Кэпсээ
Войти Регистрация

Чөчүөккэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Чөчүөккэ

K
19.07.2019 16:27
Маарыйа кыыһа эргэ тахсар сааһын ситэн, куорат киһитигэр эргэ тахсан, онно олохсуйбут. Биир уол оҕоломмуттар. Ол уол үс-түөрт саастааҕар ийэлэрэ иккис оҕотун оҕолоноору суорума суолламмыт. Эр киһи өр буолбакка иккис кэргэннэммит. Онон уолу сайын аайы эбэтигэр таһааран биэрэн сайылаталлара үһү. Маарыйа күнэ-ыйа сиэниттэн тахсар буолаахтаабыт. Уолчаан бэйэтэ даҕаны элэккэй, барыга бары ылбаҕай, киһи эрэ таптыах барахсана эбитэ үһү. Уол алта саастааҕар эмиэ сайылыы эбэтигэр тахсыбыт. Эбэтэ биир ынахтааҕар уонна торбуйаҕар чугастааҕы алааска киирэн оттуур. Сайыны быһа кылахтаһан син ынаҕын айаҕын булунар. Торбуйаҕын күһүн эт тоҥор буолтун кэннэ өлөрөн идэһэлэнэр. Сайыҥҥы ыраас, чэмэлкэй күннэр турдахтарына отун өрүскэлэһэн сарсыарда эрдэттэн ыкса киэһээҥҥэ диэри сылдьар. Ынаҕын үөрэтэн кэбиһэн күнүскү ыамын хонууга ыыр, киэһэ үүттээх ыаҕайатын тоҥолохтонон тахсар. Онон ол күннэргэ уолчаан сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри балаҕаныгар соҕотоҕун хаалар эбит. Күнүс аһыыр аһын эбэтэ төгүрүк остуол үөһэ бэлэмнээн барар. Онтуката үксүн суораттаах кытыйа уонна лэппиэскэ, кыра сүөгэй оҕото буолара. Уһун күнү быһа уолчаан соҕотоҕун оччо-бачча тэһийбэт. Арай биирдэ чугастааҕы, айан суолун кытыытыгар турар өтөххө тиийэн сууллаары турар балаҕан таһыгар былыргы түптэ оннун булан мас тоһоҕоһунан хаһа турдаҕына аттыгар кытархайдыҥы-чачархай баттахтаах, чараас таҥас ырбаахы эрэ дуомнаах, кини бараллаата саастаах уол оҕо хантан кэлбитэ биллибэккэ баар буола түһэр. Уол бу оҕоттон олох куттаммат, хата төттөрүтүн үөрэ түһэр. Онтон ыла күн аайы бу оҕолуун үлүһүйэн туран оонньууллар. Туох да наһаа тапсаллар. Оонньооннор, күнү билбэккэ аһараллар. Син балайда бодоруспуттарын кэннэ Чачархай баттах уолунан эбэтин иистэнэр иһититтэн араас бэйэлээх таҥас кырадаһынын уордарар идэлэнэр. Ону илдьэ кэллэҕинэ наһаа үөрэр. Уонна дьэ ол таҥас кырадаһыныттан сүрдээх үчүгэй кокууккалары оҥортуур. Бу кокууккалар кинилэр саамай таптаан оонньуур оонньуурдара буолаллар. Аан бастакы күнтэн саҕалаан Чачархай баттах уолтан наар биири модьуйар, «ээҕин» ылар идэлээх — кини туһунан уол иэгэйэр икки атахтаахха биир да тылы быктарыа суохтаах. Оонньоон-оонньоон баран күн киэһэриитэ били кокууккаларын хомуйан, бэйэтин кытта илдьэ баараҕай тиит анныгар баар хорооҥҥо киирэн мэлис гынан хаалар эбит. Ол сүтээри туран уолга: «Эбэҥ отуттан тахсан эрэр, дьиэҕэр бар!» — диир. Оччоҕуна уол дьиэтигэр ойон кэлэн күнүскү аһылыгын кыл мүччү мэлитэн баран, эбэтин тугу да билбэтэх оҕо буола кубулунан көрсөр. Биир күн Аһыматтан хонуу биригэдьиирэ киһи Бэрдьигэстээххэ Энгельс аатынан холкуос от былаанын хайдах толорон иһэрин туһунан оройуон салалтатыгар биллэрэр соруктаах ыҥыыр атынан айаннатан дибдигирэтэн иһэн көрдөҕүнэ, Маарыйа эмээхсин сиэнэ уол собус-соҕотоҕун, хаалбыт эргэ өтөххө, баараҕай тиит тула күлэ-күлэ сүүрэ сылдьар үһү. Ыраахтан атын тохтотон, ыҥыыр үөһэ олорон син балайда кэтээбит. Оҕо ол тухары тохтоон көрбөккө сүүрэкэлээбит, кимниин эрэ кэпсэтэргэ дылы, өссө ис-иһиттэн иэйэн туран күлэн чачыгырыыр. Биригэдьиир дьэ маны
аһара дьиктиргээбит. Киэһэ хойут Бэрдьигэстээхтэн төннөн иһэн Маарыйа эмээхсиннээххэ таарыйбыт, итии чэй испит. Уол истибэтигэр тугу көрбүтүн эмээхсиҥҥэ барытын кэпсээн биэрбит уонна салгыы айаннаабыт. Маарыйа барахсан истибэтэҕин истэн, наһаа диэн соһуйбут, санаа бөҕөҕө түспүт. Хайыан да билбэккэ мучумааннаммыт. Истибит сонуна чахчытын билээри, иистэнэр иһитин үөһэ түспүтэ, биир да таҥас кырадаһына ордубатах. «Оҕобун, чахчы, чөчүөккэ буулаабыт эбит»,— диэн бүтэһиктээхтик итэҕэйбит. Киһи барыта билэр: «Чөчүөккэ таҥас кырадаһынынан кокуукка оҥорон оонньуурун!» Уолун тутан ылан ыйыталаспытын киһитэ «суохтан» атыннык хоруйдаабат. Хаһан да сиэнигэр илиитин көтөхпөтөх бэйэтэ эмискэ баҕайы атыннык быыппастан уол кулгааҕын мускуйбут, сарылаппытынан ыстаанын сыыһын сулбу баттаат, этэрбэс быатынан таһыйбыт. Онно дьэ билиммит, ытыы-ытыы түөрэтин кэпсээн биэрбит. Алта саастаах оҕо ычата кыра буолаахтаатаҕа, онуоха эбии хаһан да кыыһырбат, наар «тукаам, сыччыай» диэнтэн атыны билбэтэх баар-суох күндү киһитэ таһыйбытыттан уолуйа хоргуттаҕа! Ол түүн эбэ кыайан утуйбатах, өйүгэр маннык түгэҥҥэ былыргылар хайдах дьаһаналларын ырытан тахсыбыт. Таһыллыбыт, дэлби ытаабыт да, сиэн син утуйбутун да иннигэр дэлби үлүгүнэйэн, өрө мөхсөн хоноохтообут. Маарыйа сарсыарда турарыгар биир кытаанах быһаарыныыны ылынан турбут. Оҕотун сугуннаах күөрчэх ытыйан тото-хана аһаппыт уонна киниэхэ иистэнэригэр таптаан туттар, удьурҕай уктаах быычыкайкаан саха ууһа охсубут быһыччатын биэрбит. «Бу манан чөчүөккэни сөптөөх түгэн булаҥҥын хаҥас хонноҕор саайаар, хайаан да толороор! Инньэ гымматаххына, бэйэҥ өлүөҥ!»— диэн хаста да хатылаабыт. «Быһыччалааххын биллэрээйэҕин, кистээн сылдьаар!» — бу уолга кини бүтэһиктээх тыла. Оҕо барахсан чөчүөккэлиин оонньуур өтөхтөрүгэр тиийбитэ, Чачархай баттах кинини күүтэн турар эбит. Ол аайы кокууккаларын хороонуттан таһаарбатах. «Эн куһаҕан уол эбиккин, мин туспунан тоҕо кэпсээтиҥ? Мин мантан көһөбүн, аны эйигин кытары оонньообоппун!» — диэн охсурҕаламмыт. Уолга көхсүнэн буолаатын биирдэрэ маҕыйа түһэн баран хаҥас хонноҕун туһаайыытынан били быһыччатынан саайбыт. Куһаҕан баҕайытык «Хоох!» диэн кыламмытынан, Чачархай баттах хорооҥҥо мэлис гынан хаалбыт. Уол син өр кэтэһэн турбут да туох да сибики биллибэтэх. От ыйын бүтэһик күннэригэр Бөтүрүөп куйааһынааҕар өссө итии күннэр сатыылаабыттар. Уол уруккутун курдук Мааттаҕа киирэн кытыыга, сып-сылаас ууга чалбааттана сырыттаҕына ким эрэ салахайдаах ытыһынан атаҕыттан ыксары харбаан ылан хараара чөҥөрүйбүт чүөмпэ түгэҕэр соһон киллэрбит... Онтон ыла Маарыйа эмээхсин чороҥ соҕотох хаалаахтаабыт. Бу тухары кинини биир санаа ааспакка, арахпакка быһа кэрбиир: «Тоҕо да мин итинник быһыыламмытым, чөчүөккэни өлөрөргө быһаарыммытым эбитэй? Чөчүөккэни кытта оҕо саастарыгар оонньоспут дьон хара баһаам. Ким да онтон эмсэҕэлээбэккэ, киһи бэрдэ буолан сылдьаллар!» Николай Александров.
kyym.ru сайтан