Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иччилээх түүл
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иччилээх түүл
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
07.06.2019 14:05
Орто дойдуга Айыылартан айыллан төрүүргэр үс куттаах урааҥхай буолан, күөх окко бэбээрэн түһэҕин диэн, өбүгэлэрбит барахсаттар сөпкө да этэллэр быһыылаах. Ол курдук, кииммит түспүт сирэ барыбытыгар да олус күндү. Арай биирдэ түһээтэхпинэ, хатыҥ чараҥ суугунуур алааһыгар, сайа охсор чэбдик салгыҥҥа олус дуоһуйан чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн хаама сылдьабын. Санаабар, төрөөбүт дойдубар тиийбиппин. Сыл аайы барар бэйэм, эчи, ахтыбыппыан дэриэбинэм барахсаны... Сиргэ төҥкөйөн, бэл, буорун кытта сыллыыбын, үөрэн-көтөн, сүргэм көтөҕүллэн, дьиэрэҥкэйдээн да ылабын. Маннык баран иһэн аны туруук хайалардаах, дьикти кэрэ айылҕалаах олох да остуоруйа сиригэр киирэн хааллым. Лыахтар сипсийэн бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэр, үрүҥ дьүһүннээх тугутчаан сылдьар, кынаттаах аттар кистииллэр, үрүйэ сүүрүгүрэ устар. Оттон дьонноро — улуу худуоһунньук уруһуйдаабытыныы, бу кырасыабайдарын, эйэҕэстэрин, сип-синньигэс куолаһынан ыллыы сылдьаллар. Таҥастара-саптара кустук араас өҥүнэн оонньообут. Тоҕо эрэ өйбөр кэпсээн оҥостор Ырайдара диэн бу буоллаҕа дии санаатым. Ити эрээри бу кэрэ сиргэ тохтообокко салгыы айанныыр киһи буоллум. Арай хантан да кэлбитэ биллибэккэ, тыал түһээтин кытта хара холорук ытыйан ааста. Мин, акаары санаабар, холоругу сырсан, аны кытыгырас бэйэм сүүрэн элэстэнним. Бу иһэн атаҕым хаанынан оҕуолаабытыттан «айака» диэтим да, син биир сүүрэн иһэбин. Онтон эмискэччи хаһыытаабытынан, хайа хаспаҕар түһэн иһэр эбиппин. Суох, түспэтим, биир хара бэкир киһи саҕабыттан харбаан ылан саҥа тутулла турар дьиэҕэ илтэ. Миигин биир эдэрчи дьахтар үөрэ-көтө көрүстэ, ырааҕынан билэр табаарыстарбын ыйыталаста. Ыскамыайкаҕа сабыс-саҥа ыраас таҥастаах аҕыйах эр киһи олорор. Өйдөөн көрбүтүм, сирэйдэрэ көҕөрө быһыытыйбыт, хараҕын киһи таба көрбөт дьэҥкир таас курдук. Тугу эрэ кэтэспиттии, уку-суку буолан “өссө ханнык дойдуга тиийэбит?” диэбиттии дьиксинэ тутталлар. Кимнээхтэрин таайа сатаатым эрээри, билбэт эбиппин. Онтон хайдах эрэ аны бэйэм куттанным, этим сааһа аһыллан кэллэ. Дьахтарбыттан ыйыттым: «Мин бу ханна сылдьабын. Өлбүппүн дуо?» — диэн. Итиэннэ чыпчылыйыах ыккардыгар кырачаан оҕолорбун, тапталлаах төрөппүттэрбин киинэ лиэнтэтин курдук көрө оҕустум. Суох, мин бу Орто дойдуга төлөспөтөх иэһим элбэх, ыра санаам да үгүс. Хайдах оннук буолуой... «Оннук буолуон сатаммат, оннук буолуон сатаммат» диэн, дьахтарым эппиэтин ситэ истибэккэ, быһа илгистэн хаһыытаабытынан уһукта биэрдим. Тыыннаах эбиппин диэн санааттан үөрүүбүттэн, бэл, хараҕым уута бычалыйан таҕыста, умсугутуулаах бу сиргэ дьол амтанын өссө да билиэхпин, уһуун-уһуннук олоруохпун ис сүрэхпиттэн баҕаран кэллим. Маннык иччилээх түүлү аны түһээбэтэх киһи. Сандаара, Үөһээ Бүлүү.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан