Кэпсээ
Войти Регистрация

Маннык эмиэ баар буолар

Главная / Кэпсээн арааһа / Маннык эмиэ баар буолар

K
18.10.2019 18:11
Бу кэпсээни мин кыра оҕо сылдьан, арааһа, 1928-1929 сыллардаахха эбитэ буолуо, истибитим. Мин төрөппүт аҕам аах ити кэмҥэ үһүө буолан балыкка сылдьаллара. Ол аҕабын кытта бииргэ балыктаһар Трофим Иванов ыраах олорор быһыылааҕа, ардыгар кэлэн биһиэхэ хонон барара. Дьэ, ол кэллэҕинэ биһиэхэ арааһы бары кэпсэтэр этилэр. Аҕам саҥа ойоҕо, киииринньэҥ ийэм, оҕоломмотоҕо. Ол эрээри аҕам оҕолорун бука барыларын абааһы көрөрө. Ол иһин мин ыалтан ыалы кэрийэ сылдьан кэриэтэ улааппытым. Ыалдьыт баар буоллаҕына маачаха ийэм кыыһырбатын, туттунарын иһин, биирдэ ол Трофим хоно кэлбитигэр дьиэбэр кэллим. Чэйдэстим. Трофим онно маннык диэн кэпсээбитин олус сэҥээрэн истибиппит: — Биһиги бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Саамай улахан убайым бу эһиги таскытыгар көһөн кэлэн олорор. Эмээхсинэ оҕото суох, ол гынан баран дьикти идэлээх. Мин бэйэм 5 оҕолоохпун, 2-3 төрөөбүт ынахтаахпын. Ойоҕум ону ыан оҕолорун аһатар. Бу биһиги бары өрүскэ балыктыыбыт эрээри, биир да балыгы бэйэбитигэр биэрэн ыыппаттар. Сокуон ол курдук кытаанах. Ас суох. Арай, биирдэ дьиэбэр кэлбитим, эмээхсиним оҕолоро ытаһа, тарбыйахтара аһыы да барбакка дьиэ таһыгар маҥыраһа сылдьаллар. Мин соһуйдаҕым дии, «туох буоллугут?» диэн ыйыталастым. Онуоха «икки хонуктааҕыта эн убайыҥ ойоҕо, саҥаһыҥ, кэлэн барбыта. Онтон ыла ынахтарбыт үүттэрэ букатын биир да хааппыла кэлбэт гына сүтэн хаалла. Онтон ыла ынах ыабакка, үүт испэккэ олоробут. Биһиги толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Дьонтон ыйыталаһа сатыыбыт да, ким да тугу да сүбэлээбэт. Ити кэнниттэн саҥаһым баардаах баарын биллэрэн барда. Бөһүөлэккэ кини ыалдьыттаабыт ыалларын ынахтара бука бары уолан бардылар. Сотору бөһүөлэк эмээхситтэрэ өрө тураннар, саҥаһым ынах ыыр ыаҕайатын алдьаттылар, хаста да уулуссаҕа тутан баттахтаатылар. Бөһүөлэкпит айдаан уйатыгар кубулуйда... Ол олордохпутуна хайа эрэ дойдуттан биир ыал кэлэн олохсуйда. Бу ыал эмээхсинэ эмиэ оннук идэлээх эбит. Инньэ гынан, ынаххын хайалара моһуоктаабытын да билбэт балаһыанньаҥ үөскээтэ. Онуоха, хата, биир олохтоох эмээхсин сүбэлээччи буолла. «Ити эмээхситтэр Өлүөхүмэттэн кэлбиттэрэ, онон, арааһа, эриэн үөнү хатаран баран туһана сылдьар буолуохтаахтар. Кинилэргэ киирэ сылдьан оһохторуттан чоҕу ылан баран, ону тоҕус гына үлтүрүтэн тааска кутуҥ, туустаан, бурдукка булкуйан баран ынаххытыгар сиэтиҥ. Үс-түөрт чаас буолан баран ынахтаргыт ыанан барыахтара» диэтэ. Аны туран, ол чоҕу кинилэргэ букатын биллэрбэккэ эрэ ылыахтааххын. Били эмээхситтэрдээх ыаллар оһохторун чоҕун таһырдьа тоҕоллор да, кыһыйыах иһин, биир да чоҕо суох, аҥаардас күл эрэ буолар. Ол иһин, уорбалаабатыннар диэн, кинилэргэ хаһан да сылдьа илик киһини кигэн чоҕу уордардыбыт. Ынахтарбыт тута ыанан бардылар... Трофим кэпсээнин биһиги, эппитим курдук, олус сэҥээрэн истибиппит. Кэлин зоотехник дьахтартан ыйыталаһа сатаабытым. Кини ынаҕы оннук ыаммат оҥоруу баарын билэр эбит да, «ону үөрэх дакаастыы илик» диэн кэбиспитэ. Ити курдук, биһиги бөһүөлэккэ икки оннук эмээхсин баара. Оттон улахан бөһүөлэккэ оннук дьарыктаах «сыалай»
3-4 эмээхсин баара үһү. Кинилэр дьайыыларыттан бөһүөлэк дьадаҥы да, баай да ыаллара олус эрэйдэммиттэр. Аны туран, маннык дьарыктаах эмээхситтэр өлөллөрүгэр ол кистэлэҥнэрин кыргыттарыгар эбэтэр кийииттэригэр хаалларан бараллар эбит. Билигин «үөрэх сайынна аҕай» дииллэр. Бу маны быһаарар биир эмэ киһи баара дуу... Былыр эдэр эрдэххэ өссө маннык сэһэн баар буолара. Оччолорго эр дьон биир эмэ ыал кыыһыгар харахтарын хатаатахтарына, кыыс сөбүлүүрүттэн-сөбүлээбэтиттэн тутулуга суох, кыыс баттаҕыттан үс утаҕы ылан абылаан кэбиһэллэрэ үһү. Кыыс тугу барытын умнан ол киһиэхэ харааччы иирэн хаалар эбит. Ону туох да уустуга суох дьыала курдук кэпсииллэрэ. Син биир ол курдук, сорох ыаллар олус төрөлкөй, эмис сүөһүлэрин (сылгыны да, ынаҕы да) ымсыыра көрдөхтөрүнэ, ол эмиһин «көтүтэн» ылаллара. Ити иһин былыргы күүстээх дьон туора дьоҥҥо эттэрин-сииннэрин хаһан да көрдөрбөттөрө. Бэл, тусталларыгар ким да көрбөтүн, түү-баттах таммалаабатын курдук бүтэй таҥастаах, уһун сиэхтээх ырбаахылаах сылдьан киирсэллэрэ. Билигин аныгы кыргыттар араас хаамаайы омуктарга олус чаастатык эргэ тахсар буоллулар. Ону мин, «арааһа, ол дьон итинник кистэлэҥи билэр буолан абылыыллар дуу...» дии саныыбын.. Биһиги дьоммут туох таҥастаах-саптаах симэнэн сылдьалларын бары көрө сылдьабыт. Ол туох да уустуга суоҕа буолуо. Итини таһынан, сэрии кэнниттэн аҕай дойдубар биир оҕонньор баарын өйдүүбүн. Ол оҕонньор уола көрүүлэнэр дьарыктаах буолара. Урут кимэ эрэ өлбүттээх ыалга киирэн дьиэ үрдүн көрө-көрө «ол өлбүт киһигит дууһата бу кэлэ сылдьар» дии-дии, ол дууһаны кытта добдугураччы кэпсэтэн барар идэлээҕэ. Ол дьиҥнээх эт өйүнэн сылдьан кэпсэтэрэ дуу, дьону куттаары албаһырара дуу – билбэппин. Араспаанньата, арааһа, Адамов диэн быһыылааҕа. Ити курдук. Быйыл 80 сааспын туолуохтаахпын. Бу ыстатыйам сыыһын хас да күнү быһа суруйан бооччойдум. Хараҕым да көрбөт, арыт тугу суруйа олорорбун таһы-быһа умнан кэбиһэбин. Хата, урут тугу истибиппин бар дьону кытта үллэстэн чэпчээбиккэ дылы буоллум. Клавдия Моисеева, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан