Кэпсээ
Войти Регистрация

“ВКонтакте” саайтан “Иччилээх кэпсээннэр” диэн бөлөхтөн хомуйан суруйуу

Главная / Кэпсээн арааһа / “ВКонтакте” саайтан “Иччилээх кэпсээннэр” диэн бөлөхтөн хомуйан суруйуу

K
16.08.2019 15:58
Сылгыhыт Былыр биир сылгыһыт биэлээх кулунчугу сүтэрбит. Өр көрдөөн, халлаана хараҥарбыт, ый тахсыбыт. Сылгыһыт атыгар олорон дэриэбинэтин диэки хаамтаран испит. Арай былыргы өтөх таһынан ааһан иһэн көрдөҕүнэ, кулунчуга өтөх иһигэр сытар үһү. Өтөххө киирбитэ, кулунчуга сол курдук турбакка сытар. Сылгыһыт кулунчугун туруора сатаабыт да, кулунчуга олох турбатах. Онуоха кулуну сиэлиттэн тутан баран таһырдьа соспут. Кулун аата кулун – сүүстэн тахса киилэлээх буолан, ааҥҥа диэри соспут. Таһырдьа былыт быыһыттан тахсыбыт ый сырдыгар өйдөөн көрбүтэ, доҕоор, дьахтары баттаҕыттан соһо сылдьар эбит. Дьахтара кини диэки көрбүтэ, уп-уһун тиистээх, ап-араҕас харахтаах абааһы эбит. Киһибит уолуйан турбут. Саатар, биир илиитэ дьахтар баттаҕар иилистэн хаалбыт. Абааһы киһи улахан тарбаҕын быһа ыстаабыт. Сылгыһыт хаһыытыы түһэн баран, илиитин сулбу тардан, атыгар сүүрэн тиийэн бааллан турар быатын быһа охсубут уонна сүүрдэ турбут. Кэнниттэн абааһы дьахтар баттаҕын арбаппытынан эккирэппит. Аттан олох хаалсыбат үһү. Аты ситэн ылан айаҕын атан эрдэҕинэ, сылгыһыт кымньыытынан сирэйгэ саайбыт. Онуоха дьэ биирдэ абааһы хаалбыт. Сылгыһыт дэриэбинэтигэр нэһииччэ куотан тиийбит. Максим диэн уол Оскуолаҕа киириэм иннинэ сайын эбэм аахха — дэриэбинэҕэ тахсыбытым. Күнүс дьонум оттуу бараллара. Мин тастыҥ убайбын кытта дьиэҕэ хааларым. Кинини кытта соччо-бачча оонньообот буоламмын, үксүн соҕотоҕун букунайарым. Биир күн дьиэбиттэн тахсан атын оҕолору көрдүү таарыйа сөтүөлүүр сиргэ бардым. Баран иһэн өйдөөн көрдөхпүнэ, уулусса уһугар турар дьиэ тиэргэнигэр мин саастыым оҕо турар. Үчүгэйдик өйдөөн көрбүтүм, кини миигин одуулуу аҕай турар эбит. Чугаһааммын билсиһээт, үргүлдьү кэпсэтэн-ипсэтэн бардыбыт. Уол аата Максим диэн эбит. Кини “бу – мин дьиэм” диэтэ. Кинини кытта халлаан хараҥарыар диэри үөрэ-көтө оонньоотум. Кэлин убайым миигин ыҥыран хаһыытыырын истэн, дьиэбэр тиэтэйдим. Хас да күн буолан баран, ол дьиэ аттынан убайбын кытта ааһан иһэммин “бу дьиэҕэ олорор Максим диэн уоллуун доҕордоһон оонньообутум” диэн эттим. Арай өйдөөн көрбүтүм, түннүгэ алдьаммыт, аана хаптаһынынан бүөлэммит эбит. Убайым “бу дьиэҕэ ким да олорбот” диэтэ. Саамай дьиктитэ, кутталлааҕа дэриэбинэҕэ миигин кытта саастыы Максим диэн уол оҕо ончу да суох диэн сөхтөрдө. Дьикти кыыл Бу түбэлтэни балтым дьүөгэтэ кэпсээбитэ. Биир дэриэбинэҕэ ыаллар олорбуттар үһү. Олорор сирдэригэр аҕалара биир саамай үчүгэй киһинэн ааҕыллар эбит. Арай биирдэ ол киһи атын миинэн алааһыгар тиийэн, күрүөтүн оҥорбут. Киэһэ, борук-сорук саҕана, дьиэтигэр төннөн испит. Тыатын биэс тарбах курдук билэр буолан, суолунан айаннаабакка ойуурунан быһа түһэргэ санаммыт. Ойуур иһэ төһө да хараҥа буоллар, ый төһө эмэ сырдатан биэрэр. Ол баран иһэн көрдөҕүнэ, 100 миэтэрэ тэйиччи сиргэ эмиэ да дьахтар, эмиэ да эмээхсин тобуктаан, төҥкөйөн олороругар майгынныырга дылы эбит. Арай сылгыта иннин диэки олох барыан баҕарбат, сиргэн да сиргэн буолбут. Киһитэ “тыый, бу туох ааттаах буоллуҥ?” диэн баран,
атын кымньыылаабыт уонна, дьэ, нэһииччэ иннин диэки дьулуруйбут. Дьэ, чугаһаан көрбүтэ, доҕоор, киһи олорор диэн санаабыта, олох да атын күтүр олорор үһү. Бу күтүр уһун маҥан түүлээх, түөрт атаҕар олорор. Куобах киэнин курдук кэнники атаҕа илин атаҕыттан уһун, сирэйэ киһи сирэйигэр маарынныыр курдук, эбиитин тиис да тиис үһү! Дьикти күтүр мээнэ олорботох, куобаҕы ытыра-ытыра тырыта тыытан сии олордоҕуна, били киһи кэлбит. Ат улаханнык сиргэммитигэр, били күтүр куһаҕан бэйэлээхтик ырдьыгынаабыт. Сылгыта буолан-хаалан турбут аҕай, оттон били киһи нэһиилэ тутуһан олорбут. Дэриэбинэҕэ чугаһаан эрдэхтэринэ, били күтүр сылгыны сыыһа-халты харбаан хаалбыт уонна бэрт дьикти куолаһынан хаһыытаабыт үһү. Киһибит эрэйдээх оччолооҕу көрөн дэлби соһуйбут, куттаммыт уонна дэриэбинэтин дьонугар улахан быһылааҥҥа түбэспитин кэпсээбит. Ол кэнниттэн олоҕо тосту алдьанан киирэн барар: кэргэнэ оҕолорун ылан арахсар, бэйэтэ иһэр-аһыыр буолбут. Итирдэҕинэ наар этэрэ үһү: “Киһи хараҕар көстүө суохтаах айылҕа дьиктитин көрөммүн бу айылаах буоллаҕым”. Уу кыыhа Бу түбэлтэни эдьиийим кэпсээбитэ. Биирдэ Өлүөнэ очуостарыгар сылдьан ууга түһэн өлө сыспыттаах. Эдьиийим дьүөгэтин кытары сиэттиспитинэн уу кытыытынан хаамыталыы сылдьан көрдөхтөрүнэ, кинилэртэн олох чугас биир дьахтар харбыы сылдьар эбит. Хайдах эрэ дьикти баҕайытык, балык курдук хайбаҥалаан харбыырын муодарҕаан көрөн турбуттар. Арай дьахтардара кинилэр диэки хайыһаат эмиийин кэрэтигэр диэри ууттан быган туран ыҥыртыыр курдук, илиитинэн сапсыйбыт. Иһиттэхтэринэ “манна кэлиҥ, үчүгэй баҕайы!” диэн саҥарар, ыҥыртыыр курдук эбит. Эдьиийим ааҕы туох эрэ күүс иннилэрин диэки хаамтарар курдук буолбут. Арай өйдөөн кэлбиттэрэ, дириҥ баҕайы сиргэ баар буолан хаалтар... Эдьиийим эрэйдээх үрүҥ күн сырдыгын иһин охсуһуута саҕаламмыт. Аны туран, кини кыайан харбаабат. Уу анныгар биирдэ баар буолбутун эрэ өйдөөбүт. Ууга түстэххинэ, ууну ончу иһиэ суохтаахпын диэн өйдүүбүн диир, ол иһин тыыммакка буола сатаабыт. Тимирэн иһэн уу түгэҕиттэн көрдөҕүнэ, күнэ күлүмнээн көстөрө үһү. Эдьиийим өйүн сүтэриэн иннинэ баар-суох санаата – биллибэт күүстэртэн көрдөһүү буолбут. Түлэй-балай баран иһэн уу түгэҕиттэн туох эрэ өрө анньарга буолаатын кытары, уу үрдүгэр дагдас гыммыт. Уоннааҕытын өйдөөбөт. Кытылга тахсан баран, дьэ биирдэ тиллибит. Үс уол соһон таһаартар үһү. Өллө диэн аккаастанан эрдэхтэринэ, хата эдьиийим бэйэтэ тыын ылбыт. Дьүөгэтэ туох да буолбатах, бэрт эрэйинэн бэйэтэ харбаан тахсыбыт. Дьиктитэ диэн, ол дьахтары кинилэртэн ураты ким да көрбөтөх. Кэлин дьон кини ууга тимирэ сырыттаҕына, “халлааҥҥа сылгы кистээбит уонна ол кэнниттэн кыыс ууттан күөрэйэн тахсыбыт” диэн кэпсээбиттэр. Куба Саха итэҕэлинэн, былыр сахалар кубаны отой өлөрбөттөрө. Арай биирдэ биир булчут күөл кытыытыгар куба сылдьарын өлөрөн кэбиһэр. Онтон хас да күн буолан баран, булчут куобахтыы барар. Бултуу сылдьан, арай, мунан хаалар. Хас да күнү быһа наар биир сири эргийэ сылдьыбыт. Суолун-ииһин булбакка сэниэтэ эстэн, аччыктаан, сылайан саллаҥнаан иһэн көрдөҕүнэ, тыа
саҕатыгар былыргы өтөх турар эбит. Табылынным дии санаан, сынньанарга быһаарынар. Киирэн маһын кыстаан, сааһылаан эрдэҕинэ, аана тэлэччи аһылла биэрбит уонна маҥан таҥастаах кырдьаҕас эмээхсин киирэн кэлбит. Эмээхсин киирээт, тута маннык диэн сэмэлээбит: “Эн, булчут ааттаах эрээригин, тоҕо Айыы кыылын өлөрдүҥ? Эһиги, эдэр дьон, төрөөбүт сиргитин-уоккутун олох харыстаабат буоллугут. Билэҕит дуо айылҕа барахсан хайдахтаах элбэх хаанынан ытыырын? Эйигин бу сиртэн матараары гынан баран аһынным. Оҕолордоох киһи буоларыҥ быһыытынан, оҕолорун киһи-хара гынан улаатыннардын диэммин. Аны итинник аньыыга-хараҕа кииримэ”, – диэн баран, хайдах киирбитин курдук, сүтэн хаалбыт. Ол булчут саҥа да аллайбатах, соннук уолуйан турбут. Кэлин ыллык суолун булан дьиэтигэр этэҥҥэ тиийбит. Бу түбэлтэтин кэлин дьоҥҥо кэпсээбит. Иччи дуу, абааhы дуу? Биир күһүн табаарыстарбын кытта Сыырдаах диэн сиргэ кустуу бардыбыт. Сирбитигэр тиийээт, кустаан бардыбыт. Аҕыйах куһу өлөрөн бараммыт, уот оттон, аһатан, бэйэбит аһаан-сиэн баран, икки балааккаҕа арахсан утуйарга тэриннибит. Утуйар-утуйбат икки ардынан сыттахпына, анараа балааккаҕа сытар уолаттар тугу эрэ кэпсэтэллэр, күлсэллэр. Кэпсэтиилэриттэн биир тылы иһиттим «кырса» диэни. Бу тылым ой дуораана буолан хаста да кулгаахпар хатыланна уонна устунан түһээн бардым. Түһээтэхпинэ, арай кустуур сирбэр сылдьабын. Балааккаларбыт субу туралларын курдук тураллар. Ол турдахпына биир кыра кыыс оҕо сүүрэн кэллэ уонна атахпыттан кууһан ылан ааппын ааттаата. Арай сирэйин өйдөөн көрбүтүм, хараҕын симэн баран мичээрдиир, онтон сирэйэ кубарыйан, эмээхсин курдук дьүһүннэнэр. Хараҕын аспытын көрбүтүм, мэкчиргэ хараҕын курдук улахан харахтаах эбит. Кутталбыттан “бар!” диэн баран, балааккабар ойон киирдим уонна уолаттарбар “кыра кыыс оҕо миигин ыйыттаҕына, суох диэриҥ” диэн баран, кэннилэригэр саһан олордум. Дьэ, кыра кыыһым киирэн кэллэ уонна миигин ыйытта, ону уолаттарым суох диэтилэр. Кыыс тахсан баран хаалла. “¤уу” диэн баран куоттум. Куотан иһэммин эмискэ уһуктан кэлбитим, баттата сытар эбиппин. Илиим-атаҕым хамсаабат буолбут, саатар хаһыытаабаппын даҕаны. Ол туох кыыһа буолуой? Иччи дуу, эбэтэр абааһы дуу? Бу түбэлтэлэри “ВКонтакте” саайтан “Иччилээх кэпсээннэр” диэн бөлөхтөн хомуйан суруйдум Владияна Корнилова.
kyym.ru сайтан