Кэпсээ
Войти Регистрация

Куоҕас

Главная / Кэпсээн арааһа / Куоҕас

K
20.09.2019 15:02
Доҕорум Седалищев Коля биир сайын бэрт дьикти түбэлтэҕэ түбэспитин кэпсээбиттээх. Ону хайдах баарынан биэрэбин. 2001 сыллаахха оскуоланы саҥардыы бүтэрэн баран, кылааһынан хонууга тахсыбыппыт. Дэриэбинэттэн син тэйиччи соҕус алааска тахсан балааккабытын туруоран, уот оттон баран, аспыт буһуор диэри ким тугу сөбүлүүрүнэн мээчиктии, быһата, оонньуу-көрүлүү сылдьыбыппыт. Анды кэмэ эбитэ буолуо. Онон биир доҕор уолбун кытта аттынааҕы алааска таах мээнэ, баҕар, итиннэ баар улахан күөлгэ кус көрүөхпүт диэн, саата да суох буолларбыт, хаартысканан «сэбилэнэн» бардыбыт. Алааспытыгар тиийэн сыыр үрдүттэн күөл ньуурун кыҥастаһан көрбүппүт, арай күөл кытыытын диэки соҕотох кус уста сылдьар эбит. Мин доҕорбунуун күөл кытыытыгар сэргэстэһэ үүммүт икки мас күлүгэр сөрүөстэн, холлороон баарынан хара быарбытынан сыыллан киирдибит. Балайда чугаһаан көрбүппүт, куоҕас эбит. Биһиги, куоҕаһы хаһан да көрбөтөх оҕолор, улаханыттан, быһыыта-таһаата астыгыттан соһуйдубут даҕаны, биир оччону үөрдүбүт даҕаны. Өссө чугаһаан, астыныахпытыгар диэри көрөн баран, “аны хаартыскаҕа түһэриэххэ” диэн, икки тиит икки ардынан туһаайаат, түһэрэн «чап» гыннардыбыт. Оччолорго хаартыскабыт «Кодак», онон пүлүөҥкэни бараабат инниттэн биирдэ да сөп буолуо диэн буолбута. Аппарааппыт да бэйэбит киэнэ буолбатах этэ. Бу түбэлтэ кэнниттэн ый кэриҥэ ааспыта. Мин ол бохуоппут туһунан умна да быһыытыйбытым. Арай биир киэһэ дьиэбэр олордохпуна төлөпүөн тырылаата. Дьүөгэм эбит. Кини, били бохуот хаартыскаларын таһаартарбыт үһү. Киэһэ тиийэн хаартыскалары көрө олордохпутуна, кыыһым ыйытар: «Хайа, Коля, бу туох күөлүн түһэрбиккитий?» Арай онно өйдөөн көрбүтүм, кырдьык, аҥаардас күөл эрэ көстөр. Били түһэрбит куоҕаспыт ханна да суох. Мин онно соһуйбутум аҕай. Кыыспар манна кус баар этэ дии сатаабытым да кыыһым күлбүтэ эрэ. Кэлин санаан көрдөхпүнэ, онтум оруннаах да курдук эбит. Куоҕаһы ойуун көтөрө диэн ааттыыллар эбээт. Баҕар, ол иһин хаартыскаҕа тахсыбатаҕа буолуо. Сааскы куска Оскуолаҕа сылдьан сааскы куһу көтүппэт буолар этим. Төһө да эксээмэн, хонтуруолунай үлэ буоллар, быыс булан син биир бара турарым. Ол курдук сылдьан хаста да эксээмэннэрбэр хойутуу сыһан турабын. Манна үксүгэр убайдарбын кытта сытабын. 2003 сыл сааһыгар убайдарым биир билэр киһилэриттэн бултуур сирин уларсан куска тахсыбыттара. Сыппыттарын иккис күнүгэр, оруобуна өрөбүллэргэ түбэһиннэрэн аны мин тахсааччы буоллум. Үгэс курдук, дьиэбититтэн биэс чааһы ааһыыта тахсан, кустуур күөлбүтүгэр тиийбиппит. Тиийэн уот оттон, чэй өрөн, налыччы чэйдээн баран, киирэн оҥостон сыттыбыт. Дурдабыт күөл кытыытыгар сыыр эмпэрэтигэр турар. Халлаан хараҥарыар диэн ону-маны кэпсэттибит. Онтон убайым аах эн манаа диэн баран, утуйан хааллылар. Син балайда олордум. Санаабар, тулабын иһиллиибин да, туох да биллибэт. Дөрүн-дөрүн онно-манна ыраах саа тыаһыыр. Устунан хайдах эрэ нухарыйан бардым. Арай ол олорон иһиттэхпинэ, ким эрэ сыыр үрдүгэр хааман кэллэ. Мин “хайалара кэлэн хаама сырыттаҕай?” диэн, иһиллээн олордум. Эмиэ уу чуумпу. Онтон сыыһа иһиттим дуу дии санааппын кытта, ким
эрэ саҥата: «Барыҥ. Мантан барыҥ!» — диэтэ. Дэлби ыксаатым. Убайдарбын уһугуннартаатым. Дьонум тураат да: «Айдаарыма, биһиги эмиэ иһиттибит», — диэтилэр. Ити курдук бастакы түүммүтүн хоммуппут. Сарсыарда халлаан сырдыыта сэттэ моонньоҕон көтөн кэлбититтэн биэһин күөрэтэн ылбыппыт. Онтон дэриэбинэҕэ тиийэн миэстэлээх хаһаайыҥҥа кэпсээбиппитигэр: «Ээ, ити сирдээх эмээхсин сылдьара буолуо. Сорох ардыгар туора дьону итинник үүрээччи. Бүгүн киэһэ тиийэн уоккутун аһатаарыҥ», — диэбитэ. Кырдьык, ол киэһэ тиийэн уоппутун аһаппыппыт кэннэ туох да биллибэт буолбута. Бу түбэлтэ кэнниттэн мин сир-дойду бэйэтэ туспа хаһаайыннаах, иччилээх диэни бигэтик итэҕэйбитим. Уус кыhатыгар Биһиги нэһилиэктэн илин диэки бардахха, уонча биэрэстэлээх сиргэ Уус Кыһата диэн улахан алаас баар. Урут онно аатырбыт саха уустара олорон ааспыттара үһү. Алаас алаас курдук үгүс хоннохтоох-быттыктаах, онон-манан одоҥ-додоҥ кытахтаах. Икки хас сиргэ өтөх онно баар. Оттон соҕуруу өттүнээҕи халдьаайы үрдүгэр, кэлин отчуттар оҥостубут балаҕаннара турар. Мантан алаас барыта кэриэтэ көстөр. Дьэ, бу алааска мин бырааппыныын бэрт дьикти түбэлтэни көрбүппүт. Суох, оннук туох да илэ абааһы да, иччи да буолбатах. Бырааппын кытта кэмиттэн кэмигэр сааланааччыбыт. Биир күһүн мутукча түһүүтүн саҕана иккиэ буолан куобахха хаама бардыбыт. Кэлиҥҥи сылларга илин эҥээр куобах аанньа үөскээбэтэх буолан, уһун күнү быһа илин эҥээр алаастарынан уһаты-туора сыыйан, биир эрэ куобахтаах дьиэбит диэки төннөн иһэн, Уус Кыһатыгар киирэн кэлбиппит. Күн номнуо киирэн, борук-сорук буолан турара. Тыын ыла түһээри, балаҕан таһыгар кэлэн ыскаамыйаҕа олорбуппут. Күнү быһа хааман, дэлби сылайбыт буолан хайа-хайабыт саҥатыттан матан иһэрэ. Уонча мүнүүтэ оннук олорбохтоон баран, туран барыахча буолан истэхпитинэ, куула өттүнээҕи өтөх диэкиттэн, арай, тимир чапчыйар тыас иһилиннэ (алар хаххалыыр буолан биһиэхэ көстүбэт). Били тыас сүтэр, онтон эмиэ иһиллэн кэлэр. Быраатым бастаан утаа иһиллээн туран баран: «Аллараа кимнээх эрэ бааллар быһыылаах», — диэтэ. Мин бастаан утаа эмиэ инньэ диэн саныахча буолан иһэн, өйбөр Уус Кыһата диэн киирдэ да, тута «айдаарыма, кэл барыах» диэн, түргэн-түргэнник хардыылаан, алаастан тахсан барбыппыт. Тахсан иһэн харахпыт биир кэм, били өтөх турар хонноҕуттан арахпат. Куттаммытым бэрдиттэн (хараҕым иирбитэ эбитэ дуу) эбэтэр кырдьык көөртүм дуу, санаабар, ол диэки алар быыһынан уот көстөргө уонна кыым кыламныырга дылы этэ. Биһиги алааһы туораан, ырааппахтаан баран, дьэ биирдэ «һуу» диэбиппит. Урут оҕо да сылдьан, кэлин улаатан да баран, дьон манныкка түбэспитин истэр буоларым. Оҕонньоттор эҥин этэр буолаллара: «Кырдьаҕастар кыһаларын уота билигин да сөҕүрүйэ илик. Туох эмэ буолаары гыннаҕына, хайаатар да биллэллэр», — диэн. Уопсай хоhун кэпсээнэ Устудьуоннуу сылдьан уопсайга оҕолору кытта ол-бу араас түбэлтэни кэпсэтээччибит. Мин кэпсээччи да, истээччи да буоларым. Олортон биир табаарыһым табаарыһа ыалдьыттыы кэлэ сылдьан кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Ону эһиэхэ тиэрдиим. Мин абаҕам каадырабай булчут уонна оҕо
эрдэҕиттэн булка сыстаҕас, тайҕаҕа улааппыт буолан, тыаттан мээнэ киирээччитэ суох. Биирдэ эмэ, чэйэ-саахара, табаҕа-бурдуга бараннаҕына, киирэн тахсааччы. Сайынын эмиэ ол үүтээнигэр олорон балыктыыр, онтун тууһуур, хатарар. Дьэ оннук сылы-сыллаан олорор да, дэриэбинэ туох баар сонунун барытын билэрэ диэн сүрдээх. Аҕам: «Убайым «баардаах», — диэччи. Биирдэ маннык буолан турар. Мин онно бэйэм баарым. Сайын этэ. Абаҕам эмиэ үгэһинэн тыаҕа сытара. Биһиги дэриэбинэҕэ этибит. От кэмэ буолан, этэргэ дылы, өлөр да соло суох. Арай биир күн абаҕам сарсыарда эрдэ туран илимин көрө киирбит. Сайыҥҥы чуумпу сарсыарда диэтэххэ, аһатан олорор эбэтэ бааллырбыта сүрдээх үһү. Дьиктиргии санаабыт. Хайдах эрэ иэнэ кэдэҥнээн ылбыт эрээри, “бу үлүгэр куйаас күннэргэ балыгым аҕыран хаалыа дуо?” диэн, киирэн илимин көрөр. Балыгын таһааран киэһэ дьаһайыам диэн булууска түһэрэр. Бэйэтэ кыһын сылгытыгар сиэтиэхтээх отун охсо тахсар. Ол тухары кинини туох эрэ сүгүн сырытыннарбат. Туохтан эрэ ытырыктатар санаа кииртэлээн, сүгүн үлэлээбэккэ үүтээнигэр тахсан уот оттор. Арай чэй оргутаары күөл кытыытыгар далаһаҕа киирэн төҥкөйөн истэҕинэ, үрдүнэн икки туруйа «ту-тру-руу, Сибиэтэ кыыһыныын, Сибиэтэ кыыһыныын...» дии-дии ааһа тураллар. Абаҕабар, дьэ онно өй киирбит курдук, чаанньыгын ыраах элитэн кэбиһэн баран, атыгар сүүрэн тиийэр. Ата буоллаҕына — суох. Бэҕэһээ киэһэ адаҕа кэтэрдэн баран ыыппыта, адаҕатын устан кэбиһэн баран, ханна эрэ кыыл барбыт. Инньэ гынан абаҕам дэриэбинэ диэки сатыы түһүммүт. Дэриэбинэтигэр сарсыарда күн тахсыыта нэһииччэ тиийбит. Биһиэхэ өссө утуйа сыттахпытына аҕылаан-мэҥилээн, үлтү сылайан кэлбит үһү. Кини киирэн кэлбитигэр аҕам соһуйбут аҕай. Абаҕам аҕабар туохха түбэспитин, көрбүтүн кэпсээбит. Кини Сибиэтэ диэн, бэйэтин курдук эмиэ сулумах эрээри кыыс оҕолоох дьахтары кистээн сөбүлүүр эбит. Мин онно эрэ билбитим. Дьонум тугу эрэ кэпсэтэн баран, эрдэһит ыал туран эрдэҕэ буолуо диэн эрийэ сылдьыбыттара. Эмиэ тугу эрэ кэпсэппиттэрэ, абаҕам тиийэ сылдьыах буолбута. Кэлин истибиппит, Сибиэтэ кыыһын илдьэ оруобуна ол сарсыарда эрдэ туран таксинан тэйиччи улууска аймахтарыгар күүлэйдии бараары сылдьыбыт эбит. Ону абаҕам киирэн тохтуур буолбута. Оттон ол Сибиэтэлээҕи илдьиэхтээх такси аара баран иһэн саахалламмыт сураҕа иһиллибитэ. Киһи өлүүтэ тахсыбатах эрээри, улаханнык оһолломмут сурахтаахтара. Хата, абаҕам «баардаах» буолан, Сибиэтэтин уонна кини кыыһын быыһаатаҕа. Бэлэмнээтэ Альберт Капрынов.
kyym.ru сайтан