Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос кэпсээннэрэ2

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос кэпсээннэрэ2

K
15.11.2019 17:55
Куба кырыыһа Бу сэттэ уонус сыллардаахха буолбута. Оччолорго, бэл, бөһүөлэк чугаһынааҕы тыаларга, күөллэргэ көтөр-сүүрэр, кус-хаас дэлэгэй буолара. Билигин ол дойдуга сир аһын да дэҥҥэ көрөҕүн. Урут буоллаҕына хаптаҕаһы сирэн үргээбэт этибит. Биһиги алталаах-сэттэлээх биир уулусса уолаттарабыт. Күнү быһа оонньоон тахсабыт: саамай сылбырҕабыт Бүөтүккэ күрүөҕэ сымсатык хатаастар, моҕотойу сүүрэн эккирэтэр, биирдэ адьас даҕаны ытыһын суулуу тутан баран умса түһэн баран «туттум-туттум» диэн хаһыытыыр. Көрбүппүт уолбут моҕотойу кутуругуттан таҥнары ыйаан турар. Моҕотой мөхсө сатаан баран Бүөтүккэни илиититтэн «хап» гыннарда быһыылаах, уолбут часкыйан баран моҕотойун ыһыктан кэбиһэр. Бүөтүккэ аҕата Кынаачай — улахан булчут киһи. Саас буоллар эрэ дурдаҕа сытан дэриэбинэттэн чугас Арыылаах күөлгэ кустуу тахсар. Биирдэ Кынаачай саас хойутуу Арыылаах күөлүн үрдүгэр икки куба устан ньолбоһо сылдьалларыттан биирин бултаан турар. Дэриэбинэҕэ ол улахан сонун. Нэһилиэк кырдьаҕас оҕонньотторо бука бары «кубаны өлөрүү сэттээх буолуо, кубаҕын чуучала оҥорон баран оскуола мусуойугар туттаран кэбис, уоккун алҕаа» эҥин диэн араастаан сүбэлииллэр. Кынаачай буолар буолтун кэннэ, тэҥнэһиэ дуо, били кубатын сүлэн ылан чуучалалаан оскуола мусуойугар туттаран кэбиһэр. Оттон Арыылаах күөлүн үрдүгэр доҕорун сүтэрэн соҕотох хаалбыт куба аймана-аймана уһун сайыны быһа барбакка сылдьыбыта. Ити сайын Кынаачай уола Бүөтүккэ, биһигини кытта бииргэ оонньуур хоһуун уолбут, ууга түһэн өлөн хаалбыта. Ону бука бары: «Куба кырыыһа тиийбитэ» диэн кэпсэтэллэрэ. Онон, айылҕа маанылаах көтөрүн кубаны өлөрөр сэттээх-сэлээннээх буолар эбит этэ. Кэлин алта-сэттэ сылы быһа соҕотох хаалбыт куба сылын аайы кэлэн барара, Арыылаах күөлүн эргийэ көтө сылдьан сүтэрбит доҕорун көрдөөн айманара. Михаил Потапов, Чурапчы. Сураҕа суох сүппүттэр биллэн-көстөн ааһаллар эбит 1972 с. бэс ыйын ортотун ааһыыта Москубаттан Псков куоракка ийэбин илдьэ 24 хонуктаах сынньалаҥҥа барбытым. Саха сириттэн үһүөйэх эрэ этибит. Псков куорат түөрт уонча араас таҥараларын дьиэтин көрбүппүт. Онтон Михайловскайга уонна Пушкин хайаларынан, Чудской күөлгэ Александр Невскэй ньиэмэстэри кытта кыргыспыт сиринэн Эстонияҕа Тарту куоракка бара сылдьыбытым. Экскурсияҕа сылдьааччыларга гидтэр Псков уобалаһын устуоруйатын кэпсииллэр. Биир үтүө күн Псков гарнизонун эписиэрдэрин кэнсиэригэр сылдьыбыппыт. Киэҥ саалалаах улахан дьиэ этэ. Ийэм кэнсиэри ортолуу көрөн иһэн утуйан хаалбыта. Кэнсиэр кэннэ тохтообут сирбитигэр тиийдибит. Гостиницаҕа кэлэн ийэм кэпсээтэ: «Кэнсиэргэ олорон түһээтим. Уҥа диэки бэһис дуу, алтыс дуу эрээккэ убайым Сэргэй олорор, миигин көрбөт. Көрө да сатаабат. Кини холкуоһугар суоччуттуу сылдьан сэриигэ барбыта. Эргиллибэтэҕэ. Таҥаһын-сабын көрдөхпүнэ: бэрт ыраас, өтүүктэммит. Мин тугу эрэ саҥара, ыҥыра сатыыбын, адьас истибэт. Арай көрдөхпүнэ илиитигэр икки куһу тутан олорор эбит. Баран көрсүөхпүн санаталаатым, онтон кэнсиэр бүппүтүгэр уһуктан хааллым. Тоҕо көстүбүтэ буолла? Арааһа бу эргин күөллэргэ кыргыһа сылдьан сырдык тыына быстыбыт быһыылаах. Сураҕа суох сүтэн этэ-сиинэ хараллыбатах буолан дууһата бу эргин көтө сылдьара буолуо, ол иһин көһүннэ
быһыылаах. Тоҕо ити кустааҕа буолуой?» — диэн долгуйбута. Дойдубутугар тиийбиппитигэр аймахтарыгар барыларыгар ити түбэлтэ туһунан кэпсээбитэ. Икки сыл ааспытын кэннэ ийэм өлөр ыарыытын ыалдьа сытан: «Икки сыллааҕыта убайым барахсан ыалдьыахтаахпын сэрэппит эбит», — диэн кэпсээбитэ... Аҕа дойду улуу сэриитигэр төһөлөөх киһи сураҕа суох сүппүтэ буолуой? Ол мин таайым Сергей Егорович Петров уонна дойдуларын иннигэр тыыннарын толук уурбут үгүс дьон сырдык дууһалара чугаһынан көтө сырыттахтара. Биир дойдулаахтара, билэр дьоно, аймахтара кэлэ сылдьалларын билэн баалларын биллэрэн ааспыттар эбит дии саныыбын. Николай Шамаев, Бэрдьигэстээх. Куобахтыы сылдьан Биирдэ күһүөрү аҕам, атастара Сэргэй уонна Сэмэн буолан пааралыы бардыбыт. Түүнү быһа тыа быыһынан төттөрү-таары сүүртүбүт. Икки матасыыкыллаахпыт. Ол сылдьан Сэргэйдээхпит, матасыыкыллара хаппырыыстаан, суолтан туора хаалар буоллулар. «Чүмэчибитин уларытыахпытыгар диэри эһиги өссө биирдэ эргийэн кэлиҥ» дэстилэр. Биһиги ыраата түһэн баран кинилэр диэки төттөрү эргиллэн кэлиэхтээхпит. Мин кэлээскэҕэ саабын ыга туппутунан тула көрөн мэлээриҥнии олорон, кэннибититтэн киһи төбөтүн саҕа сап-саһархай уот батыһан иһэрин көрдүм. Бытаан баҕайытык устар, ол да буоллар хаалсыбат. Мин бастаан утаа «дьонум матасыыкылларын оҥосто охсон кэннибиттэн кэлэн истэхтэрэ дуу» диэх курдук санаатым. Ол эрээри, ол уотум уу долгураҥыныы устан эрэр курдук барарыттан дьиксинним, матасыыкыл эбитэ буоллар нэксиэҕэ уота өрө ыстаҥалаан олоруохтаах этэ буоллаҕа. Куттанным. Ити истэхпинэ аҕам хаста да суолтан туораан дулҕа быыһыгар ыстаннаран киирэ-киирэ «тугу көрөн олороҕун! Ыта оҕус!» дэтэлии сырытта. Мин куттанан, отуорум хамсаан, хаста да сыыһа-халты ытыалыы сырыттым. Матасыыкылбытын тохтотон өлбүт куобаҕы ылар кэммитигэр уоппут сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ кэлэн кэннибитигэр күүтэн чыпчыҥныы турар. Ону тоҕо эрэ аҕабар эппэппин. Лаампа умайарын курдук биир кэмник, тымныытык умайар уот буолбатах. Ким тугу гынарын, барарын-кэлэрин барытын билэр-өйдүүр, хамсыыр тыыннаах уот этэ. Адьас, таҥара баарына... Сэргэйдээхпитигэр чугаһаабыппыт кэннэ уоппут баран хаалбыта. Тугу көрбүппүн кэпсээбиппэр, дьоммут эмиэ көрбүттэрин биллэрбиттэрэ, «кырдьык, икки уот тыгара. Эһиги матасыыкылгыт уота кыһыллыҥы этэ. Онтон анарааҥҥы арыый саһархай уонна фара курдук сыдьаайбат этэ. Биһиги эмиэ муодаргыы санаабыппыт» дэспиттэрэ. Арай аҕам: — Айылҕаҕа араас баар баҕайыта. Эһиги оннук уоту аан бастаан эрэ көрдүгүт дуо? Мин мэлдьи көрөбүн дии, — диэн кэбиһэн, мин улахан сонуммун кэпсэниэхтээҕэр кэпсэммэтэх оҥорон кэбиспитэ. Куочаан.
kyym.ru сайтан