Кэпсээ
Войти
Регистрация
Убайым Ылдьаа кэпсээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Убайым Ылдьаа кэпсээнэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
26.09.2019 16:20
Хаһан эрэ «өлөн турардаах» убайым туһунан эһиэхэ бэрт кылгастык да буоллар кэпсээбитим уонна кини түбэспит араас быһылаанын, түбэлтэтин туһунан өссө да сэһэргиэх буолтум. Аҕыйах хонуктааҕыта, өрөбүллэрбэр, дойдубар тахсан киирдим. «Хата» диэбиккэ дылы, хата били «өлөн турардаах» убайбын көрсөн, киниттэн өссө, аҕыйах да буоллар, кэпсээн сурунан киирдим. Онон убайым туһунан эһиэхэ өссө төгүл хайдах баарынан кэпсээн көрүүм. Убайым бэрт түүллээх киһи. Ону өссө түүл диэххэ сөбі дуу, суоҕа дуу? Бэйэтэ илэ көрөбүн диэн кэпсиир. Кини этэринэн, туох эмэ буолаары гыннаҕына (куһаҕаҥҥа түбэһээри гыннаҕына), хайаан да сахалыы таҥастаах мааны дьахтары көрөр үһү. Эбэтэр, дьахтар көстүбэтэҕинэ, хара киһи көстөр үһү. Олортон элбэхтэн аҕыйаҕы талан, уларыппакка кэпсээтэххэ маннык. Биир кыһын Даайа Амматын кыстык хотонугар хас да эр киһи буолан сүөһү көрө таҕыстыбыт. Кыстыкпыт Даайаттан балай да тэйиччи. Оннук тахсан баран, Саҥа дьыл бырааһынньыгар диэри этэҥҥэ олордубут. Онтон Саҥа дьылга, дьэ, сатамматыбыт. Саҥа дьыл бырааһынньыктарын саҕана чох тиэйэр уолаттар улахан массыынанан кэлэн Мындаҕаайыга аастылар. Онуоха биһиги харчы бырахсан, кинилэргэ «тэп» гыннарары үлэстибит. Дьоммут сарсыныгар, 29-с чыыһылаҕа, эргиллэн иһэн, биһиэхэ биир дьааһыгы аҕалан бырахтылар. Биһиги бүгүн-сарсын манна бэйэбит бырааһынньыктаан баран, 31-кэ дэриэбинэҕэ киириэхпит диэн кэпсэтэн баран, «бырааһынньыкпытын» саҕалаатыбыт. Ол курдук, түүн хойукка диэри олорон баран, сарсыарда диэкинэн утуйуу буолла. Сытаат да тута дьонум утуйан хааллылар. Мин кыайан утуйбакка, утуйар-утуйбат икки ардынан сыттым. Арай, ол сытан көрдөхпүнэ, аан тыаһа суох аһыллан кэллэ уонна күлүк курдук киһи дьиэ иһигэр ааста. Куйахам күүрдэ. Оо, баҕайы, эмиэ көһүннэ. Сатанымаары гыннаҕым дуу диэн санаа кылам гынан ааста. Куттаммытым бэрдиттэн, миэхэ эрэ чугаһаабатын диэбиттии, кирийиэхпинэн кирийэн баран, тыаһа суох сыттым. Били күлүгүм сытар дьону биир-биир кэрийэн көрүтэлээтэ. Тоҕо эрэ ¤ааска диэн эдэр уол таһыгар барыларынааҕар өр турда. Онтон дьоммуттан салаллан миигин кэлэн өҥөйөн көрөн баран, тахсан барда. Төһө да күлүк курдук буолтун иһин, сирэйин омоонунан көрдөххө, саас ортолоох киһиэхэ майгынныыр. Мин салгыы утуйан хааллым. Күнүс туран сүөһүбүтүн көрдүбүт, кыратык «абырахтанныбыт». Аны туран, тыл-тылга киирсибэтибит. Эдэрдэрбит мантан киэһэ дэриэбинэлиибит да сабаас дииллэр. Ону биһиги, кырдьаҕастар, утарсабыт. Оннук аахса турдахпытына, биир уол таһырдьа ойон таҕыста да, тыраахтар собуоттанар тыаһа иһилиннэ. Арай көрбүтүм, ол тахсыбыт уол кэнниттэн ¤ааска эмиэ таҥнан тахсан эрэр эбит. Мин, били, бу сарсыардааҥҥыны саныы биэрдим да, кинини ыытымаары уолум сиэҕигэр түстүм. Ыытымаары тута сатыыбын да, эдэр киһиэхэ тулуспатым. Уолум таһырдьа биирдэ ыстанан кэбистэ. Өр-өтөр буолбата. Таһырдьа ким эрэ сата баһа хайдарынан хаһыытаан сатарытта. Онтон, били, бастаан тахсыбыт уол ¤аасканы көтөҕөн киллэрэн муостаҕа сытыаран кэбистэ. Киһибит киһиэхэ сатаан туттарбат гына өрө мөхсө сытар. Бары уолуйан хааллыбыт. Ким барыта туох буолбутун ончу өйдөөбөккө
турар. Онтон мин хантан эрэ өй ылан, нэһиилэ көтөҕөн ¤ааскабытын ороҥҥо сытардым. Оо, онтон доҕоор, сааспар оннугу көрбөтөҕүм: уолум төбөтүн сыттыкка ууран эрдэхпинэ, харахтара хааларыттан уһулу ойон тахсан баран, тэстэн дэлби ыстаннылар. Оттон бэйэтэ өссө да өр өрө мөхсө сытта. Биһиги, хаһан да оннукка түбэспэтэх дьон, куттанан, куппут көппүтэ. Кэлин билбиппит, ¤ааска дьиэттэн ойон тахсыыта, бастаан тахсыбыт уол тыраахтарга олорон кэннинэн дьулурутан испит эбит. Өлүү түбэлтэлээх, тыраахтарын кэннинээҕи түннүгэ кырыаран хаалан, ¤ааска тахсыбытын көрбөккө хаалбыт. Онон оннук. Кэлин өссө уоскуйуохпут эбитэ буолуо да, саас биир күн, били бастакы уолбут сүтэн хаалбыта. Бастаан утаа чугас ханна эрэ саалана барда ини диэн кыһамматахпыт. Онтон кэлбэтэҕэр, күүтэ сатаан баран көрдүү барбыппыт. Киһибитин булбуппут. Наһаа ырааппатах эбит этэ. Кыстыктан чугас соҕус баар күөлгэ дурдаҕа киирэн ытынан кэбиспит этэ. Биһиги дьыалаҕа эриллиэхпитин, сиэбигэр «мин өлүүбэр кими да буруйдаамаҥ» диэн суруктааҕа. Арааһа, ¤ааска өлбүтүгэр бэйэтин буруйдана саныы сылдьаахтаабыт быһыылааҕа. Чэ, уопсайынан, ити курдук. Хара күлүгү уонна сахалыы таҥастаах дьахтары хаһан да үчүгэйгэ көрбөппүн диэн убайым кэпсээнин түмүктээбитэ. Оттон убайым атын кэпсээннэрин, түгэн эрэ көһүннэр, хайаан да өссө сэһэргиэм. Сайылык «кыргыттара» Биһиги нэһилиэктэн балачча тэйиччи, урут холкуос кииннээн олорбут, билигин быраҕыллан, иччитэхсийэн турар Лааҥкылаах диэн сайылык баар. Сайылык дьиэтэ-уота күн бүгүн да турар. Сайынын онно отчуттар отууланаллар. Хаһан эбитэ буолла, бу кэпсэммитэ уонна маныаха ханыылыы түбэлтэ элбэҕэ бэрдиттэн, хаһан буолбутун умна быһыытыйбыппын. Арааһа, Сойуус ыһыллыан иннинэ быһыылааҕа. Оччолорго сопхуостар ыһыллар-ыһыллыбат икки ардынан олороллоро. Оттон Лааҥкылаах номнуо ыһыллан турара. Мэхээлэчээн диэн бостуук сүппүт сүөһүлэрин көрдөөн, уһун күнү быһа ыраах-чугас алаастары, үрэхтэри кэрийэн баран, күн киэһэриитэ Лааҥкылаах алааһыгар киирэн кэлэр. Күнү быһа ат үрдүттэн түспэтэх киһи атаҕа көһүйэн, сайылык дьиэтин иннигэр тиийэн, атын баайан баран, олорунан кэбиһэр. Уратыта диэн, сайылык икки ыкса турар дьиэлэрин ортотунан холбуур, били нууччалыы эттэххэ «навес», чарапчы баара. Онон хайдах эрэ үс дьиэ сыстыһа турарын санатара. Ол эрээри ортоку чарапчы аана-сабыыта суоҕа, көннөрү кырыыһа эрэ этэ. Дьэ, Мэхээлэчээн оруобуна онно кэлэн олорор. Бостуук кэлэн кыратык олорон, тыыллаҥнаан, көһүйбүт атаҕын сынньатан баран, табах уматтан саҥардыы тардан эрдэҕинэ, арай ойоҕоһугар туох эрэ элэс-элэс гынан ааһар да, икки билбэт кыргыттара, дьахталлара диэххэ сөбі эбитэ дуу, Мэхээлэчээн икки өттүгэр киирэн ыкса олорунан кэбиһэллэр. Бабат! Киһибит соһуйан, ходьох гына түһэр, этин сааһа барыта аһыллар. Онтон чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр кыргыттар хайдах кэлэн олорбуттарай да, сол курдук мэлис гынан хаалаллар. Мэхээлэчээн өйүн-төйүн өссө да ситэ булуна илигинэ, уолуйбута ааһыан иннинэ, аны туран, хап-хара таҥастаах, хара тураҕас аттаах киһи уун-утары сиэллэрэн иһэрэ көстөр. Биһиги киһибит өссө бууса куттанар. Ол эрээри салҕалас буолбут илиитинэн
саатын харбаан ылар да, хаһыытаан сатарытар: «Ээй, тохтоо! Ытан кэбиһиэм. Киһигин дуу, абааһыгын дуу?!» Онтон өйдөөн көрбүтэ, били аттаах киһитэ, аттынааҕы нэһилиэк сылгыһыта буолан биэрэр. Куттаммыта дьэ ааһар. Уоскуйан, олорон табаҕын налыччы тардан, киһитин кытта кэпсэтэр. Онтон арахсаары туран киһитэ судургу баҕайытык: «Доо, Мэхээлэчээн, саҥа билэр эбиккин дуу? Ити дьахталлар уруккуттан бааллар ээ. Мин кэмиттэн-кэмигэр көрөөччүбүн. Кэлин үөрэнэн да хааллым», — диэн арахсыбыта. Манна даҕатан эттэххэ, бу Лааҥкылаахтан түөрт хас биэрэстэ хоту бардахха, Дьэрбэҥ, Булуустаах уо.д.а диэн биһиги оттуур сирдэрдээхпит. Онно хоно сытан, кыттыгаспыт киһи “биирдэ эмэ, түүн, Лааҥкылаахха дьахтар хаһыытыырын истээччибин” диэн кэпсээччи. Түүлүгэр киирбит Јлбүт киґи сытар сирэ «табыллыбатаҕына», туох эмэ хом санаалаах бардаҕына эбэтэр тугу эмэ астымматаҕына, «кэлэн барар» диэн, бука, элбэхтик истибиккит буолуо. Чугас ыалбыт аах хас да сыллааҕыта аҕалара «бараахтаабыта». Кыґын буолан, дьоно буорун хаґыытыгар олус эрэйдэммиттэрэ. Буолумуна, кыґын буор үлэтэ ыарахан. Кыґын ааґан саас кэлбитэ. Хаар-муус баран, от-мас үүммүтэ. Аҕаларын аґыыта умнуллан барбыта. Арай биир түүн аҕалара кыра кыыстарын түүлүгэр киирэр: «Тукаам, убайдаргар этээр, сыттыкпын тахсан кіннірүіхтэрэ этэ. Эрэйдэнним», — диэн. Сарсыныгар туран кыыс убайдарыгар түүлүн кэпсээбитигэр, убайдара уталыппакка аҕаларын уІуоҕар тахсаллар. Кырдьык, онно кірбүттэрэ, аҕаларын ампаара, били кыґын кімпүт буолан, саас буор ириитэ, иІнэри түґэн хаалбыт. Ону кіннірбүттэрэ. Онтон кэлин аҕалара биллибэтэҕэ. Оҕонньор дьэ нус-хас айаннаатаҕа. Бэлэмнээтэ Альберт Капрынов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан