Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өрүскэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өрүскэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
29.11.2019 15:49
Оскуолаҕа бииргэ алтыспыт кыыһым кэпсээнин тиэрдиим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хаар уулунна да, куруук буоларын курдук, бохуотунан эрэ тыынан-тэһийэн олорор буоларбыт. Айылҕаҕа тахсан оонньуур, уот оттон, чэй оргутунар, миин буһарынар саҕа күндү суоҕа, «бохуоттуу барбыт киһи» диэтибит даҕаны өйбүтүгэр туох барыта тиллэн, ойууламмытынан, көөчүктэммитинэн барара. Биир үтүө күн кылааспыт кыргыттара сүбэлэһэн, Ойоос диэн сиргэ хоно-өрүү, бохуоттуу барыаҕыҥ дэстибит. Дьоммутугар эттибит. Сылдьа үөрүйэх дьон диэх курдук, миин, чэй буһарынар иһиппит-хомуоспут, аспыт-үөлбүт көстө оҕуста. Онон балааккаланан-таймаланан, ыһыктанан-өйүөлэнэн, сотору кэминэн тиийиэхтээх сирбитигэр тиийдибит. Дэриэбинэбит чугас эргинин барытын кэриэтэ «бохуоттаан» билбит, сылдьыбыт сирбит буолан, араас дьикти күүтэр диэн сэрэйбэппит даҕаны. Тохтуур сонун сирбитин булаары, тулабытын көрдүбүт. Саамай сытыыбыт биэрэккэ турар куорпуһу көрөн, «уҥуор туораабаппыт дуо?» диэн, этии киллэрэн чобуорхайда. Атыттар «тоҕо сатамматый, дабаай» дэстибит. Ити курдук, уонча кыыс тыыга киирдибит да, кытылтан уонча миэтэрэ тэйиччи баар сиргэ туораан хааллыбыт. Билигин төһө бэрт бохуот буолбутун субу диэн сатаан ойуулаабаппын. Арай, түүнэ эрэ өйбөр-санаабар хаһан да ааспаттыы олорон хаалбыт. Киэһэ арааһы кэпсэтэн, күлэн-үөрэн баран, балааккабытыгар киирэн сыттыбыт. Мин, туох да диэбит иһин, сатаан утуйбатым. Кыратык нухарыйан иһэн, туох эрэ тыаһыттан уһуктан кэллим, устунан уум букатын көттө. Таһырдьа син суһуктуйан эрэрэ. Кыра да тыас өрүс уорааныгар улаатан, кэҥээн-тэнийэн иһиллэрэ киһи этин-сааһын ортотунан киирэр. Ол сытан, арааһы толкуйдаан, киһи сатаан кэпсээбэт дьикти туругар киирэн хааллым. Аһаҕас халлаан анныгар, эбиитин ууну туоруу-туоруу, туохпут кыһалҕатыгар кэлбиппит буолла дии санаатым. Хаһан күн үөһэ ойон, дьиэбэр бара охсобун диибин, эмиэ да куотуох санаа кииртэлиир. Ол эрээри кыргыттары хааллартаан хайдах баран хаалыаххыный? Аны бары утуйа сыталлар, соҕотоҕун саахар да манньаҕа барбаппын. Төбөбөр эмиэ эгэлгэ «түбэлтэ» киирэн кэлэр. Эмискэ тымныы көлөһүнүм халыс гынарга дылы гынна. Тыынарынан иһиттэхпинэ, анараа кытыыга сытар кыыһым эмиэ уһуктаҕас курдук. Мин кини диэки хайыһыахпын – хамсыыр кыаҕым суох, тугу эрэ ыйытыахпын, сибигинэйэн ылыахпын, саҥам тахсыа баара дуо. Ити курдук сарсыарда буоларын күүтэ сыттыбыт. Арай, доҕоор, өрүскэ мотуор тыаһа биирдэ орулуу түспэтэ дуо! Сүрэҕим айахпар тахса сыста. Аҕыйах сөкүүндэнэн ити тыас хоту диэки бара турбута билиннэ. Өрүскэ соҕотохто эһиллэ түһэр мотуор тыаһа улаханын онно билбитим. Сүрэҕим бип-битиргэс буолла. Улаханнык куттаннаххына, саҥаҥ син тахсар эбит ээ. Кыыспын ыҥырдым. Барытын истэ сытар эбит. Кини эмиэ куттаныаҕынан куттанан сытар эбит, сэрэйбит сэрэх. «Барыах, кыргыттары уһугуннарыах» дэстибит. Итинник диэппитин кытта, иһийэн турбут айылҕаны, нэлэһийэн сытар эбэни аны, кыһыл оҕо ытаан эһиэнньэхтиирэ биир гына ылан кэбистэ. Кутталыын! Онтон иһиттэхпитинэ, устунан дьон оһуокайдыыр куолаһа, уу долгуна кытылга охсулларын кэриэтэ, чугаһыы-чугаһыы, тэйдэр тэйэн истэ. Кып-кыра балааккабыт иһигэр атахпыт таҥаһын көрдөөн мучумааннаныы буоллубут. Муннубут анныгар да сытары сатаан булбат ыксалыгар
киирбиппит. Утуйа сыппыт кыргыттарбытын уһугуннара сатаатыбыт. «Барыаҕыҥ! Барыаҕыҥ!» эрэ диибит. Дьоммут ууларыгар аҥаарыйан, тугу да өйдөөбөтүлэр, аны туран, итэҕэйиэхтэрэ баара дуо? Кэлин, улаатан баран санаатахха, оччолорго биһиги, оҕочоос дьон, сирбитин аһаппыппыт дуу, суоҕа дуу, бу диэн өйдөөбөппүн даҕаны. Чэ, арай, аһаппыт да буолуубут, ону умнубатыбыт ини. Физика сокуонунан тыас-уус ханна баҕарар хаалар диэни истибиппит. Ааспыт сыл-хонук дорҕооно биһиги кулгаахпытыгар тиийбитэ буолуо. Ол эрээри ити түүн куттаммыппын санаатахпына, билигин даҕаны көхсүм иэнэ кэдэҥнээбитинэн барар. Истибитин сурукка тистэ Василина ПОПОВА
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан