Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эстибэтэх «айа»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эстибэтэх «айа»
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
06.08.2019 13:39
Былыр Чуона сахалара Мархайа диэн Чуона салаатыгар хаһан да бултаабаттара. Бэрт былыр манна, Мархайа хаҥас салаата Баатамай диэн үрүйэҕэ, тоҥус улуу ойууна олорбут. Кини сахалары сирбэр кэлэн бултууллар диэн абааһы көрөрө. Кэлбит булчуттары кыраталаан, муокастаан, үксүлэрэ сылы кыайбакка араас оһолго, ыарыыга түбэһэн өлөллөрө. Кэлин манна биир да саха кэлэн бултаабат буолбута. Биирдэ бу дойдуга аатырбыт Хоройкоон удаҕан бултуу барбыта. Бу удаҕан дьахтар кэргэнэ суоҕа, сирэйинэн туох да наһаа кырасыабай, көстөр көрүҥэ уус киһи чочуйан оҥорбутун курдук үчүгэй, ис киирбэх майгылаах, сөп эттээх-сииннээх этэ. Ол гынан баран удаҕанын таҥаһын кэтэн кыыра турарын көрдөххө, сирэйэ-хараҕа уларыйан, дьүһүнэ холлон, дьиҥ чахчы илиэһэй кыыһыгар маарынныыра. Бэл диэтэр, үчүгэйкээн куолаһа холлон, кээҕинээн иччилээхтик иһиллэрэ. Ол иһин олохтоох Чуона сахалара киниттэн толлоллоро уонна убаастыыллара. Хоройкоон олус булчутунан биллэрэ. Ханнык да эр бэртэрэ киниэхэ тэҥнэспэттэрэ. Биирдэ Хоройкоон удаҕан Мархайаҕа тиийэ бултаан кыһын дьиэтигэр кэлбитэ. Наһаа элбэҕи бултуйбут этэ. Ол сылдьан тоҥус ойуунун көрсүбүтүн-көрсүбэтэҕин ким да билбэтэ. Арай ол кыһын тоҥус ойууна иирэн ыалдьыбыта. Дьон кэпсээнинэн, бу ойуун кыһыҥҥы тымныыга атах сыгынньах үс көстөөх сиргэ баккынан эрэ таҥастанан тиийэрэ. Аара баран иһэн тииҥ курдук тоҥ тиит төбөтүгэр өрө куһугураан тахсара үһү. Ол кыһыны туораабакка тоҥус ойууна өлбүтэ. Ону Хоройкоон удаҕан муокастаабыта буолуо дииллэрэ. Баҕар, буолуо. Тоҥус ойууна өлөөрү сытан: «Миигин Хоройкоон удаҕан сиэтэ», — диэбитэ үһү. Хоройкоон удаҕан уҥуоҕа Туой Хайаттан 5 км Чуонаны өрө Сынсыктаах диэн бөһүөлэккэ баара. Төгүрүк бэрэбинэнэн тутуллубут 8 кырыылаах истиэнэлээх этэ. Биһигини дьоннорбут «ити киһи уҥуоҕар, айдаарбат, сөмүйэҕитинэн ыйбат буолуҥ» дииллэрэ. Ол саҕанааҕы оҕолор дьоннорун тылын наһаа истэллэрэ. Биһиги букатын чугаһаабат этибит. Тулатыгар мас үүнэн, ычыкын быыһынан барбах көстөрө. Туой Хайа тимириэн иннинэ Федосеева баһылыктаах археологическай эспэдииссийэ үлэлээбитэ. Биирдэ Федосеева миигин көрсөн: «Былыргы улахан ойуун уҥуоҕун билэҕин дуо?» — диэбитэ. Мин киниттэн: «Ону тоҕо ыйытаҕын?» — диэбиппэр «хостоору гынабын» диэбитэ. Мин: «Биир удаҕан уҥуоҕун билэбин, ол Сынсыктаах бөһүөлэгин таһыгар баар», — диэбитим. Онуоха Федосеева: «Сарсын барыам, ыйан биэрээр», — диэбитин сөбүлэспитим. Сарсыныгар Федосеева кэлбитигэр ыраахтан ыйан биэрбитим, соҕотоҕун көрө барбыта. Өр соҕус буолан баран кэлбитэ уонна саҥата суох Туой Хайа диэки бара турбута. Мин сырсан тиийэн «хайа, хаһаҕын дуо?» диэн ыйыппыппар, «суох» диэбитэ уонна сапсыйан кэбиспитэ. Хайдах эрэ олус куттаммыт көрүҥнээҕэ. Дьэ, итинник сиргэ быйыл 3 булчут бултуу барбыттара. Киргиэлэй диэн кырдьа барбыт киһи, кыра уҥуохтаах буолан баран, наһаа кытыгырас, абааһыны-таҥараны итэҕэйбэт, арай эһэкээни, иччини итэҕэйэр этэ. Кини булт бары быраабылатын тутуһара, харыстыыра. Дьөгүөр диэн Киргиэлэй табаарыһа, саастыылааҕа. Булчутунан Киргиэлэйгэ тиийбэтэ, ол гынан баран ханна туох булт баарын тэһэ билэрэ. Мас ууһа
буолан, кини табатын тэрилэ: сыарҕата, ыҥыырдара, туут хайыһара наһаа тупсаҕайдара. Үһүс булчуттара сүүрбэччэтэ эрэ буолбут эдэр уол этэ. Аҕата Киргиэлэйгэ холоотоххо, улахан уҥуохтааҕа, дараҕар сарыннааҕа. Аата Бүөтүр диэн. Кинилэр үһүө буолан 35 табалаахтара, иккилии миинэр буурдаахтара. Мархайа үрэҕэр кэлбиттэрэ икки хонно. Тииҥ элбэх буолан, өссө даҕаны өрөөн бултуур былааннаахтар. Сарсыарда үс аҥыы бултуу барбыттара. Эдэр уол Бүөккэ, били, Баатамай диэн ыарҕалаах үрүйэни өксөйбүтэ. Тииҥ аһара тохтообут сирэ этэ, 15 тииҥи өлөрөн баран, төргүүтүгэр баанан төннөргө санаммыта. Аара икки хара улары өлөрбүтэ. Онтун эмиэ төргүүтүгэр баанан баран, табатын сиэтэн сатыы үрүйэтин кытыытынан төннөн испитэ. Үрүйэ кытыытыгар икки баараҕай харыйа үүнэн турара. Бүөтүр олор икки ардыларынан баран иһэн табата тардыспытыгар туораан, харыйа тас өттүнэн эргийэ барбыта. Балааккатыгар тиийэн табатын ыыппыта уонна оһох оттон, чэй туруорбута. Дьоно кэлэ иликтэрэ. Чэйэ оргуйуор диэри тииҥнэрин сүлүтэлии олорбута. Ол олордоҕуна балаакка аанын диэки киһи сөтөллүбүтэ. Онтон аан кытыытыгар турар дьэс сирэй суунар таастара өрө ыстанаат умса баран түспүтэ. Ол иһигэр эмиэ киһи сөтөллүбүтэ уонна киһи саҥата: «Баатамай үрүйэтин кытыытыгар икки харыйа икки ардыгар эйиэхэ айа тарпытым. Ону кылыытын таарыйа сыһан баран, төннөн, харыйа нөҥүө өттүнэн тумнан кэллиҥ. Оо, уол оҕото, сэрэҕиҥ дьикти эбит. Сааскын ситэн өлүүһүккүн», — диэбит. Ол кэнниттэн сирэй суунар таас өрө ыстанан миэстэтигэр түстэ. Бүөтүр наһаа куттанна. Аҕатын бэрдээнин ииттэн аттыгар уурунна, сүгэтин, быһаҕын эмиэ чугаһатынна уонна суунар тааһын көрөн олордо. Төһө өр маннык олорбута биллибэт. Арай дьоннор бултаан кэллилэр. Балаакка иһигэр киирбиттэрэ, уоллара кураанаҕынан, тимэх курдук көрөн саҥата суох, биир сири одуулаан олорор эбит. Аҕата Киргиэлэй уолуттан: «Туох буоллуҥ?» — диэн ыйыппытын саҥар-бата. Хаста да ыйыталаһа сатаан баран «уолбут төбөтүнэн ыалдьыбыт» диэн түмүктээбиттэрэ. Киргиэлэй Дьөгүөрүнүүн сүбэлэһэн уолларын уочаратынан харабыллыырга быһаардылар. Мантан хомунан дойду диэки бардахха сатанар. Сарсыныгар уоллара утуйан туран, куттаммыта ааһан, сэргэхсийбит көрүҥнэммитин бэлиэтии көрөн, аҕата бэҕэһээҥҥи боппуруоһун ыйыппытыгар уола туохтан куттаммытын сиһилии кэпсээн биэрдэ. Киргиэлэй оҕонньор ол сэһэни соччо итэҕэйбэтэр даҕаны, сарсын кэлбит суолунан 5-6 көс төннөргө быһаарынна, били, этэргэ дылы, «таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн өс хоһооно баар. Оттон Дьөгүөр оҕонньор Бүөтүр сэһэнин итэҕэйэн «били тоҥус ойууна муокастыы сатаабыта буолуо. Ити уолуҥ ырааҕынан да буоллар Хоройкоон удаҕан уруута буолуохтаах» дии санаабыта. Онтун табаарыһа Киргиэлэйгэ эппитин Киргиэлэйэ: «Ол былыр үйэҕэ өлбүт ойуун хайдах айа иитэ сылдьыай. Сымыйа», — диэн саба саҥаран кээспитэ. Дмитрий Дорофеев.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан