Кэпсээ
Войти
Регистрация
Манна эмиэ таптал
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Манна эмиэ таптал
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
19.02.2021 13:01
Кинигэ содула Аан дойдуну таптал тутан олорор дииллэр. Кырдьык, олоро түһэн ырааҕы-чугаһы эргитэ санаан ыллахха, оннук да быһыылаах. Уохтаах тапталтан тыллан торолуйан тахсыбыт араас көлүөнэ дьон олоҕу тутар буоллахтара дии. Дьэ, ол кэннэ туох диэн мөккүһүөҥ баарай. Ити гынан баран тапталлара диэн туох буоларын ким да чопчу быһаарар кыаҕа суох. Ол баҕас чахчы. Киргиэлэйтэн ити туһунан ыйыталлара буоллар, эмиэ тугу эрэ – хас эмэ үйэ тухары хал буолан хаалбыт быһаарыыны – күрүө гынан этиэ эбитэ дуу? Ол эрээри таптал тиэмэтэ хаһан да эргэрбэт: күнтэн күн аастаҕын аайы биир оччо араас өҥүнэн толбоннуран иһэр курдук. Сорохтор биир эмэ киинэҕэ дьахтардаах эр киһи таптаһалларын көрдөхтөрүнэ, бэлиитикэҕэ сыһыаран «бу аныгы сиэргэ ханан да баппат, сэбиэскэй киһи, дьэ, хайдах итинник быһыыланыай» дииллэрэ. Оттон бу кыра бөһүөлэккэ сыл баһыгар-атаҕар итинник киинэ көһүннэҕинэ, саастаах өттө тиис хотордуу, киинэ мэхээнньигэ Тиитэп үрдүгэр түһэллэрэ. Бэйэлэрэ, төһө эмэ оҕолооох-уруулаах дьон, син балачча таптаһан кэллэхтэрэ, ол гынан баран, саараама, тугу да билиммэт курдук айдаараллара. Дьиҥэр, омук кылаассыктара: Мопассан, Эмиль Золя да буоллуннар – таптал туһунан хайдах курдук үрдүк иэйиилээхтик дьүһүйбүттэрэй?! Кинилэр айымньыларын ааҕа-ааҕа, элбэх киһи долгуйан үөһэ тыыммыт буолуохтаах. Ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан Кирииһэ Эмиль Золя биир хайа эрэ туомун уруокка бэркэ тартаран сэмээр ааҕа олорон тутуллубуттаах. Учуутала, ол кинигэни туппутунан, дириэктэр иннигэр аҕалан дэлби сирэй-харах аспыта, «пионер эрээри буортулаах кинигэни ааҕаҕын, өссө мин уруокпар буола-буола» диэбитэ уонна өйүөк көрдөөн учууталлар диэки килэп-халап көрбүтэ. Онуоха уол «пионер буолбатахпын» диэн, улахан буруйга тиксэн эрэрин чэпчэтэ сатаан ботугураабыта. Үөрэхтэрин саҥардыы бүтэрбит учуутал кыргыттар Кирииһэни тургутардыы көрүтэлээбиттэриттэн кыбыстан, оо, сиргэ тимириэн муоста кытаанах курдуга. Чахчы, туох эрэ сатамматы, бобуулааҕы оҥоро сытан харытыттан харбаппыт курдук санаммыта, арааһы ыйыппыттарын да үрдүнэн саҥата суох умса туттан турбута. Кирииһэ сааһыгар сөбө суох кинигэлэри ааҕыталаабыта фантазиятын күүскэ сайыннарбыта. Омук тылын учуутала Жанна Михайловнаны, били, тапталлаах арамааныгар баар сүрүн дьоруой кузинатыгар тэҥнээбитэ. Бэл, түүлүгэр Франция провинциятыгар Жанна Михайловнаны – Кузинаны – кытта сиэттиһэн сылдьыбыта. Хойуу үүнээйилээх күөх саад иһигэр киирбиттэригэр Кузината уолу туймаара сыһыар диэри күөгэлдьигэс түөһүгэр эпсэри тардан кууһан ылбыта, онтон салгыы... Хомойуох иһин, оһох үрдүттэн куоската оронугар ыстанан түһэн, эмискэччи уһуктан кэлбитэ. Хаарыан түүлүн ситэ көрдөрбөтөх Мууркатын киэр хаһыйан түһэрбитигэр анарааҥҥыта өһүргэммит киэбинэн курдьугунаан кэбиспитэ. Олоххо сороҕор барыта наар аанньа буолааччы. Маны атыннык «уол оҕо биир күн – ат өрөҕөтүгэр, биир күн – ат уорҕатыгар» диэн этиэххэ эмиэ сөп. Биирдэ субуота күн уруогун кэнниттэн сыыра-саара аһаат, тастыҥ быраата Өстүөппэлиин баанньыкка барбыттара: хойутаатыҥ да уһун уочаракка түбэһэҕин. Баанньык үлэһитэ Сөдүөрэ хотун дьиэ кэннигэр мас хайытан күөдэллэнэ турара. Торбос
тириитэ бүрүөһүннээх халҕаны «кыыкыр» гына аһан киирбиттэрэ, аан дьиэ ип-итии, оһох – тип-тигинэс. Онтон Кирииһэ сыгынньахтанар хоско киирбитэ... доҕоор! Арай Жанна Михайловна аҥаар атаҕын ыскаамыйаҕа ууран баран, тобугар уҥа иэдэһинэн сыстан, хойуу баттаҕын санныгар намылытан бэрбээкэйин имэринэ олорор! Үүт маҥан эмиийэ икки аҥыы тэрэйбит, оттон аллараа диэки... Бу барыта кыл түгэнэ этэ. Дьахтар хатан часкыырын кытта Сөдүөрэ (хаһан киирбитэ буолла?) күүстээх илиитинэн уолу саҕатыттан эһэ харбаан ылбыта. Туох-туох буолбутун Кирииһэ өйдөөбөккө да хаалбыта, суунар кэлииһи дуо – Өстүөппэтиниин дьиэлээбиттэрэ. Өйүүнүгэр «аньыыта-харата» барыта ааҕыллан, өссө «кимиэхэ да аһаҕастык этиллибэт кыбыстыылаах дьыаланы оҥорбут» аатыран, элиниэйкэ иннигэр быыгабардаммыта. Итинтэн ыла кулууп бибилэтиэкэтигэр сылдьара тохтообута. * * * Туох диэҥ баарай Киргиэлэй Ситиикэп тас көстүүтүнэн киһиттэн туох да уратыта суох, арай уҥуоҕунан арыый үрдүгэ эбитэ дуу. Уопсайынан, ыал аайы баар эристиин. Туох эрэ уһулуччу дьарыктаах биитэр эргитэн-урбатан уол оҕо диэххэ эмиэ сатаммат. Кэргэннээх, атахтарыгар турбут оҕолордоох. Эдэригэр биир уол оҕо сырыытын баҕас сылдьымалаабыт эрдьигэн. Омуннаабакка эттэххэ, ол саҕанааҕы дьүөгэлэрэ бары муһуннахтарына, арааһа, Хатастыыр оптуобуска баппаттара буолуо. Киргиэлэй туохтан да иҥнэн-толлон турбат, барытыгар түһүнэн иһэр киһи. Сарсыарда аайы ким-хайа иннинэ тура охсон эбиэс хааһытын буһарынан сиир (доруобуйаҕа олус туһалаах дииллэр!) уонна кэргэнэ бэҕэһээ астаабытыттан дьоҕус иһиккэ өйүөлэнэн бартыбыалыгар уктар. Тып-тап хомунан оптуобус тохтобулун диэки сургулдьуйа турар. Кэргэнэ Марыына саҥардыы биэнсийэҕэ тахсыбыта, онон үлэлээбэт. Сороҕор тэҥҥэ турсан эрин атаарар, ардыгар хойукка диэри иистэммит буоллаҕына, киэҥ оронноругар сол курдук налыйан хаалар. Утуйарын баҕас сөбүлүүр барахсан. Киргиэлэй оптуобуска киирэн үһүс эрээккэ олорунан кэбиһэр (хата, дьиэтин таһа оптуобус бүтэһик тохтобула буолан абырыыр!). Аттыгар биир эмэ эдэрчи дьахтар олорустаҕына, күө-дьаа буолан бэрт сэргэхтик айанныыллар. Хаампыт-сиимпит хоодуотуҥ ити курдук настарыанньалаах үлэтигэр тиийэр. Манна дьахтар аймах кырыы-кырыытынан да, үлэтиттэн ордон тото сэлэспитэ диэн суох – наар үлэ түбүгэ. Ол эрээри номоҕон дьүһүннээх, үтүө таһаалаах барахсаттарга хараҕын халтарыппыта эрэ баар. Ону баара, кинини бэлиэр кырытыннарбыттар быһыылаах: кымаардаан да көрбөттөр. Кырдьык, Киргиэлэй, биэс уон биэһигэр чугаһаабыт киһи, биэнсийэҕэ тахсаары, «дьыаланы эрдэ-сылла үмүрүтэ туруохха» диэн, докумуон хомуспута хаһыс да ыйыгар барда. Ол гынан баран кыраҕы харахтаах биэнсийэ үлэһиттэрэ итэҕэс-быһаҕас бөҕөтүн булан төттөрү-таары хатайдыыллара элбээбитэ, эт-тирии бараммыта, устунан итинтиттэн сылтаан улаханнык иэдэйдэ: балыыһа киһитэ буолла. Быраастар УЗИга түһэрэн баран «үөһүҥ тааһа элбээбит, суһаллык эпэрээссийэлэннэххинэ сатаныыһы» диэн мас-таас курдук эппиттэригэр бу уораҕайы булбута. Маннык килиэ-халаа үтүөкэн дьиэҕэ, бэйи, миэстэ өрүү баар буолбат, онон Киргиэлэй бэркэ табылынна. Эмчиттэрэ үксэ кэриэтэ – сахалар. Идэлэригэр баҕас чахчы үөрүйэх дьон быһыылаах: хирург уолаттар, үрүҥ халааттаах туналыһан иһэн, тааҕы-таах тарбахтарын эрэ тыаһатан кэбиһэллэр, ол аата «кэбиниэппэр киир» диэн. Нууччалыы-сахалыы булкуйан саҥарбыт, уолун
бараллаата быраас: «Хааныҥ баттааһына үрдээбэтэх, анаалыһыҥ үчүгэй буолла да, сарсын эпэрээссийэлиибит, бэлэмнэн», -- диэт, эмиэ үгэһинэн тарбаҕын «лачыгыр» гыннарда. Балаататыгар киирэн маҕыньыыт саахыматын таһааран, саҥардыы садаача суоттаан эрдэҕинэ, кута-мата курдук эттээх-сииннээх сиэстэрэ аан таһыгар туран Киргиэлэйи процедурнайга ыҥырда. Бу эмиэ идэтин бэркэ баһылаабыт хотун быһыылаах: «мин аҕай» диэх курдук туттар-хаптар. Хоһугар киллэрэн баран, туох да үгүс кэпсэтиитэ суох «ыстааҥҥын сулбурут» диэн саайда. Онтон төбөтүн быһа илгистэн баран, «эпэрээссийэҕэ киирэр эрээри, аллараа өттүгүн тоҕо хорумматыҥ?» диэн сэмэлээтэ уонна остуол быарыттан бирииппэ ыстаныагын ылан, үөрүйэх баҕайытык бириэйдээн барда. Ол быыһыгар «налево», «направо» диэн хамаандалаатаҕын аайы, Киргиэлэй куттанан, түүрүллүөҕүнэн-түүрүллүбүт «саллаатын» ол хоту хамсатааччы буолар. Аны сиэстэрэтэ ыскаамыйаҕа ойоҕоһунан сытыаран баран килиисимэлээн быыгынатта уонна «хайа сатанарынан тулуй, сибилигин сүөкээмэ» диэн сэрэттэ. Тахсарыгар оонньуу-күлүү кэриэтэ «смотри, киирэн бэрэбиэркэлиэм» диэн сөмүйэтин чочоҥнотто. Кырдьык, тылыгар турбута: Киргиэлэй саҥардыы «быыһанан» туалеттан тахсан эрдэҕинэ киирэн «душтанныҥ дуо?» диэт, эмиэ куолутунан сэмэлиирин быыһыгар үлтү мөрөйдөөн аны душтааччы буолбута. Биһиги киһибитин иннинэн-кэннинэн эргитэ сылдьан сып-сытыы сылаас уунан тибиирдибитигэр, эт-этэ итийэн, аны били «саллаата» тыыллан-хабыллан турбута. Дьахтар «молодец!» диэбитигэр Киргиэлэй соһуйан эрэ хаалбыта. Туох диэн эппит баҕайытай? Аттынааҕы ороҥҥо сахаҕа маарынныыр уол систиэмэ ыла сытар. Кугас баттахтаах нуучча кыыһа (кэргэнэ быһыылаах) ыарыһах илиитин имэрийэрин быыһыгар сөп буола-буола убураан ылар. Ити курдук киһитин күннэри-түүннэри кэтиир, адьас кыра оҕо курдук үлбүрүйэр. Балаата дьонун кытта кэргэнниһэн хаалан туохтан да кыбыстыбат. Утуйар саҕана чараас путбуолканан уонна боростуой колгуокканан эрэ хаамыталаан дыгылдьыйар. Киргиэлэй саахыматын таһааран икки хас этюду суоттаабытын кэннэ икки сиэстэрэ киирэн «хайаа, туох да бэлэмэ суох сытар эбиккин дуу, дабаай, сыгынньахтана тарт!» диэн хамаандалаатылар. Ньылбы сыгынньахтанан оронугар сытан биэрбитин (били, аттынааҕы кыыһа көрөн олордоҕуна!) хаста да укуоллаат, бырастыынатынан бүрүйэн баран, ороннору баҕастары үтэн куугуната турдулар. Били, саахымата, кинигэтэ, устубут таҥаһа – түөрэ барыта туумбатыгар өрөһөлөнөн хааллылар. «Эпэрээссийэҕэ утуталлар, хата, мин сарсыардааҥҥа диэри тугу да билбэккэ астына утуйбуттаахпын» диэн балта кэпсээбиттээх. Киргиэлэй, аанньа утуйбатаҕа ырааппыт киһи, итинтэн үөрэ санаабыта. Ытыстарынан кыратык бүлгүҥҥэ «тап» гыннардылар да, утуйбуккун билбэккэ да хаалар үһүгүн. «Дьэ, хаһан таарыйаллар?» диэн саныы сытан «сүтэн» хаалбыта. Биирдэ өйдөммүтэ, сөрүүн баҕайы хоско сытар эбит: хамсыыр кыаҕыттан мэлийбит, кини көрдөҕүнэ, барыта боруобат холбоммут. Реанимация хоһо эбит. Аттыгар кэрэ бэйэлээх Туйаарыма Куо илэ бэйэтинэн кэлэн сирэйин-хараҕын одуулуур, инчэҕэй сотторунан сотон ылбахтыыр. Эпэрээссийэ бэркэ ааста, туругуҥ үчүгэй диэн уоскутта уонна сабыытын арыйан «уткаҕа» көҕүрэттэрэ сатаата. Бу сиэстэрэни билиэхчэ-билбэт, ол эрээри, чахчы, ханна эрэ көрбүт кыыһа. Утуйар-утуйбат икки ардынан төһө сыппыта буолла, арай чэпчэтиниэх санаата кэллэ да, эмиэ сатаммата. Сиэстэрэтэ «төһө кыалларынан чэпчэтинэ сатаа» диир. Кэлин тиһэҕэр кыыһа кэлэн,
Киргиэлэй «саллаатын» бобо тутан туран катетеры киллэрбитигэр, дьэ, көҕүрэттэн абыранна. Бу кыбыстыытын! Барыта туруупка, боруобат киһи маннык кырасаабысса иннигэр сыбыс-сыгынньах тарайан сыттаҕа. Ол быыһыгар, аанньа буолсу дуо, туруупка угулла сытар сирэ аһыйан, нүөлүйэн барда. Хата, сиэстэрэтэ онтун арааран, эбиитин сылаас сып-сымнаҕас илиитинэн имэрийэн-томоруйан, ыарыыта мүлүрүйбүккэ дылы буолла. Киргиэлэй кэмниэ кэнэҕэс сиэстэрэтин дьэ биллэ – утары дьиэҕэ хос куортамнаһан олорор, били, хоппуруон курдат сандааран көстөр көбүс-көнө атахтаах, кинини кытта мэлдьи дорооболоһон ааһар кыыс эбит! Биһиги киһибит сүрэҕэ битиргээтэ, эрэллээх «саллаата» кытаанах санаатын киллэрэн туран кэллэ... Ыарыы эрэ, сах эрэ! Киһи барахсан төһө да мөлтүү сыттар, бэттэх кэлэрэ кыраттан да буолар эбит. Олох диэн кэрэ даҕаны! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан