Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эбэм дьиэтин дьиктилэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эбэм дьиэтин дьиктилэрэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
18.10.2019 18:10
Билигин мин эбэм 90 сааһын ааспыт ытык кырдьаҕас, бары ытыктыыр күндү киһибит. Кини олорор эргэ дьиэтигэр биллэн ааспыт сорох дьикти түгэннэри билиһиннэриим. Маны кэргэним ийэтэ кэпсээбитэ. Кини эдэр эрдэҕинэ дьиэлэригэр киһи таҥаһын дьээбэлиир туох эрэ баар эбит. Ол курдук, таҥаһы сибилигин аҕай ууран баран атын сиргэ тахса охсон киирдэхтэринэ, таҥастара онон-манан илийэн хаалар идэлэнэ сылдьыбыт. Аны туран, ыраас уунан эҥин буолбакка, сымыыт үрүҥүн курдук болоорхой, сыстаҥнас убаҕаһынан. Аны туран, онтулара хаттаҕына биллэ сылдьар. Эбиитин, туохха да маарыннаабат дьикти сыттаах буолара үһү. Ким эрэ дьээбэлиир диэҕи, онно ханнык да туора киһи, оҕо суох. Ол курдук хаста да моһуоктаан улаханнык куттаталыы сылдьыбыт. Кини бииргэ төрөөбүт балта Сардаана ол эбэбит дьиэтин сууйа сылдьан, биирдэ, муостаттан үрүҥ көмүс биһилэҕи булан ылбыт. Көрбүтэ, кийииппит биһилэҕэ эбит. «Ээ, сарсыарда кэлэн барбыта, ол сылдьан сүтэрдэҕэ» диэн буолбут. Биллэн турар, Дьокуускай куоракка бара охсон хаалбыт кийииккэ муостаттан биһилэҕин булбуттарын туһунан төлөпүөнүнэн эппиттэр. Кийиит куттаныы бөҕөтүн куттаммыт. Ону кэлин «инньэ диэбиттэригэр соһуйан баттаҕым тура сыспыта, ол биһилэҕи куоракка кэтэн кэлэн баран сүтэрбиппит чуолкайдык өйдүүрүм» диирэ. Дьиҥинэн, ити курдук түгэннэртэн эбэбит дьиэтигэр киһи улаханнык соһуйбата даҕаны. Манна туох эмэ дьиктитик сүттэҕинэ, үөрэнэн хаалан, аанньа аахайбат да буолан хаалбыттар этэ. «Көрдөөмөҥ, сотору төнүннэриэҕэ, биэриэҕэ» диэн эрэ кэбиһэллэр эбит. Кырдьык, бэрт сотору буолан баран ол сүппүт маллара туһааннаах миэстэтигэр син биир төннөн кэлэрэ үһү. Мин кэргэним бэйэтэ эмиэ ол дьиэҕэ дьээбэҕэ түбэһэ сылдьыбыттаах. Дойдутугар сылдьыбатаҕа биэс сыл буолан баран төннүбүт. Аныгы киһи сиэринэн, «өр сылдьыбатаҕым» эҥин диэн улаханнык долгуйбатах, сирин-уотун да, аал уотун да аһатары-маанылыыры бөрүкү наадалаах дьыаланан аахпатах. Ити кэмҥэ эбэбит ыарытыйан сытара үһү. Эрим уотун арааран утуйаары сыппыт. Сотору буолан баран, тулатыгар бэрт элбэх сахсырҕа дыыгыныыра иһиллэн кэлбит. Ол кулун тутар саҕана, ханнык да сахсырҕа баар буолуон табыллыбат кэмэ этэ. Кэргэним олус соһуйан, дьиктиргээн олоро биэрбит. Сахсырҕалар хараҥаҕа адьас субу тула көтө сылдьаллар, кулгааҕын таһынан субу таарыйар-таарыйбат дыыгынаан ааһаллар. Эрим аттыгар чугас соҕус утуйаары сытар эдьиийиттэн «сахсырҕа саҥатын истэҕин дуо?» диэн ыйыппытыгар, анарааҥҥыта «төбөҕүнэн бырахтараҕын дуу, тугуй?» диэн букатын өйдөөбөтөх. Аны туран, кулгааҕын саба тутуннаҕына, саҥалара сүтэн хаалар, илиитин ылла да субу кыыкынаан-дыыгынаан кэлэрэ үһү. Ити курдук, эбэбит дьиэтигэр ханнык эрэ биллибэт-көстүбэт «сахсырҕалар» эрбин үс түүнү быһа арахпакка сордообуттар. Олус эрэйдээн түүн утуйуон да куттанар турукка тиэрдибиттэр. Төрдүс түүнүгэр дэлби утуктаан нухарыйан эрдэҕинэ (сахсырҕалар тоҕо эрэ биллибэт буолбуттар), эмискэ сапта сыппыт суорҕанын ким эрэ эһэ охсон ылбыт. Мин киһим суорҕанын сиртэн хомуйа тутан ылан, уоту уматан олорон утуйбут. Ол күн кини аймахтарыгар бара сырыттаҕына, Аанчык диэн эдьиийэ дойдутугар кэлэ сылдьыбатаҕа
ырааппытын, ол кэлэн баран сирин-дойдутун, төрөөбүт Эбэтин аһаппатаҕын, онон бэрт суһаллык сүөгэйдээх алаадьыны ылан Эбэҕэ киирэн аһатара наадатын эппит. Ол эрэ кэнниттэн кини туох да моһуога суох киһилии утуйар буолбут. Эбэм кэпсээнэ Эбэм оҕо сылдьан билбит-көрбүт түбэлтэтин бу курдук кэпсиирэ: — Тоҕус саастаахпар абааһы илэ буулаабыта. Олус эргэ дьиэҕэ олорор кэммит этэ. Биирдэ киэһэ утуйа сыттахпына көстүбэт күтүр үөмэн кэлэн баттахпыттан тарта. Куттанан, ыарыыланан ытаан барбыппын дьонум уоскуттулар. Сотору буолан баран били баҕайым аны хоонньубун тарбаан ытатта. Дьонум (аҕам уонна кииринньэҥ ийэм) да онтон ытырыктата санаатылар, миигин ылан хоонньуларын икки ардыгар уктан кэбистилэр, ыһыырынньыгы уматтылар. Оттон мин хайдах да утуйар кыаҕа суох балаһыанньаҕа түбэстим. Абааһылар күлүктэрэ адьас субу барыҥныы сылдьар, хотоҥҥо киирэллэр-тахсаллар, сөтөллөллөр, ону-маны тыыталлар, дьиэ эркинин быыһын хаһан хачыгыраталлар. Тугу көрөрбүн, бука, дьоммор кэпсээн иһэрим буолуо, дьонум «утуй-утуй» эрэ дииллэр. Ити курдук тоҕус хонугу быһа илэ буулаан эрэйдээбиттэрэ. Күнүс син биир киһи киһи курдук туран сылдьабын, оттон киэһэ хараҥарда да абааһы кэлиэ диэн хараҕым остуол, орон анныттан арахпат. «Абааһы атахпыттан харбаан ылыа» диэн атахпын үөһэ кумунан баран олоробун. Бу сырыттахпына, миигин аны дьукаах эмээхсиммит хоонньугар ылла. Киириньэҥ ийэм олус мэнэрийэр этэ. Биирдэ тыыммат буолан хаалбытын аҕабыт саха оһоҕор соһон аҕалан тыын киллэрэн тилиннэрбитэ. Абааһы илэ буулуу сылдьыбытын кэннэ, мин түөрт саастаах балтым бэрт дьиктитик ыалдьан соһуччу өлөн хаалбыта, эбиитин икки ынахпыт эмиэ өлбүттэрэ. Ону дьонум «арааһа, эн оннугар кинилэр бардылар быһыылаах» диэн тойоннообуттара. Ол олохпор көрөн ааспыт саамай ынырык тоҕус хонугум кэнниттэн, таҥара көмөтүнэн, этэҥҥэ сылдьабын, туох да биллибэт... Мария Тимофеева, ХИФУ устудьуона.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан