Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаартыска

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаартыска

K
17.06.2019 10:48
Хаарыскаҕа көннөрү киһи хараҕар көстүбэт үөйбэтэх-ахтыбатах көстүүлэр эмиэ түсүһэн хаалбыттара баар буолар. Холобур, итэҕэлгэ сыһыаннаах араас сиэр-туом толоруутун кэмигэр эҥин эгэлгэ уот-күөс, күлүк, сурааһын уо.д.а. түсүһэн хаалбыт буолааччы. Оннугу хаста да билэр дьонум көрдөрөн тураллар. Биирдэ оннук хартыынаны мин бэйэм эмиэ илэ устан турабын. Уонтан тахса сыллааҕыта бииргэ устудьуоннаабыт уолаттар мустан сайын ыһыах саҕана даачаҕа көрүстүбүт. Алтыабыт. Биллэн турар, көрсүһүүнү бэлиэтии сылдьан хаартыскаҕа түһүү дэлэй. Бу тэрээһиммит син биир оннук хабааннаах уонунан, сүүһүнэн көрсүһүүлэр курдук туох да ураты бэлиэ түбэлтэтэ, киһи өйүгэр-санаатыгар олорон хаалар уратыта суох ааспыта. Кыратык «чэпчээн» баран тахсан хапсаҕайдаспыппыт, атах оонньообуппут, атах тэпсэн олорон сэһэргэспиппит, ол быыһыгар биир уолбут хаста да «командировкаҕа» баран утах атыылаһан кэлбитэ... Хас да күн буолан баран онно түһэрбит хаартыскабын ательеҕа биэрэн таһаартарбытым. Ол саҕана «цифровой» дэнэр аппарааттар суохтара, боростуой «мыльницаҕа» түһэрэрбит. Хаартыскаларым тахсыбытын кэннэ, Гоша диэн хоту улуустан сылдьар биир уолбут кэннигэр күлүккэ маарынныыр хара бээтинэ түсүһэн хаалбытын көрбүтүм. Чахчы, киһи күлүгүн курдуга. Үрдүгэр саба барыйан, сүүһүттэн үөһэ төбөтүн быһаҕаһын бүөлээн турара. Оччотооҕу да, билиҥҥи да тиэхиньикэ итэҕэһэ-быһаҕаһа элбэх буоллаҕа. Онтон мин киһи соһуйуох айылааҕын тугу да булбатаҕым. Кэлин Сэмэн диэн бииргэ үөрэммит, ол көрсүһүүгэ сылдьыбыт уолу кытта ол хаартысканы көрө олорон күлбүппүтүн өйдүүбүн. «Гошабыт бэркэ ичээнимсийэр, түүллээх-биттээх курдук туттар-хаптар, ойуун аҥаардаах киһи буоллаҕа. Бука, «иннигэр-кэннигэр бэригилдьийээччилэрэ» түсүһэн хааллахтара» дэһиспиппит. Манна даҕатан эттэххэ, ол көрсүһүүгэ сылдьыбыт дьон бары да кэриэтэ аппарааттаах этибит. Ол күһүнүгэр Гошабыт бултуу сылдьан массыыната түҥнэстэн, төбөтүн улаханнык дэҥнээн балыыһаҕа киирэн баран өлөн хаалбыт сураҕын истибиппит. Онно биирдэ эрэ били хаартыскатын санаабытым. Хас да сыллааҕыта ыалдьыттар кэлбиттэригэр альбому көрсө олорон ол хаартысканы булан ыллым. Көрөөт да соһуйан баттаҕым турарга дылы гынна, куйахам үмүрүтэ тыытта. Били уолум хаартыскаҕа түспүт сирэйэ дэлби хараарбыт, этэ уолан иэдэһин уҥуоҕа тахсан кэлбит, хараҕа туртайан хаалбыт. Быһата, адьас илэ-бодо өлүк курдук дьүһүннэммит. Оттон кэннигэр турар күлүгэ өссө ырылыйан тахсан кэлбит. Хата, баччаҕа тиийиэххэ, атыттар (ол иһигэр мин эмиэ) сирэйбит-харахпыт барыта этэҥҥэ, туох да уларыйыы суох. «Мин эрэ куттаныам дуо, кинилэр эмиэ куттанныннар ээ» диэн дуу, кинилэр түһэрбит хаартыскаларын кытта тэҥнээн көрөөрү дуу, ону куоракка баар бииргэ устудьуоннаабыт уолаттарбар илдьэн көрдөрбүтүм. Хаартыскалары тэҥнээн көрбүппүт. Уолбут кинилэргэ барыларыгар сиэр быһыытынан сылдьар эбит этэ. Оннук хаартысканы туох дии санаан кэриэс гынан уура сылдьыамый, эчи, куһаҕана да бэрт этэ. Быраҕан кэбиспитим. Биллэн турар, ол хаартыскаҕа тирэҕирэн «көстүбэт эйгэ диэн баар эбит. Өлөөрү сылдьар киһини төһө эмэ эрдэттэн көстүбэттэр буулууллар» эҥин диэн дакаастаһар, улахан суолталаах түмүктэри оҥорор кыаҕым суох. Мөлтөх хаачыстыбалаах пленканы сүрэҕэ суох үлэһиттэрдээх, холтуура тиэхиньикэлээх, болдьоҕо ааспыт эмтээх-томтоох
ательеҕа хайдах баҕарар дьаабылаан таһаарыахтарын сөп. «Оннуга да буолуо, бука» диэн итэҕэйэргэ эрэ тиийиллэр. Герасим Лыткин, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан