Кэпсээ
Войти
Регистрация
Абааһы... Абааһы...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Абааһы... Абааһы...
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
25.10.2019 18:02
Аммаҕа Абаҕаҕа олохтоох кыраайы үөрэтээччи Д.С. Лонгинов ааспыт үйэ 80-с сылларыгар миэхэ улаханнык көмөлөспүтэ. Онтон Абаҕа учааскатын сирдэрин суруйбутуттан ааҕыаҕыҥ. «К.А. Степановы уонна П.Е. Жиркову көмөлөһүннэрэн суруйдум», — диэн хос быһаарыылаабыт. Үҥкүр – 100-чэкэ сыллааҕыта бу күөл эбитэ үһү. Биир кыһын күөл мууһа хайыта ыстанан күөрэлэммит. Ол сыл күөл, оҥоччу уолан, алаас буолбут. Үҥкүр мууһа алдьанарыгар Хаҥха уола Уоһук диэн киһи киэһэлик, от тиэйэн ааһан истэҕинэ, күөл мууһа сир түгэҕиттэн ынырык улахан тыас иһиллибит. Киһи угуһа, наһаа куттанан, нэһиилэ кытыыны булуутугар: «Күөл ортотуттан кэбиһиилээх от саҕа хара тахсыбытын көрдүм», — диэн кэпсээбит. Бэрт өргө диэри Нэрилилиир Нэс Үтүгэн түгэҕиттэн Уу Угуһа муоһунан хайа солоон, Орто Дойдуну быган көрдөҕө», — диэн бас-көс дьон уонна ойууннар быһаараллара үһү. Ол ийэ ууһа Дьячковскайдар быстыахтарын иһин көһүннэҕэ дииллэрэ. Дьон бэрт өр кэмҥэ Үҥкүрү, алаас буолбутун да кэннэ, Абааһы Аллараа дойдуттан тахсар аартыгынан сыаналыыллара. Билигин үрдүк сыырдаах кыараҕас алаас, кыра көлүйэ күөллээх. 1922 сыл 29/ХII күнүгэр Данил Заборовскай диэн Абаҕа үөрэхтээх комсомолун Коробейников баандата ытан өлөрбүт. Бу оҕону, өлбүтүн да кэннэ өһөөн, Абааһы Аартыгар көммүттэрэ. Билигин бэрт үчүгэй бетоннай пааматынньык туруорбуппут. 1967 с. Бүлүүгэ Педагог учуонай М.Т. Гоголева миэхэ элбэхтик көмөлөспүтэ. Онтон биир түгэни бүгүн суруйуум. Марина Трофимовна 1994 с. Бүлүү ытык кырдьаҕаһа О.Т. Мальцевы кытта (1907 с. төрөөбүт) кэпсэппититтэн суруйбута. Ол онтон биир түгэни аҕалыым. «Кыра эрдэхпинэ аччыгый эдьиийим Суоппах Сөдүөт диэн киһиэхэ кэргэҥҥэ тахсыбыта. Аҕам аччыгый балта. Уончалаахпар ахтар этим. Барарыгар ытаан хаалтым. Кэллэҕинэ хоонньоһо сытабын. Мэҥэҕэ ампаар дьиэҕэ, уҥа өттө устунан сыҥаһа орон, аҕыс кырыылаах маҕанаҕа бастанан киирэр. Аан диэкки эдьиийим көхсүгэр утуйа сытан, арай, эмискэ уһугуннум. Ыйдаҥа баҕайы. Ол маҕанаҕа өйөнөн биир дьахтар турар эбит. Маҥан былааттаах, кып-кыһыл харахтаах, оспоччу көрбүт. Эдьиийим сырайын өҥөйөн турар. Ол сытаммын эдьиийбин уһугуннардым. Уһугунна. Табахсыт этэ, хаҥас илиитинэн сыттыгын анныттан табааҕын ылаары, саппыйа иһигэр хамсатын уган сылдьааччы, баспын охсубутугар, дьик гына түстүм. Били баҕайы өрө хантас гынаат, хотон диэкки сүүрэн хойбороҥноон, ыт быттыйдаҕына тибигирэтэрин курдук, хотон боруогар үктэнэн туран, бэттэх көрөн осполлон турар. Эһэм уһуктан: «Туох тыаһыыр, ыт баар дуо?» — диэтэ. Мин: «Эһэбэр барыам», — диэтим. «Ити оҕо туох буолла? Тоҕойуом, кэл», — диэн эһэм ыҥырбытыгар, эһэм улаҕаа өттүгэр дьылыс гынан хааллым. Ол эдьиийим ыарыһах буолбут. Суоппас түүҥҥү дьахтардаах дииллэрэ. Ол баҕайы батыһа сылдьара буолуо. Биирдэ хойут, сүүрбэччэбэр чугаһаабытым кэннэ, бырааппын Кирилэни кытта таҥара муннугар бастанан, күһүҥҥү муҥха саҕана ыксары утуйан хаалбыппын. Эмискэ уһугуннум. Уот диэки хайыстым. Остуол эркиҥҥэ ыбылы турбатах. Ол икки ардыгар биир кыыс турар, түннүгү сөмүйэтинэн тарбаан ыла-ыла айаҕар угар. Арбаллан
турар. Дьэбириэй хааннаах (харатыҥы, оһох буорун курдук). Кини кэннинэн эһэ баттаҕа күкээрэн көстөр. Кини сырдаан көстөр, дьиэ атын өттө хараҥа. Дунай эмээхсин орто кыыһа Өкүлүүнэ хоно сытар бириэмэтэ этэ. Кинини Макыысай Уйбаан (Дабаан аҕатын ууһуттан) кэргэн ылан баран, бокоорбутун иһин, киллэрэн кэбиспиттэрэ. Ынчыктыы сытар этэ. — Бу киһигин дуу, абааһыгын дуу. Киэр буол! — диэтэҕим дии. Ынчыктыы сытар Өкүлүүнэ диэкки көрөн мынааһыйда, онтон сүтэн хаалла. Күөх сирдээх бырдьыгынас сиидэс баар буолар. Оннук хараҕым бырдьыгынаан хаалла. Дьон, уһуктан, һуу-һаа буоллулар. Эһэм баттаҕа көстүбэт. Түннүгүм маҥаас ынах сырайын курдук нэһиилэ көстөр. Эргиллэн бырааппын көрө оҕустаҕым». Сунтаарга «Кус Хоро. Үһүс чааһа» кинигэ (Дьокуускай, 2011) «Оһоҕос» диэн түһүмэҕиттэн ааҕыаҕыҥ. «Оһоҕос, дохсуна бата сатаан эбитэ дуу, аны туран Үөһэттэн кугас маҕаас сылгылаах абааһыттан ойох түһэртэрбит. Манна аатырбыт Хочума диэн ойуун, үс түүннээх күн кыыран, Оһоҕос абааһы кыыһа ойоҕун Үөһэттэн түһэрбит. Онуоха били ойоҕо олорор анал дьиэтин ити Моҕоос Күөлүн хоту өттүгэр Ураһа Анна диэн күрүө хоту өттүгэр ойуурга бэлэмнээбит. Били күтүрүн онно олордор. Ол ойоҕо түспүтүн кэннэ бөтүүк хаһыыта, араас куһаҕан саҥа киһини сүгүн олордубат буолбут уонна били абааһылар Оһоҕоһу сүгүннээбэт буолтар, дьоно-сэргэтэ өлөн киирэн барбыт. Дьэ ол иһин били Хочума ойуунунан төттөрү үтэттэрбит. Били Үөһэттэн түспүт сиригэр. Ол саас өрүс көмүөлэ уста турдаҕына, араас көтөрдөөн мас эмэгэт, араас түүлээхтэн кэһиилээн, хойохтоон, болуот оҥорон, онтугар тиэйэн баран били ойуунунан өрүскэ ааллаппыт. Били күтүрдэр онтон ыла мэлис гынан хаалтар. Ол абааһыга бэлэмнэппит дьиэтин онно билигин даҕаны торума сытар. Билигин Абааһы Өтөҕө диэн ааттанар. Бу хойукка дылы онон хоргус киһи сылдьыбат буолара. Хор, оннук киһи. Дьэ били ойоҕун хоонньоспут, хайаабыт диэн сэһэн буолбат. Баҕар, онон тыыппатаҕа да буолуо» (47 с.). Өлүөхүмэҕэ 1987 с. Абаҕаҕа, 82 саастаах Г.Н. Сектяев-Хаалланы кытта кэпсэтэн, байбытым. Онтон биир түгэни аҕалыым. «Абааһылаах. Мин олорон улааппыт сирим. Оҕус ыстаайатыгар кыһын хонор. Эргийэр ааннаах Аҕам курулатан иитэр этэ. Оҕуһун. Ол эргийэр аанын кыһын күүлэбит ааныгар, улахан аан буоллаҕа, киэһэ аайы аҕалан быраҕар. Утуйдуҥ, сыттыҥ да аҕалан быраҕар. Ону үс ыал алта ыта алтыан үрэллэр, тайах курдук хаайаллар. Чүмэчи уматаҥҥын, ааны тэлэйэн, көрөҕүн. Туох да суох. Ыттарыҥ, мээнэ үрэ-үрэ, айан суолугар киллэрэн, үүрэ тураллар. Сыһыыга киллэрэн баран, төннөн кэлэллэр. Онтон көһөн хаалтара. Онно бэйэм хаалтым. Кыыс оҕолоох этим. Олорор оҕо. Онтум, аҕыйах хонон баран, өлбүтэ. Суукка эрэ ыалдьыбыта. Ыт оҕото дьиэҕэ хаалар этэ. Ыалтан ылбытым. Туус маҥан ыт оҕото этэ. Күнүс кыыспыт ыарыйда. Онтон түүн ыккардыбытыгар илдьэ сытан, миигин: «Утуй», — диэтэ эмээхсиним. Онтон: «Ыт оҕото оһоҕу Тула эргийэ сылдьан эрэр. Тур, тур», — диэтэ. Ыт
оҕото, эргийэн кэлэн, айаҕын аппытынан били оҕо агдатыгар түһүөх курдук, ытырыах курдук. Ону мин хаҥас илиибинэн эһэн кээстэҕим дии. Ыппын. Оҕону ытыттарыам дуо. Онтон сарсыарда чаайдыы олордубут. Эрдэ туран. Эмээхсиним, көтөҕөн олорон, чаай кутар. — Чаайдаан бүттүҥ дуо? Оҕоҕун ыл. Дьаарбай,— диэтэ. Үчүгэй баҕайытык кэллэ. Дьэ, суол аанын диэки бардым. Илиибэр кыаттарбата, чаачыгырыы-чаачыгырыы мөҕүстэ. Эмээхсиним сүүрэн кэллэ. «Аҕал»,— диэтэ. Ол ыккардыгар өлөн хаалла. Чаачыгырыы-чаачыгырыы мөхсөн. Онтон халлаан сырдыыта били ытым оҕото өлөн хаалла. Тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ. Улахан ыттар таһырдьа буоллаҕа. Киэһэ аайы, оруок курдук, үрэллэр. Туох да байан-тайан олорбут сириҥ иччилэнэрэ кирдик эбит». Өймөкөөҥҥө Томтор бөһүөлэгин учуутала Е.П. Новгородов 1982 с. маннык суруйан биэрбитэ. «Төрүккэ, уруккута Икки Ампаар диэн миэстэҕэ, 8 кылаастаах оскуолаҕа үлэлии сылдьан, сир-дойду ол-бу иччитин туһунан дьону кытта сэһэргэһэрбит. Ол курдук биир маннык кэпсээни олохтоох, сааһын тухары наар сылгыһытынан үлэлээбит Варлам Сивцевтэн истибитим. Быйыттаах диэн сиртэн айан суолугар тахсарга былыргы бабаарына турар сиригэр оттуу сылдьыбыт. Ол өтөх дьиэтигэр хоно сыттаҕына, дьиэ сибиэнэ – абааһыта сүгүн утуппатах. Ону өсөһөн, дьиэттэн иччи холдьохпутун утарсан, миинэр атын дьиэҕэ сиэтэн киллэрэн, таһыгар баайан кэбиспит. Сибиэн сүтэн, биллибэккэ, Варлам ол түүн этэҥҥэ утуйбут, хонон турбут». 6.10.2011 с. Багдарыын Сүлбэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан