Кэпсээ
Войти Регистрация

Эрэн... Барыта үчүгэй буолуо...

Главная / Кэпсээн арааһа / Эрэн... Барыта үчүгэй буолуо...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
25.02.2021 15:17
Сардаана аттынааҕы ыаллара, хата, чуумпулар. Урут алта сыл анараа өттүгэр олорбут ыаллара бааллар этэ... Ийэлиин, аҕалыын, оҕолуун бары иһэр ыаллар диэн олор этэ. Күөх моҕойу таҥара оҥостубут ыал диэххэ сөп. Саҥардыы этин-сиинин тутан эрэр кыыстарын эрэ аһынара. Ийэтэ буолуохсут итирэн кэлэн киһи кулгааҕар батан киирбэт тылынан үөҕэр этэ. Сардаана биирдэ эмэ кыыһы аһынан киирэн чэйдэтэрэ, сууйара, эргэ таҥастарын биэрэрэ. Биирдэ дьиэлээх дьахтары таһырдьа көрсөн: "Кыыһыҥ улаатан эрэр, эргэр кэлэр-барар дьоннор муокастыахтара, саатар, иһэргин тохтоторуҥ буоллар..." — диэбитигэр, өһүргэнэн өлө сыспыта. Биэнсийэлэрин ылбыт күннэригэр, дьэ, эҥин араас сирэйдээх-харахтаах дьон үөмэхтэһэллэр. Ыаллар тулуйа сатаан баран милииссийэни ыҥыраллар эрээри, ким даҕаны кэлбэт этэ. Дьиэбин атыылаабыт киһи дуу диэн толкуйдуу сылдьыбыта. Онто баара... * * * Биирдэ Сардаана үлэтиттэн кэлбитэ, сирэйэ бүттэтэ суох баас буолбут, аҥаар харахтаах киһи Катяны подъезка күөйэн турарыгар түбэстэ. Кыыс эрэйдээх куттаммыта сүр, барбах сыҥсыйар. Сардаана өй ылан сарылыы түһээт, суумкатынан били киһини охсуолаата. Онуоха киһитэ дьахтары биирдэ сырбатан түһэрдэ. Сардаана муостаҕа сууллан түстэ. Ол икки ардыгар таһынааҕы эмээхсин аанын аспытыгар, били баҕайы маатырылаат, дьиэҕэ киирдэ. Сардаана нэһиилэ туран, тэбэнэн дьиэтигэр Катяны ыҥыран киллэрдэ. Кыыс буруйдаах курдук сананан, умса туттан олордо, иэдэһигэр субуруйан түспүт хараҕын уутун туора-маары сотунна. Сардаана чочумча саҥата суох олордо. Онтон уҥуох-тирии буолбут кыыһы аһынан килиэбин, халбаһытын бысталаата, барыанньатын кутта. Иккиэн сирэйдэрин-харахтарын суунан отур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдии олордохторуна, эмискэ ааны лүҥсүйдүлэр. Көрүдүөргэ Катя ийэтин итирик саҥата иһиллибитигэр: "Ийэм эмиэ итирбит..." – диэт, сирэйин саба туттаат, ытаан киирэн барда. Ийэтэ буолуохсут сарылыы-сарылыы, ааны алдьатыах айылаах тэбиэлээтэ. "Дьаабал дьахтара, кыыспын таһаар!" — дии-дии сарылаата. Катя куттанан, тахсардыы оҥоһунна. Ол икки ардыгар ийэтэ киирэн маатыралыы-маатыралыы, кыыһын баттаҕар түстэ. Сардаана сүүрэн тиийэн кыыһы ийэтин илиититтэн араара сатаата да кыаллыбата. Соннук баттаҕыттан соспутунан кыыһын көрүдүөргэ соһон таһааран охсуолаан, тэбиэлээн киирэн барда. Сардаана тахсан кыыһы нэһиилэ дьиэтигэр киллэрдэ. Дьахтар ааны тардыалаһа сатаата. Онуоха били Баастаах Сирэй нөҥүө дьиэттэн тахсан Сардаана аанын тоҕо тардан кэбистэ да, биирдэ дьиэ ортотугар субу буола түстэ. Дьахтар кыыһын сарылаппытынан эр киһи түөһүгэр сыҕайа-сыҕайа: "Мэ, бу баар баҕарбыт дьахтарыҥ... бастаан харчыгын биэр, ол кэннэ биирдэ ылыаҕыҥ..." – диэн ньамаарда. Сардаана тугу-тугу истэбиний диэн өйдөөмүнэ турда. Ол икки ардыгар Баастаах Сирэй дьахтардаах кыыһы киэр илгээт, дьиэлээх хаһаайкаҕа үнэн кэллэ. Сардаана кэннин диэки чугуруҥнаата. "Бу баар эбит бэлэм дьахтар... Эн кыыскар эрэ наадыйбаппын... Киэр бар... " — дии-дии Сардаананы баттаҕыттан харбаан ылаат, умса баттаата. Онтон куукунаҕа соһон илдьэн остуолга умса аста. Сардаана муостаҕа сууллан иһэн ыскаап кырыытыгар быһах сытарын көрдө. Эдэр дьахтар охтубутун кэннэ эр киһи киирсэбэй саппыкытынан тэбиэлээн биллиргэттэ. Онтон баттаҕыттан
соһон таһааран ыскаапка сыһыары аста. Онуоха Сардаана быһах сытарын өйдүү биэрэн илиитинэн бигээн булла. Былаачыйатын хайыта тыыппытыгар Сардаана быһаҕын илиитигэр ылаат, хаһыытыы-хаһыытыы, били киһи түөһүн диэкинэн түбэһиэх саайталаата. Хаста охсубутун субу диэн өйдөөбөт. Эр киһи накыс гынаат, сууллан түстэ. Муоста кыа хаан буолбутугар тугу оҥорбутун дьэ өйдөөтө. Сардаана чочумча саҥата суох туран баран быһаҕын ыһыктаат, бэйэтэ эмиэ сэниэтэ суох сууллан түстэ. Төһө өр маннык сыппыта эбитэ буолла, эмискэ аан аһыллаатын кытта били итирик дьахтар киирэн, киһи өлө сытарын көрөн айдаан бөҕөнү түһэрдэ. Ыаллара бары сүүрэн киирдилэр. Сардаана тугу даҕаны истибэт курдук, дөйөн олордо. Ол кэннэ ким ыҥырбыта буолла — милииссийэлэр баар буола оҕустулар. Тугу эрэ саҥараллар даҕаны ханна эрэ ырыых-ыраах иһиллэр. Соннук тугу даҕаны истибэккэ дөйөн олордоҕуна, эмискэ ким эрэ аттыгар кэлэн үөгүлээтэ. Дьэ, онно биирдэ өйдөннө. Куукунатыгар киһи сытарын көрөн ытаан киирэн барда. Милииссийэлэр хаһыа да буолан дьиэҕэ “хаһаайыннаан” киирэн бардылар. Сардаана илиитигэр наручник кэтэртилэр уонна массыынаҕа үтүөлээтилэр. Биирдэ өйдөммүтэ, силиэдэбэтэл иннигэр олорор. Остуолга лиис, уруучука сытар. Силиэдэбэтэл остуолга турар лаампаны дьахтар сирэйигэр тыктарда. Онтон табаҕын оборо-оборо, сүрэҕэлдьээбит курдук, аргыый аҕай сыыбырҕаата: — Гражданка Доҕордуураба... Дьэ, иэдээн дии... Бачча кырасыабай, эдэр дьахтар, хайдах бу үлүгэр киһини өлөрөн кэбистиҥ? Буолаары буолан “олоро” сылдьыбыт киһини... Гм... Саатар, кимин билэҕин дуо? — Кини... кини... миигин күүһүлүү сатаабыта... – диэн, нэһиилэ ыган таһаарда. — Сымыйалаама... Эйиэхэ сперма суоҕун, тыытыллыбатаххын экспертиза быһаарда. Ол аата, эйигин ким даҕаны күүһүлээбэтэх. Баһаалыста, остуоруйалаама! Ыаллыы олорор дьахтарга күнүүлээн өлөрбүтүм диэн билинэн кэбис ээ... тоҕо кистиигин?! — дии-дии, силиэдэбэтэл Сардаананы сүүһүн аннынан көрүтэлээтэ. — Сымыйа... Кини миигин дьиэбэр киирэн кырбаабыта. Мин кыра кыыһы көмүскэһэ сатаабытым, — диэт, хараҕыттан уу-хаар баста. — Туоһулар көрдөрүүлэрэ бу сытар. Хомойуох иһин, эйигин кырбыырын, күүһүлүү сатаабытын ким даҕаны көрбөтөх. Эн эмиэ итирик этиҥ дуо? — Суох... суох... үлэбиттэн кэлбитим. — Сарылыы-сарылыы охсуолаабыта дииллэр дии. Ол эмиэ сымыйа дуо? Өлүккэ алта быһах суола баар. Дьэ, хайыаххыный, хаайыыга киирээхтиигин... Аҕыс-тоҕус сылга бараҕын. Адвокат буллаххына, баҕар, алта-сэттэ сылга диэри кыччаттарыаҥ. Мантыҥ ыар өлөрүүгэ киирэр, — диэтин кытары Сардаана өйүн сүтэрэн, сууллан түстэ. Силиэдэбэтэл ойон туран уунан сирэйгэ ыста. Онтон уолаттары ыҥыран камераҕа илтэрдэ. Силиэдэбэтэл күннэри-түүннэри ыгар-түүрэр доппуруоһа, хатыланар салгымтыалаах боппуруоһа, аны адвокат кэлиитэ-барыыта, суут саалата, судьуйа тыйыс хараҕа, бүтэһиктээх бириигэбэр, күлүүс тыаһа — барыта хайдах эрэ атын курдук. Кини манна туох да сыһыана суох, көннөрү куһаҕан түүлү көрөр курдук. Билигин уһугуннаҕына, барыта этэҥҥэ буолуо... Уруккутун курдук үөрэ-көтө оскуолатыгар барыа, кылааһыгар киириэ, оҕолоро сырсан кэлиэхтэрэ... Онтон уоппускатын ылан дойдутугар айанныа, ийэлээх аҕатыгар тиийиэ. Ийэтэ, мэлдьи буоларын курдук, лэппиэскэ
буһарбыт, дьэдьэннээх күөрчэх ытыйбыт буолуо... Суох. Оннук буолбат эбит. Оскуолатыгар да, кылааһыгар да тиийбэтэ, үөрэтэр оҕолорун көрбөтө. Тула өттө барыта хараҥа... Арай аттыгар сытар дьахталлар ньамалаһаллара иһиллэр. * * * Субу курдук, биэс сыл хаайыы күлүүһүгэр сытта. Буруйдуур өрүт аҕыс сылы көрдөөбүтүн адвоката сүүрэн-көтөн аҕыйах сылы бырахтарда. Ону даҕаны хаһан даҕаны сууттамматаҕын, көмүскэнэ сатаабытын учуоттаан. Төрөппүттэрэ барахсаттар соҕотох кыыстара хаайыыга барбытын тулуйбакка, утуу-субуу анараа дойдуга бараахтаабыттара. Ол иһин Сардаана босхолонон баран, дойдутугар бара да сылдьыбатаҕа. Билигин киниэхэ “өлөрүөхсүт” диэн ыар дьарылыктааҕа. Дэриэбинэ дьоно барахсаттар сымыйа сураҕы истэ-истэ, ону уон оччонон үлүннэрэ-үлүннэрэ кэпсэл оҥостор үгэстээхтэр. “Доҕордуураптар соҕотох кыыстара Дьокуускай куоракка тиийэн хаайыылаахтары кытары булсубут, көссүүтүн атын дьахтарга күнүүлээн өлөрбүт үһү” диэн сурах Сардаана сууттанан хаайыыга киириэҕиттэн тарҕаммыта. Кини түс-бас ыаллар мааны кыыстара буоларын, кыраҕа-кырдьаҕаска үтүө санаалааҕын, сытыары-сымнаҕас майгылааҕын, оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээллээх бүтэрбитин, онтон учуутал буолуон баҕаран үрдүк үөрэҕи бүтэрбитин, куорат биир оскуолатыгар аангылыйа тылын учууталынан үлэлии сылдьыбытын туһунан биир даҕаны тылынан ахтыбатахтара. Аны кэлэн ахтыахтара дуо?! Доҕордуураптар, били, өлөрүөхсүт кыыстара диэн ааттыыллара. Ол иһин эбитэ дуу, ийэлээх аҕата суохтарыттан эбитэ дуу, дойдутугар бара да сатаабатаҕа. Босхолонон баран Дьокуускайга хаалбыта. Аны кэлэн, “өлөрүөхсүтү” оскуолаҕа буолуохтааҕар, биир даҕаны киһилии тэрилтэҕэ чугаһаппатахтара. Бииргэ үөрэммит оҕолоро, доҕотторо, кэллиэгэлэрэ, аймахтара бары тэйбиттэрэ. Хайыы... Хаайыылааҕы кытары кэпсэтиэхтэрэ дуо?! Дьонтон кэлэйэн, кимниин даҕаны бодоруһа сатаабат буолбута, бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьара. Күнүһүн үлэ көрдүү сатаахтыыра, түүнүн сыттыгын илитэ хоноро. Хаайыыга киириэн иннигэр олорбут дьиэтигэр тахсан баран биирдэ даҕаны бара сылдьыбатаҕа. Куорат кытыытыгар быыкаа хоһу куортамнаспыта. Кэмниэ кэнэҕэс биир тэрилтэҕэ муоста сууйааччы үлэтин булбута. Ону даҕаны нэһиилэ. Биирдэ муостатын сууйа сылдьан биир киһиэхэ кэтиллэ түстэ. Уулаах солуура ол киһи бүрүүкэтигэр тоҕунна. Оо дьэ, билигин айдаан бөҕө тахсара буолуо диэн, умса туттан турдаҕына, хата, киһитэ аргыый аҕай: “Хайаа, Сардаана... Сардаанаҕын дуо?” — диэн үөрүөҕүнэн үөрэн аҕай турар эбит. Сардаана соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыста. “Ким миигин билбит баҕайыный?” диэн, утары турар киһитин көрөн ылла. Онтон дьэ өйдөөтө. Хаһан эрэ Питергэ көрсүбүт Сарыал диэн уола турар эбит. Ол сайын Питергэ тиийэ сырыттаҕына бу уол саҥардыы үөрэҕин бүтэрэн, Эмиэрикэ биир бөдөҥ хампаанньатыгар үлэлии киирээри сүүрэ сылдьар этэ. Сардаана английскайдыы билэрэ бэрт буолан, бу уол бырайыагар көмөлөһөн турардаах. Хата, эмиэрикэлэр Сардаана оҥорон биэрбит бырайыагын сөбүлээн сонно ыҥыран ылбыттар. Сарыал Сардаанаҕа биллэрэн махтаныаҕын иһин аадырыһын билбэтин оҕото сыттаҕа дии. Кыыс, саатар, дойдутугар баран хаалбыт этэ. Сарыал Эмиэрикэҕэ олорбута сэттэ сыл буолбут, ол хампаанньатыгар үлэлии сылдьар. Сардаана “өлөрүөхсүтүн” туһунан билээхтээбэт да буоллаҕа дии. Солуурдаах уонна сыбаабыралаах турарын көрөн соһуйда аҕай. — Хайдах бачча өйдөөх кыыс, муоста сууйа
сылдьаҕын? Оттон оскуолаҕа учууталлыыбын диэбэтэҕиҥ дуо?! Мин эйигин көрдүү сатаабытым ээ, — диэн Сарыал үөһэ-аллара көрүтэлээтэ. — Сарыал, билигин учууталлаабаппын, уурайбытым ыраатта. Чэ, сөп... Мин бардым, ыксаатым, — диэт, солуурун ылан бара турда. Сарыал кыыс кэнниттэн сырсан тиийэн: — Сардаана, мин эйиэхэ олус элбэҕи кэпсиирдээхпин... Хаһан көрсөбүт? Төлөпүөннээххин дуо? – диэн сырса сылдьан ыйыталаста. Сүгүн араҕыа суох дии санаан Сардаана кырдьыгы хайдах баарынан этэргэ сананна: — Сарыал, эн биһикки көрсүбүппүт уонча сыл буолла. Ол кэннэ олоҕум тосту уларыйбыта. Мин үчүгэй баҕайытык учууталлыы сылдьан киһини өлөрөн биэс сыл хаайыыга сыппытым. Быйыл саҥардыы тахсан, нэһиилэ үлэ булан үлэлии сылдьабын, — диэт тиэрэ хайыста, хараҕыттан уу-хаар баста. — Ханнык киһини?! – диэн Сарыал өйдөөбөтөхтүү көрөн турда. Манныгы эрэ истиэм диэбэтэх киһи, кырдьык, соһуйдаҕа даҕаны дии. – Баһаалыста, туох буолбутун сиһилии кэпсээ эрэ. Мин үчүгэй юрист уолаттардаахпын. Өскөтүн наада буоллаҕына көмөлөһүөм. — Суох, наадата суох. Буолуох буолан бүппүтүн кэннэ... — Сардаана, мин барытын өйдөөтүм. Киһи бу олоххо кэлэн алҕаһыан сөп. Кылаабынайа, эн бэйэҥ киһи киһитэҕин. Киһини өлөрбүтүм диэн олоххор сапсыйан кэбиһээри гынаҕын дуо?! Суох, мин көмөлөһүөм, хайаан даҕаны. Эн английскайдыы үчүгэйдик саҥараҕын, өйдөөххүн. Эмиэрикэҕэ баран биһиги хампаанньабытыгар үлэлээ. — Суох. Син биир сатаммат. Хаайыыга олоро сылдьыбыт киһини таска таһаарбаттарын аһара бэркэ билэҕин дии. — Мин милииссийэҕэ да, ФСБ-га да билэр уолаттардаахпын. Көмөлөһүөхтэрэ. Эн миигин итэҕэй. Барыта үчүгэй буолуо... – диэбитигэр кыыс хараҕар ыраахха диэри угуйар сып-сырдык суол көһүннэ. Түннүк араамата тэлэччи аһыллаатын кытта күн уота “барыта үчүгэй буолуо... эрэн” диэбиттии сандаара тыкта. СИККИЭР.
kyym.ru сайтан