Кэпсээ
Войти Регистрация

“Дьиҥнээх Эллэйгин дуо?..”

Главная / Кэпсээн арааһа / “Дьиҥнээх Эллэйгин дуо?..”

K
edersaas.ru Категорията суох
25.04.2022 19:00
Дьээбэрэн-баабаран ыллахха…  Төһө даҕаны эдэр сааһыгар литература боппуруостарыгар элбэх алҕастары оҥорбутун, араас­таан тосту-туора тылласпытын иһин, Эллэйи норуот бэйиэт быһыытынан билиммит киһитэ этэ. Ол да иһин буолуо доҕор, атас дьоно кини туһунан кэпсээн-ипсээн хаалларбыттара элбэх. Олортон сорох билбит-истибит түгэннэрбин, күндү ааҕааччы, эйиэхэ бүөмнээн тириэрдиим дуу… *  *  * Норуот таптыыр, сөбүлүүр киһитин туһунан уоһуттан түспэт кэпсээннээх буолар. Оннук кэп­сээннэртэн биирдэстэринэн: Эллэй бэйиэт дьиҥнээх Эллэй бэйиэт буоларын итэҕэппэтэҕин туһунан. Ол маннык буолбуттаах эбит. Оччолорго, алта уонус сыллар саҕаланыыларыгар, куобах мэнээгин үгэнэ этэ. Биир оннук күһүҥҥү күн суруйааччылар хампаанньа булунан Мэҥэ Хаҥалас оройуонун биир түбэтигэр тахсаннар улаханнык бултуйбуттар. Үөрүү-көтүү буол­бут. Омуннуруу-төлөннүрүү, кэп­сээн эгэлгэтэ, дьэ, онно күөдьүйбүт. Омурҕан биллэриллибит. Бултаан-алтаан санаалара кэлбит дьон ортолоругар Эллэй баар эбит. – Доҕоттоор, дьэ бары суруйары баҕас суруйар, ыллыыры баҕас ыллыыр ахан дьон буоллаххыт дии. Оттон, доҕоттоор, дьиҥнээх норуот таптыыр суруйааччыта буолбуккутун биирдэ эмэ бэрэбиэркэлээн көрбүккүт дуо? — Эллэй доҕотторуттан ыйыппыт. – Суох, уонна ону хайдах бэрэбиэркэлиэххэ сөбүй? – Бу, хата, эттээх-сииннээх кэпсэтии буолаары кынна, – сорохтор күөртээн биэрээччилэринэн буолбуттар. Эллэй кэтэһиннэрэ барбакка, кэпсээнин саҕалаабыт: – Эмиэ бу курдук күргүөмүнэн куобахтыы таҕыстыбыт. От-мас көмнөҕө түһэн, тыа иһэ кэҥээбиккэ дылы буолбут. Чаҕылыйан, күн кииэнэ үтүөтэ турара. Сүрдээҕин бултуйбут дьон күнүскү омурҕаҥҥа “эбиэттээтибит”. Ол кэннэ эмиэ тыабытыгар таҕыстыбыт. Санаам көнөн, дууһам иэйэн хоһоон суру­йуох баҕам көбөн кэллэҕэ үһү. Үүрээччилэр хаҥас кынаттарыгар түбэстим. Саҕа киһинэн буоллум. Ойуура сэндэ. Мин туран хо­­һоон рифматын ботугуруу-ботугуруу инним хоту баран испитим баара. Арай биирдэ өйдөөбүтүм: улахан баҕайы алааска киирэн кэлбиппин. Үүрээччилэрим саҥалара иһиллибэт буола охсубут.Ити аата муннаҕым дии санаатым. Мин балайда хаампыт быһыылаахпын. Онуоха эбии били “аһаабытым” ыгар. Утаппытым диэн сүрдээх… Үөрүөм быатыгар, ол алааһым хоту өттүнээҕи кытаҕыттан оҕус­таах киһи сыннаран иһэр эбит. – Дорообо, кырдьаҕаас! — диибин. – Дорообо, дорообо! Хайа, бу хантан быстан-ойдон кэлбит, тугу гына сылдьар киһигиний? — оҕонньорум чобуотук ыйыта көрүстэ. – Бултуу сылдьан дьоммуттан быстан хааллым. – Оччо буолуоххар диэри ол тугу гына сырыттыҥ?! – Эс, доҕор, тугу гыныамый. Оттон хоһоон айа сырыттаҕым дии. – Оччоҕо суруйааччы ырата буоллаҕыҥ дуу?.. – Ээ, оннук. Эллэй диэммин. Кулачиков Серафим Романович диэммин. Баҕардар, истибитиҥ буолаарай? – Хайдах, Эллэйи истиэм суоҕа дуо? Саха буолан бараммын. Ол улаханнык биллибит киһи. Доҕоор, ол кырдьаҕас суруйааччы. Мин оҕо эрдэхпиттэн суруйар. Ол киһи, бу эн курдук, хоһоон айбыта буола-буола хара тыаны кэтэ сатыы сылдьыбат буолуохтаах этэ, ээ. Тугу эмэ айа-суруйа түстэргит эрэ Эллэйгэ тэҥнэһэ сатыыргыт баар ээ, доҕоор, киһи кэлэйэрэ. Эллэй – улахан суру­йааччы. Хоһоон айбыта буолан, бу эн курдук хара тыаҕа тахсан мунан өлө оонньооботох киһи буолуо ээ. – Кэбис, инньэ диэмэ. Мин дьиҥнээх Эллэйбин ээ, кырдьаҕаас. Атаҕым быһынна. Сыарҕаҕар олорт, абыраа. – Эллэйбин дии-диигин хас көрсүбүтүҥ аайы тылламмыт киһини, эйигин көрүстэҕим үһү. Айаххар батаран этэҕин ээ: Эллэй диэн улахан киһи. Холуочуйбута буола-­буола дуу, хоһоон айбыта буола-­буола дуу, бу эн курдук муннум-тэнним дии-дии айаҕаламматах баҕайыта ини. Кэбис, доҕоор, Эллэй диэн чахчы улахан киһи, саха тыллаах барыта билэр. Эллэйиҥ эбитэ буоллар, мин да билиэм эбитэ буол­лаҕа. Инникитин улахан киһи аатынан-суолунан оонньообот буол. Онон сыарҕабар олордубаппын. Батыһан да истэххинэ сөп буолуо. Өһөс оҕонньор буолан биэрдэ. Тылбын ылыннарбатым, абата баар, Эллэй буоларбын итэҕэппэтэҕим. Хор, доҕоор, үс көс сири сатыы хаамтаран киллэрэн, бөһүөлэги булларан абыраабытыгар үөрүү буоллаҕа үһү. – Дьэ, кырдьык, тустаахха абалаах суол буолуо ээ, – суруйааччылар күлсэн ньиргиһэ түспүттэр. Эллэй кэлин даҕаны олоҕун ити түгэнин дьоҥҥо-сэргэҕэ аһаҕастык кэпсиирэ үһү. Уонна ону норуот суруйааччытын таптыырын биир саамай чаҕылхай холобурун быһыытынан ылынара, оннук дьолу көрсүбүтүттэн астынара диэн буолар. “Суруйааччы буолбуккутун, буол­батаххытын билиэххитин баҕардаххытына, норуокка ити мин курдук бэрэбиэркэлэниҥ ээ”, – диэн эдэр уолаттары хаадьылыыра үһү. *  *  * Эллэй бэргэн-хомоҕой тыллааҕын-өстөөҕүн кэрэһилиир өссө биир кэпсээн баар. Ол маннык. Эллэй кинигэтэ тахсар буолбут. Биир күн гонорарын ыла кинигэ кыһатын каассатыгар кэлбит. Сотору кэминэн кассир син балайда харчыны ааҕан үллэтэн биэрбит. Бу саҕана биир эдэр киһи баара дьээбэлэниэх санаата баһыйан: “Убайым оҕонньортон бэриһиннэрдэҕим эбээт”, – диэбит уонна сүүрбэ биэс солкуобайдаах ку­­мааҕыны сулбу тардан ылбыт. – Тоойуом, дьээбэлээмэ. Аҕал харчыбын, – Эллэй көрдөспүт. Онуоха эдэр киһи хостон хоско түһэн биэрэн испит. – Тоойуом, аҕал, дьээбэлээмэ. Оҕо үүтүн харчыта, оҕо үүтүн харчыта ээ, – диэбит муҥур уһугар тиийбит Эллэй. Оҕо үүтүн харчытын былдьыы туруо дуо, эдэр киһи Эллэйгэ харчытын төннөрбүт. Онтон ыла издательствоттан суруйааччылар гонорар ылар кэмнэрэ кэллэр эрэ: “Оҕо үүтүн харчытыгар наадыйаҕыт дуо?” –диэн төлөпүөннүүр идэлэммиттэр. *  *  * 1976 сыл. Ахсынньы 15 күнэ. Дьокуускай. Пушкин аатынан өрөспүү­бүлүкэтээҕи научнай библиотека саалата. Саха бэйиэтэ Иннокентий Илларионович Эртюков 60 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх түгэҥҥэ мустан олоробут. Ол эрээри барыбытын хара сарсыардаттан кутурҕаннаах сурах куппутун-сүрбүтүн хам баттаата. Бу сарсыарда Саха АССР норуодунай поэта, Саха хомсомуолун лауреата Серафим Романович Кулачиков-Эллэй сүрэҕинэн ыалдьан өлбүтэ иһилиннэ. (Урукку өттүгэр, 1973 сыл­­лаахха сүрэҕинэн ыалдьан “Хотугу сулус” эрэдээксийэтин дьиэтигэр охтон турардааҕа). Мунньахха норуодунай суру­йааччыларбыт Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Амма Аччыгыйа кэллилэр. Президиумҥа олордулар. Арай Эллэй суох. Өйүм-санаам бигэнэ, хараҕым көрө үөрэммит дьоммуттан биирдэрэ суоҕа, аны Эллэй хаһан да маннык үөрүүлэргэ кэлиэ суоҕа дии санаатахха ыарахана сүрдээх. Балыыһаҕа “Кыым” хаһыаты ааҕа сытан бараахтаабыт.Үс хонуктааҕыта тэп курдук күлэ-үөрэ сылдьаахтыыра үһү. Сарсыарда. Мин баарым Хочоҕо. Ол хочо хойуу, күөх оттооҕо. Көрбүтэ күөҕүнэн мин диэки Таҥара кийиитэ сибэкки. Тапталым миигиттэн арахсан Санаарҕаан ытыырын саатан, Алмаастыы күлүмнүү турбута Ол күндү симэххэ сиик уута. Сүдү бэйиэт киһи хараҕар таптаан туойбут Сахатын сирэ таҥара кийиитэ сибэкки кэриэтэ тапталлаах ырыаһытын сайыһан хаалар курус күнэ ити курдук тиийэн кэллэҕэ. Сэмэн ТУМАТ. “Түгэннэр сүрэххэ сытыытык тыгаллар” рукопиһыттан.
edersaas.ru сайтан