Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа хос
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа хос
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
23.05.2019 14:49
Мин, төрүкү куоракка улааппыт киһи, оҕо сылдьан тыаҕа эһэбэр-эбэбэр тахсан сайылыырым. Онно саастаах дьонтон араас сиэргэ-туомҥа үөрэнэн, сиргэ-уокка сылдьан, айылҕалыын алтыһан, син балай эмэ "сахатыйбытым". Мин бүгүн ол туһунан буолбакка, олорбут олохпор көрбүт-билбит, истибит абааһыларым тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын. Кэпсииллэринэн, абааһы арааһа үгүс курдук. Оттон мин түбэспит түбэлтэбэр ханыылыылар баалларыттан сылыктаатахха, абааһы, чахчы, баар быһыылаах. Эргэ суорҕан Бу уонча сыллааҕыта буолбута. Мин оскуолаҕа үөрэнэр кэмим. Сайыҥҥы өрөбүлбэр дьонум кыбартыырабытын өрөмүөннээри оҥоһуннулар. Миигин, син биир туһата суох киһи диэтэхтэрэ буолуо, эбэлээх эһэбэр кэһиилээн таймалаан утааран кэбистилэр. Инньэ гынан ол сайыны дэриэбинэҕэ атаарар буоллум. Анараа дьонум “улуу” сүрэҕэ суохпун билбэт буолан, отчут илии эбиллибитигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр. Икки-үс хонук куорат аһаах оҕотун үрүҥ аһынан, этинэн хадаҕалаан “уота” түһэн баран, эһэбин кытта үрэх баһа дойдуга ыытан кэбистилэр. Үйэбэр кыраабыл туппатах киһи от мунньан көмөлөһүөхтээхпин. Оттуур сирбит чугас үрэхтээх, өтөх дойду. Өссө сэбиэскэй кэмҥэ тутуллубут кыра дьиэлээхпит. Ол дьиэбитин бөҕүн-саҕын сөхсүнэн олорордуу оҥоһуннубут. Сол күн ыалбыт Ньукулай кыра тыраахтарынан кэлэн, оппутун охсон биэрдэ. Ол оппут хатыар-кууруор диэри илимнээтибит, кыраабыл тииһэ оҥоһуннубут эҥин. Үһүс күммүтүгэр оппутун мунньан бардыбыт. Үлэҕэ улаханнык сыһыллар-соһуллар, нэһиилэ сүөдэҥниир киһи, хата, бу үлэни олус сөбүлээтим. Табыллан да бугуллаатым. Ол күн хойут эстэ сылайыахпытыгар диэри от мунньан, син кыаҕын ыллыбыт быһыылааҕа. Түүнүн олус тымныйбытын өйдүүбүн. Сайыҥҥы түүн диэтэххэ, биир да кыымаайыта-оҥоойута суох этэ. Үрэх туманынан бүрүллэн турара. Эһэм миигин түүн тоҥуоҥ диэн, аһаан баран, ампаартан суорҕан киллэрэн биэрдэ. Ол суорҕан ким суорҕана эбитэ буолла, бүүс-бүтүн эрээри, үйэтэ баҕас уһаабыт таҥас быһыылааҕа. Ыбыс-ыарахан баата суорҕаны тэбээтэҕэ буолаат, сылайбыт киһи сиэринэн бүрүнэн баран, утуйан буккураан хаалбытым. Арай түүн үөһүн саҕана тиритэн аҕай уһукта биэрдим. Соһуйуом иһин, аттыбар, атаҕым диэки, ким эрэ олорор. “Эһэм утуйбакка тугу гына олордоҕой?” диэн, түүлүм быыһыгар аҥаарыйа сылдьар киһи толкуйдаатым быһыылааҕа. Оттон аан аттынааҕы ороҥҥо эһэм бэрт улаханнык сөтөллөрө иһилиннэ. Ону истэн, уһуктан хааллым. Этим тымныйан, куйахам күүрэн куттаммыппын биллим. Эһэм бэйэтин оронугар утуйа сытар буоллаҕына, атахпар ким кэлэн олоруон сөбүй? Кутталбыттан толкуйдуур кыаҕа суох суорҕан иһигэр киирбиппин өйдүүбүн. Ол курдук хамсаабакка, дьөрү тыастаахтык тыыммакка да сытан, утуйан хаалбыт этим. Арай түһээтэхпинэ, ким эрэ ороммуттан сууллара сатыыр. Суорҕаммын тардыалаһар, мин буоллаҕына ол суорҕаны биэримээри, тутуһуу-хабыһыы бөҕөтө. Оннук муҥнанан да син биир былдьаттым. Суорҕаным күүскэ тардыллыбытыттан үөһэ көтөн хаалла. Сарсыныгар эһэм туран араадьыйа холбообутугар уһуктан кэллим. Күн саҥардыы ойбут этэ. Мин бэҕэһээҥҥи түүлбүн саныы сытан суорҕаммын өйдөөн көрбүтүм, отой да суох, сиргэ түһэн сытаахтыыр. Мин бу түбэлтэ абааһыны кытта ситимнээҕин сэрэйэн, ол суорҕаны сол күн суулаан ампаарга таһааран, көхөҕө ыйаан кэбиспитим. Сэмээр эһэбиттэн
ити ким суорҕана буоларын ыйппыппар: “Ээ, ким билэр, уруккуттан ити ампаарга баара, хаһааҥҥы эрэ кусчуттар хаалларбыттар быһыылаах”, — диэн силиэстийэлиир былааммын ханнаран кэбиспитэ. Ити курдук дьикти суорҕаны бүрүнэн турардаахпын. Кэлин санаатахпына, оҕо киһи үөрүйэҕэ суох күүс үлэттэн илистэн баттаппыт буолуохпун сөп курдук. Ол эрээри атахпар олорор киһини илэ көрбүтүм эбээт. Билигин да ол киһи холбугур көхсүн санаатахпына, этим тымныйарга дылы. Балыыhаҕа Балыыһа абааһытын туһунан кэпсээн үгүс буолааччы. Оннук да буолуохтааҕа буолуо. Аныгы да, арыый былыргы да дьон үксүн уһугулаан баран, балыыһаҕа киирэн тыыннара быстаахтыыр буоллаҕа. Олортон хайалара эрэ бу дойдуга хаалан абааһы буолара да баар буолаахтыа. Мин эмиэ ити отчут буола уһаарыллар сайыммар, атахпын тоһоҕоҕо дьөлө үктээн, балыыһаланар киһи буоллум. Биэлсэр кыыс бааспын ыраастаан-маастаан, бэрэбээскэлээн баран, балыыһаҕа киллэрэн кэбистэ. Киһи барыта оттуу сылдьар буолан көрдөрүнэр, таарыйан ааһар ыарыһах аччаабыт кэмэ этэ. Ол иһин сарсын маннык атахтаах бэрэбээскэҕэ кэлэригэр эрэйдэммэтин диэн, балыыһа биир балаататыгар олохтоон кэбиспиттэрэ. Балыыһаҕа миигиттэн ураты кустуубун диэн саас ууга түһэн ойоҕостоппут, бэлиэр үтүөрэн тахсара чугаһаабыт эдэрси киһи баара. Кини — туһунан балаатаҕа, мин туһунан хоско сытабыт. Киэһэ дьонум аҕалбыт астарын тото-хана аһаан, үс оронтон биирдэстэригэр оҥостон, утуйаары уоппун умуруоран сыттым. Туора сиргэ кэллэхпинэ, маҥнай уум кэлэн быстыбат идэлээх. Ол сиэринэн түүн үөһүн лаппа ааһыар диэри сатаан утуйбакка, өһүөнү өрө мыҥаан сыттым. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, көрүдүөргэ ким эрэ хаамарын истэн, сэргэхсийэн ыллым. Ол аата мин эрэ утуйбакка сытар буолбатах эбиппин диэн, эрэх-турах сананным. Арааһа, саньытаарка кыыс быһыылаах, хостор ааннарын арыйар, тугу эрэ гынан хачыгырыыр. Сотору буолаат, мин сытар балаатам аана оргууй аһыллан сэгэс гынна. Мин төбөбүн өндөтөн көрбүтүм, ким да суох. Ааным аһыллан турар, ким эмэ киирбит, таһынан ааһан да эрэр сибикитэ ончу суох. Сарсыныгар кыыстан бэҕэһээ тоҕо ааммын сэгэппитин сураһабын. Саньытааркам тугу да өйдөөбөтө быһыылаах, күлэн эрэ кэбистэ, тахсарыгар ааммын лип сабан таҕыста. Бу түүн саҥа сирбэр үөрэнэ охсон, эрдэлик утуйан хааллым. Арай түүн уһуктубутум, балаатам иһигэр ким эрэ оргууй дугунан хаамарга дылы. Харахпын аһан тулабын көрүммүтүм — ким да суох. Ааным буоллаҕына сэгэйэн, букатын аһаҕас турар. Мин үгэспинэн куттанан, суорҕаным иһигэр киирэбин. Ол курдук утуйан турбутум. Сарсыныгар биир-биэс тыла суох дьиэбэр содьороҥнообутум. Кэлин эһэбэр балыыһа абааһытын туһунан кэпсээбиппэр: “Ээ, тыас-уус баар диэччилэр. Ол эрээри кими да муокастаабыта бакаа суох”, — диэн күлэн кэбиспитэ. Эбэм мин кэпсээммин истэн баран: “Аана быраас сылдьаахтыыра буолуо, өлбүтүн да кэннэ балаатаны кэрийэн хаамарын-сиимэрин истэллэр үһү”, — диэн, мин истибит абааһыбын кимин-тугун быһааран кэбиспитэ. Мин салгыы ыйыталаһан билбитим, ол быраас өлбүтэ хайыы-сахха уонча сыл буолбут этэ. Соппуруону көрбүппүт Бу
сайын кыра өтөх сирдэрбитин оттоон баран, дьэ улахан сирбитигэр, киэҥ нэлэмэн сыһыыбытыгар, киирбиппит. Улуустан Соппуруон диэн, сыл аайы тахсан эт-үүт иһин оттоһор киһи баара. Майгытынан бардам соҕус да буоллар, үлэҕэ баҕас бэрт бүгүрү киһи этэ. Олорон турбакка сүүсчэ бугулу туруора охсон кэбиһэрэ. Биһиги, оҕолор, сахсаҕар бугулларбытын хос туруоран мөҕөрө-этэрэ. Арай биир сарсыарда ардаабытын туһанан Соппуруон эһэбин кытта ыһык ыла диэн дэриэбинэлээн хааллылар. Мин соторутааҕыта аҕай ыаллыы дэриэбинэттэн киирбит убайбыныын мэниктии хааллыбыт. Тугу гыныахпытый, иккиэйэх бэйэбит. Арай киэһэлик уолум: “Ким эрэ иһэр!” — диэн хаһыытаата. Кырдьык, биһигиттэн үс сүүсчэкэ миэтэрэлээх сиргэ ким эрэ хааман иһэр эбит. Хаамарыттан-сиимэриттэн сылыктаатахха, Соппуруоҥҥа дылы. Эһэбит бөһүөлэккэ хаалбыт буоллаҕа дуу диэн мунаара турдахпытына, киһибит хааман-сиимэн чугаһыы оҕуста. Көрбүппүт, чахчы, Соппуруон эбит. Ол эрээри киһибит биһиги диэки көрбөккө, оттоох күрүө диэки салайан ойуурга киирэн хаалла. Биһиги ханна бардаҕай диэн, кэтэһэ түһэн баран, сырсан тиийбиппит — ким да суох. Олус муодарҕаатыбыт да, салгыы оонньуубутугар аралдьыйан, ити түбэлтэни умнан кэбистибит. Киэһэ ойуур саҕатыгар матасыыкыл тыаһыыра иһилиннэ. Соһуйуохпут иһин, Соппуруон эһэбин мэҥэстэн, өссө кэлээскэтигэр эдьиийбин олордон, субу тиийэн кэллилэр. Биһиги Соппуруону көрбүппүтүн, кэлэ сылдьан баран таарыйбакка ойуурга киирэн хаалбытын омуннура-омуннура кэпсээтибит. Дьоммут буойан тохтотуохтарыгар диэри “кырдьык, Соппуруону көрбүппүт” диэн, итэҕэтээри кэлиилии кэппиппит. Соппуруон тиһэҕэр улаханнык кыыһырбыта. Кини ордоотообутугар ылы-чып барбыппыт. Ити итинэн хаалбыта. Ол күһүн, күөл мууһа саҥардыы туран эрдэҕинэ, Соппуруон эрэйдээх дойдутугар куобахха хааман баран, быһа күөлүнэн туораары ууга былдьанаахтаабыт этэ. Онон ол биһиги көрбүт Соппуруоммут куһаҕаны түүйэн, биллэн ааспыт буолуон сөп. Соппуруон ону сэрэйэн кыыһыраахтаатаҕа. Киhи уҥуоҕар Ити сыл күһүнүгэр убайбын кытта кустуу барыстым. Кустаһыам этэ да, саам суоҕа. Көннөрү, кус көтөрүн көрөөрү, табылыннаҕына, убайым саатынан тыас таһаараары. Дурдаҕа киирэн өр тоҥмуппун көтүттэххэ, бэркэ сылдьыбыппыт. Саанан бастаан ыппыппын билигин да умнубаппын. Ол күн биир да куһу дэҥнээбэтэҕим эрээри, убайым сатабылынан үс чөркөөкүлэнэн, биир халбаланан үөрэ-көтө отуубутугар тахсыбыппыт. Убайым, кусчут ахан киһи, дьоһун-дьоһуннук соруйар. Мин барытын хоп курдук толорон иһэбин. Ол курдук хомуна сырыттахпытына, убайым күөлгэ хаалбыт тыыбытын аҕаларбар сорудахтаата. Сорудаҕы бэркэ толорон, төннөн иһэн ойуур саҕатыттан биһиги дурдабыт диэки олоотоон киһи турарын көрдүм. Киһим бэрт дьикти сырдык таҥастаах. Чарапчылана-чарапчылана тугу эрэ одуулуур. Ырааҕа бэрдиттэн ол киһи сирэйин бу диэн кыайан көрбөппүн. Убайбар сүүрэн элэстэнэн тиийээт, тоҕо эрэ сибис гынан, били киһи туһунан кэпсээтим. Убайым: “Эс, манна ким да суох”, — диэн итэҕэйбэтэхтии тутунна. Кырдьык, көрбүтүм диэн куолулаа да куолулаа буолбуппар баран көрүөх диэн буолла. Чопчу ол сиргэ тиийэн көрбүппүт, киһи сылдьыбыт сыта да суох. Арай иһирдьэ күрүө тас өттүгэр былыргыы-былыргы киһи уҥуохтара бааллар эбит. Биһиги саҥата-иҥэтэ суох тыас
биллэрбиппит. Ол көрбүт киһим бэрт дьикти таҥастааҕын санаатахпына, былыргы киһи абааһыта буолуон сөп эбит диэн сылыктыыбын. Ол эрээри биһигини муокастаабатаҕар махтана саныыбын. А.ИВАНОВ, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан