Кэпсээ
Войти Регистрация

Эриэккэс этэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Эриэккэс этэ

K
07.10.2019 12:16
Былыр 1959 с. сайын Саабыла Кулу´уннааҕар Ба´ылай Филиппов-Хачымахтыын икки ат массыынатынан от оҕустаран сайылаатыбыт. Түүн аттарбытын уһун быанан өртөөн аһатабыт. Оттуур сирбитигэр биир хара атыыр соноҕос соҕотоҕун сайылаан сылдьар. Арыт түүн, бырдахтаах эҥин буолуо, биһиги аттарбыт тастарыгар кэлэр. Үүрэ сатыыбыт да, адьас арахпат. Мин биир атым быйыл сайын саҥа көлүллэ сылдьар, быһаас айааһаммыт соноҕос. Үөрэнэн бэртээхэй массыына ата буолан эрэр. Икки массыынанан от бөҕөтүн оҕустарабыт. Иккиэн да баһылаабыт дьыалабыт. Арай, биир сарысарда турбуппут, доҕоор, били мин соноҕоһум кыыл сылдьар сир сылгытын кытта бииргэлэспиттэр. Быатын быһан барбыт. Тэйиччи сылдьаллар. Ону көрөөт биһиги сүрэхпит тохтуу сыста. Чугаһаары гыммыппар, сир соноҕоһо муҥ кыраайынан ойдо. Мин соноҕоһум кинини кытта түсүһэ турда. «Дьэ, иэдээн!» дэһистибит. От үлэтин саамай тыҥааһыннаах кэмэ. Саатар, оройуонтан боломуочунай тахса сылдьан «от үлэтигэр эһиэхэ хаалыы тахсаары гынна, онон бу кураан күннэри баттаһа түһэн биэриҥ» диэн сорук туруоран ааспыта. Сарсын кэлиэхтээх. Онтубут хайа баарый, куһаҕан быһыы үөйбэтэх өттүбүтүттэн тиийэн кэллэ. Тугу гыныахпытын булбатыбыт. Хачымахпыныын аттарбытын ыҥыырдаан кэннилэриттэн батыспыта буоллубут. «Баҕар, араарыахпыт» дии саныыбыт быһыылаах. Мин соноҕоһум быатын букатын бэрбээкэйин таһынан быспыт, онон туох да мэһэйэ-хааччаҕа суох муҥ көтүүнэн түһэр. Куота сылдьар сылгылары араараары атым муҥнааҕы муҥунан түһэрэн сүүрдэбин да, олох чугаһаппаттар. Хачымаҕым ыраах кэннибэр сылдьар. Ол курдук, Саабыла курдук киэҥ сири хаста да эргийдибит. Сылгыларым кэнникинэн өссө кыыллыйан, эргэ аартыгы батан Ат Көлүйэтин диэки тахсан бардылар. Биһиги батыстыбыт. Сылгыларбыт Нухта диэн улахан күөллээх өтөххө киирэн сылдьаллар. Биһиги сүбэлэстибит. Маннык батыһан туһа суох, чугаһатыа суохтар. Сээйэҕэ түстэхтэринэ үйэбитигэр да харахтаабаппыт. Мин эттим: «Эн ырааҕынан күөйэн эргийэ бар уонна бу аартыкка салай. Мин ити Ат Көлүйэтин ойоҕоһун саамай кыараҕас сиригэр, лааҥкы быыһыгар саһан сытыам. Сир сылгыта ааспытын кэннэ суолга туран кэлэн араартыам. Сир сылгыта син биир инники ааһыа». Киһим сөбүлэһэн бара турда. Мин төннөн аппын тэйиччи илдьэн баайан баран, ычыкын саамай кыараҕас сиригэр кэлэн аҥхайга саһан хааллым. Сотору киһим саҥата «бардыла-ар!» диэтэ. Сэрэйбиппит курдук, сир соноҕоһо, үөн баара, урутаан иһэр. Миигин билбэккэ ааста. Ол ааһаатын кытта мин аппын тохтотоору «тр-р-р!» дии-дии туран суолу бүөлүү оҕустум. Атым соһуйан олоро түһэ сыста. Онтон өйүн була охсон, били хойуу баҕайы аҥхайдаах ычыкын лааҥкытын тоҕо барчалаан, аҥхайга түһэ сыһа-сыһа миигин тумнан, тыас-уус бөҕө буолан били соноҕоһун сырсан кистии-кистии түһэ турда. Хачымаҕым «былааммыт табылыннаҕа» диэн быһа ымайан кэлээхтээбитэ, хайа баарый! «Тоҕо бэрдэй! Бу айылаах лааҥкыга, аҥхайга тохтуо да эбит. Дьэ уонна аны туттарбат. Кыыллыйан бүппүт. Дьэ, балыыҥка бөҕө буолбут», – диэтэ. Туруохпут дуо, сылгыларбытын батыһан Саабылабытыгар төттөрү киирдибит. Киирбиппит, оол курдук сылдьаллар. Эмиэ араарар санаалаах эккирэттим. Сыһыыны усталаан бэҕэһээ
оҕустарбыт хадьымалбытыгар кэллибит. Онно син чугаһаттым. Киһим кэннибэр букатын ыраах хаалла. Бу иһэн миинэн иһэр кырдьаҕас атым муҥнаах кистээтэ. Бииргэ көлүллэр доҕоро этэ буоллаҕа. Куотан иһэр атым ону истээт адьас маска баайбыт курдук хорус гынан тохтуу түстэ. Чугаһаан кэлбиппэр иҥэрсийэ-иҥэрсийэ кэлэн доҕоругар сыста түстэ, сытырҕаластылар. Мин түһэн таах тутан ыллым. Сотору Хачымаҕым тиийэн кэллэ, үөрүү, соһуйуу бөҕө буолла, хайдах туппуппун ыйыталаста. Мин кэпсээн биэрдим. Онуоха киһим «кырдьаҕас ат барахсан бэйэтин тылынан туох эрэ диэтэҕэ» диэн быһаарда. Кырдьык, киһилии тылбаастаатахха «айакка, сөп буолуо, эрэйдээн бүт!» диэбит буолуохтаах. Бу үөрэн-көтөн турдахпытына, били, сирбит соноҕоһо тэйиччи баран туран эмиэ кистээтэ. Онуоха биһиги кырдьаҕас сылгыбыт хардарда. Ол саҕана онно улахан суолтаны уурбатаҕым. Биһиги иккис омурҕантан үлэлээн бардыбыт. Ол түүн сирбит соноҕоһо суох буолбут этэ. Онтон бэттэх харахпыт далыгар да киирэ сылдьыбатаҕа. Эргитэ санаан көрдөххө эриэккэс буолбат дуо? Бука, кырдьаҕас сылгы барахсан «уопсайынан, эн мантан баран хаал эрэ. Үлэни-хамнаһы сырыыптаама!» диэбитэ буолуо. Онон сылгы барахсан эмиэ тыллаах-өстөөх, өйдөөх-санаалаах быһыылаах. Христофор Илистянов, Ньурба, Марха.
kyym.ru сайтан