Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өйдөөх ат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өйдөөх ат
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
07.10.2019 12:18
«Сылгы буоллаҕа дии, тугу барытын билэр-көрөр кыыл. Бу мин миинэ сылдьар чокуруос харахтаах кырдьаҕас атым хараҕын харах гынан көрбүт киһи баар ини. Туох баар оһолу-моһолу, иччини-сибиэни барытын илэ көрө сылдьар. Элбэхтик сөхтөрөн турар», – диэн хас да сыллааҕыта күһүн бииргэ тыалыы сылдьан билсибит Охонооһой оҕонньорум кэпсиир этэ. Ол ата киһи миинэн истэҕинэ, өр хааман сылайдаҕына, адьас, тыыннаах киһи курдук ынчыктаан барара. Бука, ханна эрэ истибитин үтүктэр буолуохтаах, «маннык гыннахха дьайымтыа буолар» диэн. Букатын киһилии ынчыктаан тиҥиргэтэ сылдьар сылгыны киһи хайдах санаата буолан миинэн эрэйдиэй. Тулуйа сатаан баран, үөхсэ-үөхсэ түһэн сиэтэргэ эбэтэр тохтоон сынньатарга күһэллэриҥ. Оннук гымматаххына, собус-соруйан, ууга дуу, бадарааҥҥа дуу кэлэн баллаччы сытынан кэбиһэрэ. Атаххар ууну баһан, бадарааҥҥа булкуллан син биир бэйэҥ сүүйтэриилээх хааларыҥ. Ол ат Охонооһойу хаста да өлүүттэн быыһаабыттаах үһү. Биирдэ, аллара күҥкүстээн сүүрэр үрэх сыырын үрдүнэн, кып-кыараҕас суолунан атын сиэтэн баран испит. Атаҕын аннынан хап-хара, дириҥ уулаах үрэх сүүрэр, биир өттүгэр эркин курдук саба үүммүт хара тыа, талах үһү. Киһи сиирэ үктээтэҕинэ, өр кэмнээх күһүҥҥү ардахтан илийбит үрэх кытыла сиҥнэн аллара куугунуур уонна халтархай буолан, Охонооһой атын сиэтэн испит. Бу истэҕинэ ата тииһинэн хаһаайынын көхсүттэн харбаан ылан түҥ-таҥ сахсыйан барбыт. Тэлэгириэйкэлэри-таймалары көхсүн этиттэн хам ытыттарбыт, ыарыытыттан кылана-кылана мөхсөр киһини кырдьаҕас ат сиргэ аҕыйахтык үктэннэрэн балай эмэ өр салгыҥҥа тэлэкэчитэ сылдьыбыт. Охонооһой бэрт эрэйинэн мүччү туттаран баран: «Иирдиҥ дуо?! Соххор! Бу баар эйиэхэ!» – диэн маатыралыы-маатыралыы атын сирэйгэ биэртэлээн куһуйан барбыт. Ата өрүтэ чинэйэ-чинэйэ төттөрү тардыһар үһү. Ол курдук, кып-кыараҕас ыллыкка, сыыһа туттан үрэххэ түһэ сыһа-сыһа син өр мучумааннаспыттар. Бу турдахтарына, иннилэригэр уонча хаамыылаах сиргэ үрэҕи өҥөйө турбут улахан өҥкөгөр тиит сууллан өрө баһыгыраан түспүт уонна тыас-уус бөҕө буолан, үрэх кытыытыгар турбут оту-маһы барытын тоҕо «устуруустаан», ньылбы мэлийэн аллара үрэххэ түһэн өрө күөдэллэммит. «Өскөтүн атым тохтоппотоҕо буоллар, онно сүүс бырыһыан өлөрдөөх этим. Мас аттары-бэйэлэри ньылбы сотон, үрдүбүтүнэн өтүүктээн ааһыахтаах этэ. Ол кэнниттэн бултуур сирбэр тиийэн баран, атым эрэйдээхтэн сирэйгэ биэртэлээбиппин-үөхсүбүппүн бырастыы гынарыгар көрдөһө-көрдөһө ытаан турардааҕым», – диэн оҕонньор атын туһунан биир кэпсээнин түмүктээбитэ. Ону таһынан, ол ата араас сибиэни-абааһыны букатын эндэппэккэ көрө сылдьар аһаҕас эттээх эбит. Сылгыга-сүөһүгэ «аһаҕас эттээх» диэн өйдөбүл төһө барсара биллибэт да буоллар. Дьиҥинэн, кинилэр бары да киһиттэн атын тутуллаах харахтаах-тойдоох, аһаҕас эттээх буолан эрдэхтэрэ. Биирдэ эмиэ күһүн тыалыы сылдьан, ханна эрэ быһа бараары мунан, билбэт үүтээнигэр тиийэн кэлбит. Үүтээн таһыгар тиити моонньоон оҥоһуллубут кыра сэргэ моһуона баарыгар атын көнтөһүн иилэ быраҕан баран, бэрэмэдэйин устаары атын кэннигэр кэлбит. Ону кытта ата өрө хаһыҥырыы түспут уонна быата төһө тиийэринэн кэннин диэки ыстанаат, түүрүллэ түһэн баран
үүтээн сэгэйэн турар аанын тэбэн чаҕылыннарбыт. Кыракый үүтээн салҕаластыар диэри. Утуу-субуу иккитэ-үстэ тэбэн баран, киһи куйахата күүрүөх курдук өрүтэ хаһыҥырыы, кистээн дьигиһитэ, эт этэ барыта өрө күүрэн иирбиттии өрө дьаҕыһыйа, мөхсөн кулуһуннуу сылдьыбыт. Охонооһой атын быатын сэргэттэн төлө тардаат, буулдьалыы ыстаммыт ат быатыгар соһуллан түөрт атах буолан түһүспүт. Бу үүтээнтэн лаппа тэйэн эрэ баран ата уоскуйан мииннэрбит. Киһи «атым бу уорукка туох эрэ куһаҕан баарын биллэ» диэн түмүк оҥостубут, инньэ гынан атын сиргэ тиийэн хоммуттар. Ол кэнниттэн аҕыйах хонон баран бу үүтээҥҥэ (Охонооһой онно мунан атын улуус булчуттара сылдьар ыырдарыгар киирэ сылдьыбыт эбит) бултуу кэлбит эдэр уолаттар, арыгылаан баран содуомнаспыттарын түмүгэр, икки киһи дэҥнэммит этэ. Бука, ол үүтээҥҥэ «ас-таҥас» тахсан эрэрин түүйэн, ханнык эрэ хараҥа күүстэр, быһата абааһылар, былыр үйэҕэ кэлэн ордууланан, күүтэн-кэтэһэн олордохторо. Охонооһой онно хоммута буоллар өссө туох буолуо биллибэт эбит. Тыаҕа дэҥ-оһол элбэх: саа да алҕаска эстиэ, уһуктаах-биилээх да көстүө, дьиэ да умайыа, адьырҕа кыыл да түбүлүө... Охонооһой оҕонньор миэхэ итиннэ хабааннаах хас да суолу кэпсээбитэ. Сороҕун «наһаа улахан суолталаах дьыала эбит» дии санаабатах буолан умнубуппун. Ол эрээри, кини кэпсээнэ барыта кырдьыктааҕар саарбахтаабаппын. Ол бултуу сырыттахпытына, арай биирдэ түүн, оҕонньорбут олус улаханнык баттатта. Иһиттэн ыга үктэппиттии, мунна-уоһа тууйуллубут куолаһынан хаһыытыы сатыыр, ыҥыранар. Кинини кытта кэккэлэһэ утуйа сытар биир аргыспыт куттанан титирэс буолбут куолаһынан оҕонньору ыҥыран уһугуннара сатаан, тардыалаан барда да, кыайбата. Оҕонньор оннукка уһуктубат идэлээх эбит. Ытыс таһынар ыас хараҥаҕа кэккэлэһэ утуйа сытар киһиҥ олус куһаҕаннык баттатан хаһыытыы-кылана, кулуннуу мөхсө сытара, онуоха эбии уһуктан быстыбата, хаһан баҕарар, киһини куттуур үгэстээх. Мин «бу туох иэдээнэ буолла?» диэн саҥа уһуктан мэлээриҥнээн эрдэхпинэ, үүтээммит адьас ыксатыгар били чокуруос харахтаах аппыт кэлэн туйаҕынан сири лигийэ-лигийэ, кыракый үүтээммит сыыһын үлтү тэпсэн ааһыахтыы батыччахтаата, «өлө да сытар киһи уһуктарын курдук» улаханнык кистээн дьырылатта. Ону кытта оҕонньорбут уһуктан олоро биэрдэ. Санаттахха, ол кэмҥэ атын аттарбыт үүтээҥҥэ сыһыары тутуллубут күрүө нөҥүө уһугар туох да буолбатаҕыныы аһыы сылдьыбыттара. Чокуруос харахтаах ат «көстүбэттэр хаһаайыммын моһуоктаан эрэллэр» диэн таба көрө охсон кэлэн уһугуннарбыта. Үтүө ат барахсан диэн оннук буолар эбит этэ. Дьөгүөр Абыраахап, Үөһээ Бүлүү.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан