Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа хос кэпсээннэриттэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа хос кэпсээннэриттэн
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
31.05.2019 15:56
Көстүүмүн көҥөспүт Бу олоххо киһи онтон-мантан, буолартан-буолбаттан соһуйара хара баһаам буоллаҕа. Ол эрээри өлбүт дьон аттанар анараа дойдулара бу биһиги олорор күннээҕи олохпутун кытары туох эрэ сибээстээх буолара биир эмиэ дьикти суол эбит диэн итэҕэйэн турардаахпын... Тохсус кылааска үөрэнэ киириэхтээх күһүммэр эдьиийим доруобуйатынан табыллыбакка куоракка көһөн киирэр буолбуппут. Кыра эрдэхпиттэн тыаҕа үөскээбит оҕо буоламмын, куорат умсулҕаннаах олоҕун олус ыарыылаахтык ылыммытым. Бастаан утаа, олорор дьиэбит да табыллан биэрбэккэ, эрэй бөҕөнү көрбүппүт. Куоракка баар ырааҕынан-чугаһынан аймахтарбытын барыларын кэриэтэ кэрийэ сылдьан, иккилии-үстүү хоно-хонобут син биир ыйы этэҥҥэ туораабыппыт. Онтон аҕабыт сүүрэн-көтөн Намныыр суол кытыытыгар турар, эргэрэ быһыытыйбыт да буоллар, киэҥ, улахан оһохтоох дьиэни булан көспүппүт. Ол саҕана дьиэ көрдүүр билиҥҥи курдук чэпчэки буолбатах этэ. Киһи биллэриилэри да буларыгар ыарахаттардааҕа. Онон билэр дьонуҥ көмөтүнэн ыйыталаһан, сураһан, хайдах да дьиэ буолбутун иһин түбэспиккэр махтал курдуга. Дэриэбинэҕэ баар дьиэбитин атыылаабыт харчыбытын барытын эдьиийбит эмигэр-томугар кутарбыт. Аҕабыт куоракка кэллэ-кэлээт, буостаҕа сурук таһааччынан үлэлии киирбитэ. Оттон ийэм ыарыһах эдьиийбин көрөр буолан үлэлээбэккэ дьиэҕэ олороро. Күнү-күннүктээн эдьиийим оронуттан арахсыбакка кинини манаан тахсара. Биһиги атыыласпыт дьиэбитигэр, дьиибэтэ диэн, урут олорбут ыаллар сорох миэбэллэрин туох да ис бараанын хостообокко, турар бэйэтинэн хаалларбыттар этэ. Тоҕо оннук гыммыттарын, саатар, биһигиттэн ким да ыйыталаспакка хаалбыппыт. Ол курдук, мин балтыбын кытары олохсуйбут хоспутугар икки мас орону кытары биир улахан ыскаап турара. Бастаан утаа ийэм ити хаалбыт маллары аньыырҕаан тыыттарбат этэ. Балай да бириэмэ ааспыта. Ол эрээри биһиги оҕолор буоллахпыт, барытын биллэхпитинэ-көрдөхпүтүнэ эрэ сатанар буоллаҕа... Ол курдук, биир сарсыарда уһуктаат, «кистэлэҥ» ыскаабы арыйа баттаабытым. Ыскаап, мин санаабар, ойуулаан көрбүтүм курдук толору таҥастаах буолбатах этэ, арай биир чоройбут тоһоҕоҕо эр киһи көстүүмэ ыйанан турара. Мин көрдөхпүнэ, сабыс-саҥа, хаһан да тыытыллан да, кэтиллэн да көрбөтөх курдуга. «Бу ким мааны көстүүмэ буоллаҕай?» диэн, таайа сатыы барбакка тута сулбу тардан ылан, санныбар быраҕан кэтэн көрбүтүм, миэхэ оруобуна олороро. Ити курдук тас сэбэрэм уларыйбытыгар итэҕэйбэтэхтии, үөрүүбүттэн, сиэркилэ иннигэр хос-хос эргичиҥнии турбутум... Аймахтарым миигин куорат оскуолатыгар кэпсэтэн, үөрэхпин онно салгыыр буолбутум. Саҥа үөрэнэр оскуолабын уонна бииргэ үөрэниэхтээх оҕолорбун саныы-саныы хайдах эрэ ыксыырга, ыгылыйарга дылы буоларым. Мааны таҥастаах, ураты өйдөөх-санаалаах куорат оҕолоруттан кыбыстар санаам баһыйбыта эбитэ дуу... Миэхэ Билии күнүгэр кэтэн барар таҥаһым да бэлэмэ суох этэ. Бэлэм да диэн буолуо дуо... Кыра ырбаахы сыыһа да атыылаһарга харчыбыт тиийбэтэ. Ол курдук оскуолаҕа барар күнүм бу тигинээн кэлбитэ. Хайыам баарай, барарга күһэлиннэҕим... Ийэбиттэн, аҕабыттан нэһиилэ көрдөһөн-ааттаһан, саатар маҥнайгы күммэр ол кимиэнэ биллибэт көстүүмү кэтэн барар чиэскэ тиксибитим. Баҕар, мааны таҥаһым да иһин буолуо, куорат оҕолоро миигин кынчарыйа көрбөтөхтөрө. Ити курдук үөрэхпин этэҥҥэ саҕалаабытым. Оттон
дьиэбэр, төттөрүтүн, барыта «түөрэ-лаҥкы» барбыта. Көстүүм кэппит күммүттэн ыарыһах эдьиийим улам бэргээн барбыта. Ийэм түүнүн сүгүн утуйбат буолбута. Оттон миигин араас ыар түүл аймаабыта. Ол курдук, хас да түүн субуруччу нуктаан барааппын кытта биир эдэрчи соҕус киһи хос аанын тэлэччи аспытынан дьиэтээҕи хаһаайынныы туттан киирэн кэлэр идэлэммитэ. Мин диэки кырыктаах хараҕынан тэһитэ көрүтэлээн баран, ыскаабын арыйан, көстүүмүн ылан сиргэммиттии тэбиирэ, көннөрөрө уонна төттөрү миэстэтигэр ыйаан кэбиһэрэ. Ол киһи муҥ саатар сирэйэ көстүбэт этэ, барыта биир баламах курдуга. Мин онтон баттатан, көлөһүн бөҕө аллан, уһуктан кэллэҕим аайы хоһум иһэ кураанах буолааччы, арай истиэнэ нөҥүө эдьиийим ынчыга куппун-сүрбүн аймааччы... Ити кэннэ ийэм сүбэтинэн ол көстүүмү таһааран уоттаан, күдэҥҥэ көтүппүппүт. Онтон ыла ол киһи түүнүн ыалдьыттаабат буолбута, эдьиийим да арыый бэттэх кэлбитэ. Кэлин санаатахха, мин хоһум урукку иччитэ көстүүмүн көҥөһөр быһыыта эбит бадаҕа... Ньукулай Уоһукап, Дьокуускай. Хара киhи таайбын илдьэ барбыта Бу түбэлтэ 2010 сыллаахха ийэм бииргэ төрөөбүт быраата өлүөн биир күн иннинэ буолан турардаах. Ол күн сарсыарда дьиэ иһигэр-таһыгар үлэлээн баран, күнүс сынньанан утуйа түһэргэ санаммытым. Мин аттыбар кэккэлэһэ ороҥҥо, били таайым сытара. Сылайбыт омуммар, төбөбүн сыттыкка уураат, утуйбутунан барбытым. Арай туох эрэ дьикти тыастан уһукта биэрэн харахпын аспытым, утуйа сытар таайым атаҕар хап-хара киһи бөгдьөччү туттан олороро. Аны онтум мээнэ хара эрэ буолбатах курдуга. Этин бүүс-бүтүннүү кумаар бөҕө сии олороро. Мин ол дьулаан көстүүнү итэҕэйбэккэ, харахпын сотто-сотто хаста да көрбүтүм. Ол эрээри, хомойуох иһин, көрбүт көрүүм уларыйбатаҕа. Хара бэкир киһи син биир хайдах олорбутун курдук олорор этэ. Ити кэннэ аны мин эппин кумаардар харса суох сиэн барбыттара. Бу хайдах буолан эрэбиний диэн, кутталбыттан суорҕаммын бүрүммүтүм. Этим-сииним дэлби хабыллан тахсыар диэри тарбаммытым. Аҕыйах мүнүүтэ буолбута дуу, суоҕа дуу, кумаар сиирэ тохтообут курдук буолбутун кэннэ суорҕаммын арыйбытым. Көрбүтүм, киһим сүппүт этэ. Сарсыныгар таайым эрэйдээх өлөн хаалаахтаабыта. Кэлин, соһуйуум-өмүрүүм ааспытын кэннэ, дьоҥҥо кэпсээбиппэр, элбэх киһи ол хара киһилиин алтыһа сылдьыбытын ахтан аһарбыта. Оннук хара бэкир киһи өлөөрү сытар киһини илдьэ бараары кэтиир-маныыр үгэстээх эбит. Ол курдук, кини чугас дьонугар эбэтэр бэйэтигэр көстөн, илдьэ бараары гыммытын биллэрэр, сэрэтэр эбит диэн санааҕа кэлбитим. Биир бэйэм, үөрдэри, абааһылары эҥин хаһан да итэҕэйбэтэх киһи, ити түбэлтэ кэнниттэн биллибэт дьикти күүс баарын итэҕэйдим диэххэ сөп. Евдокия, Сунтаар улууһа. Көстүбэт күүс Бу сааһыран баран диэххэ дуу, олохпор буолан ааспыт өйбүттэн-санаабыттан араҕан биэрбэт биир дьикти-дьиибэ түбэлтэни сөбүлээн ааҕар «Кыым» хаһыаппынан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхпин баҕаран кэллим. Бу түбэлтэ мин оскуоланы бүтэрээри сылдьар сылбар буолбута. Биһиги дэриэбинэ түгэҕэр, суол кытыытыгар, кыракый дьиэҕэ олорорбут. Ийэм сопхуоска үлэлиирин үрдүнэн, бэйэбит хотоммутун эмиэ көрөрө. Оччолорго кыра быраатым
оскуолаҕа үөрэнэрэ, оттон убайдарым дэриэбинэ биир уһугар туһунан ыал буолан дьаһанан олороллоро. Ийэбит барахсан түүннэри-күнүстэри үлэ үөһүгэр сылдьар буолан, олус сылайаахтыыра. Онон төһө кыалларынан бары ийэбитигэр күүс-көмө буола сатыырбыт. Ыарахан үлэ баар буолла да, убайдарым биир-биэс тыла суох кэлэн тутатына үмүрүтэллэрэ. Биир күн ийэбит хотонуттан олус соһуйбут сирэйдээх-харахтаах киирэн «ынахтарбар сиэтэр оппун ким эрэ кэлэн бэлэмнээбит, онтум оруобуна тиийдэ ээ» диэн кэпсээннээх буолбута. Онно хотоммутугар биэс сүөһү турара. Биһиги ол окко кыттыгаһа суох буолан, убайдарбытыттан биирдэстэрэ кэлэн бэлэмнээтэ ини дии санаан улаханнык аахайбатахпыт. Ийэбит ити кэннэ тоҕо эрэ саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, кэри-куру курдук сылдьар буолбута. Өрүү оһох иннигэр оллоонноон олорон табах тардар бэйэтэ, ол күнтэн ыла түннүгүнэн хотонун одуулаан олорон табахтыыр идэлэммитэ. Киһи дьиибэргиэх, аҕыйах хоноот, ити хартыына эмиэ хатыламмыта. Ийэбит эмиэ сүөһүлэригэр оруобуна тиийэр бэлэм окко түбэспитэ. Мин бу сырыыга убайдарым буолбатахтарын өтө сэрэйбитим. Кинилэр хаһан да дьиэҕэ киирбэккэ, биһиэхэ биллибэккэ-көстүбэккэ эрэ ааһааччылара суоҕа. Ол күн киэһэлик чэйдии олорон, ийэбит атырдьаҕы атын сиргэ кистээбитин туһунан эппитэ. Чэ, аны дьикти «көстүбэт күүс» моһуоктаан бүтэр ини диэн, эрэх-турах санаалаах утуйбуппут. Ол эрээри нөҥүө күн сарсыардатыгар ийэм «оо, оппут эмиэ бэлэмнэммит» диэн саҥа аллайбытыттан уһукта биэрбитим. Атырдьах кистэммитин үрдүнэн, ким кэлэн биһигини дьээбэлээтэҕэй диэммин, тахсан бэрэбиэркэлииргэ санаммытым. Ол көрбүппэр «көстүбэт күүспүт» кэбиһиилээх саҥа от анныттан кыдаманы булан ылан, үлэлээбит-хамсаабыт этэ. Баҕар, атаҕын суола көстөөрөй диэн, хотону тула биир гына тилийэ көрдөөбүтүм да, соһуйуох иһин, ийэм атаҕын суолуттан ураты атын суол суох буолан биэрбитэ. Ити кэннэ дьон-дьону, ыал-ыалы барыларын туоһулаһан, бэйэ икки ардыбытыгар сүбэлэһэн баран, ыраас лиискэ сурук суруйан, атырдьахха анньан, таҥнары ыйаан хаалларбыппыт (бу сурук ис хоһоонун суруйбаппар көҥүллээҥ). Дьэ, ити эрэ күнтэн ыла, «көстүбэт күүс» көмөлөспөт буолбута. Ийэбит барахсан бу дьикти түбэлтэ кэнниттэн уһаахтаабатаҕа. Үс сылы кыайбакка, биэнсийэҕэ тахсаат, ыараханнык ыалдьан анараа дойдуга букатыннаахтык барбыта. Ким билиэй, ийэбит, баҕар, тоҕо маннык буолбутун сэрэйбитэ буолуо эрээри, биһигини харыстаан кэпсээбэтэҕэ буолуо. Аана Бөтүрүөбэ, Ньурба.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан