Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сибиэн, абааhы уо.д.а туhунан…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сибиэн, абааhы уо.д.а туhунан…
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
29.08.2019 15:30
Киһиэхэ, ханнык да кыылга-сүөлгэ киирсибэт, бүттүүн киһи аймах билэр тыынар тыыннааҕын ахсааныгар суох, ол эрээри киһиэхэ биллибэт, хамсыыр эбийиэги абааһыттан атыннык ааттаабаппыт. Ити биллибэт эбийиэктэр тустарынан наука туох да сонун арыйыыны, дакаастабылы була илик. Итэҕэлгэ сыһыаран, өскүөрүтүн «өлбүт дьон дууһалара» диэн сабаҕалыы үөрэммиппит. Абааһы хаһан көстөрүй? Холкутуйбут турукка чуолаан «аһылларыҥ», көрүө суохтааххын көрөр, билиэ суохтааххын билэр туруктанарыҥ сабаҕаланар. Ол кэм биитэр күн тахсыыта, биитэр киэһэриитэ сөп түбэһэр. «Түүн ортото абааһы барыҥнас» дииллэрэ оруна суох дэһэллэр. Дьоннорун сүтэрбит ыар аһыылаах дьон эмиэ, сүрүннээн, ол кэм утаа, «эттэрэ аһыллар». Түһүүллэр. Бэл, илэ көрүөхтэрин, туох эрэ тыаһы-ууһу истиэхтэрин сөп. Ити тоҕо эрэ ордук бокуонньук барбыта чуолаан 9 уонна 40 хонуктарын эргин бэлиэтэнэр. Сибиэни чинчийээччилэр абааһыны (привидение) хас да көрүҥҥэ араараллар эбит. “Кириисистээбит” кэм абааһылара Ол аата, өлөрө чугаһаабыт эбэтэр доруобуйатын туругунан соторулуох дьоҥҥо көстөр абааһылар диэн бааллар. Оннук абааһы эмоциональнай, өс-санаа өттүнэн чугас киһитин чуолаан «буулуур». Өлбүт киһи дууһата соторулуохтаах киһиэхэ тус бэйэтигэр эбэтэр аймах киһитигэр эрдэттэн сэрэтии быһыытынан көстөрүн итиннэ киллэрбиттэр. Түүлүгэр эбэтэр илэ да көстүөн сөп. Өлбүт киһи кута Бокуонньук тыыннааҕар ордук чугастык санаабыт, таптаабыт, эрэнэр киһитигэр, оҕотугар, уруутугар эбэтэр букатын туора да киһи эбитин иһин, өйүнэн-санаатынан, олоҕу көрүүтүнэн чугастык санаабыт киһитигэр көстүөн, биллэн ааһыан сөп. Тоҕо? Туорхаһыйыыларын аралдьытаары, тыыннааҕар сатаан эппэтэҕин тиэрдээри. Туох эрэ куһаҕан буолаары гынарын сэрэтэр, араҥаччылыыр эбэтэр наадалааҕы этэн, көмөлөһөр аанньаллары бу көрүҥҥэ киллэрэллэр. Холобур, Данте өлөн баран, уолун түүлүгэр киирэн аатырбыт «Божественные комедии» айымньытын ырыаларын уурбут сирин ыйан биэрбитэ устуоруйаҕа биллэр. Ол киирбэтэҕэ буоллар, ким да сатаан булуо суохтаах үһү. Эбэтэр ким өлөрбүтүн этэн биэрэллэрэ эмиэ ахтыллар. «Кэлэктиибинэй» абааһылар Маннык дьиктитик биир эрэ киһиэхэ буолбакка, хас да киһиэхэ биллибит, көстүбүт абааһылары ааттаабыттар. Бу көрүҥҥэ чуо биир сиргэ, холобур, суол чопчу тоҕойугар, көстөөччүлэри киллэриэххэ сөп. Холобур, аара массыына тохтото турар, бэл, көҥүллэппэккэ да «олорсор» сибиэннэр баалларын истэн аҕай кэллэхпит. Киһи абааһыны көрөр кэмигэр кинини кытта тэҥҥэ сибиэн баарын сибикилээбит ыт, сылгы баар буоллаҕына, эмиэ бу көрүҥҥэ киирсэр. Икки өттүттэн тэҥҥэ Ол аата, абааһы кинини көрөр, сэрэйэр киһини эмиэ тэҥҥэ көрөр, билэр. Быраабыла курдук тыыннаах киһи суохтаабыта бэрдиттэн анараа киһилиин (бокуонньук сибиэнин кытта) сибээстэһэ сатыыр. Сороҕор, табылыннаҕына, хайдах эрэ тыла суох «кэпсэппит», сибээстэспит курдук буолуохтарын сөп. Маннык сыһыаҥҥа «кэлэктиибинэй» абааһы эмиэ киирсиэн, бэлиэтэниэн сөп. Өлөр өлүү абааһыта Уһугулаан сытар киһи кинини анараа дойдуга илдьэ бараары кэлбит эрдэ өлбүт аймахтарын эбэтэр аанньал курдук үрүҥ таҥастаах күлүктэри көрөрүн манна киллэрэллэр. Дьиктитэ, ол көрсөөччүлэри ыарыһаҕы харайа, ыарыылыы сылдьар дьон эмиэ көрүөхтэрин сөп. Уларыйан төрүөхтээҕи сэрэтэр абааһылар Манна иччилээх түүлгэ көстүбүтү киллэрбиттэр.
Холобур, бокуонньук биир эмэ уруутун түүлүгэр киирэн, аныгыскы төрөөһүнүгэр ким, туох буолан төннүөн «кэпсиир». Холобур, биир ыаллар оҕолоро тылланан баран кэпсээннээх буолбут. Кини этэринэн, букатын эрдэ ийэтин иһигэр киириэн иннинэ, биир киһинэн «сотору төрүөхтээхпин» диэн этиппитин саныыр. Оҕо оҥорон көрүүтэ диэҕи, кырдьык, хас эмэ сыл иннинэ биир уруулара үүт-маас оннук дьикти түүлү көрбүтүн кэпсээбиттээх эбит. Ону хас да киһи өйдөөн хаалбытын саныы түһэллэр. Ол курдук, сороҕор кыра оҕо урукку олохпуттан диэн, кини төрүөн иннинээҕи чахчыны көрөн турбуттуу кэпсиирэ эмиэ баар. Ол түгэни бу көрүҥҥэ киллэрбиттэр. Абааһылыын көрсүһүүнү күөттүүр төрүөттэр Абааһыны-сибиэни итэҕэйбэт дьон ол-бу абааһыны арыгылааһын содулугар көрөллөр, «кэрээчикэлээбит» киһи кэпсээнэ дэһэллэр. Маныаха, кыра да буоллар, кырдьык баар. Сорох дьон испит арыгыларын дьаата мэйии килиэккэлэрин өлөрбүтүн суотугар ону-маны көрөр кыахтара улаатар үһү. Уопут оҥорон билбиттэр. Чараас уйулҕалаахтар Ол эбэтэр сиэри таһынан эмоциональнай (үксүгэр, негативнай тыыннаах), быыппастыгас буолуу. «Холобур, эрдии-ойохтуу дьон кыыһырсыыларын муҥутуу үрдүүр кэмэ – абааһылар ас таһаарынар ааттаах астык чаастара» диэбиттэр. Оннук түгэҥҥэ хайаларыгар эрэ абааһы, былас муостаах киирсэн, илэ өйүгэр сылдьан оҥоруо суоҕун да оҥорор, биирэ биирин эчэтэр иэдээнэ буолар. Ол ухханыгар, бэл, күүскэ таптыыр да киһитин суох оҥоруон, эчэтиэн сөп. Ол кэннэ тугу уонна тоҕо оҥорбутун таһыччы өйдөөбөт буолаллар. Кутурҕан, дириҥ санаарҕабыл Бу туругу абааһы олус таптыыр, бэртээхэй «ас», төрүөт оҥостор. Ити иэйии, биллэн турар, кылабыыһаҕа уонна балыыһаҕа элбэх. Онон абааһы-сибиэн да ити икки уопсастыбаннай миэстэни сөбүлээн буулуурун олох көрдөрөр. Оскуола, тыйаатыр – эмиэ араас санаа көймөстүбүт сирэ. Онон наар өлбүтү санаан ытыыр-соҥуур, айманар куһаҕан дииллэр. Оннук гынан хаарыан дьиэҕин анараа дойду дьоно сөбүлээн сылдьар туоналарыгар кубулутуохха сөп. Абааһыттан араҥаччылыыр албастар Абааһы туохтан толлор, тугу сөбүлээбэт эбитий? Сэҥээриэҕиҥ. Ыраас, чэбэр дьиэни. Сөрүүнү уонна сибиэһэй салгыны. Чуораан уонна чуораан тыаһыгар дьүөрэ тыаһы. Аһаҕас уоту, чүмэчини, лампааданы, аал уоту. Киэһэтин хоһу салгылатан баран, бордууһунаны сабар ордук. Сорох дьон таҥара күлүгүн уураллар, мэлииппэнэн харыстаналлар эбит. Сорох ону абааһы билиммэт диир. Ол курдук, аныгы кэмҥэ Ньурба таҥаратын дьиэтин аҕабыыта сиэркэпкэ чаастатыйбыт сибиэнтэн куттанан, тэскилээн эрэр үһү диэн, сэһэн-сэппэ дэлэй. Сорох ону «бэлэм сылтах» диир. Бу туһунан якт форума оргуйан олорор этэ. Дьикти. Туох эрэ баар сибикитин биллэххэ, ол диэки кыыһырбыт хараххын хатыырга сүбэлииллэр. Барыга-бары болҕомто уура, бу абаа-һы быһыылаах, ити сибиэн быһыылаах диэн, билэ-көрө сатыыр наадата суох. Туох эрэ баарын сибикилээтэххэ, аал уоту аһатан, араҥаччылыыр күүһү көрдөһөр сөп. Биири өйдүөхтээхпит: баар эбит да буоллахтарына, кинилэр суоллара – туһунан, эйиэнэ – туһунан. Абааһытааҕар итирик-кутурук дьонтон, наркоманнартан, күлүгээннэртэн сэрэммит ордук. Ол баар – дьиҥ куттал. Оттон «анараалары», анаан тыыппат буоллахха, эйиэхэ эрэ саантыахтара суоҕа.
Быһата, киһилии сиэри-туому тутуһа сылдьар, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарбыт бэртээхэй харысхал буолар.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан