Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аһыллыы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аһыллыы
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
07.06.2019 13:57
Аҕам улаханнык ыалдьа сыттаҕына, биир билэр дьахтарым эмчит, көрбүөччү аадырыһын биэрбитэ. «Надежда умирает последней» дииллэринии, баҕар, күүстээх эмчит буоллаҕына эмтиэ, үтүөрдүө диэн санааттан айаҥҥа туруммуппут. Мин оччолорго устудьуоннуу сылдьарым. Күһүн этэ. Массыына кэпсэтэн, син эрэйдээхтик айаннаан эмчиппит олорор дэриэбинэтигэр киэһэлик тиийбиппит. Дьиэтин ыйдаран булбуппут, киирэн кыһалҕабытын кэпсии олорон, ханнык эрэ түгэҥҥэ мин кини хараҕын уун-утары көрөн баран, этим сааһа аһыллан, уҥуоҕум дьар гына түспүтэ, бэйэм да билбэппинэн дьигиһийэн ылбытым. Дьааһыйыахпын баҕаран баран нэһиилэ туттуммутум. Иккиэммитин кытта кэпсэппэхтии түһэн баран, таалан олорбута, аҕам өрүттүбэт буолбутун эмчит киһи өтө көрдө быһыылаах: «Саҥа дьыл кэнниттэн кэлэ сылдьаарыҥ», — диэтэ. Онтон миигин туспа ыҥыран ылан, мин туох да диэбэтэҕим үрдүнэн бэйэтэ кэпсээн-ипсээн киирэн барда: «Эн биһиги урут хаста да көрсөн турабыт. Кырдьаҕас куттаах, ураты оҕо эбиккин. Олус күүстээх энергетикалааххын. Үөһэттэн кэлэр информацияны төһө баҕарар ылар кыахтааххын. Эйигин олус элбэх киһи ити чааһыгар туһаммыт, бэйэлэрэ сатаан ылбаттарын эйигин көмөлтө (посредник) оҥостон кэпсэппиттэр. Биотоктаах, араас эмчит дьону кытта мантан инньэ алтыһа сатаама. Ити үчүгэйи баҕаран сүбэлээн этэбин. Эн сотору кэминэн мээнэ дьон көрбөтүн көрөр, истибэтин истэр буолуоҥ. Онтон олох куттанаайаҕын. Үһүс хараҕыІ аһыллан эрэр», — эҥин диэн, элбэх-элбэҕи эттэ, сороҕун кыайан истибэтим да, өйдөөбөтүм да. Хаста да «тугу-тугу этэрий?» диэн санаталаан ыллым. Соччо итэҕэйбэтэрбин да махтанан, быраһаайдаһан тахсан бардыбыт. Саҥа дьыл аҕай иннигэр аҕам өлбүтэ. Тулам биирдэ кураанахсыйбыт курдук буолбута. Аттыбар Миша баар буолан тулуктаспытым. Аҕам биир сылын кэнниттэн холбоһуохпут диэн көннөрү бииргэ олорорго быһаарыммыппыт. Үөрэнэ сырыттахпына, сааһыары өссө биир кутурҕаннаах сурах кэлбитэ. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһым дьиэтэ умайан кыра кыыһыныын уокка былдьаммыттар. Мин дойдулуур буолбутум. Кылааһынан түмсэн Гулябытын тиһэх суолугар атаара бардыбыт. Дьиэҕэ киһи элбэх. Мин эмиэ этим сааһа аһыллан барда, тоҥуох, мэйиим эргийиэх курдук буолла. Саалаҕа киирэн, муннукка олорон көрдөхпүнэ, арай оһох кэннигэр туох эрэ туман курдук баар, онтон улам дьэҥкэрэн көстөн кэллэ. Өйдөөн көрбүтүм, кыыһын көтөхпүтүнэн сибэкки ойуулаах халааттаах Гуля турар эбит! Кутталбыттан хайдах эрэ буоллум. Көрүө суохтаахпын көрбүппүн, дьэ сэрэйдим. Харахпын куоттарыахпын баҕарабын да, син биир тобулу көрөн олоробун. Арай оҕото көрөн олорорбун өйдөөн көрдө да, ийэтиттэн ыстанан түһэн мин диэки иһэр эбит. Ол түгэҥҥэ хайдах эрэ буоллум, хаһыытаан эрэр курдугум да, өйбүн сүтэрэн кэбиспиппин. Мин көстүбэт эйгэни көрөн уҥуоҕум халыр босхо барыар диэри куттаммыппын билбэтэхтэрэ, хата, дьону бэйэм олус куттаабыппын. Бохоруонаҕа тахсарбар хат буолбуппун билбэккэ барбыппын, кэлэн баран билбитим, оҕо күүтэр эбиппин... Ити түгэн кэнниттэн үс-хас сыл ааста. Кыыһым улаатан, тылланан, ону-маны саҥарар, күллэртиир, сороҕор соһутар. Арай биирдэ сайын Гуля дьонун дьиэтин таһынан ааһан истэхпитинэ: «Маама, бу мин эбээлээҕим дьиэтэ
турар дии!» — диэтэ. Онуоха мин: «Кристинка, хайдах буоллуІ, биһиги дьиэбит оол турар дии, халлаан күөҕэ тэрээсэлээх», — диэтим. Кыыһым ытыы сыста уонна хаһан да үктэнэ илик дьиэтигэр уруут-урут оонньуурун туһунан кэпсии истэ, өссө тугу эрэ өйдүү сатыыр курдук туттар. Мин испэр ытырыктата санаатым, өйбөр, били хартыынам тиллэн кэллэ, тугу да саҥарбатым. Эмиэ этим сааһа аһылла сыста, санаам күүһүнэн «үһүс харахпын саптым». Кыысчааным дьиэбитигэр тиийиэхпитигэр диэри кэннин хаста да хайыһан көрдө. Сотору куораттаабыппыт... Мичийэ, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан