Кэпсээ
Войти Регистрация

Итэҕэл (Кулун тутар 19 к. 2009 с. № 10 (21902)

Главная / Кэпсээн арааһа / Итэҕэл (Кулун тутар 19 к. 2009 с. № 10 (21902)

K
25.11.2019 16:37
Кэргэним кэпсээниттэн Мин кэргэним Афанасий Тарасович Анисимов, этэргэ дылы, төрүөҕүттэн бассабыык, сааһыгар сымыйалыыр диэни билбэтэх, Таатта Харбалааҕын туттарбыт түс-бас киһи этэ. Кини уоһа аһылыннаҕына кэпсиир икки суоллаах этэ. Эдэр эрдэҕиттэн салайар үлэҕэ сылдьыбыт 20-лээх уолу сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн анаабыттар. Ол дьыл аһыҥа туран, сылгыларын 16 көстөөх Оттоох диэн сиргэ кыстаппыттар. Кэргэним ахсынньы ыйга дьонугар өйүө тиэрдэ Оттооххо атынан барбыт. Аара от сии ферманан олорор ыалга, билбэт дьонугар, хоммут. Утуйа сытан баттатан сор бөҕөтүн көрбүт. Биир хап-хара киһи кэлэн суорҕанын туура тардан ыла сатыыр уонна «эн тоҕо манна кэлэн сытаҕын, бара оҕус!» диир. Хаһыытыы сытар киһини ыаллар уһугуннара сатаан кэбиспиттэр да, уһуктубат үһү. Аны туран, аатын билбэт буолан «Хоноһоо! Хоноһо-о!» диэн ыҥыраллар эбит. Аҕабыт бэрт эрэйинэн уһуктан баран түүлүн кэпсээбит. Онуоха биир кырдьаҕас «дьэ, тоойуом, холдьоҕуллубут буоллаххына түргэнник тыаста хомун. Бара оҕус! Ону истибэтэххинэ туох эрэ буолан хаалыаҥ» диэбит. Уол тэҥнэһиэ дуо, утуйар таҥаһын хомунан-тэринэн хараҥаҕа таһырдьа тахсыбыт. Малын сыарҕатыгар чороччу кэлгийэн баран далга атыгар тиийбитэ, ата хаһыҥырыы-хаһыҥырыы өрө холоруктуу сылдьар үһү. Бэрт эрэйинэн тутан аҕалан көлүйбүт. Муоһатын сыараҕаҕа быраҕан баран тэһиинин төлө тардарын кытта ата хорос гынаат муус өкөчөҥүнэн түһэн кэбиспит. Уол сымса эрэ буолан сыарҕатыгар хатанан хаалбыт. Кини төннөрүгэр ол ыалы таарыйбакка ырааҕынан тумнан ааспыт. Иккис түбэлтэтэ сай ортото буолбут. Ата сүтэн хаалбытын үс күнү быһа көрдүү сатаан баран, дьиксинэ санаан, Дьаакып Биэскин диэн сэрэбиэйдьит оҕонньортон көрдөспүт. Оҕонньор хаартытын тэлгэтэн баран, «куттаныма, атыҥ баар. Соҕотоҕун аһыы сылдьар. Кугас элэмэс, сүүһүгэр мэлдьэннээх эбит. Ону кыырыктыйан эрэр баттахтаах, дэгдэҕэр имнээх киһи таба көрөн этииһи. Ону баран аҕалаар» диэбит. Нөҥүө сарсыардатыгар үүт-үкчү оҕонньор ойуулаабытын курдук дьүһүннээх Баһылай Бэрииһэп киирэн «дьэ, Оппуонньа, атыҥ Тохтобул алаас хоту хонноҕор соҕотоҕун аһыы сылдьар. Адаҕата түһэн хаалбыт» диэбит. Оччону истэн баран олоруо дуо, баран атын аҕалбыт. «Били сэрэбиэйдьит оҕонньор ханна баар мэлдьэнин эппитэй?» дии санаан атын баттаҕын арыйан көрбүтэ, арай, сүүһүн ортотугар киһи эрбэҕинэн баттаабытын курдук халтаҥ сирдээх эбит. Төһө эмэ миинэ сылдьан баран ону урут көрбөтөх. Кэргэним сэрэбиэйдьит оҕонньор билэриттэн онно улаханнык бэркиһээбит этэ. Абааһыны-иччини аанньа ахтан баардылаабатах киһи кэпсээнэ итинник. Бу кэпсээммин 50 сыл бииргэ олорбут доҕорум сырдык кэриэһигэр аныыбын. Анна Малышева, Хаҥалас, Төхтүр. Тоҥсоҕой түүйбүтэ Уонча сыллааҕыта Дьокуускай куорат муҥутуур киинигэр биир боччумнаах тэрилтэҕэ үлэлии сылдьыбытым. Быһата, чунуобунньук этим. Оччолорго көмпүүтэр диэн мал олус киэҥник дэлэйэ илик этэ. Онон эдэрдиин-эмэнниин көмпүүтэринэн «сэриилэһэ», «тетколордуу» оонньуур идэлээхпит. Биирдэ күһүөрү, алтынньы-сэтинньи быһыылаах этэ, киэһэ үлэлээн бүтэн баран көмпүүтэринэн оонньуу, күнү-дьылы ыытан кэпсэтэ-ипсэтэ олордубут. Төрдүөбүт, үс дьахтары кытта соҕотох эр киһибин. Бу олордохпутуна түннүкпүт холуодатын дуу, арааматын дуу
олус күүскэ тугунан эрэ тоҥсуйан лоһугураттылар (биһиги үһүс этээскэ олоробут). Соһуйан ходьох гына түһүөхпүтүгэр дылы улаханнык. Түннүгү көрө түспүппүт, кынатын сараччы туппут тоҥсоҕой түннүкпүт арааматын тоҥсуйан үлэ-хамнас бөҕө буолан эрэр эбит. Түннүк тааһыттан тарбаҕа халтарыйан төлө түһэ сыһа-сыһа, хадьыктаһыы кытаанаҕа. Сыыһа тоҥсуйан өстүөкүлэни кытта лоһугуратан ылар, кыната биир кэм сарбаҥнаан, элэҥнээн олорор. Киһилии «үлэлээн аһыы» сылдьар тоҥсоҕой ити курдук дьүһүлэммэт. Дьахталларым улаханнык куттаннылар. Мин да этим тарта. Куһаҕан-иһэҕэн мас дьиэ эбитэ буоллар киһи, баҕар, өйдүө этэ, үөннээх мас баранан куорат киинигэр турар таас дьиэ түннүгүн тоҥсуйарга туох улахан кыһалҕа баара эбитэ буолла. Тоҥсоҕойбут ити курдук тилигирээн-тилигирээн баран сүтэн хаалла. «Барда быһыылаах» дии санаан эрдэхпитинэ, көтөн кэлэн олус күүскэ түннүккэ саалынна уонна аллара элэс гынан хаалла. «Өллө быһыылаах» диэн сүрэҕирэн икки буолан таҥнан тахсан көрдүбүт. Тоҥсоҕойбут түннүкпүт анныгар өлө сытар эбит. Ол сарсыныгар экэнэмиичэскэй отдел салайааччыта үлэтигэр кэлбэтэ. Кэлин билбиппит, ол тоҥсоҕой тоҥсуйар киэһэтигэр аҕата (эһэтэ эбитэ дуу) өлбүт. Бука, ол оҕонньор кута-сүрэ ханан эрэ үргэ, муна-тэнэ сылдьан баран кыыһа (сиэнэ) үлэлиир сиригэр кэлэн охсуллан ааспыт буолуон сөп. Тоҥсоҕой күн аайы түннүккэ охсуллан өлбөт. Барыйбыкка барытыгар кэтиллэ сылдьар акаарыта буоллар, тоҥсоҕой диэн харамай суох буолбут буолуо этэ. Онон, мин саныахпар, ол хайдах да көннөрү тоҥсоҕой буолуох туһа суох. Г.Ф. Семенов. Абааһы уонна саха дьахтара (былыргы остуоруйа) Былыыр-былыр сүүс сыл анараа өттүгэр аҕыйах ынахтаах-сылгылаах, уонча оҕолоох биир саха ыала бур-бур буруо таһааран олорбут. Үс сыллаах улуу кураан түһэн, бу ыал сүөһүтэ-сылгыта уу ыларын, уот сирин курдук түргэн тэтиминэн эстэн барбыт. Үһүс сылларыгар ыаллар букатын да ытыстарын соттон хаалбыттар. Оттуур ходуһаларыгар аҕыйах салаа от үүммүтүн аһыҥа тобоҕолоон хара буорунан көрдөрбүт. Инньэ гынан дьиэлээхтэр биир ыанар ынаҕы кытта биир көлүүр оҕуһун ордорон баран, сүөһүлэрин барытын эспиттэр. Сүөһүнү кыстатар кыаҕа суох буолан күһүн идэһэлэнии, оччотооҕуга этэллэринэн «эт уос» буолан олоруу — иэдээн. Саас отторо тамты бүппүтүгэр уолан, кытараан хаалбыт тиһэх ынахтарын өлөрөн сиэбиттэр. Элбэх айах биир сүөһү сыыһын тулуппатах, эттэрэ бүппүт. Бүтэһик кырбас эти сиэн баран эмээхсиннээх оҕонньор санаа-оноо бөҕөҕө түспүттэр. «Хайдах гынан, тугу аһаан-сиэн күөххэ үктэнэбит?» диэн ыар ыйытык үүйэ-хаайа туппут. Толкуйдаан-толкуйдаан баран, 8 көс ыраах олорор быыпсай кулуба оҕонньортон иэс көрдөһөргө быһаарыммыттар. Оҕонньор «баҕар, тугу эрэ дук гыныахтара» диэн сыарҕаланан-таймаланан, били этэргэ дылы «аттанан-атыырданан» айаннаан алтахтатан тиийбит да, быыпсай кулуба батан ыыппыт. Батымына даҕаны, элбэхтэн элбэх охтор, аҕыйахтан аҕыйах охтор сокуоннаах. Бу кыһын оҕонньордоох түөрт-биэс төбө сүөһүлэрэ быстыбыт эбит буоллаҕына, Быыпсайдаах 40-ча сүөһүлэрэ охтубут. Онон Быыпсай кулуба «бэйэм хайдах киһи-хара буоларбын, үлэһиттэрбин, дьоммун-сэргэбин тугунан аһатарбын билбэккэ олоробун. Күөххэ диэри туох эмэ ордуох буоллаҕына,
тугу эмэ илдьэн биэриэхпит. Кэлин» диэбит. «Кэлин буола-буола, субу хоргуйан дыгдаһан эрэбит. Нэдиэлэ тулуһарбыт биллибэт. Сутаан өлбүт дьон эн көмөҕөр наадыйарбыт биллибэт» дии саныы-саныы оҕонньор кэлбит сирин диэки түҥкэлийэ турбут. Аара баран иһэн ыалга тиийбэккэ, суолтан туора турар өтөххө хонон ааһарга быһаарынар. Оҕустуун-бэйэлиин аччыктаан иэҕэҥнэс буолбуттар. Халыҥ хомураҕы тоҕо оймоон эргэ балаҕаҥҥа тиийбиттэр. Сыарҕатыгар ордон хаалбыт отун тобоҕун оҕуһугар үҥүлүтэн, булгутан баран, оҕонньор иччитэх өтөххө киирбит. Сөҕүөн иһин, таһыгар хаара тэпсиллибэккэ сытар, бэйэтэ хаартан нэһиилэ быган көстөр балаҕаммыт иһэ сып-сылаас эбит. «Эбиитин кэннигэ тэп» диэбиккэ дылы, былыргылыы төгүрүк остуол хотойорунан ас тардыллыбыт. Хоргуйан дуу-даа буолбут оҕонньор олоро түһээт туох да хааччаҕа суох аһаан-сиэн маҕыйан барбыт. Бу олордоҕуна, этиҥ ньирилээбит, чаҕылҕан таҥнары сатыылаабыт. Ону кытта намыһах балаҕан үрдүн тургуллуур, аҥаардас харахтаах абааһы атамаана, илэ-бодо илиэһэй уола дьиэ ортотугар дьирбэс гына түспүт. «Бу маҥай аллаах манна илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ дии! Хас сылы быһа сиэри муҥнанным, сут курааны түһэрдим, аһыҥанан тумнардым! Сырам-харам баранна. Эн да буоллар бүтэр-быстар уһуктаах эбиккин» диэн баран дьэбиннээх аһыыларын килэҥнэтэ-килэҥнэтэ, салыҥнаах тылынан салбана-салбана оҕонньорго саба ынан кэлбит. Хас эмэ сылы быһа хоргуйан-хоргуйан, сордонон-сордонон куттанар диэн тугун умнубут оҕонньор үөрэн күлүм аллайбыт. «Оҕолуун-ойохтуун сутаан өлөллөрүн көрүөм кэриэтэ, туох да эрэйэ суох сиир симиэрт сибилигин дэлбэрийдин» дии санаабыт, «дьэ, кытаат, сиэн көрөөхтөө» диэбит. Абааһы диэн абааһы, киһиэхэ үчүгэйи оҥорорун сөбүлээбэт. Оҕонньор сиэниллиэн баҕаран үөрбүтүн көрөн, абааһы аһыах-сиэх санаата тута уостан хаалбыт. Кини баччааҥҥа диэри өлүмээри дьирээлэһэ, олох олоро сатаан сордонор дьону сиир, дьон куттанарыттан, өлүмээри ааттаһарыттан-көрдөһөрүттэн күүс-күдэх ылар идэлээх эбит. Чочумча турбахтаан баран, абааһы аһыммыта буолан албаһырбыт, «аһыныгаспынан, амарахпынан сарбыллан сылдьар сордоохпун. Эйигин аһынным. Кырдьаҕаас, быстаран олороргун билэбин. Билигин дьиэлээ. Хотонуҥ иһигэр тараах күрдьүгэс, куочай кугас, холоруктаах маҥаас үс ынах бааллан турар буолуоҕа, кыбыыгар чокуруос харахтаах, туос элэмэс дьүһүннээх, дьэҥкир туйахтаах үс биэ турар буолуоҕа. Ампаарыҥ аҥаарынан кэрэххэ бэриллибит сүөһү этэ, өлүү бил балыктара, сордоҥнор-алыһардар, куоҕастар-туруйалар баар буолуохтара. Аһаа, киһи-хара буол. Ол гынан баран, онтугун аны үс сыл үс хонугунан чуо-бааччы төнүннэрэҕин. Оҕо барахсаным, төнүннэрбэттээх баҕас буолбаккын ээ. Ол аайы туох да аһыныы суох буолуоҕа, оҕолуун-уруулуун имниин эһэбин» диэбит. Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар. Оҕонньор «аны сааска эрэ тиийдэрбин, олох бэйэтэ көрдөрөн иһиэ» дии санаабыт. Инньэ гынан, абааһылыын илии тутуһан ханна да халбарыйбат хааннаах хантыраак түһэрсибиттэр. Оҕонньор дьиэлээн түҥкүнүү турбут, абааһы күлүгэр имнэнэ хаалбыт. Кырдьаҕас дьиэтигэр айгыстан кэлбитэ, үөрүү-көтүү, чалбараҥ бөҕө буолан эрэр эбит. Абааһы биэрбит сүөһүлэрэ, төһө да тас дьүһүннэрэ бэрдэ суоҕун иһин, уолбат ойбон үүттээх сүөһүлэр буолан биэрбиттэр. Ыаллар үс сылы быһа туох да буолбакка, уйгу-быйаҥ үрдүгэр күннээн-күөнэхтээн
олорбуттар. Онуоха эбии угут дьыллар төннүбүттэр. Туох барыта бүтэр уһуктаах. Били абааһы сүөһүлэрэ төһө да ыанналлар, төрүү кытарах сүөһүлэр буолан биэрбиттэр. Онуоха эбии иэс-күүс ылсыһар кэм тиийэн кэлбитигэр сирдээн да тимирбиттэрэ, халлааннаан да көппүттэрэ биллибэккэ дьабыннарыгар көтөн хаалбыттар. Абааһы аахса кэлэр күнэ-дьыла тиийэн кэлбит. Дьиэлээх хотун илэ абааһытааҕар буолуох, дьону да кытта кэпсэтиигэ мэлдьи сүүйтэриилээх хаалар муҥкук, ньүкэн оҕонньорун абааһыга хаалларыан баҕарбатах. Онон, уопсай сүбэнэн, эмээхсин хаалар буолбут. Болдьохтоох кэмигэр этиҥнээх чаҕылҕан доҕуһуоллаах адьарай бииһин атамаана дьиэ иһигэр дьирэс гына түспүт. «Хайа, били хантыраак түһэрсибит хаарыаннаах атаһым хайа үөдэн түгэҕэр дьөлө түстэ? Сасыһа оонньуур киһитин булбут дии. Сирдээн да тимирдибэт, халлааннаан да көтүппэт абааһы киэнэ аарыматын!» диэн баргыйбыт, сыт ыла сатаан сыалыһар быарын курдук сылласта сытыйбыт мунна уҥа-хаҥас сыллаҥнаабыт. Абааһы аймаҕа күрэхтэһэр адьынаттааҕын өйдөөн, эмээхсин «мин үс таабырыммын таайдаххына, сорукпун толордоххуна дьонум ханна барбыттарын ыйан биэрэбин. Таайбатаххына, тугу да ылбаккын» диэн усулуобуйаласпыт. Абааһы «дьон эрэйдээх туох солуулаах, туолкалаах таабырыннаах буолуохтарай, мин диэтэх киһи кинилэр таабырыннарын киһилии сылдьыам дуо?» дии санаабыт, күрэхтэһэ охсоору хаана кэйэн, тымыра оргуйан, сүрэҕэ тэбэн кэлбит. Илии тутуспуттар. Эмээхсин «дьэ бэлэмнэн! Билигин тугу эрэ биэриэм. Ону хабан ылбатаххына – кыайтараҕын!» диэбит уонна ох курдук оҥостон турар абааһы уолун таһыгар тиийэн «хап!» диэн баран утуруктаан сырбаппыт. Абааһы уола харбыалыы сатаабыт да, биллэн турар, кыайбатах. Онон, бастакы сорудахха абааһы кыһыылаахтык кыайтарбыт. Иккис сорудахха эмээхсин сыалыйатын иһиттэн будьурхай түүнү туура тардан ылан, «маны көннөр» диэбит. Абааһы уола дьолуолаах табаҕайынан түүнү хап-сабар харбаан ылан көннөрө сатаан хадьыктаһан барбыт. Хамсалаах табах быстыҥа харбыалаабыт, тардыалаабыт, силлии-силии имэрийбит да, ол мал айылҕаттан хаһан да көммөт аналлаах буолан абааһыны алдьаппыт. Инньэ гынан, иккис күрэхтэһии эмиэ эмээхсин туһатыгар хаалбыт. Эмээхсин чочумча толкуйдуу түһэн баран, сыалыйатын сулбу баттаабыт уонна икки атаҕын тыыллыы тэбэн иттэннэри түһэн сытынан кэбиспит. «Бу көрөр хайаҕаскын оһорон кэбис, оспот баас булан сорбун сордоото» диэбит. Абааһы, бааһы оҥорууга да, оһорууга да тэҥнээҕэ суох киһи, үөрэн ымах гына түспүт. «Итини баҕас, оннооҕор буолуоҕу оҥоруллааччы» диэн баран «бааһы» оһоро сатаан тиниктэһэн барбыт. Тоҥ күөс быстыҥа эрэйдэнэн баран, абааһы даамын биэрбит. Абааһы да буолбутун иһин, оҕону-урууну ууһатарга анаан айылҕаттан анаммыт «бааһы» кыайан оһорботох. Кыайтаран кыбыстыбыт абааһы тугу да саҥарбакка холлоҕостоох уот буолан таһырдьа субурус гынан хаалбыт. Ити курдук, мындыр өйдөөх саха дьахтара барахсан оҕотун-уруутун үйэ-саас тухары араҥаччылаан, арчылаан баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Соччо Ку-ту-каай, Маалыкай.
kyym.ru сайтан