Кэпсээ
Войти Регистрация

Күлүк 2011 с. № 47

Главная / Кэпсээн арааһа / Күлүк 2011 с. № 47

K
07.11.2019 17:30
Aанньа ахтыбат сыыhа Чөчүөккэ уонна абааһы туһунан араас кэпсээннэр аҕа дойду сэриитин иннинээҕи, кэннинээҕи сылларга олус элбэх буолаллара. Ыалга сылдьар ыалдьыттар, хоноһолор бу тиэмэҕэ кэпсээннээх буоллахтарына, оҕо аймаҕы улаханнык сэргэхситэн бараллара. Ол кэпсэтиһии буолар кэмигэр биһиги, оҕолор, куттанан, абааһы атахпытыттан харбаан ылыа диэн атахпытын наара орон үрдүгэр хомуна таһааран олорон истэрбит. Онно бэрт элбэхтик кэпсэммиттэн өйдөөтөхпүнэ, дьон чөчүөккэни кытта 3-6 саастаах оҕо сылдьан оонньообут буолаллара. Мэлдьи да буоларын курдук, чөчүөккэ кинилэр күнүс соҕотоҕун оонньуу сырыттахтарына көмүлүөк оһох кэнниттэн тыаһа суох тахсан оонньоспутунан барар, оҕолору букатын куттаабат, оонньоон бүтэн оһох кэннин диэки баран сүтэр, барыан иннинэ “миигин кытта оонньообуккутун дьоҥҥутугар этимэҥ” диир идэлээх эбит. Чөчүөккэ туһунан бэрт элбэҕи иһиттэҕим буолуо да, биир да киһи “чөчүөккэ куһаҕан этэ”, “куттаабыта” диэбэтэҕэ. Онон оччотооҕу оҕолор чөчүөккэни кыра оҕолор бииргэ оонньуур доҕордорун курдук эрэ ылынар этибит. Сэрии кэнниттэн Кириэс Халдьаайыга алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, аатырбыт снайпер Федор Охлопков быраата Иван Матвеевич-Тумус Уйбаан кэпсээбитин өйдүүбүн. Кинилэр уончалаах оҕо эрдэхтэринэ, биир 3 саастаах, үчүгэйдик саҥарар эрээри хаампат кыыс оҕо дьиэ иһигэр олорон “чөчүөккэ ити турар, бу барда” диэн ыйарын хоту, мэник уолаттар сырса сылдьан салгыны охсуолууллара, тэбиэлииллэрэ үһү. Онуоха кыыстара “сыыһа охсоҕут, хайдах көрбөккүт, ити барда дии” дии олорор эбит. Онтон сылыктаатахха, чөчүөккэни-абааһыны атын айдарыылаах, аһаҕас эттээх дьон эрэ көрөр буолуохтарын сөп. Мэҥэ Алдан киһитэ Е.Колодезников-Бөҕө Бөскөөнчө сэрии кэннинээҕи сылларга биһиэхэ хоноһолуу сылдьан кэпсээбитин өйдүүбүн. Кини биирдэ хаартылаан баран күһүҥҥү түүн ампаарга соҕотоҕун утуйа сыттаҕына, түүн үөһэ туох эрэ суорҕанын хастыы тардан ылан иккитэ сиргэ бырахпыт. Ону кини өсөһөн туран төттөрү саптан испит. Ол курдук, этэҥҥэ утуйан турбут. Кэлин ол быһылаанын үөрэхтээх дьонтон быһаартараары гыннаҕына, “бэйэҥ илиигинэн ылан илгэн кэбиспиккин, ону утуйа сытар буолан өйдөөбөтөххүн” дииллэр эбит этэ. Мин аҕабыттан, Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар элбэхтик сылдьыбыт киһиттэн, абааһыны көрбүтүн-суоҕун токкоолостохпуна, “ол абааһыларын көрөрүн көрбөтөҕүм да буоллар, уокка аһы биэрэр хайаан да наада. Солуута суох тыллаһар, уоту аһаппат дьон айаннарыгар хайаан да моһуогураллара” диэн кэбиһэрэ. Онон мин, быһата, улахан аартык суоллара, сир-дойду, урут дьон олорон ааспыт өтөхтөрө, баараҕай уонна ураты көстүүлээх мастар, дьон көмүллүбүт сирдэрэ туох эрэ иччилээх быһыылаахтар диэн чопчу өйдөбүллээхпин. Уопсайынан да, төрөөбүт тулалыыр эйгэ харыстабыллаах, ытыктабыллаах сыһыаны эрэйэр. Пантелеймон Дарбасов, Томпо, Мэҥэ Алдан. Олорсубут буолуон сoп Аҕыйах сыллааҕыта Ньурба сирин-уотун массыынанан тилэри айаннаан турардаахпыт, хаһыа да буолан. Билигин санаатахха, Марха өрүһүн үрдүгэр баар бөһүөлэктэринэн сылдьыбыппыт быһыылааҕа. Бу баран истэхпитинэ, аара суолга биир олохтоох дьахтар ханнык эрэ бөһүөлэктэр икки ардыларыгар тохтотон айаннаспыта. Сыыспат буоллахпына, туох эрэ мунньаҕар баран иһэр дьаһалта дуу, дьахтар сэбиэтин дуу үлэһитэ быһыылааҕа.
Бэрт элбэх кэпсээннээҕэ. Бу сир-дойду устуоруйатын барытын бэркэ билэрэ, “бу маннык ааттаах сир, былыр манна кимнээх эрэ олорбуттара... Оттон ол көстөр сир аата...” эҥин диэн барытын уоһа ыпсыбакка кэпсээн билиһиннэрэ испитэ. Биир улахан толоон таһыгар дьахтарбыт “бу улахан иччилээҕинэн биллэр сир, манан ааһан иһэр массыыналарга сороҕор абааһы мэҥэстэн айанныыр үһү. Араас көрүҥү ылынан олорсорун кэпсээччилэр...” диэн кэпсии истэҕинэ, өлүү болдьохтоох, массыынабыт олус улаханнык туормастаан, харан, мотуора умуллуохча-умуллубакка бүллүгүрээн тыаһаан баран, салгыы үлэлээн кэллэ. Массыынабыт эмискэ туормастаан, халыҥ сонноох үллэһэн олорор дьон «уазикпыт» илин өттүгэр үөмэхтэһэ, кимнээх эрэ сыыһа туттан сиргэ тобуктуу түһэн ыллыбыт. Суоппар уолбутуттан туох буолбутун ыйыталастыбыт да, “билбэтим ээ, туох эрэ буолар дии” эрэ диэн кэбистэ. Били толоон устун балай эмэ барбахтаабыппыт кэннэ, инники соҕус олорбут биир дьахтарбыт “бу туох сытай?” диэн тула холоруктанна. Бары үөмэхтэһэн сытырҕалаан олоотостубут да, туох да быһаарыылаах түмүккэ кэлбэтибит. Холобур, мин эмиэ инники соҕус олорбутум да, туох да сыта баарын билбэтэҕим. Бу олорон ол сыт баарын билбит дьахтарым аттыбытыгар олорбут дьону кытта бэрт дириҥ ис хоһоонноохтук сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэн баран ах баран хаалбыттарын бэлиэтии көрбүтүм. Били сири-дойдуну билиһиннэрэ испит олохтоох дьахтарбыт эмиэ саҥатыттан матан хаалбыта. Ол курдук айаннаан тиийбиппит. Салгыы ким да киирбит, тахсыбыт сибикитэ биллибэтэҕэ. Бу туһунан кэпсэтиһии да барбатаҕа. Арай, хойут ол аргыстаһан айаннаабыт дьонум, сүрүннээн дьахталлар, “туох эрэ биллэн ааспыта. Арааһа, били олохтоох дьахтар кэпсээбит абааһыта олорсубута быһыылааҕа” диэн кэпсэтэллэрин истибитим. Ол эрээри, “чахчы оннук этэ” диэн бигэргэтэр кыаҕым суох. Олоруста эрэ, суох эрэ... “Абааһы олорустаҕына, массыына кини ыйааһынын уйбакка олус улаханнык ноҕуруускаланар” эҥин диэн сүрдээн-кэптээн кэпсииллэрин истээччибин. Ол гынан баран онно массыынабыт улаханнык эрэйдэнэрин билбэтэҕим-көрбөтөҕүм. Баҕар, кимнээх эрэ “ити дьүһүннээх уу-хаар курдук сымыйа кэпсээни тоҕо суруйбуттарай, итиннэ абааһы букатын да суох” диэхтэрин сөп эрээри, дьон оннооҕор буолуох көстөн турар сымыйаны суруйбут буолааччылар. Ол иһин көҕүйэн суруйдум. Тугу да бэйэбиттэн эппэтим. Марианна Николаева, Дьокуускай. Эргэ-саҥа диэн араарбат эбит Уонча сыллааҕыта саас бииргэ устудьуоннаабыт доҕотторум ыҥырыыларынан, биир хоту улууска кустуу-хаастыы бара сылдьыбыттааҕым. Олохтоох уолаттары кытта бэһиэ буолан кыттыһан Халыма өрүс устун балай эмэ өр мотуордаах оҥочонон уһуннубут. Салгыы өрүскэ түһэр ханнык эрэ үрэхтэринэн туораан таҕыстыбыт. Биир саҥатык, былаахы хаптаһыннарынан таҥан оҥоһуллубут үүтээн таһыгар кэлэн тохтоотубут. Олохтоох уолаттар сирдэрин билэллэрэ-көрөллөрө, тутталлара-хапталлара үөрүйэҕэ сүр. Аара айаннаан иһэн “эбэни аһатан” балай эмэ бэһиэлэй туруктаах кэлбиппит. Үүтээҥҥэ киирэн тимир оһоҕу отуннубут, аспытын-үөлбүтүн хостонон, таҥаспытын-саппытын бэринэн, уонча хонор дьон сиэринэн бэлэмнэнэн бардыбыт. Арай, Куоста диэн уолбут үүтээнтэн тэйиччи соҕотоҕун балаакка тардына сылдьарын бэркэ дьиктиргии көрбүппүн өйдүүбүн. Дьиҥинэн, кыһаллыбыт киһи, үүтээҥҥэ биир киһи хонор миэстэтэ көстөр кыахтаах
этэ. Ол эрээри, ыраах сиртэн кэлэ сылдьар киһи билбэт дьоммор тугу мээнэ чобуорхайыамый, “бэйэлэрэ билэн сырыттахтара” эрэ дии саныыбын. Онуоха эбии доҕор уолаттара “Костик, кэл, куттаныма. Бары бииргэ хоонньоһон утуйуохпут. Туох да суох” эҥин диэн дьээбэлииллэр. Киэһэ бэркэ сөллөн олорон аһаатыбыт-сиэтибит. Манна олорон, доҕор уолаттара “ээ, чэ, ыараама-чэпчээмэ, ыраах куораттан кэлэ сылдьар киһиэхэ кэпсээ” диэн аалалларын быһа гыммакка, Куостабыт тоҕо үүтээҥҥэ хоммотун кэпсээбитэ. Дьиҥинэн, бу үүтээни кини оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕоро, булка кыттыгаһа Бүөккэ алта-сэттэ сыллааҕыта туппут. (Ол Бүөккэ биһигини кытта баар этэ). Икки дуу, үс дуу сыллааҕыта ол Куоста соҕотоҕун хантан эрэ бултаан дуу, балыктаан дуу баран төннөн иһэн, кыттыгаһын үүтээнигэр хонон ааһарга быһаарыммыт. Кырдьык, урут сылдьыбыт, хоммут-аараабыт аҕай дойдута буоллаҕа. Күһүөрү, ардыы турара эбитэ үһү. Сэрэйдэххэ, киирэн уот оттунан, ыһыгын сиэн баран утуйдаҕа буолуо. Ол сыттаҕына ким эрэ кинини таба суорҕанын бүтэй түүрэ харбаан ылан, утарылаһан сарбаҥныы-даллаҥныы сылдьар киһиэхэ хамсыыр бокуой биэрбэккэ, кып-кыараҕас аанынан хайдах эрэ батаран таһырдьа таһаарбыт уонна ибис-инчэҕэй, тыбыс-тымныы сиргэ таралыс гыннаран кэбиспит. Бука соруйан буолуо, суорҕанныын-таймалыын чөм курдук сиргэ ууран кэбиспэккэ, суорҕанын сыыйа тардан инчэҕэй буорга төкүнүтэн кэбиспит, суорҕанын ханна эрэ туора илгибит. Түүн тымныыга, ардах түһэ турдаҕына, Куоста ханна барыаҕай? Үүтээнигэр төттөрү киирэн, олус куттанан салҕалыы-салҕалыы, испиискэтин көрдөөн хараҥаҕа балааскайдана сырыттаҕына, били баҕайыта аны илэ-бодо бэгэччэгиттэн харбаан ылан түҥ-таҥ тэлэкэчитэ түһэн баран таһырдьа анньыбыт. Уол туохтан эрэ иҥнэн аан модьоҕотугар быардыы охто сыттаҕына, анарааҥҥы баҕайы атаҕыттан ылан таска быраҕан “көмөлөспүт”. Күүһэ-күдэҕэ туох да ынырык үһү. Киһи кини “илиитин” биллэ да, тута бэйэтин кыаҕын билинэн, утарылаһар да кыаҕа суох барар эбит. Хата, били бастаан таһаарарыгар суорҕана таһырдьа хаалбыт. Уол үүтээнтэн тэйиччи баран, мас төрдүгэр суорҕанын бүрүммүтүнэн олорон ыттыы титирээн хоммут. Халлаан лаппа сырдаабытын эрэ кэннэ үүтээҥҥэ киирэн малын-салын хомунан куоппут. Куоста маны үүтээн таһыгар олорон кэпсииригэр, субу-субу куттаммыттыы үүтээн диэки көрүтэлиирэ, “аны истиэ” диэбиттии сибигинэйэн саҥарара. Арыгы иһэ сылдьан ону-маны көрбүтэ буолуо диэҕи, ол аһы төрүкү испэт киһи диэн уолаттара кэпсээбиттэрэ. Оттон үүтээн хаһаайына Бүөккэ уол ол кэпсээни соччо ылыммат быһыылааҕа. Төттөрүтүн, үүтээнин “репутациятын” көмүскэһэн, “ээ, аҕыйах сыллааҕыта бэйэм тутан-хабан туппутум. Ким да өлбөтөх-сүппэтэх, дэҥ-оһол буолбатах, иччи-абааһы сыстыбатах сирэ. Көрбөккүт дуо, сабыс-саҥа турар дии. Маһын бу Куоста бэйэтэ бураанынан таһыспыта. Ол гына-гына ити курдук баһааҕырдан кэпсиир” диирэ. Ол үүтээҥҥэ нэдиэлэ кэриҥэ сытан бултаабыппыт. Туох да биллибэтэҕэ. Оттон ол сылдьарбыт былаһын тухары Куоста үүтээни өҥөйбөтөҕө. Николай Слепцов.
kyym.ru сайтан