтэн олорор курдук үһү. Нонноо атаҕа үүтээн диэки хайдах да барбат, бааллан хаалбыт курдук буолбут. Оҕонньор икки табатын сиэтэн күнүс дьон барбыт суолларынан Киччэҥ диэки бара турбут, түүн 3 чаас саҕана бөһүөлэккэ тиийбит. Оҕонньор кэпсээнин сорохпут итэҕэйдэ, сорохпут итэҕэйбэтэ быһыылаах. Ол гынан баран, киһи үксэ, ордук булка-алка, сиргэ-уокка сылдьар дьон, итэҕэйдилэр. Булчуттар хаһан да сымыйалааччылара суох. Ордук эбээн кырдьаҕастара сымыйалыыр диэни букатын билбэт дьон. Ыалдьыбыта буолуо диэҕи отой муус доруобай. Онон,
Нонноо оҕонньор туох эрэ көстүбэт күүскэ, айылҕа дьиктитигэр түбэспитэ саарбаҕа суох. Өктөөп бырааһынньыгын кэннэ ол үүтээҥҥэ табаларбытын көрө, бултуу бара сылдьыбыппыт. Кырдьык, үүтээн аана алдьаммыт, аан үрдүнэн, халҕаҥҥа саҥа ытыллыбыт доруобунньук суола көстөн турара. Биһиги онно хаһыа да буолан хоммуппут. Туох да сибикини билбэтэхпит. Нонноо оҕонньор кыра тыас-уус, күлүк хамсыырын аайы куттаныа суохтаах этэ. Туох эрэ адьас улаханы көрөн-истэн куттанан куоппут буолуохтаах. Ону, дьон, ол сиргэ хаһан эрэ булчут дуу, туох эрэ дьахтар дуу өлөн баран хараллыбакка, буорга көмүллүбэккэ кута-сүрэ көстүбэт күүс буолан сордоно-муҥнана сылдьара буолуо диэн тойоннообуттара. Ити түбэлтэ кэнниттэн Нонноо оҕонньор ол үүтээҥҥэ хонуохтааҕар, чугаһынан да ааспат буолбут этэ. Ньукулай ДЬӨГҮӨРЭП, Кэбээйи
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан