Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түбэhэ илигим
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түбэhэ илигим
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
11.07.2019 15:06
Биһиги нэһилиэккэ урут, сэбиэскэй былаас саҕана, уопсай баанньык баара. Нэдиэлэҕэ иккитэ үлэлиирэ: субуотаҕа дьахталлар сууналлар, оттон баскыһыанньаҕа – эр дьон. Дэриэбинэҕэ бу нэдиэлэҕэ ким тугу гыммытын, ким ханна барбытын барытын мантан истиэххэ-билиэххэ сөп. Эр дьон өрөбүлгэ паарга киирэн тахса-тахса күнү-күннүктээн олороллоро. Киһи да хара баһаам буолара. Мин, төһө да сааһырдарбын, балайда олорсооччубун. Бадаҕа, Саҥа дьыл бырааһынньыга буолара икки нэдиэлэ хаалбыт этэ. Мин ол саҕана киһи-сүөһү син биир элбиир диэн, эрдэ тиийэн суунарга санаммытым. Дьон үксэ баанньыкка киэһэ биэстэн-түөртэн саҕалаан мустааччы. Оттон мин эрдэлээн иккини ааһыыта тиийбитим. Тиийбитим, хассыыр Даайыстан ураты ким да суоҕа. Билиэппин төлөөн, киирэн сыгынньахтанан баран, суунан киирэн бардым. Ол күн төбөм бэркэ ыалдьыбыта, ол да иһин буоллаҕа буолуо, эрдэ кэлбитим. Кэлэн паарданар хоско аастым. Наһаа итиитэ да суох буоллар, баанньык бэҕэһээ эмиэ оттуллубут буолан, син аҕай этэ. Сүүрбэччэ мүнүүтэ олордум дуу, суох дуу. Мэйиим эргийэн киирэн барда, куотар аакка бардым. Аны паарданар хос кирилиэс курдук этэ. Ону нэһиилэ ырычаахтаһан түһэн, хос аанын арыйааппын кытта сииктээх сөрүүн салгын сирэйбэр саба биэрдэ, хараҕым хараҥарда. Мин ыксаан, барыах-кэлиэх сирбин булбакка, аан холуодатыттан өйөнөн нэһиилэ тирэхпин буллум. Аны ол турдахпына, кып-кыра сыгынньах оҕо кэлэн иннибинэн күлэ-күлэ ааста. Мэйиим эргийбитигэр буолан аахайбатым. Онтон уолум суунар саала түгэҕэр тиийэн турунан кэбистэ уонна мин диэки сүрдээх үөннээх хараҕынан көрөн баран күлэн чаҕаарда. Мин сүтэн хааллым. Ким эрэ кэлэн илгиэлиириттэн, сирэйбэр тымныы ууну ибиирэриттэн өйдөннүм. Муостаҕа сытар эбиппин. Сотторунан саба бырахпыттар. Өйдөөн көрбүтүм, ыалым Сөдүөт оҕонньор уонна хассыыр Даайыс тураллар. Куттаммыттар аҕай. Мин сөрүүн сиргэ – көрүдүөргэ тахсан, дьэ тыын киллэрдим. Дьонум сураспыттарыгар туох буолбутун кэпсиибин. Ол быыһыгар кыра оҕо баара диибин. Дьонум мин диэки соһуйбуттуу көрөллөр, өйдөөбөттөр. Ити итинэн ааспыта. Дьиэм баанньыктан чугас турар буолан этэҥҥэ тиийбитим. Кэлин уоскуйан, өйбүн-төйбүн булан баран санаабытым, били, көрбүт оҕом урут, биэс-алта сыллааҕыта, сайын ити баанньыкка оонньуу сылдьан үөһэттэн сууллан өлбүт оҕо буолуон сөп эбит. Баанньыкка оҕо көрдүбүт диир дьон биирдиилээн бааллар этэ. Манан сибээстээн ыйытыахпын баҕарабын. Мин урут манныкка түбэһэ-көрө илигим. Онон, төһө да өлбүтү үчүгэйдик харайбыт, кистээбит, дьиэтин-уотун ыраастаппыт да иһин син биир көстүөн сөп дуо? Муннарбыт Саас кэмиттэн кэмигэр дэриэбинэттэн наһаа ырааппакка сылдьан сааланарбын сөбүлүүбүн. Чугас эргин сири барытын да диэххэ сөп, биэс тарбаҕым курдук билэбин. Хаһан да муммуппун-тэммиппин өйдөөбөппүн. Арай оҕо сылдьан биирдэ-иккитэ халыҥ систэри быһа түһээри муммутум эбитэ дуу, суоҕа дуу? Ол бэйэм иллэрээ сыл түбэспэтэхпэр түбэстим. Күһүн, балаҕан ыйын саҥатыгар, чугас эргин эмиэ кустуу таҕыстым. Биһи дойдуга кус хоту курдук хойуу буолбатах буолан, сыралаһан бултуугун. Ол эрэн күһүн син баар буолааччы. Сарсыарда
уон саҕана тахсан баран, эбиэккэ номнуо түөрт кустаах этим. Төрдүс куспун дүөдэҕэ ытан баран, сатаан ылбакка сырыттахпына, Диимискэ диэн бэйэбиттэн биэс-алта сыл аҕа уол кэрийэ сылдьарын көрүстүм. Кини кэлиитигэр халлааным кыратык тыалырда, инньэ гынан долгун куспун кытыыга охсон таһаарыар диэри олорон табахтыырга сананныбыт. Киһим кэрийэн эмиэ түөрт кустаах эбит. Олорон наҕылыччы табахтаан баран киһим бараары туран, туохтан эрэ дьээбэлэнэн: “Сэрэн эрэ, доҕоор, аны мунан халаайаххыный?” – дии-дии, күлэ-күлэ бара турда. Мин кини кэнниттэн: “Сүүстэ сылдьыбыт сирбэр хайдах мунуохпунуй. Соруйан да муннардахтарына муммат киһи инибин” – диэн эмиэ күлэ хааллым. Өтөр куспун син ыллым. Ол дүөдэбиттэн тус арҕаа диэки бардахха Тумуһахтаах диэн алаас баар. Ол алаас үрдүгэр сүүрбэччэ дүөдэ баар. Онно хаамтым. Тумуһахтаахпар тиийиэхпэр диэри икки хас ууну көрдүм да, үөмээйитэ суох буолан, киһи кыһыйыах, кустарым ыраахтан бараллар. Алааспар кэлэн бастакы дүөдэм туһаайыытынан сыыры өрө дабайан тахсан, тыа быыһынан дүөдэм диэки бардым. Дьиҥэр, дүөдэм чугас этэ да, арай туран, кэлэн быстыбата. Мин санаабар, хайдах да дүөдэбин туора хаамыа суохтаах этим. Оччоҕо тоҕо кэлбэтий? Өр да өр хаамтым. Син биир кэлбэтэ. Кэнникинэн, хайдах эрэ ыксыы быһыытыйдым. Эргиллэн төттөрү бардым. Аны туран, алааспын сүтэрдим. “Эс, хайдах да маннык буолар кыаҕа суох” – дии-дии, инним хоту бардар-баран иһэбин. Ол иһэн мааҕын киһиргээбиппин санаан букатын куттанным, оттон алааһым суоҕун курдук суох. Ити курдук төһө өр мэскэйдэммитим эбитэ буолла. Этэргэ дылы, “бүтэр уһукпар” кэлэн уот оттон, өйүөбүттэн уоппар бэристим, мээнэ тылласпыппын бырастыы гын диэн көрдөстүм. Ол кэннэ налыччы олорон толкуйдаан, дьиэм быһа холоон манан буолуохтаах диэн баран түһүнэн кэбистим. Икки дуу, үс дуу чаас хара тыаны “кэрдэн” баран, дьэ, кэлин тиһэҕэр ханнык эрэ атын алааска таҕыстым. Алааска киирэн да диэн, эмиэ ханнык алааска кэлбиппин билбэтим. Санаабар, урут хаһан да сылдьыбатах сирим. Онтон булгунньах үрдүгэр тахсан баран эмиэ да үөрдүм, эмиэ да бэйэбин сэмэлэнним, күллүм. Ити аата баара-суоҕа “саахтыыр” тыабар сылдьыбыт эбиппин. Киһи да сонньуйар. Дьэ, бу түбэлтэ кэннэ сиргэ-уокка сылдьан мээнэ тыллаһар куһаҕанынан эргийиэн сөбүн бигэтик өйдөөбүтүм. Куhаҕан сир Бу кэпсээни биир билэр кыыһым кэпсээбитэ. Ону хайдах баарынан тириэрдэбин. Баҕар, биир эмэ ааҕааччыбыт көмөлөһүө, сүбэ-ама биэриэ. — Аҕыйах сыллааҕыта куорат таһыгар сир ылан, былырыын онно саҥа дьиэ туттан киирбиппит. Аныгы ыал сиэринэн уонна икки өттүттэн дьоммут да көмөлөһөн улахан, аныгылыы тииптээх дьиэни оҥостубуппут. Дьиэбит икки этээстээх. Үөһээҥҥи этээскэ хас да кыра-кыра да буоллар хостордоох, аллара киэҥ саала, куукуна, эрим үлэлиир хоһо. Ол да буоллар дьиэбитигэр иккилээх Сандаараны кытта үһүбүөбүт эрэ. Биирдэ эмэ дэриэбинэттэн киирбит аймахтарбыт хонон-өрөөн ааһааччылар уонна бүттэ. Мин кэнники кэмҥэ түүнүн аанньа утуйбат буолан
хааллым. Түүн аайы баттатан уһуктабын. Түһээтэхпинэ, ким эрэ кэлэн муомахтыыр, тыыммын хаайар. Бастаан утаа хайдах эрэ улахаҥҥа уурбат, көннөрү сылайан баттатабын диир этим эрээри, кэлин түүн аайы баттатарбыттан саллан киирэн бардым. Инньэ гынан араас эми иһэбин да, туох да көмөлөспөт. Аны оҕом соҕотоҕун сылдьан кимниин эрэ кэпсэтэр. Дьиҥэр, кини өссө да үчүгэйдик саҥарбат эрээри, тылын хоһоонуттан иһиттэххэ, кырдьык, кимниин эрэ кэпсэтэр. Сорох ардыгар кураанах сири ыйа-ыйа ытыыр. “Туох баарый?” диэн ыйыттахпына “каака” эрэ диир. Дьиэбитин куһаҕан сиргэ туттубуппут буолуо дуо? Маннык түбэлтэҕэ киһи тугу гыныан сөбүй? Нуучча Магадаанныыр айан суолунан массыына кыһыннары-сайыннары тохтоло суох сылдьар. Били, этэргэ дылы, суолун сойуппакка. Икки убайым улахан массыынанан өрүү ыраах айаҥҥа таһаҕас таһыытыгар сылдьаллар. Сорох ардыгар иккиэн икки аҥыы сылдьаллар, ардыгар бииргэ. Убайдарым Сиидэрдээх ¤илип икки контейнердаах КамАЗ массыынанан таһаҕас тиэйэн Дьокуускайтан Хаандыгалаан испиттэр. Кыһын эбитэ үһү. Бу иннинэ эмиэ айантан кэлбит буолан сылайан, утуктуу, хардары-таары уруулларын атастаһа испиттэр. Арай ол иһэн, Сиидэр көрдөҕүнэ, суол кытыытыгар кырыаран хаалбыт бытыктаах, илиитигэр бытыылкалаах нуучча киһитэ турар эбит. Массыынаҕа киирэн биэриэхтии байааттаҥныы-байааттаҥныы сапсыйан көрбүтүн убайым аах тохтооботохтор. Нууччалыы эттэххэ, “мало ли что”. Суолга араас дьон түбэһээччи. Ону сырыыны сылдьыбыт, эҥин араас быһылааны эттэринэн-хааннарынан билбит дьон ааһа турбуттар. Өр-өтөр буолбатах, били киһини көрбүт сирдэриттэн сир өппөккө массыыналара дьикти баҕайытык уматыга бүтэн хаалар. Соһуйаллар аҕай. Дьиҥэр, Хаандыгаҕа тиийэр уматыгы куттубуттара эбээт. Уһуннук турбатахтар. Хата, кинилэр дьоллоругар, эмиэ ыраах айантан төннөн иһэр суоппар уолаттар бастакы сапыраапкаҕа тиийэр уматыгы бэрсибиттэр. Инньэ гынан салгыы айанныыллар. Арай уолаттарга арахсаары туран, били, итирик киһи туһунан эппиттэригэр, анарааҥҥылар: “Ээ, ону биһиги билэбит. Итиннэ урут дальнобойщик нуучча уола арыгылаан баран тоҥон өлөөхтөөбүтэ үһү. Онон кини көһүннэҕинэ, хайаан да тохтоон ааһыахтааххыт”, – диэн баран салгыы айаннаабыттар. Убайдарым этэҥҥэ баран кэлбиттэрэ. Ол кэннэ туох да быһылааҥҥа түбэспэтэхтэр этэ. Арай кэлэн иһэн, били нууччаны көрбүт сирдэригэр куруускаҕа арыгы кутан уонна хара килиэп ууран хаалларбыттар. Окко Билигин Сахабыт сирин кылгас сайынын саамай үгэнэ. Сир аһа, от-мас барыта ситэн-хотон турар. Алааска-сыһыыга, хочоҕо кэбиһиилээх от бөҕө дьэндэйбит. Мантан сылтаан мин аҕыс уонус сылларга буолбут быһылааны санаан кэллим. Быһылаан. Кэлин ону дьон бары “абааһылаах кэпсээн”, “түбэлтэ” диир буолбуттар. Таатта үрэх сүнньүнэн, кини кытылын кыйа үгүс дэриэбинэ, нэһилиэк турар. Бу кэпсиир быһылааным олортон биирдэстэригэр буолбута. Мин чугас доҕорум ыкса билэр киһитэ, биир дойдулааҕа, түөрт кыттыгас буолан оруобуна бөтүрүөп күн үрэххэ окко киирбиттэрэ. Оттуур сирдэрэ дьиэлэриттэн тэйиччи буолан, балаакканан хоно сыппыттар. Үрэх сир туох аанньа буолуой – дулҕа. Бастакы күн тиийэн, үгэс курдук, сири-уоту аһаталлар, онон үлэ тахсыбат. Сарсыныгар сарсыарда эрдэ туран, сэптэрин-сэбиргэллэрин оҥостон, үлэҕэ
киирэллэр. Хайдах билээхтээбэтэхтэрэ буолла, бу күн оруобуна абааһы мунньаҕа эбээт, эбэтэр түбэспитэ оннук эбитэ дуу? Чэ, быһыыта, абааһы мунньаҕын күн киирэн от охсоллор. Өлүү түбэлтэлээх, ол киэһэ биир киһилэрэ иһинэн таарымталанан улаханннык ыалдьар. Ону боросутой тыа үлэһит дьоно улахаҥҥа уурбаттар. “Чэ, сарсыҥҥа диэри син ааһар ини” диэн буолар. Сарсыныгар киһилэрэ өссө бэргээн турар. Дьоно быһа холоон муҥура диэн сабаҕалаан, киһилэрин матасыыкыл кэлээскэтигэр сытыаран баран дэриэбинэҕэ балыыһаҕа киллэрэллэр. Дэриэбинэ балыыһалара улуус киинигэр ыыталлар. Онно киирэн Куонааннара быраас кэлиэн тулуйбакка, муҥура тэстэн өлөөхтөөбүт. Сатаан быһаабатахтар. Киһи кыһыйыах, соҕотох дьуһуурунай быраас баара, докумуог толоро хонтуораҕа тахсан хаалбыта үһү. Куонаан барыларыттан үчүгэйдик охсор буолан, саҕаһыт, суол тэлээччи эбитэ үһү. Баҕар, ол иһин абааһы уола кинини сиппитэ буолуо. Куонаан кэннэ кини күтүөтэ сөтүөлүү сылдьан ууга былдьаммыта. Уопсайынан, ол сыл барыларыгар бэрт куһаҕаннык ааспыт: ким кыс ортото сүөһүтэ охтубут, ким бэйэтэ дэҥҥэ-оһолго түбэспит. Онон оннук. Баҕар, бу көннөрү сөп түбэһии булуо, баҕар, итэҕэл буолуо. Оттон мин биир бэйэм бу итэҕэли кытта сибээстээх дии саныыбын. Өбүгэлэрбит бу күнү мээнэҕэ “абааһы мунньаҕын күнэ” диэн ааттаабатахтара буолуо. Алтан Кырыылаах.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан