Кэпсээ
Войти Регистрация

Көстүбэт киһи

Главная / Кэпсээн арааһа / Көстүбэт киһи

K
01.11.2019 17:24
Ааспыт үйэ 20-с сылларын саҕана Бүлүү улуустарын кэрийэ сылдьыбыт Ньыыкан Арамаанап диэн көстүбэт киһи туһунан кэпсээн-ипсээн элбэх. Бу киһи туһунан Бүлүү улуустарыгар барыларыгар да кэпсииллэрэ. Холобур, мин аҕам – былыргыны, уруккуну-хойуккуну бэркэ сэҥээрэр киһи – бу туһунан илэ-чахчы көрөн турбут курдук үөлээннээхтэрин кытта кэпсэтэрин өйдүүбүн. Аҕам – Иннокентий Васильев-Соччо Киэсэ (сорохтор Бэтэринээр Киэсэ дииллэрэ) – бэйэтин үлэтин-хамнаһын чэрчитинэн ынах, тарбыйах, о.д.а. абааһыларын-иччилэрин кытта балай эмэ алтыспыт киһи буолуон сөп. «Аһаҕастыҥы» эттээх киһи этэ. Оттуу, бултуу-алтыы сылдьан «бу өтөх иччитэ кырдьаҕас оҕонньор, оттон бу өтөх хаһаайката эмээхсин, бэлэҕи-мааныны олус сөбүлүүр» диэн кэпсии сылдьар идэлээҕэ. Ону, «бука, бэйэтэ көрөр-билэр буолан кэпсиир буолуохтаах» дии саныыбын. Маны тэҥэ, олус түүллээҕэ. Холобур, бултуу сылдьан Байанай тугу маанылыырын биир-икки күн иннинэ бодуруобуна түһээн кэпсээн биэрэрэ. Онон, кини бу номоҕу өйүттэн ылан кэпсээбэтэҕэ буолуо диэн бүк эрэнэбин. Уопсайынан да, бу көстүбэт киһи туһунан Бүлүү түөрт улууһугар барыларыгар билэллэр. Инньэ гынан, бу киһи баар буола сылдьыбытын, биир бэйэм адьас саарбахтаабаппын. Аҕам кэпсээбититтэн тугу өйдөөн хаалбыппын тиэрдэбин: Бу түбэлтэ Бүлүү улууһун Ыарыкчаан диэн түбэтигэр, Дьарааһын Буокката диэн сэниэ ыал олорор түөлбэтигэр буолбут. Ыаллар Балыарда диэн ырааҕынан аймахтара кыыс төгүрүк тулаайах хаалбытын иитэн, үлэһит курдук тутан олорбуттар. Кыыстара төһө да ыалга үлэһит-хамначчыт курдук бэрдэ суох балаһыанньалааҕын иһин, ону санаа баттыга-таһаҕаһа оҥостубакка күлэ-үөрэ сылдьар сытыы-хотуу, бэрт аламаҕай оҕо эбит. Маны тэҥэ, эр киһи хараҕар иҥнэр ыраас-сырдык хааннаах дьахтар буола улааппыт. Биир үтүө сайыҥҥы күн ыаллар от мунньа барбыттар. Күнүскү омурҕаннарыгар аҕалара өйүөлээх мөһөөччүгүн арыйбытыгар, иһиттэн ийэлэрин иистэнэр кыптыыйа төлө түспүт. Кыптыыйы ким өйүөнү кытта холбуу укпутун силиэстийэлии сатаан баран, кыайан быһаарбатахтар. Оччолорго кыптыый ыал биир мааны баайа буоллаҕа. Ол ханна эрэ бардах-кэллэх аайы киһи укта сылдьыбат күндү мала. Киэһэ оттоон бүтэн баран дьиэлэригэр кэлбиттэрэ, ол кыптыыйдара былыр үйэҕэ кинилэр иннилэригэр «кэлэн» оннугар ыйанан турар эбит. Дьиктиргээн сирэй сирэйдэрин эрэ көрсөн кэбиспиттэр. Ким да ол төрдүн-төбөтүн чинчийэ сатаабатах. Киэһэ ийэлэрэ кыргыттарын кытта ынахтарын ыы тахсыбыттарыгар, ынахтара туохтан эрэ сиргэнэн иирбит курдук тула сырсан өрө холоруктана сылдьаллар үһү. Ону бэрт эрэйинэн тохтоппуттар. Ол сарсыныгар дьиэлэриттэн тахсан баран көрбүттэрэ, тиэргэн былаһын тухары ыһылла сыппыт ынахтарын-сылгыларын сааҕын ханнык эрэ сүрэхтээх-бэлэстээх киһи биир сиргэ чохчолоон кэбиспит. Дьиэлээхтэртэн ону «дьаһайан», ыаһах гынан оонньуу сылдьар киһи суоҕа биллэр, чугас эргин ханнык да туора дьон суоҕа эмиэ өйдөнөр эбит. Дьиэлээхтэр онтон бэркэ дьиксиммиттэр. Ол онон ааспыт. Бастакы дьикти сибикилэр онон бүппүттэр. Күһүн ыаллар кыстыктарыгар көспүттэр. Бу кыһыны кинилэр этэҥҥэ туораабыттар. Саас муус устар ыйа кэлэн лаппа сылыйбытын, таһырдьа харалдьык тахсыбытын кэннэ, биир үтүө күн, күрүлүүр күнүс, оһох ураатынан ытыллан
дьиэлэрин иһигэр холорук киирбит, холумтан күлүн-чоҕун барытын дьиэҕэ ытыйбыт. Дьыл бу кэмигэр холорук мэнээктээбитэ, ону ааһан оһох ураатынан дьиэҕэ «ыалдьыттаабыта» диэн суох, онон ыаллар туох эрэ бөрүкүтэ суох дьыала буолан эрэрин тута өйдөөбүттэр. Дьэ, бу кэннэ ыҥырыллыбатах ыалдьыт ыксаласпыт чинчитин бэрт хобдохтук биллэрэн барбыт... Сарсын сарысыардатыгар ынах ыы тахсыбыт ийэлэрэ хотон иһигэр ынахтара барылара босхо баран лиһигирэһэ сылдьалларыттан уолуйбут хаһыытыттан уһуктубуттар. Хата, кэйсибэтэхтэр. Аны, сүөһүлэрин быалара суох үһү. Бэрт өр көрдөөн, күкүргэ ходуул тобоҕун анныгар бэрт кыһамньылаахтык халаачыктыы түүрэ эриллэн баран кистэнэ сыталларын булбуттар... Дьэ, ити кэннэ көстүбэт дьукаах кимтэн да кистэммэккэ, килбигийбэккэ ыаллар олохторун огдолутан барбыт. Ол курдук, дьиэлээхтэр аһаары остуол тула муһуннулар да, хотон иһиттэн ынах сааҕынан «сэриилээн» барар үһү. Кыһыытыгар, быраҕан биирдэ да сыыспат, санаабыт сиригэр түһэрэр эбит. Итини таһынан, тугун кыһалҕата эбитэ буолла, түүн аайы саҥаттан саҥа ынах быатын сүөрэр. Инньэ гынан, ынах ынаҕы өлөрүө диэн, дьиэлээхтэр түүннэри утуйбакка саалаах, быһахтаах хотоҥҥо дьуһуурустуба-лыыр кыһалҕаламмыттар. Оччотооҕу дьон оннук өлүүттэн быыһанар суоллара биир буоллаҕа: биир үтүө сарсыарда дьиэлээх оҕонньор тэйиччи соҕус олохтоох Мөлөккө ойууну ыҥыра барбыт. Аҕалара барбытын кэннэ били иитиэх кыыстара Балыарда хотоҥҥо ынахтарын аһата сырыттаҕына, хотон үрдүттэн киһи саҥата «дьиэлээх тойон Мөлөккө ойууну аҕала барда, ол ойуун миигин кыайбата буолуо, бука» диэн саҥа иһиллибит. Уҥуоҕа халыр-босхо барыар диэри куттаммыт кыыс ону киирэн дьонугар кэпсээн биэрбит. «Дьукаахтара» кинилэр кистэлэҥ былааннарын барытын истэн-билэн олороруттан, ойуун кыайбат сураҕыттан дьиэлээхтэр улаханнык самныбыттар, саллыбыттар. Киэһэ кэлбит ойуун абын-хомуһунун, үөрүн-сүүрүгүн барытын түмэн, дүҥүрүн охсуолаан саҥардыы хамсанан эрдэҕинэ, хотон диэкиттэн киһи саҥата «Мөлөккө кырдьаҕас, таах эрэйдэнэҕин. Мин абааһы буолбатахпын, баара-суоҕа дьон хараҕар көстүбэт дьылҕаламмыт киһибин. Онон туһата суохха эрэйдэнимэ, уурай. Кырдьаҕас киһи сиэринэн утуйан, сынньанан баран сарсыарда дьиэҕэр төнүн» диэн бэрт холкутук сүбэлээн кэбиспит. Ону кытта ойуун мөккүһэ-түөргүлэһэ барбатах, тута «мин кыаҕым таһынан күтүр буулаабыт» диэн сөбүлэспит. Утуйан туран баран, сарсыныгар дьиэлээбит. Бэрт сотору кэминэн «Дьарааһыннааҕы илэ сылдьар абааһы буулаабыт» диэн дьулаан сурах нэһилиэги уҥуордаан, ааһа бара турбут. Ыарыкчаан түөлбэтигэр ким да кэлбэт-барбат буолбут. Ол түмүгэр, Дьарааһыннаах ыар ыалдыттарын кытта бэйэлэрэ эрэ олорон хаалбыттар. Дэҥ-дуҥ биир эмэ быстарбыт киһи, аймахтара дьон алҕаска таарыйдахтарына, абааһы кинилэри оҥочолоох оҥоһууларын оҥорон ыыталыыр. Малларын-салларын, көлөлөрүн тэриэбэлэрин ким да булбатын курдук кистиир, таҥастарын уһааттаах ууга симэр, олус кичэллээхтик ынах сааҕынан сыбыыр, бэйэлэрин туох түбэһэринэн тамныыр. Абааһы хаһан да хатыламмат баай фантазиятыттан дьиэлээхтэр бэйэлэрэ кытта дьулайаллар. Арай, биирдэ, кыыстара Балыарда хотоҥҥо ынах сааҕа күрдьэ сырыттаҕына киһи саҥата «хотуой, дьиэлээх хаһаайыттаргар эт, мин абааһы буолбатахпын. Киһибин. Олус аччыктаатым. Дьиэттэн хотоҥҥо киирэр аан утары кыра буолката (остуолла) оҥордуннар уонна сууккаҕа биирдэ
ас астаан уурар буоллуннар» диэн илдьиттээбит. Дьикитэ диэн, көстүбэт киһилэрэ Балыардалыын эрэ кэпсэтэр, атын дьону дьон да курдук баардылаабат дууса буолан биэрбит. Ити күнтэн ыла дьиэлээхтэр дьукаахтарын аһатар түбүккэ түспүттэр. Көстүбэт киһилэрэ, дьоллоругар, олус кыраны аһыыр. Кинини аһатар иһиттэрэ кыра эмэ кирдээх буоллаҕына, төттөрү быраҕан саҥалыы сууйтарар-сотторор. Сүүрүҥүйдүү буспут аһы сөбүлээбэт, салгыы буһартаран эрэ баран сиир. Онтон сылтаан «бэрт мааны, силээхтэ киһи быыһылаах» диэн сылыктыыллар. Кэлин сыыйа бодоруһан, көстүбэт дьукаахтара кыыстарынан ону-маны бары илдьиттиир буолбут. Холобур, «илэ абааһы эҥин диэн омуннурбакка, киһилии сылдьар буоллахтарына, ыалдьыттар да сырыттыннар. Кими да моһуоктуом суоҕа» диэн эрэннэрбит. Ити кэннэ «дьукаахтыылар» сыһыаннара арыый көммүт, холкутуйбут. Хоноһолор да сылдьар буолбуттар. Ол былаһын тухары көстүбэт киһилэрэ дьиэҕэ киирбит сибикитин билэрбэтэх, наар хотоҥҥо эрэ дугуйданар. Кэлин лаппа билсэн-көрсөн баран, дьукаахтара иитиэх кыыстарын Балыарданы ойох биэрэллэригэр көрдөспүт. Дьиэлээхтэр тэҥнэһиэхтэрэ дуо, сөбүлэһэллэригэр эрэ тиийбиттэр. Дьулаан ыалдьыты кытта ханан тэҥнэһэн аахсаары, туохтарыгар эрэнэн утарыахтарай, сөбүлэһиминэлэр! Ол кэннэ Дьарааһыннаах аан муннугар «саҥа ыалга» анаан быыс оҕото тардан муннук оҥорон биэрбиттэр. Киһилэрэ ол былаһын тухары көстүбэт үһү. Арай, киэһэ көмүлүөк оһох сырдыгар ол киһилэрин быыһы сабар илиитэ көстөн хаалар эбит. Илиитэ сырдыгын, кугас түүлээҕин иһин «нууччатыҥы бодолоох киһи быһыылаах» диэн эрэ сылыктыыллар. Биирдэ бу Дьарааһыннаахха хоно кэлбит күүстээх киһи, утуйуу саҕана, холоон көрөөрү ол дьукааҕы илиититтэн харбаан ылбыт. Ону анарааҥҥыта таһаҕас гыммакка тоҕо тардан ылбыт. Ол киһилэрэ кэлин «дьиҥнээх киһи илиитэ этэ, ол гынан баран киһини тутуһуннарбат күүстээҕэ, тута төлө тардан ылбыта» диэн кэпсээбит. Балыардаларын кэпсээнинэн, ол киһилэрэ син биир киһи курдук таптыыра, имэрийэрэ-томоруйара үһү. Ол гынан баран, төһө да көрдөһө сатаабытын иһин, ойоҕор да көстүбэт эбит. Дьукаах, сыстыһан-үөрэнэн, дьиэлээхтэр бултуу, балыктыы бардахтарына, хаһан төннөллөрүн, төһө бултуйалларын барытын көрөн турар курдук кэпсээн биэрэр адьынаттааҕа үһү. Маны тэҥэ, туох аһы ууралларын ахсааныгар тиийэ эрдэ сакаастаан кэбиһэр. Итэҕэс уурдахтарына – эптэрэр, ордук буоллаҕына – хаалларан кэбиһэр. Ити курдук үс сыл Дьарааһыннаахха дьукаах олорон баран, саас көстүбэт киһи «үс сыл устата манна бэркэ сынньанным, бу саас үһүс Охонооһойоп кэнниттэн, чалбах тахсыыта эһигиттэн барабын» диэн сэрэппит. Ол иннинэ Ыарыкчаан түбэтиттэн чугас баар Дьэбдьигийээн диэн сиргэ олохтоох Тыаһыт Ыстапаанын «кэлэ сырыттын» диэн ойоҕунан Балыарданан илдьиттээбит. Илдьити тиэрдибиттэригэр, ол Ыстапааннара «куттанарым бэрт, миигин дьиэтигэр суох эбит, Көтөрдөөххө баран хаалбыт диэн эт» диэн кыыстан көрдөспүт. Балыарда көстүбэт киһитигэр ону кэпсээбитигэр, анарааҥҥыта бэркэ кэлэйбит куолаһынан, үкчү Тыаһыт Ыстапаан саҥатын үтүгүннэрэн, тугу эппитин барытын хатылаан биэрбит. Болдьохтоох кэмнэрэ тиийэн кэлбит. «Барарбар хараххытыгар көстүөҕүм» диэбитин итэҕэйэн, Дьарааһыннаах арҕаа түннүктэрин аһан бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолан күүтэн олорбуттар. Көрдөхтөрүнэ, эмискэ күүстээх тыал түспүт, дуолан холорук
сыһыы уутун-хаарын өрө ытыйан таһаарбыт. Ол ортотугар били киһилэрэ харааран көстөрө үһү. Хара таҥастаах, орто уҥуохтаах, сөп эттээх-сииннээх киһи элэс гынан көстөн хаалбыт. Дьарааһын Буоккалаахтан көһөн баран, көстүбэт киһи Кэбээйигэ хас да ыалга олорон ааспыт. Мукучу сиригэр Сайылыкка Фомин Уйбааннаах диэннэргэ дьукаахтаһа сылдьыбыт. Бодоруһуохтарын иннинэ эмиэ ойууннана-хайыы, «абааһы буулаата» диэн сурах тарҕата сылдьыбыттар. Бу ыалларга «дьукаахтара», бука айаҕын соболоҥун буолуо, ампаардарыгар бэрт эмис сылгы аҥаарын, кунан оҕус быһаҕаһын баар гынан соһуталаабыт. Фоминнар «аны ыалларбыт эттэрин уорбута буолуо» диэн сураспыттарыгар, «уоруйах дии саныыгыт дуо?» диэн улаханнык кыйахаммыта үһү. Салгыы ол көстүбэт Ньыыкан Арамаанап Сунтаар Хочотугар тиийэ сылдьыбыт. Накыыттыыр диэн сиргэ олохтоох Иҥиир Баһылайдааҕы булан эмиэ улаханнык куттаабыт. Сыыйа билсэн-көрсөн баран, бу ыалга сылгы икки ойоҕоһо, атах эт, арыы, кирпииччэ чэй булан соһуталаабыт. Бу Сунтаарга тиийэн Ньыыкан Арамаанап сорох ардыгар киһи киһи курдук көстөн ылыталыыр буолбут. «Мин сылдьыбытым туһунан кэпсээн-ипсээн оҥосто сылдьымаҥ, иэстэбиллээх буолуо» диэн баран бараары туран, бу Иҥиир Баһылай оонньуур хаартытын бэрт үөрүйэхтик кур-хар тутан ырытан биэрбит. Ол хаартынан кэлин Иҥиир Баһылай Бүлүү улуустарын барыларын кэрийэ сылдьан оонньоон кимиэхэ да иннин биэрбэтэх. Онон улаханнык көнөр гына байбыт-тайбыт. Ньыыкан Арамаанап кэлин Ньурба Өҥөлдьөтүгэр биир ыалы буулаан, хаста да кыстаан ааспытын туһунан кэпсээннэр бааллар. Кэлин, аҕа дойду сэриитин кэнниттэн Ньыыкан Арамаанаппын дэнэр нууччалыы дьүһүннээх, сулардыы бытыктаах, күөх харахтаах, орто уҥуохтаах киһи Кэбээйинэн, Бүлүү түөрт улууһунан ыалдьыттаан ааспыта үһү. Онно: «Били Ньыыкан Арамаанаппыт киһи хараҕар көстөр буолан баран кэлбит», – диэн сурах тарҕаммыт. Оттон кырдьаҕас дьон «олус элбэҕи ааҕан, билэн-көрөн көстүбэт буолан хаалбыт, хомуһуннаах киһи буолуо, бука» диэн сылыктыыллара үһү. Соччо Ку-ту-каай, Ньурба, Маалыкай.
kyym.ru сайтан