Кэпсээ
Войти Регистрация

Бэлэх оҥорбут

Главная / Кэпсээн арааһа / Бэлэх оҥорбут

K
29.11.2019 15:48
Түүл диэн, чахчы, таайыллыбат таабырын. Арааһы түһүүбүт. Сороҕор буолары-буолбаты, киһи үөйбэтэҕин. Арыт хатыланары, бу олоххо тугу эрэ кэпсиири. Ол да иһин, түүл билгэтин эгэлгэтэ баар. Омук-омук түүлү сыаналыыра эмиэ ураты буолар. Холобур, нуучча ууну көрдөҕүнэ, олоҕум көһүннэ диэн толкуйдуо, оттон саха «ыарыы бэлиэтэ» эбэтэр «былыкка» диэҕэ. Биирдэ билэр кыыһым Сардаана манныгы кэпсээн турардаах. Кини суукканан сылдьан үлэлиир, сарсыарда эрдэ туран, үлэтигэр тиэтэйэ-саарайа барар үгэстээх. Киһим, арай, «будильник диэҥҥэ наадыйбаппын» диир. «Тыый, тугун дьиктитэй? Страховкаламмаккын дуо?» диэн күлэбит. Сардаанабыт күлэрин-үөрэрин быыһыгар «аҕам кэлэн уһугуннарыа» диир. Биһиги тугу да өйдөөбөккө, көрсөн эрэ кэбистибит. Аҕата кыра эрдэҕинэ суох буолбута. Онтон быһаарсыбыппыт, кыыс саҥа улаатан эрдэҕинэ олохтон туораабыт аҕата аргыый аҕай чугаһаан кэлэн, орону эбэтэр кыыһын суорҕанын таарыйар эбит. Уонна «тоойуом, тур, хойутаары гынныҥ» диир үһү. Оччоҕо кыыһа бэрт чэпчэкитик уһуктан кэлэбин диир. Сороҕор туруохтаах чааһыгар утуйан хаалар эбит. «Оччоҕо ыксыы-ыксыы таҥаспын кэтэ олорон, «уһугуннарбатах» диибин уонна суох буолбута ырааппыт киһини «буруйдуурбун» өйдөөн, бэркиһээн күлэбин» диэбиттээх. Олоххо араас дьикти буолар. Итинтэн атын биир интэриэһинэйи эдьиийбиттэн истибитим. Кини оччолорго саҥа сон ылыммытын кыра кыргыттар олус ымсыыра көрбүппүт. Сахалыы быһыылаах курдук, хотуобай, уһун соно бэйэтигэр наһаа барара. «Силигэ ситиэҕин саҕата суох» диэн буолбута. Кини «хантан эрэ саҕа булларбын, кэнсиэргэ кэтэн барыа эбиппин» диэбитин өйдүүбүн. Кэпсэтии итинник хаалбыта. Биһиги, оскуола оҕолоро, бырааһынньыкка бэлэмнэнэн, ырыабытын-хоһооммутун үөрэтэн, үҥкүүбүтүн туруоран, ол сон саҕата ити күн өйбүттэн көппүтэ. Бу түбэлтэ эбэм быстыбыт дьылыгар буолан ааспыт эбит. Эбэм барахсан сиэннэрин куруук хаһаастаах, кимиэхэ да суох кэмпиэттээх тоһуйара. Оонньуу кэллэххэ, чуулаанын түгэҕиттэн минньигэс аһын хостоон, ытыспытыгар кутан, биһиги үөрүүбүт үрдэ суох буолара. Эбэбитигэр күүлэйдии кэлэр биир күндүтэ ити этэ. Эдьиийбит уулусса нөҥүө төрөппүттэрин дьиэтигэр аҕатын, убайын кытта олороро. Оччолорго, эр дьон бары тыаҕа бултуу тахсыбыттарын иһин буолуо, кини соҕотох этэ. Эдьиийбитин уруккуттан түүллээх диэн билэрбит. Көннөрү киһи истибэт тыаһын-ууһун истэр, “анараа аттаммыттары” түүлүгэр көрөр эбит этэ, быһата, аһаҕас эттээх быһыылааҕа. Арай биир сарсыарда хаар түспүт, тулабыт сырдаан, ырааһыран хаалбыт. Ити кэмҥэ эдьиийим киирэн кэллэ. Сонун кэтэ сылдьар, үөрбүт аҕай, арай, бэрт баҕайы дьоҕус нуорка саҕаны иилбит. Оччолооҕу көрөн ыйыталаспытынан бардахпыт дии. Соһуйуохпут иһин... түүлүгэр ийэтэ көстүбүт. Ол туһунан саас-сааһынан... Утуйар-утуйбат ыккардынан сытабын диир. Хараҥа хоһун түннүгүнэн ый сырдыга түһэр эбит. Ол иһин эмиэ да хараҥа, эмиэ да сырдык курдук. Ити сытан «хоспор соҕотох буолбатахпын быһыылаах» диэн санаа көтөн киирбит. Куттамматах. Көрдөҕүнэ, орон аттыгар турар өйөнөрдөөх олоппос диэки ийэтэ баар эбит. «Хантан кэлэн хаалла?» диэн наһаа соһуйбут. Иһиттэҕинэ, «көрдүүр саҕаҥ күүлэҕэ баар ээ, тур, хотуой» диэбит. Түүлүн дуу, илэтин дуу, өйдөөбөккө сыппыт эдьиийим маҥнай
утаа тугу да гымматах. Сонум саҕатын аһара санааммын, түүлбэр кытта көрөр буолбуппун диэх курдук санаабыт. Эбэм барбакка турбут. «Тахсан көр» да «тахсан көр» диир үһү. Миэстэтин, дьааһыгын, ханна сытарын субу баардыы ыйан-кэрдэн биэрбит. Эдьиийим ийэтин илэ саҥатын субу эт кулгааҕынан истибит курдук, дьэ уһукта биэрбит. Ойон турбут да, ити аата тугуй, хайдах-хайдаҕый диэн, оҥостон, фонарик ылан күүлэтигэр тахсыбыт. Эппит дьааһыгын булан, арыйа баттаабыт, түгэҕин хаһыспыт. Арай, туох эрэ өрбөххө суулана сылдьарын тутан ылбыт. Үчүгэйдик сырдатан көрбүтэ – СА¡А. Дьиктитиин! Эдьиийбит оччолорго кимиэхэ да суох нуорка саҕалаах саҥа соннонон, киһи тэҥэ суох санаммыт буолуохтаах. Кэнсиэргэ кэлбит дьон ортотугар бу саҕа көстүбүт устуоруйатын биһиги эрэ билэрбит.
kyym.ru сайтан